Кэпсээ
Войти Регистрация

Сабылла уонна Умсаннаах ыалларын эстиилэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Сабылла уонна Умсаннаах ыалларын эстиилэрэ

K
12.03.2021 17:41
Былыр бу дойдуга буоспаны аатынан ааттаабакка, көннөрү үрдүттэн “Ыарыы” эбэтэр “Улахан ыарыы” диэн харыстаан ааттыыллара. “Буоспа ыарыы – улахан иччилээх ыарыы, кини буулаатаҕына киһи ордубат” диэн сүрдээҕин куттаналлар, иччиргииллэр эбит. Бэл, буоспа баар сураҕын иһиттэхтэринэ, кэлии-барыы, ыраах айаннааһын тохтуура үһү. Былыргы улахан буоспа саҕана, Сабылла диэн сиргэ уон биир ыал ураһанан олорбуттар. Умсаннаах ыаллара Чоломо Сэмэн диэн аҥаар харахтаах, хомуһуннаах ойууннаахтара үһү. Ол кэмҥэ атын, ыраах нэһилиэктэргэ ыарыы турбут сураҕа иһиллибит. Ол иһин ыкса ыаллара, чугас доҕотторо, аар кырдьаҕастара ойууннарыттан, Чоломо Сэмэнтэн, көрүүлэнэригэр көрдөспүттэр. Ойууннара көрүү көрбүт уонна ыарыы аны үс хонугунан кинилэргэ тиийэн кэлэрин кэпсээбит. Онуоха дьоно-сэргэтэ: “Ыарыыны манна аҕалыма, атын сиргэ кыйдаа”, — диэн көрдөспүттэр. Чоломо көрдөһүүнү ылынан кыырбыт. Кыыран бүтэн баран: —Таркаайы икки Умсаннаах икки ардынан оннук ааттаах тумулга быһыт быстым. Өскөтүн ол быһыкка ыарыы оҕуһа кэлэн иҥнибэтэҕинэ, алдьархай буолуоҕа, өлүү-сүтүү үксүөҕэ, — диэбит. Ол гынан баран, сэрэххэ диэн, ойууннара ыалларга тиит маһынан атырдьах бөҕөтүн оҥорторбут. Ол атырдьахтарын уһугун уонна чобойун төбөтүн уокка хоруоттаран бөҕөргөппүттэр. Үс хонон баран, ойууннара сарсыарда бэрт эрдэ туран этэр: —Ыарыы быһыппыттан иҥнибэтэ быһыылаах, бэрт куһаҕан түүлү түһээтим, өскөтүн ыарыы оҕуһа иҥнибэтэх буоллаҕына, билигин күн тахсыыта аҕай иннинэ манна кэлиэҕэ. Ыарыы оҕуһа эбириэн өҥнөөх буолуоҕа, оттон мин оҕуһум төбөтүгэр туоһахталаах хара оҕус буолуоҕа. Ону бэлиэтии көрөөрүҥ. Хайаатар да атыыр оҕус буолан харсар күммүт буолла быһыылаах. Мин билигин таһырдьа тахсан кэтэһиэҕим. Тыас-уус суох буоллаҕына, таһырдьа тахсаайаҕыт. Өскөтүн оҕустар харсар тыастара иһилиннэҕинэ, ити уһугун хоруордубут атырдьаххытын илдьэ таһырдьа тахсаарыҥ. Эппитим курдук, ыарыы оҕуһа эбириэн өҥнөөх буолуоҕа. Ону бэлиэтээн көрө сылдьан, бука диэн, атырдьаххыт уһугунан хонноҕун, быттыгын туһунан суптурута түһээриҥ. Хайдах эмэ гынан туора ойуттаххытына, мин бэйэм дьүүллүөм. Оччоҕо ыарыыны кыайыахпыт, өлүүнү-сүтүүнү аччатыахпыт. Бука диэн умнаайаҕыт, тыас-уус буолла да тахса охсооруҥ. Ол кэннэ ойууннара саҕынньаҕын кэтэн, үтүлүктээх бэргэһэтин ылан таһырдьа тахсыбыт. Ыаллара таһырдьа тахсыбакка иһиллээн олорбуттар. Чочумча буолаат, тыас-уус бөҕө буолбут: икки оҕус харсан атахтарынан буору көҥүтэ тэбэр тыастара, муос муоска охсуллан өрө чаҕыллар лап-лаһырҕас тыаһа тигинии түспүт. Ураһаҕа олорооччулар, уолуйа куттанан, үүтү-хайаҕаһы бары бүөлээбиттэр, ааннарын дуомун олуммуттар. Ити курдук, оҕустар харсыһар тыастара икки чаас холобурдаах иһиллибит. Онтон соҕотохто уу-чуумпу буолан хаалбыт. Утаакы буолбатах, ойууннара хаан-билик буолан байааттаҥныы-байааттаҥныы киирэн кэлбит уонна: —Дьэ, бырааттарым, аймахтарым, тахсан көмөлөспөккө ыарыыга сиэттигит. Имниин эстэр, тобоҕолонор дьон буоллубут. Ыл эрэ, эмээхсин, суол ааныгар сиргэ оннубун оҥор. Бэйэҥ хаҥас диэки сытарга тэрин. Аны кэлэн кимнээх буолан киммит кэлэн өрүһүйүө буоллаҕай! Буорга да булкуллубакка бу курдук өлбүтүнэн хааларбыт кэллэҕэ, — диэн баран Чоломо Сэмэн оронуттан турбакка эрэ өлбүт. Ити ыарыыга Умсаннаах уонна Сабылла
ыаллара имири эстибиттэрэ үһү. Николай Степанов “Ньырбакаан удьуордара” кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан