Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абааһы торбос
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абааһы торбос
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
06.05.2021 15:23
Билигин онно-манна сылдьан абааһы, сибиэн, иччи туһунан кэпсэтэллэрин иһиттэхпинэ, «көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйар» диэбиккэ дылы, мин эмиэ кыра ону-маны сэһэргиэхпин сөп быһыылаах диэхпин баҕарталыыбын. Атыттар эрэ көрүөхтэрэ-билиэхтэрэ дуо (куһаҕантан киһи да күлэр ээ). Саҥа туран эрэр эдэр оҕо сылдьан, биир бэрт дьикти түгэни көрөн аһарбыттаах эбиппин. Ону саас-сааһынан наардаан кэпсиэхпин санаатым. *** Оччолорго миигин, оскуоланы сабыс-саҥа бүтэрбит 17 саастаах оҕочооһу, сопхуос хотонун харабылынан анаатылар. Онтон ыла «ночунуой остуорас» диэн аатырабын, түөрт улахан хотону маныыбын. «Маныыбын» диэн арааһата олус күүскэ эттим, ол саҕана билиҥҥи курдук ынаҕы-сүөһүнү уорар мөкү дьаллык тэнийэ илик этэ, баара-суоҕа, түүҥҥү өттүгэр «абааһылаахтар үһү» диэн аатырар 5 эргэ хотону кэрийэбин (киэһэ аҕыс чаастан сарсыарда аҕыска диэри), ынах быата сөллөн кэйсибэтин, сүөһү көлөттүбэтин, борооскулар ааннарын аһан илэ барбаттарын, хочуолунайдарга ыччат мустан арыгылаабатын, хотону уоттаабатын көрөбүн. Сааскы өттүгэр сүрүн соругум — саҥа төрөөбүт ньирэй хотон ханаабатыгар түһэн тумнастыбатын, чэҥнээх ааҥҥа тиийэн үлүйбэтин хааччыйабын. Дьиҥинэн баран эттэххэ, түүҥҥү өттүгэр эрэ үлэлиир буоламмын, үлэлиирбин-үлэлээбэппин соччо ким да аахайбат-наадыйбат быһыылаах этэ. Кырдьык, биир эмэ түүн үлэбэр барбатахпына даҕаны, ким да улаханнык долгуйуо, суохтуо, билиэ да суоҕа эбитэ буолуо. Сааһыары, олунньу диэкиттэн саҕалаан, ынахтар дэлэйдик төрөөн бараллар. Үлэм элбиир. Бэрт кылгас кэм иһигэр ынах бөҕөтүн төрөттүм. Төрөөрү турар ынаҕы синньээбититтэн, «кирсэ быстыбытыттан», ыарыыланарыттан, ааһан да иһэн, эндэппэккэ билэр буоллум. Маныаха эбии, дайаарка дьахталлар (ол саҕана тоҕо эрэ ыанньыксыт диэбэттэр этэ) ханнык ынах төрөөрү турарын көстөр сиргэ суруйан хааллараллар. Онон, кыһалҕа суох. Төрөтүү да нымаларын баһылаатым. Дэлэҕэ да үөлээннээхтэрбэр «кылаабынайа, ынах психологиятын билиэххэ наада» диэн киһиргиэм дуо. Биир үтүө сааскы түүн, кулун тутар ый быһыылаах этэ, «комсомольскай-молодежнай звено» диэн аатырар, миигиттэн биир-икки сыл аҕа кыргыттар ыанньыксыттыыр эргэ хотонноругар тиийдим. Ыанньыксыт кыргыттар, куолуларынан, «ночунуой остуорас уол эрэйдээх, тапталлааххын саныы-саныы (өскөтүн оннук баар эбит буоллаҕына), бу ынахтары төрөтөн абыраар эрэ, бүгүн баара-суоҕа биэс эрэ (Һа-һа-һа! Кэһэйдиҥ ини!) ынах төрөөрү турар. Бэһиэлэй, романтичнай түүнү баҕарабыт» уо.д.а. диэн курдук үгэргээн-хоһорҕоон суруйбут суруктарын ааҕа-ааҕа хотон уһун көрүдүөрүн устун табахпын туора уобан, сис туттан баран хаамыталыы сылдьабын. Хотон хараҥа. Хотон ортотун диэки турар лаампалар бары умайан хааланнар, көрүдүөр ортотун диэки борук-сорук. Сурукка ыйыллыбытын быһыытынан, хотон ортотун диэки, боруҥуйга, биир буос бээгэй, кылгас ураа муостаах, мэтэгэр систээх, күрүҥ саадьаҕай ынах төрөөрү ыарыыланан илгистэ турарыгар тиийдим. Ынаҕым сыта-сыта турбахтыыр. Иһэ киһи дьиксиниэн курдук улахан. Лаппа чугаһатан турар. Күүтэргэ быһаарынным. Балай эмэ күүттэрэн баран, ынаҕым сытынан кэбистэ, хараҕын өҥүргэһинэн көрбүт уонна тыылла-тыылла, ынчыктаан тиҥиргэтэ-тиҥиргэтэ, муостаҕа үҥкүрүйэн барда. «Эбиитин э... тэп» диэбиккэ дылы, мунна-уоһа тууйуллубут куолаһынан бэрт бүтэҥитик орулуур. Дьулаан хартыына. Орулааһын улаатан, дуорааннанан барда,
бу иннинэ эйэ-дэмнээхтик кэбинэ сыппыт сүүһүнэн ынах бары ыстаҥалаһан турдулар, лиһигирэһии, ыҥыраныы, маҥырааһын буолла. Хотон тигинээн олорор. Хаһан да итинник буолааччыта суох. Ынах төрүүрүгэр, үгэс курдук, бастаан оҕотун инники атахтара, мунна быгар буолар этэ да, бу сырыыга туох да биллибэтэ. Ынаҕым кулуннуу мөхсө сылдьар. Хаста да «баҕайы, хайдах да дьаабыланнын!» диэн баран куотан хаалыахпын баҕаран аан таһыгар тиийэ-тиийэ төннүтэлээтим. Сырдыга эбитэ буоллар киһи син эриһиэ эбитэ буолуо да, хараҥата бэрт. Куттанан-уолуйан уҥуоҕум барыта халыр босхо барда. Муҥур уһугар тиийэн, бэйэ бодобун тардынан, эр санаабын ылынан, биир үксүн эппиэтинэһи өйдөөн, бүтэһигэр диэри киирсэргэ быһаарынным. Олус өр тиниктэһэн, хасыһыы бөҕөтүнэн, саҥа төрүөхтээх ньирэй туйахтарын ийэтин иһиттэн бигээн буллум, тардан чугаһаттым, быанан баайдым уонна соһон ырычаахтаһан бардым. Чаас аҥарын быһа сыһаҕастаһан, ийэ-хара көлөһүнүм барыта тохтон, хотоҥҥо баар күрдьэҕинэн, сыарҕа олгуобуйатынан барытынан төһүүлээммин-олуйаммын ньирэйбин ийэтин киэлититтэн ньылбы хостоон таһаардым. Оо, онно үөрбүппүө-өн! Мантан салгыы барыта, этэргэ дылы, «дело техники» буоллаҕа. Саҥа төрөөбүт, олус улахан, ийэтин курдук дьүһүннээх ньирэйи киинин быһан, муннун-уоһун, айаҕын-туйаҕын ыраастаан баран соһон лиһигирэтэн аҕалан салатаары ийэтигэр тилийэ, үҥүлүтэ сатаан кэбистим да, ийэтэ кыһаллыбата. Олус илистибит, хамсыыр да кыаҕа суох. Ол аайы биһиги кыһаллыбаппыт, «салаабатаххына сылдьыаҥ эбээт!» диэн баран, күкүүртэн эргэ хотуул оту ньылбы таһыйан ылан ньирэйбин уһаты-туора сотон суруускайдаан бардым. Ньирэйим, киһи дьиксиниэн иһин, хараҥаҕа тымныытык килбэчийэр күөх харахтарынан мин сирэйбин тонолуппакка көрө сылдьар, хайдах да тиэрэ хайыһыннара сатаабыт иһин хараҕын араарбат (ньирэй киһи сирэйин батары көрөрүн урут билбэт этим). Дьэ, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, доҕоор, били сор бөҕөнөн төрөппүт ньирэйим хараҕа үөһэлээх аллара, сүүһэ кэлтэгэй, икки илин атахтара тобуктарыттан саҕалаан туора ыйа сылдьар токур эбиттэр. Куттанан иэним кэдэҥнээтэ, ол быыһыгар, «күтүр өстөөх, уруот эбит» диэн санаа кылам гынан ааста. Сып-сап сытыахтаах сиригэр сытыаран, оннун буллара охсон баран төһө кыалларынан түргэнник мантан дьүгэлийэ охсор кыһалҕа тирээн кэллэ. Муҥар, хабыс-хараҥа. Хараҕын араарбакка тобулу көрөр, сииктээх тымныы муннунан сирэйбин үҥүөлүү сылдьар ыбыс-ыарахан ньирэйи, «сиир буолаҕына сиэтин» диэн баран көтөҕөн ыадалытан аҕалан, бүгүн саҥа төрөөбүт икки ньирэй турар уйатыгар холбуу уган баран куотар аакка бардым. Ньирэйим миигин кэннибиттэн батыһа көрө-көрө бэрт иччилээхтик бээҕинии хаалла. Билигин туох кистэлэ кэлиэй, кэлин хаһан да оннук улаханнык куттаммыппын өйдөөбөппүн. Сарсыныгар күнүс, санаам батарбакка, звенолар үлэлии сырыттахтарына тугу да билбэтэх-көрбөтөх киһи курдук дьиэс-куос туттан тиийэн бөлүүн төрөөбүт ньирэйдэр туруктарын ыйыталастым. Кыргыттар кэпсээбиттэринэн, «ыччат настаабынньыга» диэн аатырар кырдьаҕас ыанньыксыт эмээхсин сарсыарда эрдэ кэлэн баран «түүҥҥү бэлэҕи» көрөн улаханнык куттаммыт, аньыырҕаабыт. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, кинини кытта биир килиэккэҕэ хоммут икки муус маҥан ньирэй өлөн хоммуттар. Итэҕэс ньирэй өлбүт ньирэйдэр икки ардыларыгар киирэн
настаабынньык эмээхсини тонолуппакка көрөн кыҥаан сытар үһү (били, миигин көрбүтүн курдук дьаабыланнаҕа). Эмээхсин сүрэҕинэн ыалдьан больничнайдаммыт эҥин этэ. Оттон ыанньыксыт кыргыттар ол аайы кыһаллыбаттар, айыыны-абааһыны аахсыбат аныгы дьон буоллахтара. «Төрөппүт үтүөҕүн, кыһамньыгын учуоттаан, уруот ньирэйгэ эн ааккын биэрдибит. Сирэйэ-хараҕа үүт-үкчү эн курдук. Баран көр эрэ», – дии-дии быардарын тыытта сыталлар. Сатамматах ньирэйи биир-икки хоннорон баран (дьиҥинэн, саҥа төрөөбүт ньирэйи нэдиэлэ кэриҥэ тутан бороохтутуох тустаах этилэр) туспа турар ньирэй хотонугар утааран кэбиспиттэр этэ. Онно тиийбитигэр эмиэ ньирэй бөҕө өлбүт, моһуогурбут, дьон бөҕө куттаммыт диэн кэпсииллэрэ. Ону хайаабыттарын билбэтим. *** Былыргы дьон «сэмэ-суҥха туоллаҕына, сэт-сэлээн ситтэҕинэ, төрүөх төннөрүн, кэскил кэбириирин түүйэн итинник абааһы торбос төрүүрэ» диэн кэпсииллэрин кэлин истэбин. Адьас, илэ абааһы быһыытынан сыаналанара эбитэ үһү. Ону улахан ойууннар эрэ төттөрү үтэйэллэрэ диэн буолар. Дьиҥин билбит суох. Ол ньирэй эрэйдээх, баҕар, туох да абааһыта суох, итэҕэс эрэ буолан төрөөбүт буруйдааҕа буолуо. Ол дьыл бэйэтэ да ньирэйгэ өлүүлээх дьыл этэ. Кини да «көмөтө» суох ньирэй бөҕө өлөрө. Абааһы Хаата.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан