Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киэҥ Таҥарам абыраабыттаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киэҥ Таҥарам абыраабыттаах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
09.04.2021 13:10
1969 с. биһиги төрдүө буолан Мархаттан 11 аҥаар көстөөх, Бүлүү уҥуор баар Ээдьээҥҥэ 200 субан сүөһүнү кыстата көһөн тахсыбыппыт. Бүлүү өрүс турарын кэтэһэн баран, лоп курдук Өктөөп бырааһынньыгын күн уҥуор туораатыбыт. Биллээх диэн саһыл фермата баар сиригэр хонон баран, түүн аҥаарыгар эрдэ туран салгыы айаннаатыбыт. Мантан Ээдьээн 7 аҥаар көс... Түһүөхтээх сирбит — эргэ баҕайы, көмүлүөк оһохтоох, киэҥ ампаар дьиэ. Түннүгүн алын бүүрүгэр диэри сиргэ батары түспүт былыргы тутуу. Ол эрээри, туруга сэнэх буолан, дьон сылдьар, кыстыыр эбит. Хата, сабыс-саҥа, былырыын тутуллубут хотонноох. Дьиэбитин сыбаан баран, кыстыырдыы оҥоһуннубут. Хата, ичигэс баҕайы. Дьиэбит таһыгар улахан баҕайы гына оҥоһуллубут киһи уҥуохтара туох эрэ кистэлэҥи таайтарбыттыы боруһан тураллар. Күһүн онтон-мантан булчуттар кэлэн хонон, бултаан ааһыталыыллар. Арай, биирдэ кырдьаҕастаах эдэр булчут аҕыйах хонукка биһиэхэ сытан бултаатылар. Үгэс курдук, киэһэ утуйаары сытан эҥин арааһы ыатаран кэпсэтэбит. Кырдьаҕас булчут биирдэ манныгы кэпсээтэ: — Мин оччолорго эдэрчи этим. Биир кырдьаҕас кыттыгаспын кытта бу эргин бултуу сылдьан бу дьиэҕэ аҕыйах хонон ааспыттаахпыт. Ол саҕана бу дьиэ сыһыары тутуллубут хотонноох этэ, ол билигин суох, онно киирэр аан ити турар (инньэ диэн баран мин сытар оронум баһыгар баар, билигин хам сааллан турар аан оннун ыйда). Иччитэх турар дьиэҕэ кэлэн мас мастаан оһохпутун оттон тигинэттибит. Күөс, чэй өрүнэн, чүмэчи уонна көмүлүөк сырдыгар тииҥ сүлэ, ыраастыы, тиирэ олордубут. Маһа үчүгэйэ бэрт буолан, көмүлүөкпүт сандаарыччы умайан күлэ-сала турда. Арай, бу олордохпутуна, хайдах тахсарын чопчу көрбөккө хаалбыппыт, хотонтон тахсыбыт курдук биир дьахтар баар буола түстэ. Биһиги иккиэн “хайа, киһи баар эбит дуу?” дии санаатыбыт. Мин баҕас олус куттанным. Дьахтарбыт уокка чугаһаата. Маҥан былааты бобуонньуктуу бааммыт, халтаҥ хара куопталаах, уһун соҕус ырбаахылаах, биһиги диэки көрбөккө эрэ икки илиитин уот диэки уунан иттэр курдук турда. Бу туран: “Үчүгэй да уоту оттубуккут, иттэн абыраннахпын”, — диэн саҥа аллайда. Элэс көрүүгэ, хайдах эрэ кырасыабай баҕайы дьүһүннээх курдук көстөн хаалла. Дьахтарбыт киһилии саҥарбытын уонна налыччытын иһин, киһим өмүттүбүтэ ааһан: “Эн, бу, ханнааҕыгыный, хантан кэллиҥ?” — диэн ыйытта. Дьахтарбыт турбалыы түһэн баран: “Ээ, маннааҕыбын, хантан буолуой?” — диэн унаарытан саҥарда. Ити кэмҥэ туохха эрэ аралдьыйан атыны көрөн ылар кэммитигэр, дьахтарбыт ити хотоҥҥо киирэр аан диэки барар курдук гынан баран, сүтэн хаалла. Онон, хотоҥҥо киирбитин да чуолкайдык көрбөккө хааллыбыт. Мин баҕас, дьэ, букатыннаахтык ыбылы куттанным. Киһим, хата, соччо куттаммата. “Ити киһини куттаабат, куһаҕаны оҥорбот, көннөрү сибиэн, букатын куттаныма”, — диэн кэбиспитэ. Киһибит кэпсээн бүппүтүн кэннэ, биһиги ону хайдах эрэ олус өрдөөҥҥү быһылаан диэбиппит дуу, ханна эрэ атын сиргэ буолбут түбэлтэ дии санаабыппыт дуу, элбэх буолан олорон куттаҕаһа суох дьон аатыраары арааһы
тыллаһан бардыбыт. “Тоҕо бэрдэй, доҕор! Оннук кырасыабай дьахтар киирэн кэлэрэ. Эчи хаарыаны... Үчүгэй да буолуо эбит. Дьиэттэн-уоттан ыраатан сырыттахха ол кини сибиэнэ туох буолуой...” эҥин диэн тылга тиистибит. Дьоммун саҥардаары уонна билбэт дьоммор киһиргээн, үксүн мин чобуорхайабын. Бэйэм дьонум мин курдук дьаабыламматтар, симиктэр. Булчуттар сэҥээрэллэр, ол аайы мин киһиргээн өрө баран иһэбин. Ол онон ааста. Саҥа дьыл чугаһаата. Мин от тиэйэр тыраахтарынан дьиэбэр киирэн, нэдиэлэ буолан, таарыйа уотурба тиэйэн таһаардыбыт. Бу кэлбитим кэннэ биир киһибит, Арамаан, ыалдьан сытан хаалла. Хотоммутугар Хоруотаан Сэмэнниин иккиэйэҕин сырыттыбыт. Иккиэйэх киһиэхэ, дьэ, элбэх үлэ. Саахпыт күрдьүүтэ, тиэйэн таһаарыыта, хотоҥҥо турар сүүрбэччэ куһаҕан сүөһү туспа көрүүтэ, уулатыыта, от тиэйиитэ, тарҕатыыта, үс ойбон алларыыта, сүгэнэн оттук мас бэлэмнээһинэ... Саатар, тымныыта бэрт. Арамааммыт сыппыта үһүс күнэ буолла. “Икки ойоҕоһум ыалдьар” диир, ынчык-хонук бөҕөтө. Саатар, туох да эмп суох, баарын да иһин онон сатаан эмтээбэт дьоммут. Бытыылкаҕа итии уу кута-кута ойоҕосторугар баайабыт да, туһалаабат. Эбии бэргээн иһэр. Тугу да аһаабат, уунан күөмэйин эрэ илитэр. Саатар, бөһүөлэккэ барбыт Чочо Уйбааммыт хаһан төннөрө биллибэт. Икки өттүнэн ойоҕостотуу кутталлааҕын билэбит, онон “киһибит аны эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, тыл-өс буола сылдьыа. Бөһүөлэккэ киирэн тыллаатахпытына сатаныыһы” диэн быһаарынныбыт. Саатар, аттарбыт табаттан сиргэнэн күөл уҥуор куотан хаалбыттара. Онон акка саарабыл суох. Сүбэлэһэн баран, Хоруотаан Сэмэним барар буолла. Кырдьык, кини түргэнник хаамар, оттон мин “ыстаарсай” ааттаах киһи ферманы быраҕан барарым табыллыбат. Киһибэр аара Биллээххэ саһыл ферматыгар сылдьан, араассыйанан Ньурбаны кытта сибээстэһэн, сан-эриэйсэ оҥортороругар эттим. Хоруотааным хоонньугар икки бытыылка чэй, биир кырбас буспут эт, муос лэппиэскэ уктан, туоһапкатын кириэстии сүгэн баран элэс гынан хаалла. Арамааным турар кыаҕа суох, “ойоҕоһум уоттуу салыыр” дии-дии сытар, тугу да аһаабат. Соҕотох киһиэхэ дьэ элбэх үлэҕэ хааллым. Киһим барбытын сарсыныгар бөртөлүөт тиийэн кэллэ. Үөрэн өлө сыстым. Ол эрээри, бөртөлүөтүнэн Мархаттан солбуйар үлэһит дьон кэлбэтэх. Ыксал бөҕөнөн киһибин өйөөн бөртөлүөккэ киллэрэн биэрдим. Бу айылаах үлэҕэ, бачча ыраах сиргэ соҕотоҕун хаалан эрэрбиттэн суҥхарбыппар, дьонум: “Чэ-чэ, кэлиэхтэрэ. Хата, Саҥа дьыллааҕы кэһиилэрин аҕалыахтара”, — диэн күлэллэр. Бөртөлүөт көтөн барбытыгар, собус-соҕотоҕун хаалан баран биирдэ курус гына түстүм. Эмиэ да киһим этэҥҥэ барбытыттан үөрэ саныыбын. Ол курдук, ыкса хараҥаҕа диэри үлэлээтим. Саатар, тымныыта бэрт. Киэһэ соҕотоҕун аһаан дуомнуу олорон, дьэ, били, бүгүһүн булчут кэпсээбит дьахтарын саныы түстүм! Ону кытта, уолуйан, чэй иһэ олорбут куруускабын кытта мүччү тута сыстым. Уҥуоҕум хамсыар диэри куттанным. Били сибиэн дьахтар киирэр-тахсар үгэҕин ааныттан хараҕым арахпат. Бу олорорбун туораттан ким эмэ көрбүтэ буоллар, “бу туох айылаах буолбут киһитэ олороруй?” диэн соһуйуо эбитэ буолуо. Абааһыны көрүөхтээҕэр буолуох, былыр үйэ охсуһан бүтэн хотторбут киһи курдук бодолоох буолуохтаахпын.
Адьас, туох эрэ ойоҕоһуттан имнэммитин курдук ис-испиттэн тииһигирэн куттаммытым. Өй булан, нэһиилэ салбыҥнаан оһоҕум холумтаныгар тиийэн, туох баар билэр Айыыларбын, Таҥараларбын барыларын ааттаан туран, ол-бу куһаҕан сибиэни чугаһатымаҥ, эрэйдээх эмээхсин уолун аһын-харыһый диэн аал уоппун аһата-аһата дэлби ааттастым-көрдөстүм. Куттаҕас соҕус эрээри дьон баарыгар киһиргээн, үлүбүөй тылга тииспиппин кэмсиммитим иһин, билигин туох кэлиэй! Быһыы-майгы маннык эргийэн тахсыан ким билбитэ баарай? Утуйарбар били аан таһыттан тэйиччи, атын ороҥҥо көһөн утуйаары гынан баран, дьиэм-уотум иччитэ “миигин эрэммэккэ көһө сылдьаҕын дуо?” диэ дии санаан тохтоотум. Ити курдук дьик-дьах бастакы түүммүн этэҥҥэ хонон турдум, утуйдум дуу, суох дуу... Дьэ, ити курдук үлэлии сырыттым. Дойдубуттан дьон кэлэрин испэр сэмээр кэтиибин да, кэлбэттэрин бүк сэрэйэбин. Бу Саҥа дьыл бырааһынньыга буола турдаҕына дьоннорун, дэриэбинэни быраҕан тоҕо манна кэлиэхтэрэй? Ол тухары, куттанарым ааспат. Биир киэһэ көлүнэр оҕуспун түүн доҕор оҥостоору дьиэбэр киллэрэ сатаатым да, букатын киирбэт. Төбөтүн быктара-быктара төттөрү түһэр. Хата, ааммын өр аһан дьиэбин дэлби тымныттым. Аны туран, оһоҕум уотун күүгүнэччи оттубаппын. Били дьахтар “үчүгэй да уоту оттубуккун” диэн иттэ киирэриттэн куттанабын. Онон имик-симик уоттаах балаҕаным олус тымныы. Абааһы дьахтарын саныырым быыһыгар, санаам эрэ — сүөһүлэрбэр. “Бу икки сүүсчэкэ сүөһү тухары биир эмэ дьоллоох сүөһү баар ини. Ол дьоло тартаҕына, миигин туох да моһуоктуо суохтаах” диэн бэйэбин бөҕөхсүтэ сатыыбын. Мин моһуогурдум да, сүөһүлэрим эрэйдээхтэр эмиэ иэдэйэллэр. Инньэ гынан, олус харыстанабын, от тиэйэ сылдьан сыарҕаттан охтон илиибин-атахпын эчэтиэм, мас мастыырбар атахпын охсунуом диэн сэрэнэбин. Таһырдьаттан дьиэбэр киирэрбэр ааммар кэлэн тохтоон тэбэммитэ, сахсыммыта буолабын, көхсүбүн этитэбин. “Мин суох кэммэр дьиэм иһигэр “ким эрэ” хаһаайынныы сылдьар буоллаҕына, кэлбиппин билэн оннун буллун, састын, көстүбэтин” диэн. Ол былаһын тухары Киэҥ Таҥараны ааттыырбын тохтоппоппун. Арамааным барбыта алта хоммутун кэннэ, сэттис түүммэр, ол тохсунньу 6-с күнэ үүнэр сарсыардата, ыраах тыраахтар тыаһа куугунуурун иһиттим. Туран уоппун оттон таһырдьа тахсан иһиллээбитим, чахчы, тыраахтар иһэр эбит. Мин үөрүүбүттэн, арааһа, ытаабытым быһыылааҕа. Өр буолбата, ДТ-75 барахсан бу лаһыгыраан кэлэн дьиэм таһыгар хорос гынна. Таһырдьаттан тырахтарыыс Куурай: “Хайа, доҕор, тыыннааххын дуо, оһоҕуҥ буруолуурун көрөн, хата, мин үөрдүм”, — диэбитинэн киирэн кэллэ. Кинини кытта Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарын дьаара ситэ сайҕана илик үс киһи киирдилэр. Бэйэм дьоммуттан Чочо Уйбаана баар. Дьэ, ити курдук биир Саҥа дьылы Киэҥ Таҥарам араҥаччылаан сылдьан көрсүбүттээҕим. Хата, онно да, кэлин да туох да биллибэтэҕэ. Дьиҥинэн, соҕотоҕун олордохпуна туох эрэ харахпар көстүбэккэ эрэ имнэнэн дэлби куттаабыта, үөрэппитэ быһыылааҕа. Онтон бэттэх үлүбүөй киһиргээн ону-маны тылласпат буолбутум. Эдэр дьоҥҥо эмиэ оннугу сүбэлиэм этэ. Христофор Илистянов, Ньурба, Марха.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан