Кэпсээ
Войти Регистрация

Мин атын олоҕум

Главная / Кэпсээн арааһа / Мин атын олоҕум

K
04.07.2024 15:27
   Ойуур маһа ыраахтан көр­дөххө, төһө даҕаны барыта атылыы курдук буолбутун иһин, чугаһаан кэллэххэ, ис-иһигэр киирдэххэ, хатыланара суоҕун тэҥэ. Син ол кэриэтэ киһи киһи дьылҕата, олоҕун суола майгыннаспат.        Ол эрээри сорох дьон ону барытын биир угунньаҕа уган, тугу да билбэккэ, ыраахтан олорон сыана быһалларын, хоп-сип оҥостоллорун сөбүлүүллэр. Этэл­лэрин курдук, ыал «кирдээх таҥаһын» хасыһаллар. Мин онтон ньиэрбэм алдьанар, санаам тырыттар. Чэ, ити хааллын.    Мин бүгүн эһиэхэ «Кыым» хаһыакка тус олоҕум туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Суох, аһын­нараары-харыһыйтараары, туох эрэ үчүгэйбин өҥнөөрү, сыы­һабын-халтыбын билинээри буолбатах. Кырдьык, бу олоххо сыыһа-халты туттубутум, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка күннээ­ҕи күүгэни батыспытым элбэх. Ба­ҕар, ол миигин кэмигэр сирдиир, сүбэлиир-амалыыр киһи суо­ҕуттан, судургута суох олохтон буолуо эрээри, аны кэлэн, туох диэн кырдьыкпын та­һаа­рына сатыахпыный. Барытыгар тулалыыр дьону, уопсастыбаны эрэ буруйдуур сыы­һа. Итэ­ҕэйиэххит да суоҕа. Буолар буоллаҕа. Чэ, кэпсиим, санаабын сайгыым, оттон эһиги истиҥ.   1990-с сыллар      Мин мурун бүөтэ кыыс буолан 1990 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт төрдүө этибит. Икки убайдааҕым уонна эдьиий­дээҕим.    Ийэм миигин балачча сааһы­ран баран, түөрт уон биэһигэр төрөппүт буолан, биэспин туоларбар номнуо биэнсийэҕэ тахсыбыта. Дьиҥэр, бииргэ үлэ­лээн саҕалаабыт дьахталлара «хаал» дии сатаабыттар даҕаны, «сүүрбэ сааспыттан үйэм тухары атыыһыттаатым, сөбүн үлэ­лээтим, атаҕым кыайбат буолла» диэн аккаастаабыт. Онон бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан дьиэтигэр олорбута, атаҕынан, кырдьык, мөлтөх этэ. Арыт-ардыгар сытан да хаалара.    Аҕам түптээх үлэтэ суоҕа. Сопхуос саҕана тырахтарыыс­тыы, суоппардыы сылдьан баран, Сойуус ыһыллыбытыгар үлэ­тэ суох хаалбыта. Саатар, паай үл­лэс­тиитигэр, бэйэтэ этэ­ринэн, тэһэ­ҕэс ытыстаах буолан, тугу даҕаны тутан хаалбатах. Арай, биир тиҥэһэни кытта биэ тиксибитин, улахан убай­бын үөрэх­тээри, ол сыл тутту­буттар. Онон быстах-остох холтуу­ра­лыыра, дьоҥҥо сүөһү көрөрө. Биир-икки сыл ДьУоХХ хочуолунайыгар хачыгаардыы сылдьан баран, иһэн-аһаан, сүгүн үлэлээбэтэҕэ. Үүрүл­лү­бүтэ. Эбиитин ол күһүн уулуссаҕа охтон, үлүйэ сыспыта.    Ол иһин бэйэбин өйдүөх­пүттэн куруук тиийиммэт-тү­гэм­мэт олохтоох буоларбыт. Дьи­ҥэр, тыа сиригэр ыал үксэ да­ҕаны оннук эбитэ буолуо эрээри, биһиги ыалга мин алтабын туолуубар улахан иэдээн ааҥ­наабыта.   Тулаайах дьылҕата      Ол күнү олох бу баардыы өй­дүүбүн. 1996 сыл этэ. 1997 сыл буолара аҕыйах хонук хаалан турара. Мин эбиэттэн киэ­һэ ийэбин кытта уһуйааҥҥа утренниктаан кэлэн баран, хоско оонньуу олорорум. Ийэм, киэһэ Дьокуускайтан устудьуоннуу сылдьар кыра убайым уонна эдьиийим каникулларыгар кэлиэхтээх буоланнар, куукунаҕа түбүгүрэрэ. Аҕам сүөһү көрөр ыалыгар киэһээҥҥи отун тарда барбыт кэмэ этэ.    Хоспор оонньуу олорон иһит­тэхпинэ, арай, күүлэбит иһигэр элбэх баҕайы киһи атаҕын тыаһа иһилиннэ. Онтон ким эрэ кэлэн, бэрт эрчимнээхтик ааны тоҥ­суйан лүҥсүйдэ. Мин эдьиийдээх убайым кэллэхтэрэ диэн, хоспуттан ойон тахсыбытым, хойуу туманы бүрүнэн, үс билбэт киһим киирэн кэллилэр. Онтон биир бытыктаахтара хайдах эрэ
ийэбин кытта бэрт симиктик дорообо­ло­һоот: «Киристиинээ, куһаҕан сонуннаах киирдим, абаа­рыйа буолла, эйигин илдьэ бараары кэллибит», – диэтэ.    Ийэм көрүөх бэтэрээ өттүгэр кубарыйан хаалбыта уонна уонна тугу да саҥарбакка таҥнан, тахсан барбыта.    Абаарыйаҕа массыына иннигэр олорсон испит убайым тута бараахтаабыт этэ. Эдьиийим уҥуох-уҥуоҕун барытын тоһу­тан, төбөтүнэн сааллан, куома­ҕа киирэн баран, сарсыныгар сарсыарда тыына быстыбыта. Кинилэри кытта өссө биир киһи өлбүтэ, икки киһи, улаханнык эчэйэн, балыыһаламмыта.    Икки оҕотун биир күн сүтэр­бит аһыытын уйумуна, аҕам ары­гыга умса түспүтэ. Дьиэтигэр түүнүн кэлэн, эбии иһэн-аһаан, айдааран, иһити-хомуоһу тоҕута сынньара, уоллаах кыыһа өлбүттэригэр ийэбин сирэй-харах анньара.    Биирдэ онтон сылайан, ийэм оччолорго номнуо туспа ыал буолан олорор убайбын «аҕа­ҕын кытта кэпсэтэн көр, баҕар, эн тылгын истиэ» диэн ыҥыр­быта. Киэһэ хойут аҕам эмиэ итирик кэлбитэ. Убайбыныын тугу эрэ кэпсэтэ сатаабыттара да, табыллыбатаҕа быһыы­лаа­ҕа. Са­ҥа­лара-иҥэлэрэ улам улаа­тан барбыта. Онтон биир тү­гэҥҥэ аҕам ойон турбута да, аттыгар турар олоппоһунан убай­бын кыр­баан барбыта. Ох­су­һуу саҕа­ламмыта. Иһит-хомуос, дьиэ-уот барыта урусхалланар кутталламмыта. Ийэм эрэйдээх, ытыы-ытыы, икки арды­ларыгар түһэн тохтото сатаабыта да, кинини ким да истиэх быһыыта суоҕа. Ол оннугар аҕам кинини тиэрэ ан­ньы­бытыгар ийэм төбөтүнэн оһох холумтанын кырыытыгар кэлэн түспүтэ, өйүн сүтэрбитэ. Убайым онтон кыыллыйан, мэлдьи таҥас ыйыыр ыскаап ойоҕо­һугар турар чохороон өнчөҕүнэн аҕабын кырбаабыта. Хаан-сиин муостаҕа чалбах курдук халыйбыта. Мин кутталбыттан орон анныгар түспүтүм. Онтон атынын түүл-бит эрэ курдук өй­дүүбүн.    Аҕам өлбүтэ, убайым 9 сылга хаайыллыбыта. Суут сыл, балтараа сыл курдук салҕаммыта. Билигин кэлэн санаатахпына, убайым «көмүскэммитим» дии сатаабыт эбит да, кыаллыбатах. Ол кэмҥэ, аны, киниттэн ойоҕо арахсан барбыта. Бука, ити дьыалаттан буоллаҕа буолуо. Ийэм суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, сыл кэриҥэ сытан баран, эмиэ тыына быстыбыта.   Оскуолаҕа      Уопсайынан, оҕо сылдьан ки­һи киһиэхэ баҕарбат куһа­ҕан олохтооҕум. Дьонум аах өлбүт­тэрин кэнниттэн миигин биир нэһилиэккэ олорор ырааҕынан аймахтарбыт иитэ диэн ылбыттара. Ол эрээри оскуоланы бүтэриэхпэр диэри син биир атын ыал оҕотун курдук туора көрүллэ сылдьыбытым. Интэринээккэ олорон үөрэнэрим. Иитиллибит ыалбар кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ уонна сайын эрэ кэлэн барарым. Арааһа, биэнсийэм эрэ туһуттан ылбыттара быһыылааҕа.    Дьүһүммүнэн наһаа куһаҕана суох, ортоһуор соҕус этим эрээри, төрөппүттэрдээх, куруук үчүгэй астаах-таҥастаах бииргэ үөрэнэр кыргыттарбыттан олус бүрэтик көстөрүм, итэҕэс сананарым, тулаайах диэн куруук туоратылларым. Оо, төһөлөөх ба­ҕа­рар этибиний, бииргэ үөрэ­нэр кыргыттарым курдук үчү­гэй­дик таҥныахпын, киэргэниэхпин, оҕолору кытта тэҥҥэ сыл­дьыахпын, туох да кыһалҕата суох кинилэрдиин күлүөхпүн-үөрүөхпүн.    Бэйэм бэйэбэр бүкпүт кыыс тугу гыныамый? Иллэҥсийэ түс­тэрбин эрэ бибилэтиэкэҕэ тиийэн кинигэ көрөр, сурунаал ааҕар идэлээҕим. Быраас буолар баҕа санаалааҕым. Ол сылдьан кыралаан хоһоон суруйар, күннээҕи санаабын диниэбинньиккэ тиһэр буолбутум.    Арай биир күн уруок кэннит­тэн хоспор
кэлэн баран диниэ­бинньикпин булбатаҕым. Туум­ба­бынан, ороммунан, ыс­каа­бынан көрдүү сатаабытым да, туһа тахсыбатаҕа. Ким эрэ уорбутун сэрэйбитим. Ол киэһэ күн­нүкпүн кыргыттар бары аахпыттар этэ. Бииргэ үөрэ­нэр уолбар кистээн тапталга билинэн суруйбут хоһооммун устуһа-устуһа, оскуоланы биир гына тар­ҕап­пыттара, уоллуун-кыыстыын бары күлүү-элэк оҥостубуттара.   Маннык эрэ табыллар курдук      Онон 9-с кылааһы нэһиилэ бүтэрээт, аны бу дойдуга хаһан да үктэммэттии, куоракка дьол көрдөһө тиийбитим.    Куоракка, ким да билбэт сиригэр киирэн, дьэ, өрө тыыммытым. Бастаан алын, онтон орто үөрэххэ киирбитим. Дьиэ куор­тамнаһан, уонунан араас кыбартыыраны, уопсайы уларыппытым. Харчым өрүү тиийбэтэ. Онтон тахсар суолу арай эмиэ бэйэм курдук дьылҕалаах дьүөгэм ыйбыта. Ол – атыыланыы этэ.    Оччолорго эр киһини кытта номнуо хоонньоһон баран сылдьарым. Онон дьүөгэм «харчы туһугар» диэн этии киллэрбитигэр улаханнык сүөлүргээбиппин өйдөөбөппүн.    Бастакы сакааспын Хатыҥ Үрэххэ баар даачалартан ылбытым. Тиийбитим, хайа эрэ уол сыбаайба иннинээҕи «мальчишнига» этэ. Уолаттар миигин отой уруккуттан билэр дьүөгэлэрин курдук үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Ас-үөл, арыгы толору, бииртэн биир кутулла турар. Онон «бу­руй­дааҕы» кытта номнуо кыраҕа ымыттыбат буолбут холуочук кыыс хоонньоспутум. Киһим чаа­һы кыайбат кэм иһигэр икки эрэ төгүл «үлэлээн» баран, охтон, утуйан хаалбыта. Мин харчыбын ылан, таҥнан барбытым. Бастакы икки аҥаар тыһыынчабын оннук өлөрбүтүм. Оччолорго элбэх харчы этэ. Орто үөрэх истипиэндьийэтиттэн хас да төгүл элбэҕэ. Үйэбэр хаһан да билбэтэх элбэх харчым хантан уонна хайдах кэлэрин онно билбитим.    Биллэриибин «ВКонтакте» бил­сиһии бөлөхтөрүгэр суруйарым. Киһититтэн көрөн, харчыны арыт аҥаарын эрдэ ыларым. Сороҕор миэстэтигэр тиийэн аахсан баран, «үлэлиирим». Бил­лэн турар, бу сыллар тухары кыргыттар атыыланар үлэҕэ киирэн баран, онно-манна түбэс­пит­тэрин, тахсан барбат «тэрилтэлэригэр» киирбиттэрин би­лэр этим, онтон олус сэрэнэрим, куттанарым эрээри, харчыны санаатым да, онтум тута умнуллара. Дьолбор, оннукка түбэс­пэтэҕим. Бэйэм бэйэбэр сылдьарым, «индивидуалка» этим.    Маннык сылдьан киһи төһө баҕарар харчыны өлөрүөн сөп эбит этэ. Нэдиэлэҕэ биир түүн үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, ый аҥаарын холкутук туоруурум. Таҥ­нарым-саптарым, эрэс­тэ­рээҥ­ҥэ-кафеҕа сылдьарым, дьүө­­гэ­лэр­биниин күүлэйдии­рим. Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн билбит кыһалҕабын барытын умнарым. Кэлин, үчүгэйэ диэн, куруук сылдьар уонча киһи­лэм­митим. Олор ортолоругар боростуой үлэһит да, тойон да дьон бааллара. Кинилэр туохпун баҕарар хааччыйаллара.    Саамай умнубат сырыым Вьет­нам этэ. 2014 сыллаахха биир килийиэним Владивосток куоракка буолар улахан мунньахха Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта барсарыгар миигин култуурунай бырагыраамаҕа кил­лэрэн илдьэ барбыта. Устунан нэдиэлэ курдук Вьетнам­ҥа сынньанан кэлбиппит. Кү­нүм аайы уонтан тахсалыы тыһыын­чаны, наһаа элбэҕэ суох харчыны төлөөбүтэ эрээри, хаһан да­ҕаны итинник далбары билбэтэх тулаайах кыыска омук сирин көрөр, босхо сынньанар, мааны отельгэ хонор, бастыҥ эрэстэ­рээҥ­ҥэ аһыыр дьол кэриэтэ этэ.   Түмүк оннугар      Билигин мин «элитнэй» дэнэр ыҥырыыга сылдьар кыыспын. Төһө да икки хостоох буоллар, куорат
кииниттэн тэйиччитэ суох сиргэ кыбартыыралаахпын, дьоҕус массыыналаахпын.    Ол эрээри дьоллоохпун дуу, сордоохпун дуу этэр кыаҕым суох. Санаабар, дууһам аһара кирдээх, быртаҕырбыт курдук. Миигин үйэм тухары ким даҕаны тэҥнээх курдук көрбөтөҕө, тулаайах, кыаммат-түгэммэт буолан, үксүн үтүргэҥҥэ сылдьарым. Сэ­нииллэрэ, аһаҕастык күлүү гыналлара. Дьиҥнээх олоҕу куоракка эрэ киирэн биллим. Ол эрээри хараарчы булкулуннум. Салгыы хайдах буолабын?   Сардаана. Тарҕат:
kyym.ru сайтан