Кэпсээ
Войти Регистрация

Түүлээх илии уонна ампаар иччитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Түүлээх илии уонна ампаар иччитэ

K
29.04.2021 13:00
Сэбиэскэй кэмҥэ үчүгэйэ диэн, кыра соҕус харчылаах буоллуҥ да, таптаабыт куораккар үөрэнэ барыаххын сөп этэ. Мин сири-сибиири бараабыт, аан дойду үөрэҕэр барытыгар үөрэммит эдьиийдээхпин. Тылынан, күүһүнэн даҕаны, кимиэхэ да бэриммэтэх кыыс кылааннааҕа. Билигин да оннук. Оннооҕор абааһыны кытта этиспитин туһунан билэбин. Биир сайын оттуу сылдьан сүрдээҕин эрэйдэммит. Эргэ ампаарга хоноллор эбит. Арай, утуйа сыттаҕына, ким эрэ кэлэн наар суорҕаныттан тардыалыыр үһү. Оттон көрдөҕүнэ — ким да суох. Иккистээн-үһүстээн, бэсиһин да кэллэҕинэ, киһитэ кини буолан, араастаан тэбиэлээн көрөр эбит да, туһа тахсыбатах. Кэлин, ыксаан эбитэ буолуо, үөрэнэн хаалбыта дуу, суорҕанынан бүрүнэн сытан «киһи буоллаххына саҥар, абааһы буоллаххына аас» диир буолбут. Ити эрэ кэннэ бэркэ утуйбутум диэн кэпсээн турардаах. Түүлээх илиилиин киирсии Эдьиийим ханна-ханна ыалдьыттаабытын, ханнык-ханнык улууска, бэл, Азияны Азиянан эргийэн кэлбитин туһунан сөбүлээн кэпсээччи. Биирдэ миэхэ түүлээх илиини кытта киирсиитин туһунан кэпсээбитэ: «Дьэ, мин түүнү быһа түүлээх илиини кытта охсус да охсус» диир. Онуоха мин: — Бачча доруобай эрээри соҕотох кыра илиини кытта хайдах охсустуҥ? Биирдэ тосту тутан кэбиһиэххин, — диэн алҕаска айахтатан кэбистим. Мээнэ саҥарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла, «оройбун хаһар буолла быһыылаах» дии санаабытым, хата, эдьиийим барахсан туох да диэбэтэ, көрөн эрэ кэбистэ. — Бээ, кырабын диэбэт, күөрэс гына-гына хабарҕабар түһэр. Түүнү быһа сор бөҕөтүн көрөн, илистэн, уубун хаммаккабын турдаҕым үһү. Кэлин өйдөөбүтүм: дорооболоспотох эбиппин. — Дорооболоспотох эбиппин даа?! Түүлээх илиилиин дуо? — соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. — Суох. Бээрэ, эн хайдах буоллуҥ. Түүлээх илии миигин кытта дорооболоһор да «санаата» суох этэ, — диир мин соһуйбут сирэйбин көрөн. — Ити баар, хата умуннаран кэбистиҥ, — диир уонна өйдөөн, салгыы кэпсиир. — Урут сылдьыбатах сирбэр, дойдубар кэллэхпинэ, сир-дойду иччилэрин кытта, испэр, хайаан да дорооболоһор, эбэтэр төбөбүн хоҥкутар идэлээхпин. Ити сырыыбар ону умнаммын иэдэйдэҕим. Өтөххө Таарыйа биирдэ истэн аһарбыппын кэпсээтэххэ маннык. Хаһан эбитэ буолла, арааһа, мин төрүү иликпинэ быһыылаах, Ньукулай диэн оҕонньор бултуу сылдьан, бэйэтин үүтээнигэр тиийбэккэ, халлаан хараҥаран, аара тохтуурга күһэллибит. Булчут чэйин өрүнэн, аһаан, атын көрөн баран, хонордуу оҥостон сыппыт. Ньукулай сылаата киирэн, саҥардыы утуйан эрдэҕинэ, бэрт сымнаҕас илии синньигэс биилиттэн кууһан ылбыт. Оҕонньор түүл-бит икки ардынан сытан, «ээ, дьэ бу эмээхсин бу үйэҕэ...» диэх курдук санаан иһэн, хараҕын аһан: оһох имик-самык уотугар көрбүтэ: олох да түүлээх илии буолан биэрбит. Сонно хомуна охсон, атын көлүнэн, ыаллыы алааска тиийбит. Хата, онно билэр киһитэ Сүөдэр эмиэ бэйэтин курдук хойутаан кэлэн тохтоон сытар эбит. Саха абааһылара атын дойдуларга эмиэ бааллар Эдьиийим эдэр сааһыгар үөрэнэ сылдьыбыт сылларын санаан, биирдэ «саха абааһылара атын дойдуларга эмиэ бааллар эбит» диэн түмүк санаатын этэр турар. Ол маннык. —
Үөрэх бастыҥнара, хомсомуол, актыбыыс кыргыттар анал путевканан Арҕаа Украинаҕа тиийдибит. Биһигини 18 мэндиэмэннээх, аныгылыы оҥоһуулаах гостиницаҕа түһэрдилэр. Дьүөгэбинээн Сибиэтэлиин икки миэстэлээх хоско түбэстибит. Мин аан утары сытабын. Бастакы түүммүтүгэр, оҥостон сыппыппыт кэннэ, ааммытын тоҥсуйан лүһүгүрэттилэр. Бары утуйан ырааттахтара дии, көрүдүөргэ туох да саҥа суох. Улаҕа диэки хайыһан сытар буоламмын, «чэ, Сибиэтэм турар ини» диэн утуйбут курдук тутуннум. Кыыһым тыбыгырайан тиийэн ааны аста, онтон иһигэр тугу эрэ ботугураан баран, төттөрү кэлэн сытта. Арай саҥардыы утуйан эрдэхпинэ, туох эрэ амырыын сыт билиннэ. «Туох баҕайытай» диэн эргиллэ биэрбитим, доҕо-ор, ааммытыгар күөрэс гынан күнү күлүктүүр, ыгдах гынан ыйы сабардыыр диэбиккэ дылы, улахан хара күлүк турар. Испэр «туох ыт наагылай киһитэй, көр эрэ?!» дии санаатым уонна: «А ну-ка, выходи, а то сейчас милицию вызову»,— диэн нууччалаатым. Онуоха күлүк турар сириттэн харыс да халбарыйбата. Хата, оронум атаҕын диэки кэлэн турда. Мин айдаан бөҕөтүн тартым. Ол быыһыгар хара күлүк Сибиэтэм атаҕар тиийэн нүксүччү туттан олорунан кэбистэ. Кыыһым ыраах айан кэнниттэн кытаанахтык утуйбут быһыылаах, мин саҥабар кымаардаан да көрбөт курдук. «Атаххар, атаххар! Ити киһи олорор дии, тэбэн саай!» — диирбин кытта, Сибиэтэм: «Хайдах буоллуҥ, баттата сытаҕын дуо?» — диэн, хата, киһини өһүргэтэ сыста. «Көрбөккүн дуо, киһи нүксүллэн олорор, кыйдаа»,— диибин. Кыыһым: «Ким да суох ээ, утуй»,— диир. Ээ, мин ыллым да ороммуттан ойон туран истэхпинэ, күлүгүм олорон эрэн симэлийэн, салгыҥҥа суураллан хаалла. Хайыамый, барбыт да барбыт — утуйдубут. Түүн үөһэ кыыһым ынчыктыырыттан уһуктан кэллим. «Кылааба, кэл, көмөлөс, туох эрэ буоллум»,— диир. Тэбинэн тиийбитим, хотуой, Сибиэтэм көлөһүн бөҕө, этэ-сиинэ таарыйтарбат итии буолбут, таҥаһа чаккырас уу. Дьолго, аптечкалаах сылдьар буоламмын, кыраадыһы сулбу ойутан таһаардым. Кээмэйдээн көрбүтүм, һуу, хотуой, кыыһым 42 кыраадыс буолбут, түргэн үлүгэрдик «суһал көмөнү» ыҥырдахха сатанар диэн буолла. Эмчиттэр кэлэн көрдүлэр уонна температура түһэрэр укуолу (оччолорго билиҥҥи курдук биирдэ туттуллар испириис диэн үөдүйэ илик) биэрэн баран бардылар. Ити соннук ааста. Сибиэтэм туох да буолбатаҕын курдук этэҥҥэ сырытта. Онтон дойдубутугар эргиллэн кэлбиппит кэннэ кыыһым иһин тутун да тутун: «Ыалдьар, Кылааба, испэр туох эрэ баар»,— диэ да диэ буолар. Аҕыйах да хоммото, дьүөгэм бүтүннүү саһаран барда, балыыһаҕа киирдэ. Саһарардаабыт диэтилэр. Мин эдьиийбиттэн ити туһунан ыйытаары оҥосто олордохпуна, киһим «ыарыыта кэлэн бардаҕа» диэн быһааран биэрдэ. Икки киһи Дьиэлээхтэр бары — ким үөрэнэ, ким үлэлии — тиэтэйэ-саарайа барбыт кэмнэригэр, ийэлэрэ күнүскү аһылык кэнниттэн иһитин-хомуоһун хомуйан баран, сынньана түһэн ылар санаалаах хоһугар ааспыт. Квартирата хатааһыннаах, дьиэлээхтэр үлэ, үөрэх чааһа бүттэҕинэ кэлиэхтэрэ. Арай, аан хостон кимнээх эрэ сибигинэһэргэ дылы гыммыттар. Чочумча буолаат, кини хоһугар икки киһи киирэн кэлбит, эмиэ да уста сылдьар курдуктар эбит.
Онтон аны дьоно саалаҕа ааспыттар. Тамара санаата буолбакка, кэннилэриттэн эккирэтэн тиийэн, саҥата суох иһиллээбит. Күлүктэр камин иннигэр тураллар эбит. Иккиэн уһун ньалҕаархай баттахтаахтар. Суппуун сонноохтор, саары этэрбэстээхтэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта отур-ботур кэпсэтэллэр. Тамара иһиттэҕинэ, саастааҕа сөҥ куолаһынан «барарым чугаһаата» диэн эппит. Оттон эдэрэ «мин эмиэ сотору барабын» диэбит. Ити кэннэ камин үөлэһинэн көтөн хаалбыттар. Үс хонон баран, Тамаралаах дьиэлэрин таһыгар турбут эргэ ампаар ып-ыраас, тыала суох күн күрүлүүр күнүс умайан күүдэпчилэммит. Аны үс күн ааспытын кэннэ, умайбыт ампаар аттыгар турбут биир ампаар эмиэ көмөр күлэ эрэ хаалбыт. Бэҕэһээҥҥи устудьуон.
kyym.ru сайтан