Кэпсээ
Войти
Регистрация
Имэҥ эридьиэстэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Имэҥ эридьиэстэрэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
18.07.2024 12:22
Арҕааҥҥы бырапагаанда күүһүнэн «сиэкис өрөбөлүүссүйэтэ» ааммытын тоҥсуйан киирэ илик кэмигэр өбүгэлэрбититтэн утумнаан кэлбит сэмэй, килбик быһыыбыт-майгыбыт өрө тутуллар этэ. Биһиги, аҕыйах ахсааннаах омуктар, куппут-сүрбүт, ол эбэтэр айылгыбыт олус чараас эбээт. Ону киинэҕэ көстөр арҕааҥҥы сабыдыал, көрсө түстүлэр эрэ уоллаах-кыыс «ороҥҥо охтор омуннаах сыһыаннара» буортулуура хобдох быһыы-майгы. Атын, итии хааннаах омуктар өрө тутар сиэкистэриттэн, төһө да сиэр-майгы өттүнэн сатарыйдаллар, эстэн-быстан, буорайан сүтэн, симэлийэн барыахтара суоҕа. Оттон биһиги омук быһыытынан буорайыахпыт турдаҕа, өскөтүн сиэрбит-майгыбыт бүтэһиктээхтик сатарыйдаҕына. Үйэбит уларыйан, сексуальнай информация олус аһаҕастык, киэҥник тэнийэн, дьон-өйүн санаатын сааһыттан тутулуга суох көөчүктээн, күөрчэхтии ытыйар. Онуоха кырдьан баран кылыыһыт кыдьыктара киирэр оҕонньоттортон киһи сонньуйар эрэ. Аһара баран, аһынаҕын. Эр киһи быһыытынан түүҥҥү үлэлэрин «ыстааһа» бүтэн, ымсыырбыт санааларын тыл сыыһа оҥостоллоро эбитэ дуу диэн санаа киирэн кэлэр. Оҕонньоттор, өһүргэнимэҥ, эһигини барыгытын сирэйдээн этиллибэт. Ол эрээри олоххо оннук оҕонньоттор баалларын истэбит, билэбит. Эдэр дьахталларга элиэтиир оҕонньоттор Марина: – Биирдэ Кыайыы бырааһынньыгар бэтэрээннэргэ анаммыт биллиилээх ырыаһыппыт кэнсиэрин астына көрө олордохпуна, биир кырдьаҕас оҕонньор кэлэн бытаан үҥкүүгэ ыҥырда. Уой, кыбыстан, саатан өлө сыстым. Онуоха аттыбар олорор дьахтар: «Кырдьаҕаһы убаастаа, аккаастаныма, үҥкүүгэ киир», – диэтэ. Хайыамый, испэр сөбүлээбэтэрбин да, киирэн үҥкүүлээтэҕим дии. Оҕонньор үҥкүүлүүрүн быыһыгар бэйэтин билиһиннэрэ оҕуста. Биэс кыыстааҕын, сиэннэрдээҕин, огдооботун, хостооҕун (саатар, кыбартыыра да буолбатах ээ) кэпсээтэ. Аны үҥкүү бүппүтүн кэннэ батыһан кэлэн, сэргэстэһэ олорунан кэбистэ. Мин соһуйан, олорор сирбиттэн тиэрэ баран түһэ сыстым, испэр олох абааһы көрдүм. Кыһыйбыт санаабар, сааһын ыйыппыппар өссө этимээри кэтэмэҕэйдэнэр. «Ээ, 70-мун лаппа аастым. Ону баара, миэхэ 30-таах дьахталлар эргэ тахсаары сыҥаланаллар», – диэн «өҥнөммөт», киһиргээбэт дуо! Онуоха мин «бэйэҥ саастыыта эмээхситтэри көрүөххүн, тоҕо эдэр дьахталлары «кыҥыыгын» диибин. «Бэйэм оһуокайы көтүппэккэ сылдьабын. Онно мин курдук соҕотох эмээхситтэр-оҕонньоттор сылдьаллар. Ол эмээхситтэр мин «вкуспар» сөп түбэспэттэр ээ», – диэбэтэ дуо?! Көр да маны, кырдьан баран өссө «вкустаах» баҕастаах, дьоҕойон түөһэйээри гыммыт быһыылаах. «Мин эйигин сөбүлүү көрдүм, урут ханна эрэ көрбүт курдукпун. Хата, аныгыскы оһуокайга кэлээр эрэ, күүтүөм», – диэн ыҥыран, кыйаханан олорор бэйэбин өссө кыынньаан биэрдэ. Кыһыыбыттан-абабыттан ытаабатым эрэ. Атын бүччүм сир эбитэ буоллар, саҥарбат оҥоруом хааллаҕа. Эппит тыла сойо илигинэ «тос» эппиэти ылыа хааллаҕа. Оҕонньор «сирэйин тириитэ халыҥаан», кыбыстары билбэт буолбут. Бэйэтиттэн 40-тан тахса сыл эдэр дьахтарга хараҕын хатаабыт буола-буола. Кыргыттара өссө миигиттэн аҕа буолуохтара. Ол хапсыйа сытыйбыт «мөһөөччүгэр» туга да хаалбатах оҕонньорго 30-таах дьахталлар аһара ымсыыран бэһирбэтилэр ини. Эдэр дьахтар үрдүгэр сыта сатаан оҕонньор, хата, түргэнник сэниэтэ эстэн, өйө мөлтөөн «анараа дойдуга» суһаллык аттанар ини. Сураҕын иһиттэххэ, ол этэр оһуокайдарыгар саҥа кэлбит эдэр дьахталларга
60-70 саастаах оҕонньоттор тыҥырахтаах көтөр курдук элиэтииллэр, онтон сотору сонуннара сойор дииллэр. Дьэ уонна кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыла сырыт. Онон биир оҕонньортон кэлэйэн, сөп буолан сылдьабын. Ытык кырдьаҕастарым, бу биир оҕонньору сирэйин саралыы тардыбыппын, бэйэҕитигэр чугастык ылынымаҥ, бука, бырастыы гыныҥ, кырдьаҕас киһини убаастааҥҥыт истиҥник кэпсэттэххинэ, сорохторо түгэхтээхтик өйдөөн бараллара кыһыылаах. Оо, дьэ, оҕонньоттор, оҕонньоттор... кырдьар сааска оҕотук санааланымаҥ, олуонатык быһыыланымаҥ. Хаалбыт олоххутун сиэрдээхтик олоруҥ, сиэннэргитин иитиһиҥ. «Тяжелай сиэкиһи» интэриэһиргиир бэтэрээн Валерия: – Култуура киинигэр дьүөгэбин кэтэһэн олордохпуна, мас тайахтаах кырдьаҕас оҕонньор мытырыллан киирэн, аттыбар кэлэн олорунан, күн-дьыл туругуттан саҕалаан, кэпсээнин тардан кэбистэ. Мин да, чуҥкуйан олорор киһи, таах олорботум, тэҥҥэ сэһэргэһэн киирэн бардым. «Барахсаны, кэпсэтинньэҥ оҕо эбиккин», – диэн өссө кыратык хайҕанным. «Дьиэбэр күнү быһа олорор буоламмын, бу эргин эрэ дьаарбайабын. Уолбун кытта олоробун. Ол киһи миигин кытта улаханнык сэлэспэт», – диэтэ. Оҕонньор сэрии бэтэрээнэ эбит. Тайахха дугунан нэһиилэ хаама сылдьаахтыыр. Иккиэн айахпыт аһыллан, мин кини сэриигэ хайдах сылдьыбытын туһунан кэпсээнин олус интэриэһиргээн истэн олордум. Мэктиэтигэр, биир чаастаах кэпсэтиигэ оҕонньору кытта тэҥҥэ сэриигэ сылдьыбыт саҕа сананным. Санаабар, итиннэ «Катюша» ыйылыырга, манна аттыбынан тааҥка бирилэтэн ааһарга дылы буолла. 4 сыл сэриигэ сылдьан биирдэ да бааһырбакка кэлбитин истэ олороммун сөхтүм. Онтон оҕонньорум соһуччу «Бээрэ, ити «пробирка оҕото» диэн тугу ааттыылларый, билэҕин дуо?» – диэн ыйытта. Мин, аныгы үйэ дьахтара, хайдах билиэм суоҕай. Тугу билэрбин кэпсии сатаатым. Аны оҕонньорум истэ олорон, сөҕөн баһын илгистэртэн соло булбата. «Хайа, оччоҕуна эр киһи туохха нааданый? – диэн, хата, бэйэбиттэн төттөрү ыйытааччы буолла. Онуоха «искусственнайдык» буоһатыллар оҕо туһунан кэпсээбиппэр оҕонньор: «Элбэҕи да билбэккэ сылдьыбыппын, хата, эйигиттэн бэрт интэриэһинэйи иһиттим», – диэтэ. Онтон аттыбар сыҕарыс гынаат, аргыый аҕай сибигинэйэн «Тоойуом, онтон «тяжелай сиэкис» диэн ити тугу ааттыылларый?» – диэтэ. Хата, дьүөгэм киирэн кэлэн, ити ыйытыкка эппиэттииртэн быыһанным. Дьиҥинэн, ол «ыарахан, чэпчэки» сиэкистэрин бу диэн бэйэм да улаханнык араарбат, билбэт эбиппин. Туох диэн эппиэттиэм эбитэ буолла?! Хата, оҕонньор ити тылы билэрин сөхтүм. Төлөпүөнүнэн хоонньоһорго ыҥырар оҕонньор Марианна: – Биирдэ биир билэр киһим, 60-ттан тахсыбыт оҕонньор төлөпүөннээтэ. Син ону-маны кэпсэппитэ буоллубут. Онтон оҕонньорум: «Миэхэ кэлэ сылдьыбаккын дуо, таптаһыахпыт», – диэн аһаҕас баҕайытык билиннэ. Мин өһүргэнним, өттүкпүн үлтү түһэ сыстым, кыбдьырына-кыбдьырына, нэһиилэ кэпсэтэн бүттүм. Бу оҕонньор иккис сирэйин биллэҕим дии уонна ол кинини эр киһи быһыытынан убаастаабат буолбутум. Көрүстэхпинэ даҕаны, кураанах истиэнэни көрөр курдук кэпсэтэбин, эбиитин испэр киниэхэ хокуоска бэлэхтиибин, «эйиэхэ бу да сөп» диибин. Эдэр дьахталларга сананар кырдьаҕастартан туох үчүгэйи күүтүөмүй? Хоонньоһорго ыҥырбыт төлөпүөнүн тутан баран олордун. Хас
дьахтары итинник туһанара биллибэт. Кини маҥан баттаҕар, ынайбыт иһигэр, туһалаан бүппүт «сэбигэр» ким наадыйыа үһүө-ө!... Наһаа «правильнай» кыыс Феодосия: – Кыргыттар, эһиэхэ сүбэлиибин. Эр киһиэхэ сэрэнэн сыһыаннаһыахха наада. Кини – эдэр буоллун, оҕонньор буоллун, айылҕатынан син биир булчут. Оннук хаһан баҕарар бултуу, «дьахтардыы» баран хаалыан сөп. Мин куруук онно-манна элбэхтик сылдьар буоламмын, уҥа-хаҥас күүлэйдээбэт дьахтары наһаа «правильнай» диэн эр дьон сыана быһарын үгүстүк истэбин. Бу эр дьон туттар тыллара эбит. Бэйэм эмиэ итинник «комплимены» элбэхтик истибитим. Ол иһин маннык дьахталлары эр дьон сэнээбэттэр, атаҕастаабаттар. Биир күн мин дьүөгэлэрбин кытта ыалдьыттыы бардым. Үгэс курдук, арыгы испэппин, табах тардыбаппын, мээнэ солуута суох тылласпаппын, харахпынан уҥа-хаҥас оонньообоппун. Киһи сиэринэн сылдьабын. Ону көрөн биир эр киһи маннык «правильнай» дьахтары аан бастаан көрөбүн диэн сөхпүтэ. Биһиги курдук дьахталларга эр киһи дөбөҥнүк чугаһаабат. Оттон чэпчэки кыргыттар, дьахталлар эр киһи илиитигэр (былааһыгар) түргэнник киирэллэр. Автовокзалга көрсөн ыларбар көрдөһөөхтүүр Лена: – 6 оҕолоох эдэр ийэ: - Куоракка да олордорбун, элбэх оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, коза иитэбин. Үүтүн оҕолорум иһэллэр, ордубутун атыылыыбын. Биир орто саастаах эр киһи оҕотугар үүт атыылаһан ылан иһэрдэр. Ол килийиэним 80-ча саастаах аҕата миигин таба көрөн кэбиһэн олохпун уйгуурта. Хайдах диэ? Быйыл сайыны быһа бассаап ситиминэн миэхэ суруйар «Тоҕойуом, мин куоракка киирэн эрэбин, эйигин көрсөөрү. Оптуобус баксаалыгар кэлэн, көрсөн дьиэҕэр илдьэ барыаҥ дуо?» – диэн. Ону «тоҕо ол мин дьиэбэр кэлэ сатаатыҥ?» диэн ыйытыкпар: «Эйигин наһаа ымсыыра көрөбүн. Олох куттаныма, үрдүгэр ыстаныам суоҕа. Оннук кыахпыттан ааспыт киһибин. Саатар, тутан-хабан, имэрийэн, сыттаан-сытырҕаан көрүөм этэ, онтон атын наадата суох», – диэн суруйар буоллаҕа. Мин баара-суоҕа 37 саастаахпын, уҥуохпунан сахаҕа бөдөҥмүн, этиргэммин. Онно ымсыырар муҥа буоллаҕа дуу... Кини миэхэ эһэм кэриэтэ буоллаҕа. Онтон кэлин олох даҕаны мин олорор түөлбэм диэки сир ылбытын туһунан суруйан «үөртэ». Наһаа кэлэйдим, хомойдум. Оннук айылаах «чэпчэки» кыыс-дьахтар курдук көстөрүм буолуо дуо? Дьэ, буолар да эбит. Түмүккэ Дьэ, ити курдук, кырдьан баран кылыыһыт буолбут оҕонньоттор быһыыларын-майгыларын хас да түһүмэххэ арааран ааҕааччыларбар тиэрдэ сатаатым. Хайдах баарынан олоххо буолбуту, баары суруйдум. Мин бу суруйуубар кими да баһааҕырдар, сирэй-харах анньар былааным суох. Көннөрү, киһилии майгыбытын сүтэримиэхпитин наада. Биһиги, сахалар, бэйэбит икки ардыбытыгар эр киһи, дьахтар сыһыаныгар сороҕор куруубайдык сыһыаннаһабыт. Барыларын биир халыыпка уган сэлээрчэх, күүлэйдьит, чэпчэки дьон курдук көрөбүт. Онтон сиэттэрэн бэйэ-бэйэбитин абааһы көрсөбүт, киһини оннук-маннык баһааҕырдабыт, хоп-сип тарҕатабыт. Таптал сааһы билиммэт. Эр киһи сыһыаныгар саас улахан оруолу ылар. Саастаах эр киһи бэйэтиттэн 20-чэ сыл эдэр дьахтары кытта, таҕылы ханнарар эрэ туһуттан аҕыйах
сыл олоруон сөп. Оттон өй-санаа өттүнэн син биир сөп түбэспэттэр. Биир дьахтар этэн турардаах:: «Мин эрбин кытта түүҥҥү өттүгэр сыһыаммыт туох да аһара үчүгэй. Күнүһүн тыл-тылбытыгар киирсибэккэ, киэһээҥҥэ диэри кыыһырсан буугунаһа сылдьабыт. Онтон утуйар кэммит кэллэҕинэ, имэҥ алыптаах суорҕанын арыйан сыттыбыт да, тугу барытын умнан кэбиһэбит. Сарсыҥҥытыгар эмиэ эһэлээх бөрө буолан, тииспитин килэппитинэн хадьырыйсан барабыт. Оннук өйдөһөр-өйдөспөт олороохтуубут», – диэбиттээх. Кырдьык, кэнники кэмҥэ ыал буолуу суолтата намтаан дьон сиэкис эрэ туһугар эр-ойох буолан олороллоро баар суол. Биһиги, сахалар, урут таҕылы ханнарар сиэкис туһунан дьон-сэргэ истиитигэр кыбыстан мээнэ саҥарбат да, кэпсэппэт да этибит. Билиҥҥи олохпут төрдүттэн уларыйан, сиэкис туһунан кэпсэтии эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох буолла быһыылаах. Кырдьаҕас «кылыыһыт» оҕонньор ымманыйдаҕына, дьэ, хайыыбытый? Суобас суутугар ыҥырарбытыгар эрэ тиийэбит. Онон, оҕонньоттор барахсаттар, киһилии өйү-санааны, сиэри-майгыны сүтэримэҥ, сэлээрчэх быһыы имэҥэр ылларымаҥ, тылгытын-өскүтүн кыана туттуҥ. ЛААНА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан