Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыыс кэрэ киһи

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыыс кэрэ киһи

K
12.03.2021 17:32
Мин бэйэм сайылыкка улааппыт оҕобун. Саас буолла да, үс ыал кыттыһан тапталлаах сайылыкпытыгар тахсарбыт. Онно уоппут диисэлинэн кэлэр этэ. Онон дьоммут уоту үүт арааралларыгар уонна биирдэ эмэ бырааһынньыкка эрэ холбууллара. Ол иһин күн киэһэрдэ даҕаны сайылык оҕолоро (бэйэбит да бэһиэ эрэ этибит) доҕорбут Куочук дьоно аах күөстэнэр балаҕаннарыгар мустарбыт. Куочук эбэтэ онно киэһэ аайы симии оһох иннигэр олорон алаадьылыыр буолара. Кини мээнэ алаадьылаабат – алаадьыта кэпсээн уонна биһиги көрдөһүүбүтүнэн, түбэлтэ "аргыстаах” буолара. Дьэ, биир оннук сайыҥҥы киэһэ Ылдьаана биһиэхэ манныгы кэпсээбитэ. "Биһиги, "Кыһыл үүнүү” холкуос дьоно, ол сыл улахан сүтүктэммиппит, – диэн доҕорум эбэтэ кэпсээнин саҕалаабыта. – Ити сэрии эрэ кэннинээҕи сыл этэ. Оччолорго биһиги ортобутугар улахан үөрэхтээх да киһи диэн суоҕа. Бары ортону эрэ үрдүнэн ааҕарбыт уонна илии эрэ баттыырбыт. Оттон оҕобут, Дьаакыппыт, ханна эрэ соҕуруу дуу, ханна дуу баран үөрэнэн, үөрэхтээх киһи буолан кээлтэ. Кини урут да сүрдээх элэккэй, эйэҕэс майгылаах буолара. Кыра нэһилиэкпит үгүс ыалыгар адьас дьиэтин курдук сылдьара. Ол курдук кинини бары таптыыллара, бэйэлэрин оҕолорун курдук саныыллара, уопсайынан, кини кыыс кэрэ киһи этэ. Оттон үөрэхтэнэн кэлбитин кэннэ тапталлара өссө күүһүрбүтэ: "Аны бэйэлээтэр-бэйэбит оҕобут үөрэхтэнэн кэлэн төрөөбүт нэһилиэгин салайыа буоллаҕа дии”, – диэн үөрэллэрэ. Мин эмиэ олус үөрбүппүн өйдүүбүн. Кырдьык, кини кэлэн үлэлээн барыаҕыттан сэрии сылларыгар улаханнык эмсэҕэлээбит, бэйэтэ да быыкаа нэһилиэкпит сыыһа, арыый да сэргэхсийэн, аны саҥалыы тыыннанан барбыта. Дьаакыбы бука бары "оҕобутуттан” атыннык ааттаабат буолбуппут. Кистии сэмээр хайа кыыһы дьоллуур диэн таайарбыт. Оннук үтүө сүрэхтээх, аһыныгас уонна саамай сүрүнэ сүрэхтээх этэ. Үөрүүбүт уһаабатаҕа. Үөрэнэн кэлбитин кэннэ сыла да туола илигинэ, саас иккиэ буолан оһолго түбэспиттэрэ. Анараа уол тыыннаах хаалбыта, оттон Дьаакып уһаабатаҕа. Аҕыйах хонон баран бараахтаабыта. Саатар, саас буолан, суол-иис алдьанан улуус кииниттэн быраас да кыайан кэлбэтэҕэ. Ол биһиги биэлсэрбит диэхтээн. Барахсан, тугу кыайарынан күнүстэри-түүннэри хараҕын уутун туора сотто-сотто көмөлөһөн көрөөхтөөбүтэ да... Кини барбыта. Дьаакыбы нэһилиэк барыта аһыйбыта. Таһаарбыттарын кэннэ нэһилиэк иһигэр үс күн устата хайдах эрэ ыар баҕайы "тыын” турбута. Бэл, тыал да суоҕа. Айылҕа кытта санньыйбыта. Дьаакыппыт суох буолтун кэннэ бэрт дьикти түбэлтэлэр буолан барбыттара. Ким эрэ хонтуора иһигэр "оҕобут” атаҕын тыаһын истэр, ким эрэ барыгылдьыйан ааспыт күлүгү көрбүт, ким эрэ кини саҥатын истибит уонна да атын элбэх. Итини үгүс киһи истибит да, көрбүт да этэ. Мин бэйэм эмиэ илэ харахпынан көрөн турардаахпын. Ону ааһан өссө саҥатын истибитим. Саас буолан, хотоҥҥо сотору-сотору сүөһү төрүүрэ. Биһиги чугаһаабыт ынах баар буоллаҕына, солбуйса сылдьан кэтиирбит. Түүн хаста эмэ киирэн ынахпытын көрөбүт, оттон үчүгэй эбэтэр төрөөбүт буоллаҕына, көрөн-истэн баран, ыанньыксыттар дьиэлэригэр тахсан чэй иһэрбит. Арай, бииргэ үлэлиир
дьүөгэбин Дуунньаны кытта ынахтарбытын көрөн баран дьиэбитигэр киирдибит. Дьиэ иһэ хараҥа этэ. Арай, таһырдьа хотоҥҥо кэтэр саппыкыбытын устан баран ааммытын аспыппыт, түннүк сырдыгар эдэр киһи күлүгэ турар эбит. Биһиги бастаан утаа "хайалара эрэ кэллэҕэ” дии санаатыбыт. Онтон били күлүк биһиги диэки эргиллибитигэр өйдөөн көрбүппүт, сирэйэ-хараҕа төһө да чуолкайдык көстүбэтэр, Дьаакып курдук моһуоннааҕа. Ах бардыбыт. Онтон Дьаакыппыт: "Оо, Ылдьааналаах Дуунньа кэллилэр”, – диэт, эмискэ салгыҥҥа суураллан хаалла. Ол түүн биһиги тугу да кэпсэппэтэхпит. Кэлин да дьүөгэм тугу эмэ кэпсии-ипсии сылдьарын истибэтэҕим. Уопсайынан, мин санаабар, өскөтүн киһи өллөҕүнэ-сүттэҕинэ, наһаа улаханнык айманан, ытаан-соҥоон атаардахха, кини кута Орто дойдуттан барбакка, сору-муҥу көрө сылдьар быһыылаах. Кэлин хайдах эрэ инньэ дии санаабытым. Оттон Дьаакып кута ити курдук сылы быһа көстүбүт этэ. Кэлин дьон ыксаан, уот оттон аһатан, көрдөһөн-ааттаһан атаарбыт сурахтаахтара. Мин бэйэм ону көрбөтөҕүм”. Дьэ, ити курдук доҕорум Куочук эбэтэ олоҕор түбэспит биир түбэлтэтин кэпсээн турардаах. Онтон бэттэх номнуо отучча сыл ааста. Ылдьаана билигин суох. Куочук – бэйэтэ ыал эһэтэ. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан