Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мэнэриктэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мэнэриктэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
01.08.2024 16:38
Сахаларга былыр мэнэрийии диэн баар буолар этэ. Мэнэриктэр араастаан мэнэрийэллэр эбит. Мин былыр, оҕо да сылдьан, улаатан да баран, элбэх мэнэриги истибитим. Сорох мэнэриктэр айылҕаттан талааннаах үчүгэй олоҥхоһуттар быһыылаах дии саныыбын. Сүрдээх хомоҕой уус-уран тыллаахтар-өстөөхтөр: киһи эрэ истэ олоруох курдук буолааччы. Мин биир оннук мэнэрийэр оҕонньору билэрим. Аата – Баттахтаах Дьарааһын. Өйдөөн хаалбыппынан, Дьарааһын орто уҥуохтаах, уһун баттахтаах этэ. Кулгааҕынан истибэт буолан, кинини кытта кэпсэтэрбитигэр олус эрэйи көрөөччүбүт. Үгүстэр туран эрэ мэнэрийэр эбит буоллахтарына, Дьарааһын сытан эрэ мэнэрийэрэ. Атыттар мэнэрийдэхтэринэ, куттанан уҥуоҕум халыр босхо барара, оттон кини мэнэрийдэҕинэ, букатын куттаммат этим. Кини утуйа сытан, хайдах эрэ ыллаан эрэр курдук мэнэрийээччи. Атахтаһа сытан эрэ биир да тылы сыыска түһэрбэккэ, кулгаах-харах иччитэ буолан, барытын истэ сытааччыбын. Ол гынан баран, туох туһунан мэнэрийэрин билигин өйдөөбөппүн, оҕотуга бэрт этим. Ырыата улаатан, иччилэнэн бараары гыннаҕына: «Оҕонньор бэргээри гынна», – дииллэрэ. Ол да гыннар ким да: «Бүт!» – диэн тохтото сатыырын өйдөөбөппүн. Оттон норуокка биллэринэн ааттаатахха, Долгун эмээхсинэ мэнэрийдэҕинэ, киһи куйахата күүрэрэ. Куолаһа хатана, тыла-өһө иччилээҕэ... Истэргэ ынырык дьулаан буолара. Мин куттанан өлө сыһарым. Ис-иһиттэн тэптэн кэлэн ыллыы-ыллыы умайа турар оһоххо баран, уокка илиитин уган ылара уонна уотунан уһуура сылдьар күлү баһан ылан, харса суох ыстаан кирдиргэтэн барара. Ыстаабыт күлүн төттөрү силлиирин эмиэ көрбөтөҕүм. Киһи хараҕын баайаллара дуу, хайыыллара дуу... Дьэ, билбэтим. Ол эмээхсин кэлин төбөтүнэн ыалдьыбыт сурахтааҕа. Айаҕар ас киирбэт буолан, улаханнык ыалдьан сытар дэһэллэрэ. Иван Стручков кэпсээниттэн. Атаҕа Суох мэнэрик Урут, оҕо эрдэхпинэ, Илин Өйүмэҕэ Атаҕа Суох диэн хос ааттаах доҕолоҥ киһи мэнэрийбитэ. Уутугар-хаарыгар киирэн, ис-иһиттэн иэйэн-куойан мэнэрийбитигэр этим тардыбыта, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, көлөһүн алла түспүтүм. Мэнэрийэрэ улам тэтимирдэҕин, куолаһа улааттаҕын ахсын саҥатын ис хоһооно иһиллибэт буолан барбыта. Онтон эмискэ арбайбыт баттаҕын кэннигэр киэр илгээт, төбөтүн умайа турар оһоххо уган, булкуйан киирэн барбыта. Атаҕа Суох билигин умайан тахсыаҕа дии санаабытым да, тугун да уокка сиэппит сибикитэ биллибэтэҕэ. «Абытай-тай» да диэбэтэҕэ. Умайа турар уокка көрдөххө, кини күлүгэ уон төгүл улаатан көстөрө. Эмискэ оһох иһиттэн кытарбытынан чоҕу ытыһан ылан айаҕар батары симмитэ уонна умайа сылдьар чоҕу ыстаан хардырҕаппыта. Айаҕын уокка сиэппит сибикитэ эмиэ биллибэтэҕэ. Тугу эппитин-тыыммытын өйдөөбөппүн. Оҕо этим. Арай дьиэлээх дьон: «Дьэ, сор диэтэҕиҥ. Эмиэ буулууһу...» – диэт, ытамньыйбыттарын өйдүүбүн. Мэнэриктэр турукка киирэн этэллэр-тыыналлар, киһи хараҕын баайаллар быһыылаах. Айылҕаттан айдарыылаах киһи диэххэ сөп. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан