Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһы оҕо

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһы оҕо

K
29.04.2021 12:35
Сэрии кэнниттэн Стручков Борокуоппайдаах Арыылаахха Сыырдаах диэн учаастакка олорбуттар. Улахан дьон күн тухары үлэлэригэр сылдьаллар эбит. Оттон кыыстара 4-тээх Балбаара соҕотоҕун хаалара үһү. Арай биирдэ сахалыы көмүлүөк оһох кэнниттэн илиитигэр кыра мөһөөччүк тутуурдаах, эмиэ бэйэтин быраата саастаах, уһун баттахтаах кыыс оҕо тахсан киниэхэ супту хааман кэлэн сэргэстэһэ олорбут. “Дьонуҥ бардаллар эрэ мин күн аайы кэлэр буолуом, бу оонньуурбунан оонньуохха”, — дии-дии оонньуурун хостообут. Оонньуура барыта таас иһит бытархайа, хоруоҥка, тимэх, таҥас кыраһына, талах киһи, ынах эбит. Балбаара төрүт куттамматах. Наһаа үчүгэйдик күнү быһа оонньообуттар. Онтон ол сөтүөккэ оҕо: “Дьонуҥ кэлэллэрэ буолла. Мин бардым, дьонуҥ бардахтарына сарсын кэлиэм. Миигин дьоҥҥор этимээр, эттэххинэ кэлиэм суоҕа”, — диэбит. Дьэ, ити курдук Балбаара күнүн оонньоон атаарар буолбут. Кэлин кини дьоно баралларын наһаа күүтэр, оһох арҕаатын диэки орон анныттан хараҕа арахпат, дьоно бараары таҥынналлар эрэ үөрэн сирэйдиин-харахтыын кытта уларыйар буолбут. Дьоно дьиктиргээн ыйыталаһан көрдөхтөрүнэ, били оонньуур оҕом аны кэлиэ суоҕа диэн олох чып кистиир эбит. Кэлин дьоно сөтүөккэни кытта оонньообут оҕо оннук буоларын истэн, кыыстарын соҕотохтуу хаалларбат буолбуттар. Балбаара ол сөтүөккэ оҕону наһаа сөбүлээбит этэ, “кинини кытта оонньообуппуттан туох да куһаҕан буолбатаҕа” диэн кэпсиирэ. Балбаара кэлин ыал буолан, оҕолонон баран, 38 эҥин сааһын диэки ыалдьан олохтон туораабыта. Элбэх кыра оҕо өлбүт дьиэтэ оҕо абааһылаах буолара үһү. Былыргылар ону элбэхтик билбит-көрбүт суоллара, ойуунунан туттаран, кыырдаран, эмэх оҕо оҥорон баран эриэн ситии кыл быанан тииккэ кэлгиттэрэн эҥин тохтотоллоро. Ону “ситии-быһыы” диэн ааттыыллара. Дьэ, онон, оҕолоор, итинник абааһы оҕо дэҥ биир эмэ эргэ өтөххө баар буолуон сөп. Ол иһин өтөхтөн тугу да ылыа суохтааххыт. Абааһы батыһыан да, сырсыан да сөп. Былыр, бэл, дьахталлар оннооҕор иннэлэрин, сүүтүктэрин, кыптыыйдарын оҕо абааһыта көрүө диэн харыстаан дьоҥҥо уларсыбаттара үһү. Биһиги 1962 с. охсуу дьиэҕэ оҕонньордоох эмээхсини кытта дьукаах олордубут. Эмээхсин дьиэбит чараас хаптаһын чуос (быыс) нөҥүө утуйар. Биир киэһэ мин 8 ыйдаах уол оҕобун улаҕабар уктан баран утуйдум. Арай, түһээтэхпинэ, ол оҕом тимир оронум анныгар олорорун сүгэнэн төбөтүн хайа охсон кэбистим. Наһаа куттанным, ытыы-хаһыытыы, дьону ыҥыра сатыыбын да, олох кыайан уһуктубаппын. Энэлгэн бөҕөнү түһэрдим. Онуоха чуос уҥуоруттан били дьукаах эмээхсиним кэлэн уһугуннарда. Нэһиилэ уһугуннарбыт этэ. Туохтан баттаппыппын ыйыппытыгар: “Бу оҕобун оронум анныгар олорорун сүгэнэн төбөтүн хайа охсон өлөрөн кэбистим, туох эрэ куһаҕаны түһээтим быһыылаах”, — диэтим. Онуоха эмээхсиним: “Суох, үчүгэй түүл эбит. Оҕо абааһыта сыстаары гыммытын өлөрбүккүн, оҕолоруҥ этэҥҥэ буолуохтара”, — диэн кэбистэ. Кэлин ол түүлбүн атын эмээхситтэргэ кэпсээбиппэр, дьукааҕым эмээхсин ону “үчүгэй” диэн тойоннообутун эппиппэр, “ити дьукааҕыҥ бастакы уол оҕолоро өлбүттэрэ, эн ол оҕолорун абааһытын өлөрбүккүн. Оҕо абааһыта өлөрдөххө көтөр, эргийбэт”
диэтилэр. Арыылаахха начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ, биир элбэх оҕолоох дьахтар оҕолоноору сылдьан хотунун аахха хоно кэлбитэ. Киэһэ сытаат да баттаппытын уһугуннардылар. Онуоха кини: “Быарым үрдүгэр кыра уол оҕо тахсан олорбутун муостаҕа төбөтүн хампы бырахтым, онтон баттаттым. Бу төрөөрү сылдьар оҕобор сыстаары гыммыт абааһы оҕону өлөрдүм”, — диэн быһаарбыта. Мария Ефимова суруйуута, “Дьааҥы үһүйээннэрэ” кинигэттэн. Уруһуй интэриниэт ситимиттэн ылынынна.
kyym.ru сайтан