Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос кэпсээннэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос кэпсээннэрэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.02.2021 13:00
Таҥха киэhэ Бу түбэлтэ Таҥха саҕана этэ. Биһиги, оскуолабытын саҥа бүтэрбит дьон, Таҥха саҕана көрсөн бүлүүhэ сүүрдүбүтэ буоллубут. Икки күн муhуннубут быhыылааҕа. Мин дьиэбэр ону-маны гынан баран, түүн уон иккини ааһыыта бардым. Туох куттала кэлиэй, дэриэбинэҕэ барыларын билэбин – бэйэ дьоно. Тиийиэхтээх сирбэр Бааһына диэн сиринэн барыахтаахпын. Бааhынаҕа аны сылгы хааччаҕа, урукку пиэрмэ эҥин бааллар. Онно улахан суолунан баран иhэн ыллыгынан туоруугун. Ол түүн таһырдьа ыйдаҥалаах буолан, бары-барыта күнүскү курдук чуолкайдык көстөр. Баран иhэн арай туоруур ыллыкпын булбатым. “Хайдах-хайдах баҕайыный?” диэн буолла. Ол эрээри онтон улаханнык санаарҕаабакка улахан суолунан барарга быһаарынным. Арай улахан суолга туораан, кумуччу соҕус туттан инним диэки дьүккүйэн иһэн көрбүтүм, утары сыарҕалаах аттаах дьон иhэллэр, иннилэригэр-кэннилэригэр кэлэр-барар ыттаахтар. “Сылгыhыттар быhыылаах. Аны туран, бачча хойут суос-соҕотоҕун тугу гына сылдьар кыыһый?” – дии саныахтара диэн, испэр хайдах эрэ кыбыста санаатым эрээри, хаампыппын кубулуппатым. Дьикти, туохтан эрэ ытырыктаттым. Эмиэ да тохтоон төттөрү дьиэм диэки барыахпын санаталаан баран, кыраттан туттуннум. Арааһа, ол өссө сүөргүтүк көстүө эбитэ буолуо. Кыhыҥҥы түүн аны саҥа-иҥэ, тыас-уус дуорааннанан улахан баҕайытык иhиллэр үгэстээх эрээри, бу утары иhээччилэрим адьас туох да тыаhы-ууһу таhаарбаттар. Миигин көрөн ыттара да үрбэтэ. Куттаммыт санаабар, кэлэн да быстыбатылар, чугаhаабатылар даҕаны. Бу дьулаан көстүүттэн эмискэ көхсүм ороҕоһунан тымныы сүүрээн “дьар” гынан ааста, куйахам күүрдэ. Илиим-атаҕым бааллан, суол хабыллар хаба ортотугар турунан кэбистим. Ол турдахпына үөһэ сыыр үрдүгэр дьон кэпсэтэр, күлэр-салар саҥата иhилиннэ. Мин быыһанар суол көстүбүтүгэр үөһэ диэки хантас гыммытым, эмиэ Бааһынаҕа баран иhэр оҕолор эбит. Үөрэ, чэпчии санаатым. Онтон аттаахтарым диэки хайыспытым, мэлис гынан хаалбыттар, хаһан да көстөн ааспатахтарын курдук. Хайыахпыный, төһө да салла санаатарбын, оҕолору кытта аргыстаhан салгыы айаннаатаҕым дии. Бу быһылаан туһунан дьоммор тиийэн кэпсээбитим. Ол кэннэ өр олорбокко куттанан дьиэбитигэр тарҕаспыппыт. Дьэргэлгэн Аҕыйах сыллааҕыта кыһын үлэбинэн сорукка (командировкаҕа) бара сылдьыбыттааҕым. Сылдьыахтаах нэһилиэктэрбит бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах-ыраах сыталлар, сатахха, суол-иис быстар мөлтөх. Ол курдук түүннэри иҥнэл-таҥнал айаннаан баран, сарсыарда утуйар-утуйбат икки ардынан олорон кырыарбыт түннүгүнэн таһырдьаны одуулуубун. Арай көрбүтүм, туораан иһэр күөлбүт үрдүгэр уу бөҕө халыйан сытар эбит, биһиги туох да буолбатаҕын курдук, ол үрдүнэн айаннаан эрэр эбиппит. Соһуйдум да, дьиктиргээтим да. Эмиэ туохтан эрэ куттаныах санаам кэллэ. Уһуктан хаалан суоппарбыттан куолас быһаҕаһынан ыйытабын: “Бу туох уута тахсыбытый?” — диэн. Киһим мин диэки соһуйбуттуу көрдө, онтон күлэн кэбиһэн баран эттэ: “Бу күөлгэ кэмиттэн кэмигэр дьэргэлгэн көстөөччү”, — диэн. Бу күөлгэ киһи хараҕын баайар ол бу араас барыта көстөр үһү. Ол күөл Абый Сыаганнааҕар баран истэххэ баар. Арааһа, Бэрдьигэстээх дуу, Дьахтар Күөлэ дуу диэн быһыылаах этэ. Онон айылҕаҕа ити курдук дьикти көстүү эмиэ баар
буолар эбит. Көмүскэнэр Мин ханнык баҕарар өтөх иччилээх буоларын итэҕэйэбин, ону ааһан, өссө көрөн турардаахпын. Биир күһүн, от-мас хагдарыйбытын кэннэ, дэриэбинэттэн түөрт көстөн ордук тэйиччи сытар сиргэ – Үүстээх үрэҕэр — бултуу-алтыы, балыктыы диэн аҕабын уонна аҕам чугас доҕорун кытта таҕыстыбыт. Сирбит ыраах уонна дьаҕа баһа дойду буолан, атынан сылдьабыт. Күн-дьыл туран биэрэн олус үчүгэйэ. Били, дьон ааттыыр “эмээхситтэр быттанар” күннэрэ турара. Күн аҥаара буолан, оруобуна Саппырыал Өтөҕө диэн сир кэлбитигэр, онно аараан чэйдииргэ сананныбыт. Бу сир туһунан дьон-сэргэ ортотугар араас сурах-садьык, үһүйээн элбэх. Арай чэйдээн бүтэн, табахтыы олорон аҕам доҕоро (тугун үөнэ эбитэ буолла): “Оо, бу өтөх ото уһаабыта тугун бэрдэй!” – диэн баран, испиискэ уматан уот анньан кэбистэ. Кыым эрэ түһэрин кэтэһэ сыппыт сэтиэнэх от биирдэ өрө күүдэпчилэнэ түстэ. Уот тоҕо салаан өтөх диэки дьулуста. Биһиги туох диэхпитин билбэккэ уолуйан хааллыбыт. Оттон аҕам табаарыһа табахтаабытын кубулуппакка олорон тииһин быыһынан сыыйан: “Бу өтөх бэйэтин көмүскэнэр дииллэрэ. Көрүллүө”, — диэтэ. Уоппут өтөххө адьас бу тиийэн кэллэ. Арай уот адьас бу кэлбитигэр балаҕаммыт аана аһыллан кэллэ да, балаҕан аһаҕас аанынан күүстээх да күүстээх салгын умайа турар уоту саба үрэн кэбистэ. Биһиги улахан баҕайытык “бууфф!” эрэ диирин истэн хааллыбыт. Ити кэннэ дьэ “бабат-татат” дэһээт, хомунуу буолла. Ким да тугу да саҥарбат. Үһүөн бу сиртэн тэскилии эрэ охсубут киһи диэн санаалаахпыт. Өр буолбакка хомунан тыас биллэрдибит. Айаннаан иһэн аҕам доҕоро “хайдах эрэ буоллум, өлөн эрэбин быһыылаах” диир. Кырдьык, көрбүппүт, киһибит кып-кыһыл буолбут, сирэйэ-хараҕа дэлби иһэн хаалбыт, барар-кэлэр сирин быһаарбат буолуор диэри куттаммыт. Дьэ, киһибит ити курдук дьиибэтик ыалдьыбыта. Быраастар араастаан эмтии сатаабыттара да, кыайан көмөлөспөтөхтөрө. Сыл кэриҥэ буолан баран бараахтаабыта. “Оҕолоор, кэлииҥ-кэлиҥ” Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биирдэ сааһыары сайын Ирка диэн дьүөгэбин кытта ынахтара сүппүтүн көрдүү Дьарҕаалаах диэн сиргэ бардыбыт. Онно баран истэххэ, Ырыа Тоҕойо диэн сир баар. Арай ол сыһыыны туораан истэхпитинэ муннубутугар туох эрэ сытыйбыт ыарахан сыта саба биэрдэ. Мэктиэтигэр, сүрэхпит өлөхсүйдэ, аҕынньыбыт төлүннэ. Биһиги сыһыыбытын ол амырыын сыттан муннубутун-айахпытын саба туттан, хаамар-сүүрэр былаастаах нэһиилэ туораатыбыт. Дьарҕаалаахпытыгар тиийэн, билигин өйдүүрбүнэн, наһаа уһаабатахпыт. Таах, аатыгар эрэ онон-манан көрүтэлээн баран: “Ынахпыт көстүбэт эбит”, — диэн баран төнүннүбүт. Төннөрбүтүгэр Ырыа Тоҕойун хайдах да сатаан тумнубаппыт. Били сирбитигэр чугаһаан баран, эрдэттэн оҥостон, муннубутугар былааппытын саба туттубуппут да, арай туох да сыт-сымар кэлбэт. Биһиэхэ ол эгэ эрэ буоллаҕа дии. Арай сыһыыны туораан иһэн куула диэки көрбүтүм, киһи күлүгэр майгынныыр, көҕөрүмтүйэн көстөр туох эрэ барыаран турар эбит. Кыҥастаһа сатаан баран, хараҕым мөлтөҕүттэн тугу да быһаарбакка улахаҥҥа уурбатым. Онтон балачча барбахтаһа түһэн баран кыыһым эттэ: “Доҕоор, иһит эрэ, –
диир. – Наһаа истигэммин диэн киһиргээччигин дии. Дьахтар хаһыытыыр”, — диэн миигин куттаата. Мин төһө да эт кулгаахпынан ол хаһыыны истибэтэрбин, этим салаһыар диэри куттанным. Ол кэмҥэ кыыһым иннин диэки ыстанан кэбистэ, мин кэнниттэн түһүннүм. Дьиэбитигэр хайдах тиийбиппит буолла, өйдөөбөппүн. Бу барыта күрүлүүр күнүс буолбута. Киэһэ ону Ирка ийэтигэр кэпсээбиппит. Онно кини: “Биһиги сопхуоска үлэлии сырыттахпытына, Ырыа Тоҕойугар хантан эрэ пиэрмэ дьиэтин көһөрөн аҕалан туппуттара. Ол дьиэ оччоттон куһаҕан салгыннаах аатырар. Баҕар, кырдьык, баардааҕын да биллэрбитэ буолуо”, — диэн кэпсээбитэ. Оттон биһиги ол туһунан эрдэ тугу даҕаны истибэтэхпит, истибит да буоллахпытына аахайбатах эбиппит. Кэлэн, уоскуйан баран, Ирка кэпсээбитинэн, били, кини көрбүт дьахтара дуу, эмээхсинэ дуу: “Оҕолоор, кэлииҥ-кэлиҥ!” – диэн ыҥырар үһү. Ити курдук, киһи олоҕор арааска да түбэһэр ээ. Бэйэм олохпуттан кэпсээн Мин ПТУ-га үөрэнэр сылларбар уопсайга олорбутум. Уопсайбыт үөрэнэр дьиэбитин кытта бииргэ турар: аллараа этээскэ үөрэнэбит, оттон дьиэбит иккис этээһигэр олоробут. Төһө да уопсайга олордорбун, өрөбүллэрбэр дьоммор, табаарыстарбар тахсан хонооччубун. Биир доҕорум куоракка улахан уопсай дьиэҕэ балтын уонна убайын кытта олороро. Балта мин курдук эмиэ устудьуон этэ, оттон убайа — номнуо үлэһит, улахан киһи. Арай биир күн куоракка доҕоттор буолан көрсүһэн, онно-манна сылдьан күүлэйдээн баран, түүн дьиэбитигэр кэлэн утуйа сыттыбыт. Дьиэлэрэ сүрдээх киэҥ — биэс хостоох. Ол эрээри утуйар хосторо кыараҕас. Ол күн биһигини кытта өссө биир доҕорбут кэлэн хонсубута. Утуйарбытыгар биһиги, уолаттар, саалаҕа онно-манна муостаҕа сыппыппыт. Кыыспыт, доҕорум балта – хоско. Аны туран, ол хоско сааланан киирэҕин. Дьиэҕэ киирэн, миэстэбин булан сытан баран, хайдах эрэ сатаан утуйан биэрбэтим, биир кэм эргичиҥнээ да эргичиҥнээ буоллум. Урут бу дьиэҕэ төһө да элбэхтэ хоннорбун, дьик-дьах буолан тыаһы барытын иһиллии сыттым. Оттон уолаттарым муннуларын тыаһа – муораҕа, утуйуу кытаанаҕа. Сарсыардааҥҥа диэри сытан баран, дьэ уум кэлэн, саҥардыы утуйан иһэн ким эрэ хаамар тыаһыттан уһуктан кэллим. Эмиэ да, “доҕорум балта үөрэҕэр бараары туран хаама сырыттаҕа дуу” диэн, улахаҥҥа уурбатым. Онтон арай кини утуйар хоһун диэки эргиллэн көрбүтүм, хоһо уота суох турар. Ол икки ардыгар хараҕым кырыытынан көрөбүтүм, таһырдьа тахсар аан диэкиттэн чэпчэтинэр хос диэки ким эрэ күлүкүчүс гынан ааста. Түргэнэ бэрдиттэн ситэн көрбөккө да хааллым. Били күлүгүм онно тиийэн тугу эрэ хачыгырата түһэн баран, тахсан саала боруогар турунан кэбистэ. Кимин билээри, уоран кыҥастаһа сатыыбын да, хос иһэ борук-сорук буолан аанньа көстүбэт. Арай ыһылла сылдьар уһун суһуоҕуттан уонна кэтэ сылдьар халаатыттан кыыс буоларын биллим. Тугу да саҥарбат. Мин да абааһы илэ сылдьара буолуо диэн өйбөр оҕустаран көрбөппүн. Арай ол сыттахпына муннубар туох эрэ куһаҕан сытыйбыт сыт саба биэрдэ, ону кытта этим сааһа аһыллан, куттанан
киирэн бардым. Тугу гыныахпын билбэккэ суорҕаммын төбөбөр саба тардынан баран туох да саҥата суох, адьас тыыммакка да кирийэн сыттым. Салгыы ол баҕайым турбут сириттэн дьэ хамсаан, доҕорум балта утуйа сытар хоһугар тиийэн аан тутааҕын харбаан истэҕинэ, чаһы тыаһаан лыҥкынаата, ону кытта били дьахтар сүтэн-симэлийэн хаалла. Оттон мин буоллаҕына будьуунньук тыаһыттан соһуйан, хаһыытаабытынан ходьох гына олоро биэрдим. Будьуунньук тыаһыттан уонна мин хаһыыбыттан бары уһугуннулар. Туох буолан хаһыытаабыппын туоһулаһан бардылар. Онно испиттэн саҥам да кыайан тахсыбатаҕа. Ол онон ааспыта. Кэлин, эмиэ өрөбүллэрбэр куоракка тахса сылдьан доҕорум аахха тиийбитим. Били ааспыт сырыыга тугу көрбүппүн ыйыппыттарыгар хайдах баарынан кэпсээбитим. Дьонум, бастаан утаа хайдах эрэ итэҕэйбэтэхтэрэ эрээри, сотору буолан баран олорор уопсайдарын туһунан дьонтон ыйыталаһан-сураһан истибиттэрэ, бу дьиэҕэ (кинилэр кыбартыыраларыгар буолбатах эрээри) хас да сыллааҕыта кыыс ыйанан өлбүт үһү. Дьоно оҕолоро куһаҕан буолбутун кэннэ дьиэлэрин атыылаан атын сиргэ көспүттэр. Онтон ыла кыыс олохтоохторго дэҥ кэриэтэ көстөн ааһар идэлээх эбит. Барахсан, туох эрэ хом санаалаах буолан бараахтаабакка сырыттаҕа уонна бэйэтэ бу олохтон куһаҕаннык араҕыстаҕа. Истибитин-билбитин Алтан Кырыылаах сэһэргээтэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан