Кэпсээ
Войти
Регистрация
Одьулуун ойох олоҕун суола
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Одьулуун ойох олоҕун суола
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.08.2024 16:18
Аан чуораана тыаһаабытыгар Роза Сергеевна соһуйан, ходьох гына түстэ. Кими да кэтэспэккэ олороро. Ким кэлиэн сөбүй? Дьахтар халаатын уолугун көннөрүммүтэ буолаат, ааныгар сүүрдэ. Аатын ыйыппыттарыгар арыйбыта – билбэт эдэр уола улахан куулу көтөҕөн киллэрдэ. Роза Сергеевна соһуйбата. Дьахтар нарын тарбахтарынан куул быатын сүөрдэ. Куулга толору кус, хаас, тайах этэ угуллубут. Роза салапааҥҥа кичэллээхтик сууламмыт эти соторутааҕыта эрэ атыыласпыт лаарыгар угуталаата. Итилэри аны үргүөххэ наада. Кэлэр өрөбүллэргэ устудьуон балта кэлиэхтээх. Киниэхэ үргэтэр ини. Роза Сергеевна ити үлэни бэрт оччо сөбүлээбэт. Ийэтэ барахсан кэһиини наардаан, үргээн, ыраастаан, астаан биэрэрэ. Настаа өлбүтэ үс сыл буолла. Арай кэһии кэлэрэ тохтообот. Роза, үксүн онно-манна аһыыр буолан, астаммат даҕаны. Онон булдун аһын арыт аймахтарынан, дьүөгэлэринэн түҥэтэлээн кэбиһээччи. Маннык кэһиини Владимир Евсеевич эрэ дьаһайан ыытар буоллаҕа. Кини таптаан ааттыырынан, Вова, Вовчик... Роза Сергеевна дьыбааҥҥа сытта. Кыратык сынньана түһэн баран, дуустаныа. Сыыйа-баайа оҥостон, дьүөгэтин Лариса төрөөбүт күнүгэр барыа. Төлөпүөнүн көрбүтэ – бассаап кэлбит. «Чыычаах, тото-хана, минньигэстик аһаа. Таптыыбын...» диэн Вовчига суруйбут. Дьахтар кырааскалаах уоһун мунньараҥнатта, онтон атаах оҕолуу тыыллаҥнаата, суон сотолорун үөһээ тэбиэлээн ылла. Таалалыы сытан Вовчигын кытта билсибит кэмнэрин санаан ылла. * * * Роза эдэриттэн кыахтаах эрэ дьону кытта алтыһар соруктааҕа. Ол да иһин үчүгэй үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах кыргыттары кытта дьүөгэлэһэрэ. Кэргэнэ Сергей сааһын тухары министиэристибэҕэ үлэлээбит аҥаардас дьахтар уола этэ. Түргэн үлүгэрдик дьиэлэммиттэрэ, Роза нуорка саҕынньахтаммыта. Ол эрээри, Сергей үлэһитэ суоҕа. Уһун күҥҥэ дьиэтигэр сытан, киһи сүөргүлүүр гына уойбута, толкуйдуурдуун бытаарбыт курдук буолбута. Ол да иһин буолуо, өрүү кэрэни, мааныны сэҥээрэр Роза киниэхэ баҕата, таптала сойбута. Онон арахсан, икки аҥыы барбыттара. Дьиэ улахан былдьаһыыта суох Розаҕа хаалбыта. Сергей ийэтин икки этээстээх аарыма дьиэтин биир улахан хоһугар көспүтэ. Соҕотох кыыстара Танюша дэриэбинэҕэ эбэтигэр сылдьара. Ыһыах түүн кинилэр түһүлгэлэригэр муодунай мааркалаах массыына арааһа кэлбитэ, күндү арыгылар тахсыбыттара, ас мааныта тардыллыбыта. Ити эрэ иннинэ Роза «өлөр» дьүөгэтэ Ларисалыын соҕуруу баран кэлбиттэрэ. Онон Турция сонунун үллэстибиттэрэ, кэһиилэрин түҥэппиттэрэ. Дьон кэлэрэ-барара. Үрүҥ түүҥҥэ киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх курдуга. Владимир Евсеевиһи хара ааныттан бэлиэтии көрбүтэ. Хараабыл саҕа улахан массыынаттан сахаҕа бөдөҥ-садаҥ киһи түспүтэ. Аҥаар илиитигэр икки күндү ханньаах бытыылкатын куолайдарыттан тутан аҕалан, остуолга уурбута, эр дьоннуун илии тутуһан дорооболоспута. Роза кистии-саба кинини кэтээбитэ. Харытыгар кыһыл көмүс чаһы кылабачыйара, түөһүгэр эмиэ көмүс суон сыаптааҕа, кура кытта атын дойду киэнэ буолара биллэрэ. Кыахтааҕа, былаастааҕа көстөрө. Ити киэһэ Роза миэстэ былдьаһа оонньуу сылдьан, атаҕын бүлгү үктээбитэ. Онон куоракка травмпууҥҥа илдьэргэ Владимир тылламмыта. Дьахтар атаҕын көрдөрөн, гиипсэлэтэн, дьиэлэрин сарсыарда булбуттара. Эр киһи Розаны бэрт чэпчэкитик көтөҕөн, үһүс этээскэ таһааран биэрбитэ. Роза билигин даҕаны Вовчига кинилиин хаалыан баҕарбыт сирэйин субу баардыы өйдүүр. Бука, нүөмэрин Ларисаттан ыллаҕа буолуо, эр киһи сарсыныгар эрийэн, хайдаҕын-тугун, туох наадатын сураспыта. Дьахтар тугу да көрдөөбөтөҕүн үрдүнэн, сип-сибиэһэй дыраһааҥка аҕалан соһуппута. Хаһан бырааска көрдөрүөхтээҕинэн тиэйэн-таһан абыраабыта. Роза атаҕар дугунар буолбутун кэннэ, биир күн Владимир Евсеевич тыаҕа тахсарга ыҥырбыта. Үйэтигэр аан бастаан саанан ытан, кутааҕа буспут миини иһэн, Роза сүрдээҕин астыммыта. Киһитэ быһаарара, булара-талара сүрдээҕэ. Роза көрөр-истэр, илин-кэлин түһэр киһини тоҕо мүччү тутуой? Сотору кэминэн Владимир Евсеевич кини дьиэтин биир сүрүн чилиэнэ буолбута. Сэрэйиллэрин курдук, Вовчига кэргэннээх. Биир эмэ өрөбүлгэ эрэ хонор, онтон атын кэмнэргэ күнүһүн эрэ алтыһаллар. Владимир Евсеевич болҕомтото билигин өссө күүһүрбүт курдук. Кинини кытта билсиэҕиттэн Роза харчынан, аһынан быстара, сатыы хаама илик. Оччолорго дьыссаат, оскуола боппуруоһун барытын Вовчига быһаарбыта. Бэл, кыыһа биир сыл иһигэр үс үөрэҕи сирэ-тала быраҕаттанарыгар үүтү-хайаҕаһы бүөлээччи, булааччы эмиэ кини буолбута. Дьолго, Танюшата үчүгэй уолга кэргэн тахсан, сүрдээх үчүгэйдик көрүнэн, оҥостон олороллор. Киниттэн тугу да ирдээбэттэр. Роза арай сиэнигэр эрэ талбытын атыылаһан биэриэн сөп. * * * Биир сыл эдьиийин кыргыттара олорсор буолбуттара. «Олордубаппын» диэтэҕинэ, аймахха аата-суола барара, дьоно өстүйэ саныыллара биллэр. Онон сөбүлэнэригэр тиийбитэ. Вовчигыныын көҥүл көрсөллөрө тохтообутуттан санааргыахча курдук буолбута. Вовчига ону баардылаабатаҕа. Биир күн Розаны саҥа тутуллубут дьиэҕэ илдьибитэ. Дьиэҕэ киириигэ хараҕын симэригэр көрдөспүтэ. Роза хараҕын аспыта – хоп курдук үчүгэйкээн кыбартыыраҕа киирэн турара. Куукуна иһитигэр-хомуоһугар, халадыынньык аһыгар, утуйар таҥаһыгар, бэл, сотторугар, таапачыкатыгар тиийэ кинилэр быстах көрсөр кыбартыыраларын Вовчига кыһаллан бэлэмнээбит этэ. Кини бэлэмниэ буоллаҕай? Кими эрэ соруйдаҕа, сүүртэҕэ эбээт. Дьаһайары, тэрийэри, дьэ, сатыыр киһи! Онон сыаналаах кыбартыыра аҥаардас кинилэр ый баһыгар-атаҕар көрсөллөрүгэр анаан куортамнаммыта. Вовчига тойоннуур, чыынныыр-хаанныыр кэмигэр ылсыы-бэрсии үгэнэ этэ. Булт этиттэн күндү балык искэҕэр тиийэ ас мааныта бэриккэ кэлэрэ. Билигин ол үлэтигэр үлэлээбэтэр да, урукку сибээстэрин сүтэрбэт. Роза булт этигэр оччоттон бэрт оччо баҕата, ымсыыта суох. Арай ийэтэ Настаа үөрэр-көтөр буолара. Төһө да көссүү эрэ буолбутун иһин, Вовчигы өрө тутара, маанылыыра. Өлөр ыарыытыгар охтубутугар кини туһугар сүүрбүтүн-көппүтүн иһин кэмигэр махтанаахтаабыта. * * * Роза – маҥан субалаах, сахаҕа кэрэ дьахтар. Эдэриттэн эр дьон болҕомтотугар тутайбатаҕа. Кэргэннээх киһини кытта сылдьарыттан кини да сылайара. Биир кэмҥэ кэргэн тахсыан баҕарталыы сылдьыбыта. Биирдэ бырааһынньык кэмигэр улахан тэрилтэҕэ үлэлиир киһини кытта билсибитэ. Кэргэниттэн арахсыбыт, туһунан кыбартыыралаах, куорат таһыгар учаастактаах Егор Саввич Розаны кэргэн ылаары, балай эмэ түбүгүрбүтэ. Роза Вовчига арай арахсан, киниэхэ кэлэрэ буоллар, дьоллонуо эбитэ буолуо да, киһитэ ол туһунан толкуйдаабат быһыылааҕа. Икки сиринэн сылдьарын сирбэт курдук туттара. Онон Роза кэргэн тахсарга быһаарыммыта. Ол иннинэ Вовчигын кытта быһаарсаары, биир күн дьиэтигэр ыҥырбыта. Өрүү буоларыныы, киһитэ моонньун уураан, халаатын быатын сүөрэн, мучумааннанан барбыта. Роза киһитин илиитин илгэн, остуол утары олороругар эппитэ. Санаабытын курдук буолбатаҕа. Вовчига истибититтэн ыга кыыһырбыта, бэл, быраҕаттанан, истиэнэни сутуругунан охсуолаан ылбыта. Ол киһи кимин, тугун сураһан ыкпыта-түүрбүтэ. Чэйиттэн иҥсэлээхтик ыйырбахтыы түһэн баран, таһырдьаны былдьаспыта. Дьиктитэ диэн, ол кэнниттэн, били, кэргэн ылыах буолбут киһитэ биллибэт буолбута. Роза хаста да төлөпүөнүгэр эрийэн көрбүтэ да, арахсан сылдьара. Бука, Вовчига кинини оннун булларбыт буолуо. Ол киһини кэлин ончу көрө илик. Соҕуруу олохсуйар баҕалааҕа. Онон көстөҕө. Атын кэмнэргэ да ыал буолуон баҕалаах эр дьон көстүтэлииллэрэ. Сыт ылбыт курдук, оннук кэмнэргэ Вовчига аттыттан арахпата. Үлэтиттэн манаан туран ылара, күҥҥэ хастыыта эмэ эрийэн эрэйдиирэ, бэлэҕинэн-туһаҕынан көмөрө. Дьүөгэлэрэ итинник кыһамньылаах киһини атыҥҥа уларыппатыгар сүбэлииллэрэ, кини балаһыанньатыгар кистээн ымсыыралларын этэллэрэ. * * * Вовчик ойоҕо кини сырыыларын, туора сыһыанын билбэт бэйэлээх буолуо дуо? Хаста даҕаны Розаҕа суоһурҕанан, саанан эрийэ сылдьыбыта. Роза иһигэр кутуйах хаама сылдьыбыттааҕа да, эмиэ киһитэ «арыылаан-саламааттаан» буоллаҕа буолуо, айдаан намырыыра. Дьолго, ол дьахтардыын хайа да муннукка ыы муннуларынан кэтиллэ иликтэр. Арай Вовчигиныын саҥа билсэр кэмнэригэр сылтах булан, үлэлиир сиригэр тиийэн, кэтээбиттээх. Тас көрүҥүнэн Розаттан чыҥха атын, тырыттаҕас соҕус майгылаах дьахтар быһыылааҕа. Вовчик уолаттара Розаны эмиэ билэллэр. Улаатыыларыгар куһаҕан харахтарынан көрөллөрө. Кэлин аахайбат буолбуттар. Бука, эмиэ аҕалара дьыаланы быһаардаҕа буолуо... Аҕыйах сыллааҕыта Роза дэриэбинэҕэ эдьиийин үбүлүөйүн тэрийэ сырыттаҕына, Вовчига эрийэ сатаан баран, сурук ыыппыт этэ. «Ойохпуттан арахсан, эйиэхэ көһөн баран эрэбин. Ханна бааргыный?» диэн. Дьэ, онно эрэ Роза уйатыгар уу киирбитэ. Төһө да аҥаардаһын, көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйарын иһин, эмиэ кэргэн тахсыан, дьиэ иһигэр эр киһи төгүрүк сууккаҕа баар буолуон баҕарбат эбит! Кутталыттан төлөпүөнүн арааран кэбиспитэ. Дьиэтигэр киһитэ хаста да кэлэ сылдьыбытын киллэрбэтэҕэ. Оннук Вовчига ойоҕор төннөн, туох да буолбатаҕын курдук, олохторо салҕаммыта. Балачча бириэмэ ааспытын кэннэ, Роза дьиэтигэр киһитэ эмиэ баар буолбута. Кытаанах соҕус кэпсэтии түмүгэр аны итинник быһыы-майгы хатыламматын курдук сөбүлэспиттэрэ. Роза Вовчигын кытта булсуоҕуттан көссүү туһунан арааһы көрдө-иһиттэ. Айыы таҥара итинник дьахталлары накаастыырын туһунан этэллэр. Билиҥҥитэ, Вовчига баарын тухары, туох да алдьархай ааҥныа, иэдээн кэлиэ суох курдук. Дьахталлар эрдэриттэн көҥөнөн айдаараллара биллэр. Хайа да дьахтар кини эрэ тула көтөр биир эр киһилэниэн баҕарар. Ол эрээри Владимир Евсеевич курдук кыахтаах киһи сэттэ да ойохтонуон сөп. Уон дьахтарга биир эр киһи түбэһэр, эбиитин эр киһи оруола намтаабыт кэмигэр, маннык эр киһиэхэ тиксибит Роза дьылҕата табыллыбыттарга киирсэр буолуохтаах. Төһө да кэргэннээҕин иһин, итиччэ бэйэлээх көрүҥнээх, кыахтаах, булугас-талыгас эр киһи кини суолугар көрсүбүтэ, арыаллаан сылдьара – дьоло. Сокуоннай да эрдэриттэн көмөнү, өйөбүлү ылбат төһөлөөх элбэх дьахтар Орто дойдуга баара буолуой?! Хомойоро диэн, Вовчигыттан оҕоломмото. Иккитэ ыарахан буола сылдьыбыта да, табыллыбатаҕа. Ону хайалара да иэдээн оҥосто сорумматаҕа. Буолуохтааҕын курдук аһаран кэбиспиттэрэ. * * * Роза Сергеевна сиэркилэ иннигэр олордо. Биэс уончатыгар чугаһаата... Баара эрэ отутун да туола илигинэ Вовчигыныын көрсүбүтэ. Бачча тухары кини маанытыгар, кыһамньытыгар үөрэннэ даҕаны. Оттон олоҕун түмүгэ хайдах буолуой? Били, кэргэниттэн арахсан кэлэ сатаабыт кэмин өйүгэр эргитэн, толкуйдаан ылааччы. Вовчига өссө биирдэ оннук сананыа дуо? Оннук түгэҥҥэ Роза кинини ылыа дуо? Саарбах... Былыр-былыргыттан «одьулуун ойох» диэн өйдөбүл баар. Роза оннук дьылҕалаах төрөөбүт буоллаҕа. Биирдэ ылан көрдөххө, аатыгар эрэ сулумах. Вовчига кэлин хаан баттааһыныттан эрэйдэнэр, элбэхтик эмтэнэр. Ол да буоллар ханнык да түгэҥҥэ өрүү аттыгар баар. Сарсыарда төлөпүөннээн уһугуннарар, киэһэ эмиэ оннук утутар. Өрүү кэтэбилгэ сылдьарыттан Роза хайа эрэ кэмҥэ күүскэ кыйахана сылдьыбыттааҕа. Кэлин үөрэнэн хаалбыт. Эмиэ бассаап кэллэ. «Чыычаах, массыынаны төһөнөн ыытабын?» диэн Вовчига суруйбут. «Балтараа чааһынан бэлэм буолуом» диэн хоруйдаат, дьахтар туран, бааннатыгар барда. Кэргэннээх киһини эр гынар дьылҕаҕа түбэспититтэн үөрбэтэр да, эйэлэһэригэр тиийэр. Оо, олох диэн арааскын даҕаны... Тася. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан