Кэпсээ
Войти Регистрация

Атын күтүр

Главная / Кэпсээн арааһа / Атын күтүр

K
08.08.2024 14:00
   Кэпсээбиччэ, өссө биир сырыы туһунан кэпсээн кэби­һиим. Биһиги, уолаттар, араас көрүдьүөс түгэҥҥэ түбэһэрбит элбэх буолааччы. Оннук түгэҥҥэ түбэспит киһини хас эмэ сыл устата соһо сылдьан суустаан, дьээбэлээн аҕай биэрээччибит. Дьэ, ол эрээри Ньургун киэнэ баҕас өтөрүнэн умнуллубата буолуо.          Түөрт дуу, биэс дуу сыллаа­ҕыта Ньургун доҕотторун, ойохтоох уолаттары сайыһан, эһигини кытта күүлэйдиэм этэ диэн, Тайылааҥҥа сынньана, күүлэйдии, омук сирин көрө барсыбыт. Барыта сэттиэлэр үһү. Кыргыттар даҕаны кинини үчүгэйдик билэр буоланнар, туох да диэбэтэхтэр.    Бастакы күн Патонг дуу, туох сатана дуу диэн куоракка тиийэн оннуларын оҥос­тон баран, байҕал диэни күннэтэ көрбөт дьон, түүн­нэри киирэн пляжтаабыттар, сөтүөлээ­биттэр. Ханна эрэ эрэстэ­рээҥ­ҥэ сылдьан омук аһын аһаа­быттар, үҥкүүлээбиттэр, түүҥҥү куорат устун күүлэй­дээбиттэр.    Ити кэннэ үһүс күннэригэр кыргыттар-уолаттар туспа-туспа арахсан күүлэйдиэх дэ­һэн­нэр, Ньургун, ¤аачыкка, Биик­тэр уонна Былаадьык чу­гас­тааҕы барга барбыттар. Син балачча олорон сынньанан, араас үҥкүүнү-битиини көрөн баран, сарсын сарсыардаттан катерынан ханнык эрэ арыыга тахсыахтаах буоланнар, отеллэригэр сөбүгэр төннүбүттэр.    Арай, Ньургун отелигэр тиийэн хоһугар киирбитин кэннэ, өтөр ким эрэ кэлэн аанын тоҥсуйбут. Арыйбыта, көс­түүнэй үлэһитэ киһи турар үһү. Киһитэ аангылыйалыы олуттаҕас соҕустук туох эрэ дии сатаабытын биһиги киһи­бит букатын өйдөөбөтөх. Анараата да ону сэрэйэн, сиэбиттэн эҥинэ бэйэлээх кырасыабай кыргыттардаах буклет таһааран көрдөрбүт. Уол дьэ сэрэйбит уонна төбөтүгэр суоттаан көрөн баран, сыаната чэпчэки эбит диэн, биир кыыһы ыйбыт, харчытын көр­дөрбүт.    Сүүрбэччэ мүнүүтэ ааспатах, били киһитэ уһун да уһун, мыыла маҥан эттээх-сииннээх, киэҥ, кылдьыылаах харах­таах, тэтэркэй иҥнэрдээх, том­то­ҕоркоон түөстэрдээх, бобута тута сылдьар, онон бы­һыы­тын-таһаатын кэрэтин барытын «арыйар» былаачыйалаах кэрэ бэйэлээх кыыһы баты­һын­наран киирэн кэлбит. Ньур­гун көрүөхтэн кэрэ кыыс киирбитин көрөн, силин быһа ыйыстыбыт, ытыһын сууралаамахтаабыт уонна үлэһити атааран баран, оронугар тиэрэ түһэн сыппыт. Кыыһа, үөрэн мичилийэ-мичилийэ, эмиэ кини аттыгар кэлэн сытынан кэбиспит.    Сыллаһыы-уураһыы, туту­һуу хабыһыы кытаанаҕа саҕа­лам­мыт. Уолбут букатын ха­раарчы иирэн хаалбыт. Кыы­һын тас таҥаһын устан ылан муос­таҕа илгибит. Анараата Ньургуну эбии көҕүтэн, күлэ-күлэ, тыһы кырынаас курдук сиирэ-халты туттаран, куота-көтө сылдьыбыт. Онтон биир түгэҥҥэ биһиги киһибит оронугар тиэрэ анньан баран, туруусугун аллара баттаабыта, доҕоор, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн атын күтүр былтас гына түспэт дуо?! Ньургун көрбүтүттэн, тү­бэс­пититтэн соһуйан, өрө мөҕө түспүт даҕаны, хаһыытыы түһэн баран, били киһи дуу, дьахтар дуу былтас гыммыт күтүрүн маҕыйа түһэн баран, чэрдээх тилэҕинэн тэбэн саайбыт. Дьэ, доҕоор, анараата хаһыытаабытынан муостаҕа охтон түспүт уонна өйүн сүтэрэн кэбиспит. Биһиги уолбут аны киһини өлөрдүм диэн куттанан, тура эккирээбит. Ити кэмҥэ хантан эрэ көстүүнэй үлэһитэ ойон киирэн өй-мэйдээх тулуйбат кус-хаас тойугун түһэрбит, аймалҕан бөҕөтө саҕаламмыт, атын үлэһиттэр сырсан кэлбиттэр.    Хата, Ньургун кыыллый­быт таайдар ортолоругар со­ҕотоҕун хаалыаҕын аттынааҕы хостон уолаттара сырсан кэлэн өрүһүйбүттэр. Харчы тө­лөө­бүттэр, онон дьэ уоскуйан быыһаммыттар. Дьэ, итинник эмиэ буолан турардаах.   Тыа уола Соппуруон. Тарҕат:
kyym.ru сайтан