Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиктини көрбүттээҕим
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиктини көрбүттээҕим
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.04.2021 16:42
Бастакы кылааска үөрэнэр 8 саастаах мэник-тэник оҕо сылдьан, бэрт дьикти түгэннэри көрбүттээҕим. Субуота күн сэттэ кылаастаах, икки көрүдүөрдээх мас оскуолаҕа биэчэрдии диэн муһуннубут. Оччолорго уот хантан кэлиэй, барбах кылайар чүмэчи, кыраһыын лаампатынан сырдатынабыт. Доҕор уолбун кытта таһырдьаттан киирэн иһэн, икки көрүдүөр икки ардыгар баар таҥас ыйыыр сиргэ саҕынньаҕы кэппит быыкаа киһи олорорун дуу, турарын дуу көрө түстүбүт. Үдүк-бадык, хараҥа. Ол киһини көрөөт да биһиги тэбис-тэҥҥэ “Кыыбаа!” диэн хаһыытаабытынан үрдүгэр түһэн тутан ылаары гынныбыт. Кыыбаа диэн оскуолабыт остуораһын биһигини кытта араа-бараа саастаах уолун таптал аата. Олус дьээбэ киһи. “Биһигини куттаары саһан олорор быһыылаах” дии санаатыбыт. Ону баара, киһибит сиирэ-халты харбатан көрүдүөргэ сүүрэн таҕыста. Биһиги кэнниттэн түһүннүбүт эрээри, хараҥаҕа балыйтаран “Кыыбаабыт” сүтэн хаалла. Ити кэннэ көрүдүөргэ мустубут оҕолорго чугаһаан кэлбиппит, били сүтэрбит Кыыбаабыт манна кэлэн олорор эбит. Онтон олус соһуйан оҕолорго кэпсээн эрдэхпитинэ, пионер баһаатайа: “Сымыйанан ону-маны кэпсээмэҥ!” — диэн саба саҥаран кэбистэ. Бүттэхпит дии. Кэлин арыый улаатан баран истибитим, бу оскуолаҕа аармыйаттан сөтөл буолан сыыйыллан кэлбит киһи дириэктэрдии олорон өлбүт. Ол кэннэ кини инбэлиит буолбут аҕата оҕонньор, оччотооҕу ыарахан сут кэмигэр иитэр-харайар киһитэ суох сир-халлаан икки ардыгар хаалан баран, санаата тууйуллан, оскуолабыт иһигэр моҥнон өлбүт. Ол оҕонньор күлүгэ сылдьарын онно бэрт элбэхтик көрөллөрө үһү. Таҥаһыттан-сабыттан, кыра уҥуоҕуттан сылыктаатахха, биһиэхэ эмиэ ол кини көстүбүт. Ити кыһын оскуолабыт турар алааһын халдьаайытыгар саха балаҕаныгар фермаларга дьукаах кыстаабыппыт. Фермалар көспүттэрин кэннэ, сайын бэс ыйын саҥатыгар, ийэбин кытта балаҕаммытыгар иккиэйэҕин хааллыбыт. Балаҕаммыт дэриэбинэттэн балай эмэ тэйиччи турара. Бир күн ийэм туох эрэ наадаҕа дэриэбинэҕэ барбытын кэннэ, соҕотоҕун хаалан, балаҕантан ыраах соҕус суол таһынааҕы эмпэрэ сыыр анныгар буорунан оонньуу сырыттым. Бу олорон туох эрэ былыргы уҥуоҕун буортан хостоон таһааран, онон буору сүргэйэ олордум. Бу сырыттахпына, эмискэ сыыр үрдүгэр ийэм чуолкай баҕайы куолаһа: “Нохоо, Дьэкириэм!” – диэн ыҥырда. Ийэм кэлбититтэн олус үөрэн сыыры өрө харбыалаһан тахсан эрдэхпинэ, атахпыттан туох эрэ төттөрү тардар курдук. Онно өйдөөн эргиллэн көрбүтүм, сибилигин олорбут сирбэр кыра гынан баран олус дохсун холорук түһэн өрө ытыйан эрэр эбит. Онтон олус куттанан, туох баар күүспүн барытын түмэн үөһэ ыстанан таҕыстым. Тула көрүтэлээтим да, ийэм ханна да суох. “Ити икки ардыгар дьиэҕэ киирэ охсон хааллаҕа дуу?” – диэн балаҕаммытыгар сүүрэн тибигирэйэн кэлбитим, дьиэбит баттатыылаах турар. Онтон наһаа дьиибэргии санаабыппын өйдүүбүн эрээри, арааһа, куттамматаҕым. Ийэм хойутуу соҕус кэлбитэ. Тугу көрбүппүн-истибиппин кэпсии барбатаҕым. Аҕыйах хонон баран биһиги сайылыкка көспүппүт. Биһиги кэннибититтэн ол балаҕаҥҥа икки эмээхсин сайылыы кэлбиттэрэ. Ол эмээхситтэр күнүс ынахтарын ыы сырыттахтарына, били, мин оонньообут сыырым диэкиттэн олус күүстээх холорук тоҕо сөрөөн кэлэн аһаҕас аанынан балаҕаннарыгар киирбит уонна
оттуллан турар көмүлүөк оһох уотун дэлби ытыйан балаҕаны умаппыт. Эмиэ кэлин истибитим, били, мин оонньообут эмпэрэ сыырбын ардах-хаар уута дэлби суурайан, онно көмүллэн сыппыт дьон уҥуоҕун таска таһаарбыт. Инньэ гынан, мин киһи уҥуоҕунан оонньообут буолан тахсабын. Ол оонньообут буруйбар былдьаныахтаах киһини ийэм аанньала быыһаабыт буолуон сөп курдук. Ол эмээхситтэр да балаҕаннара мин буруйбунан умайбыт буоллаҕына көҥүлэ. Ефрем Слепцов, Уус Алдан, Тумул.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан