Кэпсээ
Войти
Регистрация
Айыыһыта быыһаабыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Айыыһыта быыһаабыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
11.07.2024 15:29
Аҕам Скрябин Егор Минович-Миинэ Дьөгүөрэ 1992 сыллаахха, 83 сааһыгар тиийэн баран, Дьокуускайга олорон өлбүтэ. Бастаан ликбезкэ үөрэнэн ааҕар-суруйар буолбут, кэлин түөрт кылааһы бүтэрбит, үйэтин тухары холкуоска-сопхуоска, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, хоту Булуҥҥа балыкка үлэлээбит киһи этэ. Кини төһө даҕаны үйэтин тухары илиитин хара үлэттэн араарбакка үлэлээтэр, олоҕун кэрчик кэмнэригэр суруйан хаалларбыт бэлиэтээһиннэрэ билигин оҕолоругар, биһиэхэ, аҕабыт, төрүппүт-ууспут, оччотооҕу кэм кырдьыктаах, дьиҥнээх хартыынатын үтүө өйдөбүлэ буолан хараллан сыталлар. Бүгүн онтон биир кылгас бэлиэтээһинин «Кыымҥа» анаан бэчээттэтэбин. Биһиги дьоммут аах Тойон Боппуоктар кыстыктара Кыыл Уйалаахтан хоту диэки таҕыстахха, билиҥҥинэн Дьүлэй налыгар, баара. Онно аҕам оҕонньор туттубут туруорбах дьиэтэ уонна охсуу ампаара хойукка диэри турбуттара. Дьиэтэ өтөхсүйэн, сиҥнэн сууллубута. Ампаарын кэлин «Молотов» холкуос дьоно Кыыл Уйалаахха көһөрөн киллэрэн, үүт ампаара оҥостубуттара. Мин онно төрөөбүтүм. Биһиги дьоммут удьуор булчут дьон. Эһэм Дьүлэй уола, сүрэхтэммитинэн Сүөдэр Искирээбин, Боппуок кинээскэ кэпсэтэн, сылын аайы оччотооҕу суол-иис суох кэмигэр, бэл, Аллан-Амма хонноҕор-быттыгар тахсан түүлээҕи сонордоон киирэрэ эбитэ үһү. Ол сылдьан эбэбин, Саха Балбааратын, ойох ылан киирбит. Кинини сахаларга көспүтүн иһин Саха Балбаарата диэбиттэрэ үһү, оннооҕу дьоно. Ити билиҥҥи Дьүлэй налыгар баар Тоҥус Кыыһын күөлэ эмиэ кини аатынан ааттаммыт. Былыргыта Ойбон Күөлэ дэнэрэ үһү. Онон биһиги тоҥус хааннаахпыт. Аҕам Миинэ Сүөдэрэбис эмиэ булчут ааттааҕа этэ. Ол эрээри кини аҕатын курдук ырааппакка, Аммаҕа, Уус Майдаҕа киирэн бултуура. Кини 1924 сыл күһүнүгэр маннык түбэлтэҕэ түбэспиттээх. 1924 сыл кыһыныгар, сэтинньигэ, оччолорго кинээстээн бүтэн олорор Боппуок ыҥыртаран ылан, «уолум Миитэрэй ааҕы кытта барыс, суолларын-иистэрин булларан биэр, Майдаттан эргиллибитиҥ кэннэ эрэйгин төлүөҕүм» диэн көрдөһөр. Аҕам ону төһө даҕаны сөбүлүү истибэтэр, Миитэрэй түөрт Дьааҥы киһитин кытта Ньылхаҥҥа Артыамыйаптаах Карамзиҥҥа киирэн иһэр бандьыыттар буолалларын биллэрэ, нэдиэлэ курдугунан хомунан, Аммаҕа киирэр. Амманы этэҥҥэ туораан, Хайырҕаһынан Нуотара төрдүгэр киирэн, аҕам кыттыгаһа Силипиэн Нойукуоп эргэ үүтээнигэр хонордуу оҥостоллор. Миитэрэйдээх Амманы мүччү түспүччэ, өрүһү туораабычча диэн, тиэнэн иһэр сыарҕаларыттан икки иһит арыгыны киллэрэн, эт-ас буһаран, ый-күн ыһыаҕын ыһаллар. Аҕабар иһэрдэ сатаабыттарын «киһи сүһүөҕэ ууллар, тыына кылгыыр, кэбис, испэппин» диэн батынар. Ону суолу быһа тохтообокко арыгылыы испит Остуос диэн аргыстара «үтүө дьон үтүөнү санаан куппутун киэр анньар туох буолбут дьиккэргиний!» диэн күргүйдээн турбутун, Миитэрэй алы гынан тохтоппут. Дьоно ол курдук аһаан-сиэн айбардаан баран, ала түүн охтубуттар. Төһө өр утуйбута буолла, аҕам тыаһа суох аан аһыллыбытыттан, таһырдьаттан кыһыҥҥы тымныы салгын туман буолан оргуйан киирбититтэн уһуктан кэлбит. Хайалара киирдэҕэй дуу, тахсан бардаҕай дуу диэн уһуктан, өндөйөн ыйдаҥа сырдыгар көрбүтэ, дьоно бары баарга дылы үһүлэр. Онон түлэкэтийдэҕим дуу дии саныыр уонна уһуктубучча,
таһырдьа тахсан киирэргэ сананар. Арай таһырдьа тахсан чэпчэтинэ туран хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, үүтээн кэннинээҕи ойуур устун киһи төбөтүн саҕа умайа сылдьар уот саарык хаары кырсынан устан кэлэн, үүтээн иһигэр ааһар. Өтөр үүтээн иһиттэн киһи өлөр хаһыыта, мадьыктаһар тыас, хаһыы-ыһыы, үөхсэр саҥа иһиллэр. Аҕам онтон уһуктан, дьиэ иһигэр көтөн түспүтэ, Миитэрэй биир аргыһын кытта Остуос диэн ыҥырар киһилэрин сиргэ тиэрэ баттаан, оттон биир киһилэрэ орон үрдүгэр хабарҕата хайа сотуллан, хардыргыы сытара үһү. Аҕам үүтээҥҥэ киирэн, уолуйан тугу гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии турдаҕына, Миитэрэй: «Көрөн туруоҥ дуо, быата киллэрэ тарт, кэлгийиэх!» – диэн хаһыытаабыт. Оҕонньор таһырдьа ыстаммыт уонна сыарҕаттан быатын киллэриэн икки ардыгар, иһирдьэ эмиэ ким эрэ хаһыыта иһиллибит. Онтон аан тэлэллэ түспүт да, аргыс киһи таһырдьа куоппут. Аҕам, төһө да куттаннар, сэрэнэн, иһирдьэни өҥөйөн көрбүтэ, Миитэрэй окумалын туттан, аан таһыгар эркиҥҥэ өйөнөн олороро, Остуостара өлөн тыыллан сытара үһү. Аҕам киирбитин көрөн, Миитэрэй: «Миинээ, кэбис, сатаныа суохпут. Ити киһибит (өлө сытар Остуоһу ыйар) арыгыттан төбөтө иирбит. Көрбөккүн дуо, бу айылаах дьүһүлээбитин. Сартаҥ уолун тахсан булан киллэр», – диэн дьаһайар. Аҕам таһырдьа тахсан, били куоппут уолу балачча өр эккирэтэн, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ биирдэ булар. Уола тоҥон өлбүт буолар. Онон аҕам Миитэрэйи илдьэ дойдутугар төннөн киирэр. Киһитэ кэлэн иһэн хаана баран, дьиэтигэр сыккырыыр тыына ордон кэлэр уонна уһаабакка тыына быстар. Аҕам хойут даҕаны ол түбэлтэни улаханнык ахтыбат буолара. «Арай киһи илиититтэн өлүөхпүн Айыыһытым ыҥыран таһааран, тыыннаах хаалбытым» диир буолара. А.Е. Скрябин, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан