Кэпсээ
Войти Регистрация

Үөйбэтэх өттүттэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөйбэтэх өттүттэн

K
11.07.2024 15:35
   Олоххо көһүппэтэх, этэргэ дылы, түһээн да баттаппатах түбэлтэҥ өрүү тахсар. Баҕар, ол иһин даҕаны Орто туруу-бараан дойдубут сэргэх, таайтарыылаах, долгутуулаах буолуо. Чахчы, оннук быһыылаах: иннибитигэр туох эрэ кэрэ, үтүө тосхойуо диэн мэлдьи эрэҥкэдийэбит. Кырдьык, хайаан да оннук түгэн үүнэн, сүрэхпит толугуруу мөхсөөччү.          Ол эрээри, төһө эрэ кэм ааспытын кэнниттэн туох барыта оннун-тойун булар, сааһыланар. Кырдьаҕастар ол иһин даҕаны этэн эрдэхтэрэ «кэм-кэрдии барытын эмтиир» диэн. Ол аата санньыар санааҥ ааспакка-арахпакка буулаабыта син биир хаһан эрэ умнуллар, оспот бааһыҥ мүлүрүйэ быһыытыйар диэн түмүк оҥостуохха сөп. Оттон миэхэ тоҕо эрэ биир түбэлтэ ааһан-араҕан биэрбэт, хата, дьыл-күн аастаҕын аайы сырҕан баас буолан нүөлүйэр... Ол туохтан саҕаланна этэй?    Үнүбэрсиэккэ төрдүс кууруһу син балачча ситиһиилээх бүтэрэн, додо курдук санана сылдьар кэмим этэ. Айылҕа барахсан уһуктан, көй салгыҥҥа чыычаах саҥата хойдон, өйүм-санаам биир кэм ытыллан олороро. Онуоха дьүөрэлэһэн, аны Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа са­ҕаланна.    Мин Студгородок уопсай дьиэтиттэн тахсан, аймаҕым эмээхсин даачатыгар көмөлөһөн, илии-атах буолан ырааппыт кэмим этэ. Ыраас салгыҥҥа, киэҥ дуолга сылдьар дэлэкэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Онон санаам көтөҕүллүбүччэ, сааһыары латырыайаҕа сүүйбүт дьоҕус балааккабын ылан, ыһыахха айаннаан аҕыалайдаммытым.    Оптуобуһунан унньуктаах уһун сыннарыы кэнниттэн иһим биллэрдик хапсыйбыт киһи Үс Хатыҥы булбутум. Балтараа лиитирэлээх бытыылкаҕа сылыйан, олус көөнньөн хаалбыт быырпахпын аҥаарын кэриҥин тоҕо тэптэрдим, таһа хоруоран хаалбыт эрээри, сиикэйэ бэрдиттэн сүмэһинэ сүүрэ сылдьар шашлыкпын кур-хар ыстаан үссэнээт, төһө эмэ топпут курдук сананным. Биир да билэр киһибин көрсүбэккэ, араас тэрээһин тохтоло суох ыытыллар сирин барытын кэриэтэ кэрийэн, күммүн-дьылбын билбэккэ да аһара сыстым.    Кэмниэ кэнэҕэс «бачча ыраах туохха илги-талгы гынан аҕалбыппыный» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, талах быыһыгар балааккабын тардыбытынан бардым. Бу түбүгүрэ сырыттахпына билбэт кыргыттарым тиийэн кэллилэр, биллэ наста­рыанньалаахтар. Үһүөлэр. Аттыбар кэлэн, турунан кэбистилэр. Кырдьык, «тэп» гыннарбыттар. Балааккаҕар киллэр диэн хаайдылар. Балартан арыый үрдүк уҥуох­таахтара, сырдык баттахтаах, үрүҥ суортугунан сылдьар кыыс сытыыта сүрдээх: туохтан да иҥнэн-толлон турбат. Балааккаҕа киирэн салапаан бакыаттарыттан үтэһэлээх эти, быырпаҕы, өссө хайа эрэ омук сухуой арыгытын таһаардылар. Кэпсэтэ-кэпсэтэ, иһиллиэҕи иһэн, сиэниэҕи сиэн, бары даҕаны иммит кэйэн, саха тэҥэ суох тырыбынаһа түстүбүт. Ол кэнниттэн павильоннары кэрийэн, сорох сиргэ өссө үҥкүүлүү түһэн, тириибит тэнийэн балааккабытыгар кэллибит.    Суумкабыттан бакырыбаалабын хостоон тэлгээбит кэннэ бары кэккэлэһэ сытынан кэбистибит. Мин уҥа өттүбэр – сытыы кыыс Милена, хаҥас – Луиза, салгыы Дженни сыттылар. Милена тохтоло суох арааһы бары кэпсиир буолан, кини диэки хайыһан сыттым.    Үс кыыһы кытта балааккаҕа сытар биир туспа муҥ буолар эбит. Итиитэ да сүрдээх, ол иһин плавкинан эрэ кылбайабын. Миигиттэн тэйиэс сытар кыргыттар букатын даҕаны стрингэнэн сыталлар. Миленам суортугун устан
үрүҥ сиэккэ туруусуктаах эрэ хаалбыта. Балаакка иһэ арыый сырдыга буоллар, ол сиэккэ иһигэр туох кистэнэ сылдьара аа-дьуо көстүөх эбит.    Кыыһым кэпсээниттэн Кулуһуннаах диэн мантан балай эмэ ыраах сиртэн сылдьарын биллим. Бу киһиҥ дьүө­гэ­лэрэ утуйбуттар диэн (утуйбатахтара баҕас чахчы буолуо), кыыспын кытта уура­һааччы буоллум. Оннук сытан иккиэн даҕаны олус көҕүйдүбүт: илиилэрбит тиийиэ суохтаах сирдэригэр кытта тиийтэлээтилэр. Саҥарбатарбыт даҕаны, тото кэпсэтэр, бэркэ өйдөһөр курдукпут, арай куһаҕана диэн, өссө чугасаһыах дьон улаханнык мэһэйдэтэр эбиппит... * * * Бэһис кууруска алта нэдиэлэ устата педагогическай быраактыкаҕа барар буоллубут. Бөлөхпүт улахан аҥаара куорат оскуолаларыгар ананна. Хаапыдырабыт салалтата, дьиҥэр, тыаҕа кими да ыытар санаата суоҕа, арай кыра оҕолоох кыргыттары көҥүллүүбүт диэн буолбута. Мин оччону истэн баран, силикичийии бөҕөтө: «кэргэннэниэхтээхпин» диэн, Кулуһуннаахтан балай эмэ ыраах бөһүөлэккэ дуогабардаах кыыс «биэтэһигэр олорсон», таласханнаах сирбэр быраактыкаланар буоллум.    Бу сиргэ Киристиинэ диэн биир аймахпыт дьахтар олорор буолуохтаах. Өрдөөҕүтэ, ахсыс дуу, хаһыс дуу кылааска үөрэнэ сырыттахпына, саҥардыы ыал буолбут дьон, Киристиинэлээх Филарет (күтүөм), оройуон кииниттэн кэнсиэрдии кэлэ сылдьыбыттара. Мин оннук эдьиийдээхпин төрүт да билбэт этим. Арай ийэм тэтэрээт лииһигэр: «Сымалыыр аҕа ууһуттан төрүттээхпит. Бу киһиттэн маннык дьон, онтон оннук аҕа ууһа», – диэн, сүрдээх уһун төрүччүнү ойуулаабытын өйдүүбүн. Онон Киристиинэ хос эһэтэ уонна мин хос эһэм биир ийэттэн, аҕаттан үөскээбит дьон үһүлэр.    Биирдэ алта уруок кэнниттэн дьиэбэр кэлбитим: күөс буспут минньигэс сыта кэлэр, оттон ийэм суох. «Хотонугар таҕыстаҕа» дии санаат, биэһилэҕэ соммун ыйаат, хоспор көтөн түстүм. Дьэ эбээт, доҕоор! Хаһан да харахтаабатахпын көрөн, мах бэрдэрэн хааллым. Көрдөхпүнэ, сыгынньах аҥаардаах хайа эрэ кырасыабай эдэр дьахтар, миэхэ ойоҕоһунан туран хоппуруон чулкулаах көбүс-көнө атаҕын тахтааҕа олорор киһи (эмиэ хаһан да көрбөтөх киһим) ньилбэгэр уурбут, ону биирдэрэ имэрийии-томоруйуу бөҕөтө буола олорор эбит! Дьахтар бэркэ үллүбүт икки буулканы кэккэлэһиннэри туппут курдук, көп этэ туналыйбыт, мөчөөрүйбүт аҕай. Чулку туттарар синньигэс үрүҥ пуойаһа ону хайдах кистиэ баарай! Оттон икки эмиийин тумуктара чөрөспүттэрэ сүрдээх. Бары даҕаны тылбытыттан матан ыллыбыт. Хата, мин арыычча өрүһүнэн, ааны саба оҕустум. Ол курдук билсиһии буолбуттаах.    Кэнсиэргэ үрдүкү кылаас үөрэнээч­чилэрин – биһигини – сырытыннарбыттара. Дьэ, онно Киристиинэ олус үчү­­гэй­дик ыллыырын, оттон күтүөм Филарет бэртээхэй байаанньытын уонна көр-күлүү сыаҥкатыгар оһуобай ар­тыы­һын өйдөөн хаалбытым. Миэхэ хас эмэ көлүөнэ чиэрэс эдьиий буолбут кырасыабай кыыһым (миигиттэн биэс эрэ сыл аҕа эбит!) ыллаатаҕына, саала иһэ иһийэн хаалара, оттон Филарет көрүдьүөс оонньуутуттан быара суох бараллара. Маны көрө олорон испэр «бэртээхэй да пааралар, хаарыаны» диэн ымсыыра санаабытым.    Кулуһуннаахха үктэнээт, Киристиинэлээх Филареты туоһуласпытынан барбытым. Арай, олохтоохтор дьиктиргээбит курдук, сирэйбин-харахпын көрөллөр, туох диэн хоруйдуохтарын билбэттэр да быһыылаах. Кэмниэ кэнэҕэс мас тайахха
тэптэрэн сылдьар биир эмээхсин: «Ээ, Киристиинэ эрэйдээх оол көстөр дьиэҕэ олорор, оттон эн хайалара буолаҕын?» – диэн хардары ыйытааччы буолла. Ол эмиэ тоҕо «эрэйдээх» диэтэҕэй диэн саныы-саныы, ыйбыт дьиэтин диэки түһүммүтүм. * * *    Тиэргэҥҥэ киирээт, бу дьиэҕэ эр киһи илиитэ тиийбэтин билбитим: хаар күрдьүллүбэтэҕэ ырааппыт, саһаан даҕаны иҥнэл-таҥнал түһэн тураахтыыр.    Киирбиппэр дьиэлээх хаһаайка со­һуйбут, дьиктиргээбит курдук көрбүтэ. Ол икки ардыгар 4-5 саастаах икки кыыһа сүүрэн эрбэкэчиһэн кэлэн одуулаһыы бөҕөтө. Остуолтан чугас оҕо кырабаатыгар биирин да туола илик кыыс, эмсэҕин уоппутунан, миигин ыйа-ыйа туох эрэ диэн муҥнанар.    Киристиинэ уруккута ханан да суох: хайдах эрэ өлбөөрбүккэ, кубарыйа хаппыкка дылы буолбут, таҥас-сап да ол сиэринэн. Хата, миигин син биллэ. Онон күө-дьаа буолан кэпсэппитинэн барда. Мин түргэн үлүгэрдик кэһиибин – «Молочная» халбаһыны, оҕолорго утаҕы, сакалааты – туттартаатым. Арай биир саастаах кыыска тугум да суох эбит. Ороҥҥо турар оҕону сүүһүттэн сыллаан ылбыппар эрэйдээҕим сыыһа үөрэн, туох эрэ диэн саҥара-саҥара, эккирээмэхтээн ылла.    Баскыһыанньа буолан, маннык мустубут эбиттэр. Филарет арахсан, атын дьахтарга барбыта сыл аҥаара буолбут. Икки улахан кыыс – дьыссаат дьоно. Киристиинэ оҕотун көрөн олорор, онтун быыһыгар иистэнэн, син төһө эмэ харчы киллэринэр эбит. Дьиэлэрэ сүрдээх кыараҕас: кыра хоско эмдэй-сэмдэй кыргыттар биир тимир ороҥҥо сыталлар, оттон мурун бүөтэ оҕо ийэтин кытта хаҥас хоско (орон эрэ батар сирэ) «уйалаах». Мин похуот ороҥҥо – остуол таһыгар миэстэлэнним.    Оскуолабар дириэктэрдээх саабыһы көрсөн, бирикээс таһаартаран быраактыкаламмытынан бардым. Маҥнай утаа «дуогабарыҥ суох» диэн күрүчүөктэһиэх курдук гынан иһэн, ыйыталаһыы түмүгэр дуобакка маастарга хандьыдааппын, өссө оҕо сылдьан оскуолаҕа куруһуок ыытарбын уонна оройуонум хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн буоларбын истэн баран, бэркэ сэргэхсийдилэр. Мин өссө бакылтыаппар билим кэмпириэнсийэтигэр кыттарбын, устудьуон боропсойууһугар чилиэн буоларбын эппэтэҕим.    Дуобат сиэксийэтин сонно ыыттардылар, маны таһынан «Эдэр кэрэспэ­дьиэн» куруһуогун салайан, оҕолор су­рук­тара оройуон хаһыатыгар, бэл, «Кэскилгэ», «Хатан» сурунаалга бэчээт­тэннэ. Куһаҕана диэн, настаабынньы­гым, өр сылларга үлэлээбит учуутал, сүөм түһэргэ дылы гынна. Оскуолам салалтата планерка аайы миигин холобурдаан тахсарыттан быһыылаах дии санаатым. Дьиҥэр, үлэбин олус сөбү­лээтим. Настаабынньыгым ыалдьан бүлүтүөннэммитигэр дириэктэр бирикээс таһааран, аны учууталы солбуйбут кэммэр хамнастанар буоллум.    Дьиэбэр даҕаны табылынным: оҕо­лору сарсыарда дьыссаакка илдьэбин, киэһэ аҕалабын, хаар күрдьүүтэ, мас хайытыыта, кыстааһына, буочукаҕа уу таһыыта – олоччу миэнэ. Киристиинэ сирэйдиин сырдаата, таҥаһа-саба кытта тупсубукка дылы буолла, оттон аһа-үөлэ өссө минньийбитин этэ да барыллыбат. Түүн похуот ороммор сытан «арай бу оҕолор аҕалара буолан хаалыым, сатаан олоруо этибит дуо?» диэн санаталыыр идэлэнним. Кэлин, нум-нам буолбучча, били, Миленам туһунан ыйыппыппар Киристиинэ «ээ, ол кыыс эргэ тахсан Питергэ дьиэлээх-уоттаах, кырасаабысса олоҕун бэркэ оҥостон сылдьар», диэбитигэр тылбыттан матан ылбытым эрээри, соннук
түргэнник аһарбытым. Милена мин курдук дьоҥҥо чугаһаабата биллэр этэ.    Биирдэ Киристиинэ кулуупка эрэ­пэ­тиис­сийэҕэ барда. Мин оҕолору аһа­талаан, сарсыҥҥы уруокпар бэлэмнэнэн баран, кыра кыыһы кытта хаҥас хоско – хаһаайка кырабаатыгар сыттым. Оһохпун куоттарбакка саппыт буоламмын, итиитэ сүрдээх. Кыыһым сылааска тартаран, утуйан бырылатыы, мин даҕаны күнү быһа түбүгүрэн, сылаам таайан, утуйан хаалбыппын. Түһээтэхпинэ, сып-сылаас ардахха баттаппыппын. Дьикти баҕайы, самыыр маннык сылыйбытын өссө билэ илигим. Аттыбар Киристиинэ сырдык чараас ырбаахылаах турар! Онто этигэр сыстан хаалан, этэ курдаттыы көстөр. Мин даҕаны онтон ордубатахпын, саатар, били тугум хаһан да кытааппатаҕын кытааппыт, икки ытыспынан хаххалыы соҕус туттан туран кыыспын (хаһыс эрэ көлүөнэнэн эдьиий буоларын төрүт умнубуппун) көрөбүн. Киристиинэм чугаһаан кэлэн аҥаар илиитинэн моонньубуттан кууһар, аҥаарынан били туохпуттан тутар...    Арай эмискэччи уһуктан кэлбитим – Киристиинэ бу кэлэн турар! «Чыычааҕым сыыһа ииктээн кэбиспит» дии-дии, кыыһын таҥаһын уларыта олорор эбит. Кырдьык, тэллэхпит, туруусугум эмиэ ибис-инчэҕэй!    Кыбыстыы бөҕөтүн кыбыһынным. Ойон турбуппун билиминэ да хааллым. Көрбүтүм, били тугум хайа да киһи мэлдьэспэтин курдук «уһуктубут»...   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан