Кэпсээ
Войти
Регистрация
Доҕорбор айан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Доҕорбор айан
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
22.04.2021 16:39
Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ этэ. Дьоллооҕунан киэбирбит Дьокуускай куораппыт чаҕылхай уоттардаах гирляндалара туман быыһынан ханна эрэ ыраах борук-сорук тунааран көстөллөр. Дьон Саҥа дьыллааҕы остуолларын мааны аһын хомуһа, маҕаһыыннарга ааныттан тоҕуоруһаллар. Мин дойдубар кыайан барбакка хаалан баран, доҕорбун кытта бастакы Саҥа дьылбытын бииргэ ыларга быһаарыммыппыт. Петяны кытта икки сыллааҕыта уопсай доҕотторбут билиһиннэрбиттэрэ. Бэйэ-бэйэбитин хардарыта сөбүлэһэн, мин үөрэхпин бүтэрдим да холбоһор былааннаахпыт. Петя миигиттэн хас да кууруһунан үөһэ үөрэммит буолан, үөрэҕин бүтэрэн билигин Хаҥалас улууһугар үлэлии сылдьар. Бэлиэр 5 чаас буола оҕуста, киэһэрдэ, лаппа хараҥарда. Эчи, тымныыта да бэрт. Мин “Тысяча мелочей” маҕаһыынтан доҕорбор анаан Саҥа дьыллааҕы бэлэх атыылаһан баран, кэккэлэһэ турар Автовокзалга сүүрэн кэллим. Онно миигин “Техтюр, один человек” диэн хаһыытаан айаҕа оҥоҥнуу турар таксист ыы муннунан көрүстэ. Иһиттим-истибэтим, илиибин өрө ууммутунан массыына иһигэр дьылыс гынан хааллым. Кыараҕас баҕайы иномарка эбит. Суоппар аттыгар олус модьу киһи сиҥнэллэн олорор. Мин кэнники эрээккэ олорор оҕолоох дьахтары кытта сэргэстэстим. Сылааска киирээт да, утуйуох санаам көтөн түстэ. “Бачча киирбит киһини тиэрдиэхтээх сиригэр тиэрдэр ини”, — дии саныы олорон, “сүтэн” хаалбыппын. — Уһугун эрэ! Бу кыыс, туох ааттаах кытаанахтык утуйаҕын! Төхтүргэ кэллибит. Ханна бараҕын? – диэн суоппар хаһыытыттан олус соһуйан уһугуннум. — Техтюрская 10. ...Массыынаттан тахсаат, туһааннаах дьиэм диэки бэрт тэтимнээхтик хаама турдум. Бытарытан тымныы да тымныы. Хараҥа тиэргэҥҥэ биир оҕонньор тугу эрэ букунаһа сылдьарын таба көрөн: “Петя Иванов манна олорор дуо?” – диэн ыйыттым. Оҕонньорум Петям дьиэтэ өссө түөрт дьиэни ааһа бардахпына кэлэрин эттэ. “Таксист сыыспыт буоллаҕа”, — диэн саныы-саныы ол этиллибит дьиэм диэки хаамтым. Хабыс-хараҥа, дьиэлэр нүөмэрдээх да эбит буоллахтарына, киһи арааран көрүө суох. Тиийэн кэлбит дьиэм уоттааҕын көрөн эгди буоллум, күүтэн олордохторо... Сэниэлээхтик ааны тардан иһирдьэ атыллаатым... Доҕорбун көрүөхтээхпиттэн олус долгуйан, үөрэн эбитэ дуу, дьиэ иһигэр хас да киһи адаарыһан турарыгар болҕомтобун да уурбатым. “Петя Иванов манна олорор дуо?” — диэн ыйыппыппар, дьиэлээхтэр өйдөөбөтөхтүү сирэй сирэйдэрин көрсөн ылан баран: “Даа, бу... бу Петя дьиэтэ, онно эн туох наадалааххыный?” – диэн хардары ыйыттылар. Онуоха мин Петялыын доҕордоһорбун, Саҥа дьылы бииргэ көрсүөх буолан болдьоспуппутун кэпсээн биэрдим. Дьонум сирэйдэрэ-харахтара ирэ, сымныы түстэ, бэркэ үөрбүт, көтөҕүллүбүт харахтарынан миигин чинчилиирдии көрө-көрө, Петя төрөппүттэрэ буолалларын эттилэр. Мин: “Киһим дьонун хайдах сэрэппэтэх баҕайытай?” – диэн мунаарыах курдук гынан иһэн, “сюрприз оҥороору гыннаҕа” диэн боростуой түмүгү оҥоһуннум. Петя ону бэркэ кыайа тутааччы... Петям бэйэтэ суох эбит. Доҕотторун эҕэрдэлии барбыт үһү. Таах олоруохтааҕар, дьиэлээх хаһаайкаҕа остуол тардыытыгар көмөлөстүм. Кийииттии кэлбит ааттаах киһи быар куустан олоруом дуо... Бэйэни үтүө өттүттэн көрдөрөр баҕа баһаам. Доҕорум төрөппүттэрэ олус эйэҕэс, үтүө дьон буолан биэрдилэр. Ол курдук, балай
эмэ сылдьымахтаатым. Саатар, суотабай төлөпүөн хаппат эбит. Уолбут кэлэрин күүтэ сатаан баран, остуолга олордубут. Дьоно уолларын төлөпүөнүнэн туоһулаһан дэриэбинэ ыалын бүтэрдилэр быһыылаах да — булбатылар. Киһибит кэлбэтэ. Саҥа дьылы ол курдук бэйэбит эрэ олорон көрсөргө күһэлиннибит. Бу олорон мин олус хомойон ытаан бардым. — ¤ыллыай, ытаама. Санааҕын түһэримэ. Ороҥҥун Петяҥ хоһугар оҥордум. Кэлиэ, ханна барыай, бөһүөлэк кыра, — диэн ааттыы-ааттыы ийэтэ хоско киллэрдэ. Мин түүнү быһа ытаан утуйбатым. Сарсыарданан дьэ нуктаан утуйуохча буолан эрдэхпинэ, аан тыаһаата. Онтон ким эрэ атаҕын тыаһа ыараханнык хааман мин сытар хоһум диэки чугаһаан эрдэҕинэ, “аара” дьоно күөйэ түһэн тутан ыллылар быһыылаах. Мин хоспор саҥата суох иһийэн, дьиэлээхтэр миигин истибэтин диэн сибигинэһэ былаан кэпсэтэллэрин истэ сыттым. — Хайа, бу кэлэрдээх эбиккин дии, хантан көһүннүҥ?! Түүнү быһа кэтэһэ сатаатыбыт. Туох буолбут, бу хаһан өйгүн тутар киһигиний! Кыыһыҥ кэлэн дэлби ытаата. Саатар сэрэтиэххин эҥин. Бу баччааҥҥа диэри арыгылыы олордугут дуо? — Түөһэйдигит дуо, бу! Эппитим дии, табаарыстарбын кытта Саҥа дьыллыыбын, күүтүмэҥ диэн! Ханнааҕы кыыспын кэпсиигитий, Аанчыгы кытта арахсыбыппыт ыраатта буолбат дуо? Мин “киһим” саҥатын истэн лаппа атыҥыраатым, соһуйдум. Хаһан да испэт бэйэтэ бу манна дойдутугар кэлэн... Хап-сабар таҥаспын таҥна охсоот, хостон тахсан кэллим. Мин иннибэр үйэбэр хаһан да харахтаан көрбөтөх, отутун ааспыт саастаах эр киһим дьиэ эркинигэр өйөнөн турара... Алдьархайдаах алҕас тахсыбытын онно туран, дьэ, биирдэ өйдөөтүм. Арба да, икки Төхтүр баар этэ ээ, Саха сиригэр... “Бу ханнык улууһуй?” — диэн ыйытан чап гыннарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьонум мин диэки өйдөөбөтөхтүү көрө-көрө: “Мэҥэ Хаҥалас”, — диэтилэр. Бу сырыыга мин тулуйбатым: күлэн тоҕо бардым. Бэҕэһээҥҥиттэн мунньуллубут стреһим, ньиэрбэм барыта түмүллэн, улаханнык уонна уһуннук күллүм быһыылаах. Дьонум чочумча саҥата суох, бэйэ-бэйэлэрин көрсө турбахтаатылар. “Ыалдьар сордоох эбит” дии саныыллара чугаһаан эрдэҕинэ, мин уоскуйан, алҕаска атын улууска кэлэн хаалбыппын быһааран биэрдим... Оо, онно бары күлүү да бөҕөтүн күлбүппүт. Такси сакаастаан Дьокуускайдаатаҕым дии. Дьонум: “Хаарыан кийиит баран эрдэҕиҥ... Дьоллоох, үтүө киһи буолаар. Бу диэки охсулуннаххына хайаан да сылдьан ааһаар”, — диэн алгыс бөҕөтүн этэн ыыппыттара. Дьокуускайга чугаһаабытым кэннэ, суотабай төлөпүөнүм дьэ “тиллэн” кэллэ. Петям эрийбитин туоһулуур “СМС”-илдьит бөҕө туолбут. Тута эрийдэҕим дии. Петям барахсан долгуйбут куолаһа: “Алло, алло! Слава богу, баар эбиккин дии! Тоҕо төлөпүөҥҥүн араардыҥ? Тоҕо кэлбэтиҥ? Мин бу Дьокуускайга кэлэн олоробун... Ханнаҕыный, билигин тиийиэм...” — бөҕө буола түстэ. Ол көрүдьүөстээх “кийииттээһин” кэнниттэн номнуо үс сыл ааһа оҕуста. Петябын кытта ол сайыныгар холбоспуппут. Саҥа дьыл бырааһынньыга буолла да, наар үтүө санаалаах Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр олорор Ивановтары саныыбын. Биирдэ эмэ соло булан таарыйан ааспыт киһи баар ини. Туналы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан