Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох диэн уустук даҕаны

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох диэн уустук даҕаны

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.07.2024 12:29
   Эдэр-сэнэх эрдэххинэ, бу Орто туруу-бараан дойдуттан хаһан да арахсыа суох курдук толкуйдууруҥ баа буолбатах. Кэмиҥ оннук буоллаҕа: күүрээннээх санааҥ биир кэм ытыллан олорор.      Дьикти баҕайы. Кулуһуннаах диэн сир баарын өйбөр хаһан да оҕустаран көрбөтөх эрээри, Үс Хатыҥ ыһыаҕар сүрдээх чэпчэки санаалаах Миленаны (бэйэм да киниттэн хаалсыбатаҕым чахчы) кытта билсибитим түмүгэр бу дойдуну буллаҕым. Көр, ити барыта кыраттан саҕаланар эбит буолбаат! Били, бып-быыкаа сыккыс сыыһа улуу өрүскэ кубулуйарын курдук. Олохпут саҥа хартыыната хас биирдиибитигэр ити курдук арыллан иһэр.    Кырасыабай Милена, били, ыһыахха, дьүөгэлэрин кытта балааккаҕа сыгынньах аҥаардаах хоно сытан төһөлөөх өрүтэ тыыммахтаата этэй?! Харсыбытыттан тахсыбыппыт буоллар, имэҥ-дьалыҥ кутаатын баҕас ол түүн күүдэпчилэтэрбит хааллаҕа. Итиччэ таарыйса, имэриһэ-томоруһа сыппыт дьон, син сүрүргээн, туттуннахпыт, тугу да тулуппат, туохтан да иҥнибэт субу дэлби ыстаныах имэҥ-дьалыҥ күүһүн хайдах эрэ хаайдахпыт, көҥүл ыытан кэбиспэтэхпит. Ол түгэн, аны кэлэн, аастаҕа, хайдах да ытаа-соҥоо – эргиппэккин. Билигин Милена Питергэ эрин кытта олордоҕо, Үс Хатыҥҥа буолбут түбэлтэни саныыра эрэ, суоҕа эрэ? Аны өссө биирдэ ити курдук көрсүһэрбит буоллар, хайыа этэй?    Маҥнай утаа Кулуһуннаах хаалыылаах бөһүөлэк курдук көстүбүт эбит буоллаҕына, билигин оннук санаам ончу суох. Хата, тыа дьоно маннык олохтоох-дьаһахтаах эбиттэр, мин даҕаны ону сирбэт, өссө ааһа баран эттэхпинэ, сөбүлүүр эбиппин диэн санаа баһыйбыта. Оннук айылаах, дьэ, тугун сөбүлээтим?    Кымырдаҕас оргулун курдук наар түбүк иһигэр сылдьаллар. Мин даҕаны ол сүүрээнтэн хайдах туоруохпунуй: оскуолатааҕы үлэм-харам, дьиэтээҕи түбүгүм-садьыгым хара баһаам.   * * *    Баччааҥҥа диэри оҕону «учуобунньукка туох диэн суруллубутунан үөрэттиҥ да бүтэр» диэх курдук саныырым төрдүттэн сыыһа эбит. Холобур, 7-с кылааска туохтуур 10 киэбэ, 5 туһаайыыта, 6 көрүҥэ баар диэн үөрэтэри хайа оҕо сэргиэй, сонно истээт, кинигэтин хаһыспытынан барыа дуо? Биллэн турар, учуутал хайа да тиэмэҕэ кэрэхсэбиллээх түгэнин булан, онтун күөдьүтэн үөрэтэр биридимиэтигэр интэриэһи үөскэтиэхтээх. Ону билиҥҥи оҕо төһө сэргиирий, ылынарый? Саатар, төрөөбүт тылга улахан суолта ууруллубат буолбута ханна баҕарар ырылыччы көстөр. Холобур, үнүр дуобакка кылаастарынан күрэхтэһии түмүгүн таһаарар саҕана дириэктэр «ордук аптарытыаттаах, суолталаах, үөрүүлээх-көтүүлээх гына нууччалыы эппэккэ улаханнык сыыстыҥ» диэн хомуруйбута. Кини этэринэн, «первое место заняла сборная команда девятого класса!» диэн биллэрэр сахалыы этэрдээҕэр быдан өрөгөйдөөхтүк иһиллэрэ хаалбыт үһү.    Саабыс, биолог идэлээх Мария Михайловна бэһис кылааска саха тылын уруогар сылдьан: «Ити «толору синиэньим», «дэгэт синиэньим», «истиил синиэньимэ», «дэгэт суолталаах истиил синиэньимэ» диэн оҕолорго быһаара сатаатыҥ да, биир бэйэм, саараама даҕаны, тугу да өйдөөбөтүм. Бэйэҥ итини үчүгэйдик билэҕин дуо?» – диэн соһуппута. Кырдьык, сонно итэҕэтэр гына быһаарар кыаҕым суох эбит. Ол аата үөрэтэр ньымабын хайдах эмэ гынан уларыттахпына сатаныыһы. Уруокка хайдах наар түөрүйэни үөрэтиллиэй.    Оскуолаттан быыс-арыт булар уустук эбит. Биридимиэккин үчүгэйдик билэриҥ таһынан араас тэрээһин толору, барытыгар кыттан иһиэх тустааххын. Чэ уонна, ханна да буоларын курдук, кумааҕы үлэтэ бүтэн-оһон биэрбэт. Маныаха холоотоххо, дьиэтээҕи түбүк ордук сылаанньытыылаах, долгутуулаах буолар эбит. Дьыссаакка тиийэн, икки оҕону сып-сап таҥыннаран, сиэтэн аҕалыы, кыргыттар барахсаттар араас ыйытыыларыгар хоруйдааһын киһиэхэ хайдах эрэ улахан эппиэтинэһи үөскэтэр быһыылаах. Биирдэ дьиэлэригэр чугаһаабыттарын кэннэ улахан кыыс Сыкына: «Паапабыт бу сыыртан салаасканан хатыыскалатар этэ», – диэбитэ. Онуоха балта Айыына аллараа сыҥаах буолбуттуу, «паапабыт букатын барбыта, эн биһиэхэ паапа буолуоҥ дуо?» диэн ыксаппыта.    Мин тэлгэһэни күрдьэн, соппулуот ойоҕоһугар добуочча үрдүк сыыры оҥорбутум. Үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуттара. Өрөбүлгэ, бэл, Киристиинэ быыкаа Күннэйин көтөҕөн таһааран көрдөрбүтэ. Анарааҥҥыта, тураах оҕотун курдук даллаахтыы-даллаахтыы, эдьиийдэрин кытары салааскаҕа олорсоору тарамачыһар быһыылааҕа. * * *    Оскуолабыт сопхуоһа Сомсуон Сокоруутабы кытта күөлтэн муус ылбыппыт. Бу үлэни кыра эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Чардааттан чымадаан саҕа мууһу ньылбы тардан таһаараат, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ халыһытан илдьии биир туспа үөрүүлээх түгэн буолара.    Кэлэктииптээх диэн олус үчүгэй эбит. Хайдах эрэ көмүскэллээх курдук сананаҕын. Оскуолаҕа тыраахтар, массыына баар буолан, Сомсуону кытта мууспутун уһаппакка тиэйэн аҕалбыппыт. Ол иннинэ өссө тыаттан саһаан түһэртэрбитим. Бэйэм сылдьыспыт буолан, кураанах маһы аҕалбытым. Киристиинэ үөрүүтэ муҥура суоҕа.    Биир субуотаҕа оскуола тэрээһиниттэн хойутаан, ыксаан-бохсоон тэлгэһэҕэ чугаһаабыппар алаадьы сыта биллибитэ! Дьиэҕэ киирбитим – аан дьиэҕэ турар остуолга ас толору! Эттээх хортуоска, алаадьы, хомпуот, банаан, өссө сампаан баар. Кыргыттар маанылара сүрдээх: сырдык ырбаахыларын кэппиттэр, үрүҥ лиэнтэлээхтэр, бэл, быыкаа Күннэй устуулугар олорон далбаатаныы бөҕөтө.    Киристиинэ төрөөбүт күнэ эбит! Ок-сиэ! Кып-кыараҕас, хараҥа дьиэ сырдаабыкка дылы буолбута тугун кэрэтэй! Кырдьык даҕаны, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар маннык дьонноох дьиэ хайдах наар боруоран-харааран туруоҕай?! Били, улуу кылаассыкпыт быдан былыр былыт быыһынан күн уота син биир чаҕылыччы тыгыаҕа диэбитигэр дылы, чахчы, оннук буолбут дии!    Киристиинэ чараас былаачыйатын кэппит, иэдэһэ тэтэрбит, имэ кэйбит. Мин, дьиэлээх хаһаайкам төрөөбүт күнүгэр тугу да утары уунарым суох урааҥхай, аны кыбыстар аатыгар бардым. Саатар, хас сааһын туолбутун билбэт эбиппин! Таайдахха, отутун лаппа ааспыт, ол эрээри түөрт уона буола илик. Сирэйин-хараҕын оҥостубута хайдах курдук кэрэтийэн көстөрүй! Бараллаам дуу, өссө бэйэбиттэн балыс дуу курдук көрүҥнэммит дии!    Остуолга олорбуппут кэннэ Күннэй котоку, илиитин даллах гыннара-гыннара, чуолкай баҕайытык «паапа!» диэн саайда! Эдьиийдэрэ «кырдьык даҕаны!» диэбиттии, мин диэки көрө түспүттэригэр долгуйаммын, сирэйим чоххо баттаабыт курдук буолбута быһыылааҕа. Киристиинэ аттыбар олорон ньилбэкпэр илиитин уурбутугар букатын даҕаны «өрүһүлтэтэ суох» барбытым.    Оҕолор хомпуоттарын – курустаал ыстакаантан, оттон мин Киристиинэни кытта сампааммытын бакаалтан испиппит. Сампаан күүгэннирэ-күүгэннирэ, өрүтэ тыгыалыыра омуна сүрдээх этэ. Кырдьыга, бэйэм даҕаны өйүм-санаам онтон туох да атына суоҕа...   * * *    Остуолбутун үрүм-арым тутан, оҕолору утуталаан, уоту умуруоран баран, Киристиинэни кытта аан дьиэҕэ олоро түспүппүт. Онтон похуот ороммун оҥостоору турбуппар тохтоппута уонна «Гриша, манна утуйуох» диэн баран, быыс нөҥүө турар оронугар сиэтэн аҕалбыта.    Кыра кыыһы – Күннэйи – сылаас буоллун диэн, оронун оһох диэки чугаһаппыппыт. Онтон таһырдьаттан киирэр уот сырдыгар туран куустуспуппут, уһуннуук да уһуннук уураспыппыт. Бу туран Киристиинэ үөрүйэх баҕайытык миигин сыгынньахтыы охсубута уонна ийэттэн төрөөбүтүнэн турар киһиэхэ «аны эн миигин сыгынньахтаа» диэбитэ.    Хаһан да кыыһы сыгынньахтаабатах ыччат, мин, олус долгуйан, илиим-атаҕым кыайан тахсыбатаҕа. Ол эрээри син эр киһи хаанын киллэрэн, салҕалас илиибинэн сыгынньахтаабытынан барбытым. Лиипчигин, былаачыйатын төһө эмэ холкутук устубут буоллахпына, хоппуруон колгуоккатын, онтон баара-суоҕа биллибэт үрүҥ туруусугун сыыһын аны алҕаска алдьатан кэбиһиэм диэн, нэһииччэ устан олоппоско уурбутум. Төҥкөйөрбөр сүүспүнэн сымнаҕас кыабака «үүнээйитин» таарыйан, дьик гынан ылбыппар Киристиинэ сылаас икки ытыһынан кэтэхпиттэн онно сыһыары тардыбыта...    Эр киһи этин-сиинин умна быһыытыйбыт эдэр дьахтар ымсыырбыт-баҕарбыт киэбинэн иһиллэр-иһиллибэт гына өрүтэ уһуутаталаан ылбыта уонна миигин, субу «эстиэхчэ» буолан турар ыччаты, хаптаһын адарайдаах тимир оронугар хам баттаан баран, уоспуттан омуннаахтык ууруу сытан, хаста да сүр күүскэ дьигиргээт, иһийэн хаалбыта.    Ол курдук үрдүбэр балачча сыта түһэн баран, дьэ өйдөммүт курдук, уулааҕынан-хаардааҕынан көрө-көрө, сол курдук кууспутунан аллара түспүтэ... Сылааска, сыа курдук ньылҕааркай сымнаҕаска, инчэҕэй киэлигэ киирэн, били тугум сонно кэриэтэ төлүтэ биэртэлээбитэ, итии сүүрээн, хантан эрэ ыраахтан иитиллэн кэлэ-кэлэ, тохтоло суох тыгыалаабыта...    Бу кэмтэн ыла Киристиинэ биһикки сыһыаммыт тосту уларыйбыта, дьиҥнээх эрдии-ойохтуу курдук буолбуппут. Омунум-төлөнүм хайдах эрэ уоста быһыытыйбыта, дьиҥнээх дьиэлээх хаһаайын, үс оҕо аҕатын курдук санаммытым. Киристиинэ өссө тупсубукка дылы буолбута. Дьиэни-уоту, оҕону-урууну көрөр хаһаайка эрэ курдук буолбакка, мин эппин-сииммин сороҕор кэмчилээн, ардыгар лаппа өлгөмнүк туһанар кыыс хотун буолбута. Киниэнэ барыта минньигэс, сылаанньытыылаах уонна хаһан да хатыламмат ис хоһооннооҕо.    Быраактыкам алта нэдиэлэтэ адьас биллибэккэ ааспыта. Оскуолаҕа бэйэ киһитэ буолбутум. Баҕар, этэллэрэ кырдьык буолуо – үрдүкү кылаас оҕолоро сөбүлүүр учууталлара буолбут үһүбүн. Салалта да астынара. Оттон оскуола сопхуоһа Сомсуон Сокоруутап «уһуннук быраактыкаламмытыҥ буоллар, булка-алка сылдьарбыт хаалла» диэн хомойбута.    Быраактыкам бүтэн, Дьокуускайдыыр кэмим кэлбитигэр, хата, хомойуох курдук буолбутум. Барыам иннинээҕи түүн Киристиинэ үрдүбэр сапта сытан хараҕын уутунан сууммута. Бэл, биир сааһын дьэ ааспыт Күннэй котоку мунчаарбыт курдук, чоҥоччу көрөөхтөөбүтэ, оттон эдьиийдии-балыстыы Сыкыналаах Айыына тылларыттан маппыттара.    ... Дьэ, ити курдук. Киристиинэ «эн биһикки хаһан да бииргэ буолуохпут суоҕа, миэхэ суруйаайаҕын, умнаар, эн дьолуҥ өссө да иннигэр» диэтэр даҕаны, билиҥҥэ диэри чоҕулуспут харахтаах оҕолору, хараҥаҕа үрдүк мэҥэ халлааҥҥа кыымынан ыһыахтыыр ол дьоҕус дьиэни умнубаппын.   (иннин 07 балаҕан ыйа 2023 тахсыбыкка https://kyym.ru/sonunnar/ajymny/dyl-a/11145-olokh-dien-uustuk  ааҕыҥ) БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан