Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өлүөхсүт иһитэ иэдэппитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өлүөхсүт иһитэ иэдэппитэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
20.05.2021 14:38
Бу түбэлтэни дьүөгэм Маайыска ийэтэ Ааныс эмээхсин кэпсээбиттээх. Оччолорго кини саҥардыы сыҥаһалаан хаамар оҕо эбитэ үһү. Кэлин улааппытын кэннэ эдьиийдэрэ кэпсииллэрин өйдөөн хаалбыт. Дьоно аах сайыннары-кыһыннары пиэрмэ үлэтигэр өрө мөхсөллөрө, инньэ гынан улахан оҕолор кыраларын харайан, бэйэлэрин дьаалаларынан аһаан-сиэн күнү барыыллара үһү. Сайыҥҥы өттүгэр, ардыгар, дьиэлэриттэн тэлэһийэ сылдьан оонньууллар эбит. Кыра Ааныһы уочараттаах киһи көрө хаалара туспа быраабыла буолбут. Ол курдук биир киэһэ дьонноро киэһээ ыамҥа барбыттарын кэннэ үс улахан оҕо чугас эргин оонньуу ыстаммыттар. Ааныска сэттэлээх эдьиийин көрүүтүгэр-истиитигэр хаалбыт. Оонньооччулар хас күн аайы сылдьар ыырдарынан оонньуу сатаан баран хал буоллахтара буолуо, бөһүөлэктэн чугас баар халдьаайыны кэппиттэр. Устунан ойуурга киирэн ыраатан барбыттар. Ол сылдьан ойуур быыһыгар баар дьикти киһи уҥуохтарыгар кэтиллэ түспүттэр. Уҥуохтар былыргылыы мас эргитиилээхтэрэ сииккэ ылларан, эмэҕирэн дэлби харааран хаалбыттара боруҥуйга боруоран оҕолор куттарын баттаабыт. Ол да буоллар орой мэник оҕочоостор омуннара ааһа илик буолан соччо-бачча дьиэлииргэ тиэтэйбэтэхтэр. Тула баар ону-маны сонургуур дьон быһыытынан чүүччэйэн барбыттар. Онтон орто кыыс киһи уҥуохтарыттан соччо ырааҕа суох сиртэн мас чааскыга маарынныыр дьикти иһити булан омуннуруу бөҕө буолбут. Бу булумньуларыттан ордук кыргыттар үөрбүттэр, былдьаһан турбуттар. Кэмниэ кэнэҕэс саҥа оонньуурдаммыт дьон бэркэ көх-нэм буолан дьиэлиир аакка барбыттар. Дьиэлэригэр тиийээт, дьоммутуттан мөҕүллүөхпүт диэтэхтэрэ, ханна сылдьыбыттарын кимиэхэ да кэпсээбэтэхтэр. Киэһээ чэй кэнниттэн утуйардыы сыппыттар. Орто кыыс булбут иһитин күндүргэттэҕэ буолан сыттыгын анныгар уктан утуйбут. Ол түүн баттатан ыһыытаан-хаһыытаан хоммут. Ол онон ааспыт. Иһит сонуна сотору кэминэн сойо охсон туора быраҕыллыбыт. Арай били иһити булбут кыыс күн-түүн мөлтөөн, түүнүн үлүгүнэйэр буолан барбыт. Дьоно оҕобут сыыстарбыт диэн дьиэттэн таһаарбат буолбуттар. Онтон сотору кыыс эрэйдээх этэ-сиинэ кыһыылаах ымынаҕынан бүрүллүбүт. Оҕону куордаабыт быһыылаах диэн балыыһаҕа киллэрбиттэр. Ол да гыннар оҕо үтүөрэн быстыбатах. Муҥ маһы кэрийбэт дииллэринии, сотору кэминэн аны кыракый Ааныскалара иэрийэр, тартарар идэлэммит. Ытаан баран устунан хараҕын өҥүргэһинэн көрөн иэрийэн, бүтүннүү күөх баламах буолуор диэри тыына хаайтаран дьонун куттаабыт. Быһата ыал олоҕо аймаммыт. Хайдах буолуохтара эбитэ буолла, хата, биир киэһэ сайылыктан ийэлэрин убайа Сэмэн хоноһолуу киирбит. Дьиэлээхтэри кытта дьиэ эргиннээҕини сэлэһэ олорон кыра оҕо бэрт дьикти иһити араастаан мүлүктээн оонньуу сылдьарын таба көрбүт. Хоноһо Ааныска аҕатыттан көрбүтүн сураспыт. Анарааҥҥыта билбэт буолан биэрбит. Бэрт өр мадьыктаһан оҕону ытаппытынан били оонньууру былдьаан ылбыттар. Уонна өр сыныйан үөрэтэрдии көрбүттэр-истибиттэр. Тута бу дьикти оонньуур хантан баар буолан хаалбытын билээри онто да суох дьоннорун майгыларыттан дьаарханан муннукка оҥой-соҥой көрө олорор оҕолортон туоһуласпыттар. Оҕолор, куттанан буолуо, барытын түөрэ кэпсээн биэрбиттэр. Ол киэһэ таайдара оҕонньор саҥата-иҥэтэ суох иһити туппутунан халдьаайы диэки саллырдыы турбут. Бука, иһити төттөрү илтэҕэ буолуо. Ол кэмтэн ыла, кырдьык-хордьук, орто кыыстара харахтан сыыһы ылбыттыы бэттэх кэлбит. Кыра Ааныска ол күнтэн ыла иэрийэрин таһы-быһа «умнубут». Онон, мэнээк булбуту эрэ барытын бэйэҕэ иҥэринэ сатыыр сэттээх-сэлээннээх буолуоҕун оҕолор кыра эрдэхтэриттэн өйдөөбүттэр.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан