Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүҥҥү көстүү
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүҥҥү көстүү
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.05.2021 15:17
Устудьуоннаабыт сылларбар сессия, зачет, экзамен туттарыыта буолла да, түүннэри куукунабар «олохсуйар» идэлээх этим. Конспекпын, күнүс библиотекаттан сүгэнкөтөҕөн аҕалбыт кинигэбин бүүсбүтүннүү аһыыр остуолбар олордон кэбиһэбин уонна бары утуйбуттарын кэннэ чуумпуга чэй иһэ-иһэ, билиэттэрбин үөрэтэбин. Бу да сырыыбар син өр олордум быһыылаах, чэйим олох сойон хаалбыт. «Сөп буолуо» диэммин, хомунан, куукунаттан таҕыстым. Манна биир «ноо»-лоох. Уоту араарарбар, баҕар-баҕарыма, хараҥа саала аһаҕас аанынан дьыбаан, кириэһилэ син биир көстөллөр. Ону хаста сүүстэ көрбүт буолуой, баччааҥҥа диэри кыһанааччым суох. Арай, доҕоттор, муостаҕа түннүк сабыытын быыһынан ханан эрэ киирбит сырдык дьикти баҕайытык күлүк буолан түспүт дуу, туох дуу. «Ону» сүрэҕим бүтэйдии сэрэйдэ. Бэйэм сууланан олорон сериал көрөр сымнаҕас кириэһилэбэр «мин аҕай» диэбит курдук быһыылаах-таһаалаах, быыппастар былчыҥнаах сүр улахан күтүр мөтөллөн олорор. Төбөтө кыратын! Бэйэтэ оҕус курдук улахан. Сүрэҕим тиҥиргэччи тэптэ, кулгаахпар – сүүс барабаан тыаһа. Хоспор хайдах баар буола түспүппүн, саараама, олох өйдөөбөппүн. Уоппун араарбытым дуу, суох дуу, айбыт билэр. Биирдэ өйдөммүтүм: хайыы-үйэ суорҕаммар сууланыаҕынан сууланан баран сытар эбиппин. Хаста да туран, тиийэн көрөөрү гынан баран, «чэ бээ, сарсыарда» диэн бэйэбин сааратынабын. Бу сытан экзаменым туһунан саныам дуо, түүҥҥү, быыппастар былчыҥнаах киһим өйбүттэн тахсыбат. «Итинниктэр» баалларын туһунан истэн-билэн аҕай кэлбит бэйэккэм. Хойукка диэри мөхсөн, суорҕаным иһигэр киирэн, сатаан утуйбакка сыттым. Саатар, хаһыын эрэ иститэлээбит «абааһылаах кэпсээннэрим» хантан эрэ хааһахтан хостонон эрэр курдук, биир-биир киирэ тураллар... Куукунаҕа дьахтар саҥата Куорат таһынааҕы биир дьиэҕэ дьүөгэм кэргэнинээн, оҕотунаан кылгас кэмҥэ куортамнаһан олорбуттара. Туох да бэркэ табыллан олорон иһэн, дьонум соһуччу баҕайытык атын сиргэ көспүт сурахтарын истибитим. Ити суһал көһүү кистэлэҥин туһунан кыыһым кэлин кэпсээбитэ. Оччолорго Маайыс дьиэҕэ кыһыл оҕотунаан хаалара. Кэргэнэ ити кэмҥэ түүҥҥү симиэнэҕэ үлэлии сылдьара. Дьиэлэрин биир хоһугар бэйэм курдук устудьуон уол дьукаахтаах этилэр. Баара-суоҕа биллибэт көрсүө оҕо быһыылааҕа, биир тылы булан, кыра кыыһы да көрсөрө. Бу түүн дьүөгэм Маайыс киэҥ эрээри өссө кэҥээбит харахтара өйбүттэн араҕан биэрбэтилэр. Уруккута, дьиэ иһинэн-таһынан сүүрбүт, «най» барбыт кутуйахтары тиэстэ мэһийэр лаппаахынан биирдэ «пэс» гыннарар «бойобуой дуухтаах» үөлээннээҕим ол дьиэҕэ олорон, куйахата күүрбүтүн туһунан кэпсээнэ маннык: – Ол туох да уратыта суох киэһэ этэ. Кэргэним – үлэтигэр. Дьукааҕым, үөрэҕин кэнниттэн ханна эрэ тардыллан, суоҕа. Арай бэйэм кыыһым тоҕо эрэ ис-иһиттэн хомойо-хомойо ытаа да ытаа буолла. Нэһиилэ уоскутан утуттум, уот мэһэйдиэ диэн араардым уонна устудьуоммун кэтэһэ таарыйа, телевизорбын кыратыгар холбоон көрө олордум. Иһиттэхпинэ, куукунаҕа кимнээх эрэ сибигинэһэр курдуктар. Аан бастаан санаабар буолуо дии санаатым. Суох, дьахталлар саҥалара тохтуох быһыылара суох, хойдон, тугу эрэ тохтоло суох кэпсэтэн бардылар. Остуол тула олорон, чэй иһэр, аһыыр тыастара билиннэ. Эбиитин күлсэн, аны атах тыаһа иһиллэн барда.
Бу иннинэ эргэ дьиэҕэ тыас-уус олорон хаалар диэни билэр этим. Билигин ааһар ини диэн бэйэбин уоскутуна, эмиэ да куттанан (аҕыйах ыйдаах оҕобун кытта бэйэм эрэ баар буоллаҕым!) олордохпуна, миигин туораттан ким эрэ тонолуппакка одуулуур курдук. Эмискэ хайыһа биэрбитим: куукуна диэки, өстүөкүлэ нөҥүө үрүҥ баттахтаах, наһаа эрэйдэммит сирэйдээх торуоскалаах эмээхсин дуу, оҕонньор дуу миигин одуулуоҕунан одуулаан турар эбит. Хайдах да буолуохпун билбэккэбин, хос уотун барытын уматан, телефон үрдүгэр түстүм, чугас олорор убайбар «түргэнник кэл» диэт, оронум сабыытын сулбу тардан, оҕом таҥаһын, докумуоммутун, кыра малы-салы быраҕан, суулуу баайан кэбистим. Оччо ыксаабыт куоластааҕым эбитэ буолуо, сотору кэминэн убайым тиийэн кэллэ. Туохха-туохха түбэспиппин, туох буолбуппун быһаарбакка даҕаны суубун туттаран кэбистим. Сарсыарда малбын хомуйа кэлбитим: дьиэбит бүтүннүү ас сыта буолбут, хас хос муннуктарын аайы килиэп, халбаһы, сосискаҕа тиийэ ас-үөл үтүөтэ ыһылла сытар. Хоско ааспытым остуолга уолум сурук хаалларбыт, бадаҕа, бэркэ ыксаан суруйбут: буукубалара «көтө» сылдьаллар. «Маайыс, дьиэбитигэр туох эрэ баар эбит. Аһаттым, хоммоппун» диэбит. Бу күн дьиэлээх киһиэхэ тиийэн күлүс тылын туттаран, тахсан истэхпитинэ: «Ол аата эһиэхэ эмиэ көһүннэҕэ», — диир саҥата иһиллибитэ. Ыалласпатах ыалластын. Сүр түргэнник атахха биллэрбиппит. * * * Арай уһукта биэрбитим: кыратык нуктаан ылбыппын. Халлаан арыыйда сырдаабыт. Ороммуттан ойон тураат, түүҥҥү ыалдьыппыт көрөөрүбүн, кутталбын кыатанакыатана, саала ааныгар тиийдим. Дьонум утуйа сыталлар. Өйбөр араас санаа элиэтиир. Сэрэнэ-сэрэнэ өҥөйдүм, арай!.. бэйэбиттэн бэйэм бэркиһээтим. Кириэһилэ үрдүгэр туох да буолбатаҕын курдук убайым бейсболката ханньаччы баран, бу киэптээн сытар эбит. Түүннэри-күнүстэри билиэт ааҕан сылайбыт мэйиим барахсан онто да суох уота-күөһэ суох фантазиятыгар, кириэһилэбит быһыыта модьу киһи санныгар маарынныыра эбилик буоллаҕа. Буолар да эбит, бу туран, сатаан күлбэтим даҕаны. Ити бэйэлээх туһуттан биир уһун түүнү быһа утуйбакка, арааһы санаатахпын көрүү эрэ. Бэҕэһээҥҥи устудьуон.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан