Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бутуурдаах дьыала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бутуурдаах дьыала
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
11.07.2024 15:00
...Иккис күн эпэрээссийэ, былааннаммытын курдук, сарсыарда уонтан саҕаламмыта. Владлен күнү быһа эпэрээссийэ хайдах баран иһэрин туоһулаһа олорбута эрээри, ким даҕаны бу үчүгэй сонун диэн биллэрэ илигэ. Киэһэлик хайа эрэ дьиэ тиэргэнигэр сыалай биир массыына «хаҥас» буокканы булбуттара. Владлен онно экэниэмикэҕэ буруйу бохсор отдел опердарын ыыппыта. Киэһэ аҕыс чаас саҕана Соколов Илья, холуобунай ирдэбил уопуттаах уонна мындыр оперативнига, төлөпүөннээбитэ. Кини Владлен солбуйааччыта, эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ өлөрүүлээх дьыаланы арыйыыга эппиэттээх үлэһит этэ. Илья үлэтин борокуратуураттан саҕалаабыта. Оперативниктары кытары ыкса алтыһара, быһылаан тахсыбыт сиригэр тэҥҥэ сылдьыһара, бутуурдаах дьыаланы арыйар инниттэн суукканы суукканан үлэлиирэ. Ол сылдьан сыщик идэтигэр сүрэхтиин-быардыын ылларбыта. Биир күн куорат борокуруоругар кэлэн, милииссийэҕэ көһөрүҥ диэн сайабылыанньа биэрбитэ. Борокуруор олус сөхпүтэ уонна ыытыан баҕарбатар да, илии баттыырыгар тиийбитэ. Уһуннук үлэлээбит борокуруорга силиэдэбэтэл бэйэтинэн тылланан милииссийэҕэ сыщиктыы барбыта бу – бастакы түбэлтэ этэ. Дьэ, онон Соколов холуобунай ирдэбилгэ уонтан тахса сыл үлэлээн кэллэ. – Семёныч, куһаҕан сонуннаахпын, – кини куолаһыттан, чахчы, туох эрэ уһулуччу хобдох түбэлтэ тахсыбыта биллэрэ, – били, баһаарга көстүбүт өлүктэр бары кириминээлгэ сыһыаннаахтар... Мин моргтан төлөпүөннүүбүн, бу билигин эспэртиисэлээн бүттүлэр. – Хайдах оннугуй?! – Владлен улаханнык соһуйбута. – Оттон дьуһуурунай эппитэ дии кириминээл суох, көннөрү уокка былдьаммыттар диэн. Өлүктэргэ туох баас-үүт баарый? – Түөрт өлүккэ – саанан ытыллыбыт баас, оттон дьахтарга, ийэлэригэр, түөскэ хаста да быһаҕынан анньыы бааһа баар. – Тугун сүрэй! – Владлен Соколов иһитиннэрбит сонунун итэҕэйиэх санаата кэлэн быстыбатаҕа. – Манна кэл, сүбэлэһиэхпит, онтон салгыы тугу гынарбытын быһаарыахпыт. Чаас аҥаарынан Соколов хайыы сахха Владлеҥҥа олороро. – Семёныч, дьыала букатын атын өттүнэн эргийиэх чинчилэннэ, – диэн Соколов саҕалаабыта, – биһиги өссө бэҕэһээ уорбалаабыппыт бу дьыала оннук дьэҥкэ буолбатах диэн. Мин, дьиҥэр, эспэртиисэ түмүгүн күүппүтүм. Тоҕо диэтэххэ, олохтоох оперативниктар бэҕэһээ сарсыарда өлүөхсүт Крылов Матвей көһүлүөгүн утары олорор ыалларын таһыттан булбуттар. Ону таһынан баһаар буолбут дьиэтигэр, атын-атын сиргэ биэс саа сытара көстүбүт. Ити барыта дьиэлээх хаһаайын киэннэрэ. Чэ, быһата, биһиги сыщиктарбыт бэҕэһээ ыаллара уолу туппуттар. Ефремов Степан диэн ааттаах. Ол киһи билигин онно баар. – Буруйун билинэр дуо? – Төрүт билиммэт, – Соколов курустук өрө тыынан баран кэтэҕин тарбаммыта, – ээ, өссө, били, Фомин диэн силиэдэбэтэл барытын буортулуур. Дьыала кириминээл хайысхалааҕын билэн баран, Ефремов өлөрүөхсүт буоларын төрүт итэҕэйиэн баҕарбат. Кини этэринэн, бу ыалы сыалай саайка өлөрбүт үһү, онон ол саайканы булуҥ диэн ирдээн турбут. Оройуон оперативниктара миэхэ субуоннаабыттара, Фомины үҥсүбүттэрэ... Өстүбэһи, Геннадий Григорьевич онно кылгас кэмнээх уоппускаҕа сылдьар. Ити дьыалаҕа кыттыста уонна Фомины кытта «киирсэн» ылла. Олохтоох борокуратуураҕа Ефремовы
хаайыҥ диэн туруорсуохтаах. – Мин букатын даҕаны кинини умнубут эбиппин, – Владлен Геннадий онно баарын истэн бэркэ үөрбүтэ, – ити дьыалаҕа кыттыспыта олус үчүгэй! Владлен Геннадийы өрдөөҕүттэн билэрэ. Бэртээхэй сыщик, уһулуччулаах спортсмен этэ. Буруйдааҕы тута барарыгар үксүгэр бэстилиэтин ылбат буолара. Хайа да бүрүстүүпүнньүгү куоттарбакка ситэ баттыыр уонна кум-хам тутан кэбиһэр кыахтааҕа. Бу чааһыгар Владлен туох да диэн киһиргиир кыаҕа суоҕа: бэстилиэтин мэлдьи илдьэ сылдьара. Кэлиҥҥи сылларга Геннадий дьулааннаах баһаар буолбут оройуонугар милииссийэ отделын салайбыта. Онтон үргүлдьү ИДьМ академиятыгар үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин бүтэрбитигэр үрдэппиттэрэ – өрөспүүбүлүкэҕэ холуобунай ирдэбил начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлиэхтээҕэ. Үлэҕэ тахсыан иннинэ малбын куоракка киллэрэрбэр диэн, миниистиртэн биир нэдиэлэни көҥүллэппитэ. Владлен холуобунай ирдэбил начаалынньыгын эбээһинэһиттэн босхолоноору, кинини тэһийбэккэ-тулуйбакка күүппүтэ. Араас салайар-дьаһайар үлэттэн уурайан, дууһалыын сөбүлүүр үлэтигэр төбөтүн оройунан түһэр баҕалааҕа. Геннадий туохтан да санаатын түһэрбэт, энтисийээс бэрдэ этэ. Сокуоннай уоппускаҕа да сылдьан буруйу арыйыыга кыттыыта – ол оруобуна кини хараахтара. – Чэ, мин бардым. Оройуон оперативниктарын кытта субуоннаһыам, – Соколов туран аан диэки барбыта, – кинилэргэ эспэртиисэ түмүгүн билиһиннэриэм. Киэһэ уон чааһы ааспыт этэ. Владлен хал гыммыта быданнаабыт эрзац-кофетын куттан баран, эбиэт саҕана ИДьМ остолобуойуттан атыыласпыт буулкатын сиэбитэ уонна Геннадийга төлөпүөннүүр санааламмыта. Киһитэ милииссийэ оройуоннааҕы отделыгар баара. – Геннадий, пирибиэт, бу мин, Владлеммын. Эйигин дьыалаҕа кыттыһан үлэлии сылдьар диэн истибитим. Дьыала хайдаҕый, арыллыыһы дуо? – Дорообо! – Геннадий олус үөрбүтэ. – Уолаттар били сиэхсити – Ефремовы – туппуттара. Кинини кытта үлэлиибит эрээри, бакаа туох да суох... – Эспэртиисэ түмүгүн истибитиҥ дуо? – Истэн. Ылдьаа билигин аҕай субуоннаабыта. Дьиҥэр, өлүктэр кириминээлгэ сыһыаннаахтарын биһиги бэҕэһээ хайыы үйэ билэн сылдьар этибит. – Гена, бука баһаалыста, туох буолбутун сиһилии кэпсии түс эрэ. Мин быһыта-орута эрэ билэбин. Уопсай хартыына хайдаҕын билиллиэ этэ... – Быһата, маннык, – Геннадий саҕалаабыта, – олус дьикти түбэлтэ. Манна, сэлиэнньэҕэ, Южная уулусса 28 нүөмэригэр Крыловтар дьиэ кэргэн олорбуттара – эрдии-ойохтуулар, 17, 14 уонна 13 саастаах үс оҕо. Бары өттүнэн бэртээхэй дьиэ кэргэн. Аҕалара – чааһынай урбаанньыт, ийэлэрэ – учуутал, оттон оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Ыам ыйын 26-с күнүгэр сарсыарда 8 чааска дьиэттэн тахсан барбыттар – ийэлэрэ оҕолорун кытта оскуолаҕа, оттон аҕалара – бэйэтин дьыалатынан. Уолаттар уруоктара биир кэмҥэ – 11 чааска – бүтэн, дьиэлээн испиттэр. Оскуолаттан дьиэлэрин диэки хааман иһэллэрин көрбүт туоһулар бааллар. Ол кэнниттэн уолаттар тыыннаах сылдьалларын ким да көрбөтөх. Улахан уол 15 чааска оскуолатыгар төннүөхтээх эбит эрээри, сол курдук кэлбэтэх. 15 чаас 30 мүнүүтэҕэ ийэлэрэ (Мария диэн ааттаах) уонна кыыстара Ева оскуолаттан дьиэлэригэр кэлбиттэр. Ол кэнниттэн эмиэ
ким даҕаны кинилэр тыыннаах сылдьалларын көрбөтөх. Мария 17 чааска оскуолаҕа төннүөхтээх эбит эрээри кэлбэтэх. Ыал аҕата 20 чааска үлэлээн бүппүт. Ити саҕана дьиэтигэр соҕотох кэлэн иһэрин туоһулар бигэргэтэллэр. Настарыанньата үчүгэй, күн өйдөөх (бырааһынньыкка эрэ кыратык иһэр дииллэр) үһү. Ити кэнниттэн кинини эмиэ ким даҕаны көрбөтөх. Биһиги бодобуоһу биллибит. Крыловтарга күнүс биир чааска үс буочука ууну куппут. Үгэс быһыытынан, хаһаайыннар харчыны күүлэ таһыгар баар горсуокка угаллар эбит. Ол сырыыга харчы суох буолан биэрбит, ол иһин суоппар бэрээндэ аанын аһан дьиэлээхтэртэн улахан соҕустук «ким эмэ баар дуо?» диэн ыйытан көрбүт да, ким да саҥарбатах. Дьиэҕэ киириэн туттуммут: кирдээх саппыкытын устуон баҕарбатах, чочумча тура түһэн баран, хойтуу өссө кэлэ сылдьыам диэн айанныы турбут. Бодобуос өссө биири эбэн эппитэ: бэрээндэ аанын аспытыгар буорах сыта биллэр үһү, ол гынан баран онно болҕомтотун уурбатах. Кус кэмэ буолан, ыал аайы буорах баар дии санаабыт. Оттон түүн дьиэлэрэ умайбыт, – кэпсээнин түмүктүөхчэ буолан иһэн, Геннадий тугу эрэ саныы түһэн баран салҕаабыта. – Эмсэҕэлээбит дьон аймахтара «Крыловтар бэрээндэлэрин күлүүһүнэн хатаан баран, күлүүстэрин тылын тиэргэҥҥэ баар баҕанаҕа ыйыыр үгэстээхтэрэ» диэн кэпсииллэр. Баһаар кэнниттэн онно күлүүс суоҕа. Бодобуос кэлэригэр бэрээндэ хайыы үйэ аһаҕас эбит. – Барыларын биир-биир өлөртөөбүттэр эбит буолбат дуо?! – Геннадий кэпсээнин истэн баран, Владлен саҥа аллайбыта. – Дьэ, сүрдээх түбэлтэ дии. Бүрүстүүпүнньүк биир күн иһигэр бүтүн ыалы ымыр да гыммакка имири эһэр. Маныаха маарынныыр дьыаланы төрүт өйдөөбөппүн! – Биһиги да оннук дии саныыбыт! Ол гынан баран манна борокуратуура силиэдэбэтэлэ Фомин сылдьыбыта. Кини туспа биэрсийэлээх, өлөрүөхсүттэр баандаларын көрдөөҥ диэн ыххайар. Бүтүн ыалы биир киһи өлөрүөн сөп диэни төрүт итэҕэйиэн баҕарбат. Ньүдьү-балай көрүүлээх – төһөнөн элбэх өлүк баар да, биир оччо өлөрүөхсүт баар буолуохтаах үһү. Хайа үөдэн түгэҕиттэн маннык «следак» орҕостон тахсыбыта буолла?! – Геннадий ис-иһиттэн кыынньан кэлбит куоластааҕа. – Күн сарсын олохтоох борокуратуураҕа тиийэн Ефремовы хаайыҥ диэн туруорсуом. – Бэйи, оттон Ефремовы тугу гыммытын иһин туттугут? – Владлен уолаттар өлөрүүгэ уорбаланар киһини сөпкө туппуттарын кыратык да саарбахтаабат этэ. – Бастатан туран, опердар кини дьиэтин таһыгар өлүөхсүт көһүлүөгүн булбуттара... – Ол көһүлүөк туһунан силиэдэбэтэл туох диэбитин истэҕин дуо?! – Геннадий абаккаран, эмиэ көөнньөн турбута. – Дьэ, санаан көр, кини этэринэн, бандьыыттар Ефремов дьиэтин таһыгар суолларын бутуйаары собус-соруйан бырахпыттар үһү. Чэ, быһата, күн өйдөөх киһи тугу да иилэн ылбат дьаабыта үөскээтэ... Өссө биир баар. «Ыал аҕата Ефремовы кытта иирсээннээх этэ» диир киһини буллубут. Өссө охсуспуттар үһү. Ол – кулун тутар ыйга үһү. Аҕа киһи уолун көмүскэспит. – Оттон көһүлүөккэ харчы баара дуу? – Владлен устунан кыйаханан
барбыта. Халы-мааргы силиэдэбэтэл адьас улуу коронерга (былыр Арҕаа дойдуларга киһини өлөрүүнү быһаарар быраас, юрист идэлээх киһи) дылы билээҕимсийэрэ чахчы кыһыылааҕа. – Баара, бүтүн дьиэ кэргэн иитиллэр харчыта. – Ол аата сиэхситтэр тугу да ылбатахтар, туһаммакка, соннук бырахпыттар дуу?! Хайдах эрэ кинилэргэ майгыннаабат, – Владлен сонньуйбута. – Чэ, буолан эрдин, сарсыҥҥа диэри, Гена, нэрээттэрим кэлитэлээн эрэллэр. Баандаҕа сыһыаннаах эпэрээссийэбит иккис күнэ туох да түмүгү биэрбэтэ. – Тугуй, ончу туох да суох дуо? Кэлиилэр буолуохтара оччоҕо, – уопуттаах Геннадий Владлен тугу саныырын курдат көрөр курдуга. – Мин да инньэ дии саныыбын, бэйэбит дьоммутун билэн таһаарбыппыт ырааппыт буолуо этэ. Биир киһини алҕаска тутан ыллыбыт, чахчы, баандаттан буолуо дии саныыбын. Благовещенскайтан сылдьар. Букатын атын дьыалаҕа тутан хаайдыбыт эрээри, дьыалата сатаҕай соҕус, онон босхолууллара буолуо. Миниистир ол баанданы уодьуганныырга биир нэдиэлэни биэрдэ. Сэмэҕэ тардыллыаххыт диэн саанар да, мин онтон төрүт куттаммаппын. Наҕараада ылаары дуу, сэмэттэн куотаары дуу үлэлиир буолбатахпын. Өскө сарсын туох да түмүк суох буоллаҕына, миниистиргэ киирэн бу эпэрээссийэҕэ каадыр сулууспатын эбии таһаарарыгар көрдөһүөм. Дьэ, ол дьонуҥ сылаас сири булбуттар, өссө куһаҕаннык үлэлиигит диэн, тарбахтарын чочоҥнотоллор. – Уруккуттан да оннук гыныахха баара, – Геннадий, дьэ, саҥа таһааран күлбүтэ. – Чэ, сарсыҥҥа диэри. Ыкса киэһэ уон биир чааска Владлен түмүк оҥорбута, эпэрээссийэ үһүс күнүгэр сорук туруорбута. Ол кэнниттэн кэбиниэтигэр киирэн, били, сөбүлээбэт эрзац-кофетын испитэ уонна баһаар туһунан санаабыта. Куоракка баанда түбүлээһинэ икки тыаҕа бүтүн ыал өлүүтэ икки ыйааһын бэскитигэр турбута. Ол эрээри ыйааһын дьиэ кэргэн имири эстиитин диэки иҥнэйбитэ. Ол иһин Владлен санаата наар ол туһунан этэ. Дьиэтигэр кэлбитэ, түүн биир чаас буолбут. Кэргэнэ уолун кытта куустуспутунан, кытаанах баҕайытык утуйа сыталлара, остуолга сойбута быданнаабыт киэһээҥҥи аһа турара. Геннадий ГУРЬЕВ (Виталий Егоров «Воздаяние монстру» диэн сэһэниттэн тылбаас). Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан