Кэпсээ
Войти Регистрация

Илэ сылдьааччылар

Главная / Кэпсээн арааһа / Илэ сылдьааччылар

K
25.07.2024 12:25
   «Кыым» ыалдьыта (бастакы сирэйтэн кэпсэнэр):        – Былырыын күһүҥҥү дьикти түбэлтэбин кэпсээтэхпинэ сатанар. Баҕар, мин курдук балаһыанньаҕа киирбит дьон баар буола сылдьыбыттара буолуо. Бу түбэлтэни кэргэммэр, оҕолорбор кэпсээбэтэх буолан, ааппын, баһаалыста, суруйумаҥ.    Мин биир кэмҥэ риэлторынан үлэлии сылдьыбытым. Дьоҥҥо дьиэлэрин атыылыылларыгар эбэтэр, төттөрүтүн, дьиэ көрдүүр дьоҥҥо кыбартыыра булан көмөлөһөрүм. Бастакы сылым таһаарыылаахтык ааспыта, син балай эмэ дьиэни атыылаан, түөрт киһиэхэ сөптөөх дьиэ булан биэрэн, бэйэбэр эрэлим күүһүрбүтэ, кыахпын сөпкө туһана сылдьабын диэн испэр үөрэрим. Хамнаһым ботуччу, аны мэлдьи дьону кытта алтыһар буолан, үлэбин ис сүрэхпиттэн сөбүлүүрүм.    Биир күн олус удамыр сыа­наҕа дьиэ атыылыыр киһи эрийдэ, миигин атыылаа диэн көрдөстө, «сыантыртан ырааҕа суох» диир. ДСК түөлбэтиттэн да чугас уулуссаҕа баар эбит. Үөрэ санаатым, түргэнник атыылыырбын билэбин. Нэдиэлэ да буолбата, хаһаайыннар көһүннүлэр. Бэйи, атыылыыр дьиэтин иһэ олус тупсаҕай этэ. «Тоҕо бачча үчүгэй дьиэни чэпчэкигэ атыылаатыҥ?» диэн ыйыталаспыппар «ээ, аймаҕым ыалдьан, көмөлөһүөхпүн наада, атын туспа дьиэлээхпит, онно көһүөхтээхпит» диэбитэ. Атыылаабыт киһитээҕэр, атыыласпыт дьон чэпчэки сыанаҕа олус үчүгэй дьиэ булбуттарыттан үөрбүттэрэ, махтан да махтан. Мин даҕаны, дьону үөрдүбүччэ, тэҥҥэ дьоллонобун, харчыбын да ылан үөрэбин.    Ол кэннэ эмиэ үлэбин толоро сылдьыам этэ. Кыыһым оҕолонон, ону көрсөр буолан, үлэбиттэн уурайарбар тиийбитим. Кыыһым тута үлэтигэр тахсыбыта, күтүөппүт эмиэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиирэ. Бэйэм даҕаны эдэрбэр үлэҕэ умса түһэн, оҕолорбун кырдьаҕас ийэм көрөн улаатыннарбыта. Кинилэри бүөбэйдээбэтэх, тапталбын толору иҥэрбэтэх буруйбар, сиэннэрбин көрсөбүн. Биллэн турар, үөрүүнү кытары...    Үлэбиттэн уурайбытым ый эрэ ааспыта. Арай биир билбэт нүөмэрим эрийэр. «Эһиги миэхэ дьиэ атыылаабыккыт» диэн истэҕинэ, «риэлтордаабаппын, атын сиргэ эрийиҥ» диэппин кытары кыыһырда. Билбитим, били, чэпчэкигэ атыылаабыт дьиэм хаһаайката эбит. Куолаһа тип-титирэс, көрсөөрү гынар. Хайыахпыный, өрөбүл күн көрүстүм. Онтум маннык буолбут.    Дьиэ ылбыттарын 7-8 күнү­гэр туох эрэ атын «хаһаайын» баарын биллэрбит. Улахан дьон үлэлэригэр барбыттар, уоллара хаалан хоһугар уруогун ааҕа олорбут. Арай куукунаҕа иһит-хомуос тыаһаабыт, дьахтар күлэр, оҕо саҥарар эбит. «Ийэ­лээҕим кэллэхтэрэ» диэн куукунаҕа тиийбитэ – ким да суох! Аны иһит уурар ыскаап ааннара аһаҕас! Уол куттанан, таһырдьа ыстаммыт – дьоно кэлиэхтэригэр диэри таһырдьа турбут. Уоллара, баҕар, ыалларын тыастарын-уустарын истибитэ буолуо диэн уоскутуммуттар. Киһилэрэ, дьоно кэллэхтэринэ эрэ, дьиэҕэ үктэнэр буолбут, сүгүн да утуйбат буолаахтаабыт, үөрэҕэр сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии барар эбит. Учуутала эрийэн, «уруокка утуйар» диэн сэмэ киирбит.    Хаһаайка ыалдьан, биир күн үлэтигэр солбуйтаран, дьиэтигэр хаалбыт. Тэлэбиисэр көрө олорон, нухарыйан барбыт. Арай хараҕа сабыллан истэҕинэ, аттынааҕы түннүк диэки туох эрэ түргэн-түргэнник элэҥниир эбит... Туран кэлбитэ, түннүк сабыыта хамсыы турар. Тыал үрэр буоллаҕа диэбитэ, болкуон аана, түннүк сабыылаахтар. Куукунаҕа кэлэн истэҕинэ, ханна эрэ түгэх хоско оҕо саҥарара иһиллибит. Дьахтар куттанан, аан аттыгар чугаһаан турбут, иһийэн туран иһиллээбит. Ол турдаҕына, хостон туох да буолбатаҕын курдук, хара таҥастаах дьахтар тахсан кэлэн, куукунаҕа ааһаат, ыскааптары арыйан, иһит-хомуос көрдөөн киирэн барбыт. Хостон ханык эрэ оҕо сүүрэн тахсан киһи өйдөөбөт саҥатынан аймана-аймана, куукунаҕа баар остуол анныгар саһан хаалбыт. Хаһаайка маҥнай дөйөн турбут, онтон чочумча буолаат, дьэ өйдөнөн, таһырдьа куоппут – дьиэтин даҕаны хатаабатах. Уолун курдук эмиэ таһырдьа турбут. Дьоно кэлэн нэһиилэ уоскуппуттар. Дьиэлэрэ суох, салгыы хайыахтарай? «Хаһаайыннарын» кытары тэҥҥэ олорон көрөллөрүгэр тиийбиттэр. Көһүөхтэригэр диэри син өр эрэйдэммиттэр. Аны түүннэри хаамыталыыр, иһит-хомуос тыаһатар буолбуттар. Ыксаан миэхэ эрийбит, «саатар, дьиэ буларбар көмөлөс» диир.    Куортамныыр дьиэ буларга көмөлөспүтүм, биир дьүөгэбин көрдөһөн чэпчэтиннэрбитим. «Чэпчэки» диэни истэ-истэ, ол дьахтар этэ тымныйара. Аны атыыласпыт дьиэлэрин тугу гыныахтарын толкуйдаабыппыт. Хайыахтарай? Атыыга ыыппыттара. Ол дьиэҕэ туох буолбутун хаһаайка миигиттэн ыйытар. Мин хантан билиэхпиний? Үлэлиирим тухары ити курдук быһылааны саҥа истибитим... Кэлин үлэбэр даҕаны тахсар баҕа санаам симэлийэн хаалбыт. Атыылаабыт дьону булбатахпыт, кыайан сибээстэспэтэхпит. Аттынааҕы олорор ыаллар кэпсииллэринэн, ити кыбартыыраҕа биир оҕолоох ыаллар олорбуттар. Кэргэнэ хоту үлэҕэ айаннаан баран кэлбэтэх, «көмүсчүттэр өлөрбүттэр» диэн сэрэйбиттэр эрээри, уҥуоҕун булбатахтар. Дьахтар соҕотох олоро сатаан баран, иэскэ киирэн, оҕотун сатаан ииппэккэ арыгылаан баран өлбүт диэни истибиттэр. Ханнык да ыал ол дьон дьылҕатын, ол оҕото ханна сүппүтүн билбэттэр. Дьикти. Тарҕат:
kyym.ru сайтан