Кэпсээ
Войти Регистрация

Иирэ сыыспыттааҕым

Главная / Кэпсээн арааһа / Иирэ сыыспыттааҕым

K
18.07.2024 12:18
   Баҕадьа Үрэҕэ диэн сиргэ сылын аайы биригээдэнэн оттуу тахсарбыт. Киниэхэ аата-ахса суох кыра үрэхтэр кэлэн холбоһоллор. Олор ааттарын билигин ким да өйдөөбөт. Барыларын холбоон Баҕадьа Үрэҕэ эрэ дииллэр.        Урут манна сэрии сылларыгар уонна сэрии кэнниттэн холкуос дьоно от сии диэн ааттаан киирэн кыстыыллара үһү. Инньэ гынан оччотооҕу дьон олорон ааспыт өтөхтөрө, ампаар дьиэлэрэ, хотонноро, төһө даҕаны сыл-хонук ааһан харааччы сиэтэр, билигин даҕаны тураллар. Сууллара сууллубут, хаалбыта түннүк-үөлэс мэлийбит.    Ол да буоллар арыый да сэнэх соҕуһугар отчут-масчыт, булчут-алчыт отууланар, тохтоон, аараан ааһар. Биһиги даҕаны оттуу сылдьан сорохпут онно хоноро, сорохпут – балааккаҕа. Үгэс быһыытынан, эргэ ампаардарга саастаах өттүбүт сытара. Биһиги, эдэрдэр, балааккаҕа.    Биһиги эҥээр дэлби курааннаан от үүммэтэҕэ үһүс сылыгар барбыта. Дьон-сэргэ чугас эргин үрэхтэри-маардары оттуу сатаан баран, күттүөннээҕи охсубакка, ыраах үрэхтэргэ тахсыталаан барбыттара. Биһиги уон киһилээх биригээдэ тэринэн, Баҕадьа үрэҕэр тахсар буолбуппут. Сайын оннук  саҕаламмыта.    Оттуур сирбитигэр былыр үйэҕэ оспут омоох суолу батан хас да тыраахтарынан үрэхтэри, от үрэхтэри, халыҥ систэри уҥуордаан, күннээх түүн айаннаан, биир суукканан тиийбиппит.    Кэллэхпит утаа туох да үлэ тахсыбатаҕа. Сир-дойду аһа­тан, айантан илистэн, нэһиилэ оннубун оҥостоот утуйар аакка барбыппыт. Өлүү түбэл­тэлээх, ол түүн ардах ыаҕастаах уунан куппута. Сарсыныгар, онтон өйүүнүгэр да ардахпыт тохтооботоҕо. Биһиги балааккабыт тэстэн киирэн барбыта. Онон быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу, тулуйа сатаан баран түүн үөһүн ортото оҕонньоттор сытар эргэ ампаардарыгар куотан киирбиппит. Уолаттарым киирэн бары миэстэ булан тута сыттылар. Мин хойутаан киирэн, миэстэттэн матан, хаҥас муннукка тапчаан оҕото баарыгар сытар буоллум. Сытаат, утуйан хааллым.    Арай, түүн үөһүн ортото утуйа сытан, суорҕаным иһигэр ким эрэ илиитэ киирэн «күүлэйдээн» эрэриттэн уһуктан кэллим. Былыттаах хал­лааҥҥа онто да суох хараҥа ампаар иһэ өссө харааран көстөр. Мин ким эрэ дьээбэлэнэр быһыыта быһыылаах диэн эргим-ургум көрдүм эрээри, уһуктаҕас киһи баара биллибэт. Онон түһээтим ини диэн салгыы утуйдум. Өтөр буолбата, эмиэ сылаас да сылаас дьахтар сымнаҕас илиитэ киирэн кууспаҕалаан киирэн барда. Мин кууһара сымнаҕаһа, нарына бэрдиттэн хайдах эрэ куттаммакка уонна түүлбэр балыйтаран, салгыы тартаран утуйан бардым.    Түүлбэр көрдөхпүнэ, ардах астыбыт. Сарсыарда буолбут. Ол да буоллар мин турбакка сытабын. Арай тэлэччи арыллан турар аанынан кэрэ бэйэлээх бэйэм саастыыта кыыс киирэн кэлэр уонна хоонньубар киирэн сытынан кэбиһэр. Мин кинини ыбылы кууһан сытан, утуйан хаалабын. Ол эрээри эмискэ ким эрэ сөтөллөрүттэн уһуктан кэлэбин.    Ардахпыт түспүтүн курдук түһэ турар. Оҕонньоттор туран номнуо уоттарын оттубуттар. Чэй бэлэм. Турдум. Бу түүлбүн кистээтим.    Сарсыныгар ардах син биир астыбат диэн, киэһэ хойукка диэри хаартылаатыбыт. Мин ол күнү быһа «өссө биирдэ түүлбэр көрбүт киһи» диэн
били кыыспын саныыбын. Онон эрэли кытта иккис түүн эмиэ кэтэһэ сатаатым да, биллибэтэ. Өйүүнүгэр, онтон өйүүнүгэр эмиэ.    Ардах аҕыйах хонугунан тохтообута. Үлэ саҕаламмыта. Били кыыс өйбүттэн отой тахсыбат буолбута. Онтон биир түүн эмиэ бастакы сырыытын курдук киирэн кэлбитэ. Эмиэ бииргэ утуйбуппут. Соһуйуом иһин, бу сырыыга түүлүм эмиэ да түүл курдуга, эмиэ да илэ курдуга. Биһиги тугу да кэпсэппэт этибит. Ол сайын оннук ааспыта. Мин түүн эрэ буоларын уонна мэлдьи били кыыһы күүтэр буолбутум. Ардыгар үлэлии сылдьан кыраттан да майгым алдьанан кыыһырар-абарар, киҥим-наарым холлор буолан киирэн барбыта. Бэйэм да билбэппинэн. Онтон кэлин дьонум тугу эрэ уорбалаан киирэн барбыттара. Оҕонньоттор түүн тугу эрэ гыннаҕа, уһаннаҕа-хайаатаҕа буолан, хойукка диэри утуйбат буолбуттара. Өрүү миигин кытта эҥин арааһыы кэпсэтэ сатыыллара, аралдьыталлара. Бу санаатахха, түүн тугу көрөрбүн, кими кэтэһэр­бин таайбыттар эбит этэ. Инньэ гынан миигин кэлин балааккаҕа көһөрбүттэрэ. Баҕарбатарбын да көспүтүм. Ол кэннэ били түүҥҥү кыыһым кэлбэт буолан хаалбыта.    Устунан хайдах эрэ көхсүм кэҥээн, чэпчээн барбытым. Үөрэрим-көтөрүм элбээбитэ, үлэҕэ көхтөөх буолбутум.   Кэлин дэриэбинэҕэ киирбиппэр оҕонньоттор «кырасыабай кыыһы көрөн иирэ сыспытыҥ» диэн кэпсээбиттэрэ. Кинилэр диэтэх дьон оннук айыы дуу, абааһы дуу баарын хайаан билиэхтэрэ суоҕай. Ол кыыс миигин эрэ буолбакка, урут сордообут, иирдибит киһитэ үгүс эбитэ үһү. Мин, хата, төбө­бүнэн булкуллубатахпар баһыыба. Мин. Тарҕат:
kyym.ru сайтан