Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эмсэҕэлээх атахтаах Мэхээлэчээн булчут
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эмсэҕэлээх атахтаах Мэхээлэчээн булчут
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.07.2024 15:00
Бу кэпсиир киһим кырачааннарга анаан кинигэҕэ суруллубут Мэхээлэчээн булчут буолбатах, кини – Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр олорон ааспыт сорсуннаах булчут Потапов Михаил Иванович. Мэхээлэ, баара эбитэ буоллар, быйыл 90 сааһын туолуохтааҕа. Оҕо эрдэҕиттэн аҥаар атаҕа эмсэҕэлээх, туора үктээн хаамар буолан, сатыы сылдьарын олус эрэйдэнэрэ. Ону кэлин улаатан баран, мындыр толкуйунан быһаарбыта. Ол курдук, эмсэҕэлээх атаҕар быа-туһах көмөтүнэн иҥиннэрэн бэйэтэ оҥорбут хайыһарын кэтэрэ. Онон кыһынын «атахтанан», ким-хайа иннинэ бултуйан, сороҕор идэтийбит даҕаны дьону куоһарар сорсуннаах булчут буолбута. Инньэ диэн туран хапкаанынан бултуур көҥүл баар кэмигэр Мэхээлэ бултаабыт биир дьикти түбэлтэтиттэн билиһиннэрэбин. Сорох дьыл мэнээк бөрөтө буулаан, хаһаайыстыбаҕа элбэх хоромньуну таһаардаҕына, нэһилиэк салайааччылыра идэтийбит булчуттары атахтарыгар туруоран бултаталлара. Биир оннук дьыл хас даҕаны нэһилиэк уопуттаах булчуттара соҕотоҕун сылдьар бөрөнү бултаһан кыайбатахтарыгар, эмсэҕэлээх атахтаах Мэхээлэни көрдөспүттэр. Онуоха Мэхээлэ «ол улахан булчуттарга кыайтарбатах туох кыылый, хайа диэкинэн сылдьарый?» диэн судургутук ыйыталаһан баран, бултаһарга сөбүлэспит. Сарсыныгар атын көлүнэн, хайыһарын, хапкааннарын тиэнэн ардай аһыылааҕы сонордуу аттаммыт. Киэһэтин дьиэтигэр кэлэн «олус сэрэх, кырдьаҕас кыыл эбит, аҕыйах сэби бырахтым» диэбит. Иккис хонугар сарсыарда туран дьонугар түүлүн кэпсээбит: «Түүл-бит үчүгэй, кыылбын ылар буоллум быһыылаах, сарсын сэптэрбин көрүтэлии барыам», – диэн. Булчут үһүс күнүгэр бастакы тоһууругар тиийбитэ, бөрөтө хапкаанын алдьатан, ыһан куоппут. Мэхээлэ хайыһарынан суоллаан эккирэтиспит. Онто бөрөтө иккис тоһууругар тиийэн, хапкааҥҥа ылларан баран, аны, атаҕын быһа кэрбээн эмиэ куоппут. Күн киэһэрэн, Мэхээлэ сонордоһуутун тохтотон дьиэлээбит. Сарсыныгар туоһапкатын ылан, «атаҕа быстыбыт кыыл ырааппатах буолуохтаах» диэн, оҥоһуу хайыһарынан эккирэтиһэр. Кини санаабытын курдук, кыыла тыа иһиригинэн, урукку суолун хоһулаан, Мэхээлэ үһүс тоһууругар үктээн, тыыннаах олороругар түбэспит. Булчут кыра тыастаах саатын ылан, сэмээр «тос» гыннаран, уопуттаах булчуттар кыайбатах ардай аһыылаахтарын бултаабыт. Кырдьык, киһи итэҕэйимиэн курдук түгэни туос судургу, аҕыйах саҥалаах, мас көнө киһи уустаан-ураннаан сымыйанан кэпсээбэтэҕэ чахчы. Ол эрээри Мэхээлэни сэргэ ити бөрөнү эккирэтиспит булчуттар кыһыйан-абаран, интэриэһиргээн даҕаны, кини сылдьыбыт суолун-ииһин хайан, илэ көрөн, дьиҥнээҕин итэҕэйбиттэр уонна ол кэмтэн ыла үгүстэрэ булка баартаах Мэхээлэлиин күрэстэһэр дохсун санаалара уостубут. Михаил Иванович тоҕус сыл – көҥүл, отуттан тахса сыл идэтийбит булчутунан сылдьан, хас эмэ сүүһүнэн кырынааһы, солоҥдону, тииҥи, тыһыынчанан куобаҕы уонна уонунан сиэмэх кыылы (бөрөнү, бэдэри, саһылы, сиэгэни) бултаан, өрүү инники кэккэҕэ сылдьара, былааннаах сорудаҕын 1,5-2 төгүл куоһарара. Элбэх оҕолоох ыалга төрөөн, ас-таҥас кыһалҕатын билэн улааппыт холкуос, сопхуос үлэһитэ, атаҕар эмсэҕэлээх Мэхээлэ бэйэтэ толкуйдаабыт ньыматынан эмсэҕэтин «оһорунан», олоҕун бүтэһик сылларыгар диэри айылҕалыын алтыһан, бултаан-алтаан сылдьыбыта. Михаил Иванович «мин аҥаардастыы булка эрэ сайдан хаалбыт киһибин» диэн судургутук этэн кэбиһэр үгэстээҕэ. Билиҥҥинэн, Паралимпиада
да күрэхтэһиитигэр кыттыан сөп эбитэ буолуо. Кини араас сырыытын биир дойдулаахтара умнубаттар. Онон аныгы кэмҥэ сорсуннаах булчут үтүө аата үйэтийиэн даҕаны сөп этэ. Мэхээлэ биир дойдулааҕа, кыраайы үөрэтээччи С.Попов-Сиэдэрэй Сэмэн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан