Кэпсээ
Войти Регистрация

«Бааллар эбит» дии саныыбын

Главная / Кэпсээн арааһа / «Бааллар эбит» дии саныыбын

K
12.02.2021 13:24
Атын омуктарга хайдаҕын билбэппин, оттон саха дьоно бу Орто дойдуга бары ийэ айылҕабыт хараҕын далыгар, бэйэбит үҥэр-сүгүрүйэр күүстэрбит, айыыларбыт-иччилэрбит илиилэрин иһигэр сылдьар дьоммут дии саныыбын уонна ону бүк итэҕэйэбин. Ону туоһулуон сөп икки түбэлтэни кэпсиим. Бастакы түбэлтэ 90-с сыллар бүтүүлэригэр Дьокуускай куоракка ыраах улуустан ойохпун, икки оҕобун илдьэ көһөн кэлбитим. Үлэ-хамнас, дьиэ-уот суоҕа сүрдээх кэм этэ. Куортамнаан олорбуппут. Мин араас быстах үлэлэргэ сылдьабын, кэргэним оҕо көрөн олорор. Ол курдук инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан кыстаатыбыт. Саас буолла. Урут дойдубар киһини билэр буолуохпуттан саас аайы кустуу үөрэммит киһи, тыыным-быарым ыгыллан тулуйар кыахпыттан аастым. Төһө да килиэп ылар харчыбыт кытта суокка-учуокка сылдьыбытын иһин, биир олохтоох киһини кытта кэпсэтэн баран, Горнайга кустаһа барсыах буоллум. Ол саҕана өрөбүлэ суох үлэҕэ сылдьарым, ол иһин үлэ чааһа бүтүүтэ айаннаан баран, сарсыарда эрдэ төннөн кэлиэхтээхпин. Оччолорго ханнааҕы массыынам эҥин кэлээхтиэй, барытын таксинан сылдьабын. Аны туран, ол Горнайым киһитигэр кэһии арыгы таһаарыахтаахпын, ыһык ас, ботуруон атыылаһыахтаахпын. Быһата, нэһиилэ айаҕын ииттэн олорор дьоҥҥо ынырыктаах, киһи кыайбат ороскуота. Ону барытын кэргэним, оҕолорум “айахтарыттан былдьаан” барыахтаахпын. Силигин ситэрэн, куортамнаан олорор дьиэбит олус эргэ буолан, кэргэним онно миигинэ суох куттанан биир да хоммот киһи. Кини сөбүлэҥин ылан барарым бэйэтэ туспа эрэй. Хас да күн инниттэн дэлби ааттаан, “кус бөҕөтө аҕалыам, ону харчытыгар таһаардахха...” диэн алы гына сатаан муҥнанным. 4 саастаах улахан уолбун кытта кумааҕыга “кус диэн маннык”, “аҕалан көрдөрүөҕүм” эҥин дии-дии кумааҕыга куһу-хааһы уруһуйдаан кэргэммэр “психологическай атаака” оҥоробун. Дьэ, ити курдук, барар буолан хааллым... Бэрдьигэстээхтэн “уазигынан” батылла-батылла айаннаан, сороҕун сатыылаан, кустуур күөлбүтүгэр хабыс-хараҥаҕа тиийэн кэллибит. Күөлбүт мууһунан көрө сытар эбит, кыра ырбыылааҕар аҕыйах мончуук устар, дурда туртайан көстөр. Кыттыгастарбын (бары холбоон үһүөбүт) кытта аһыы охсон баран, хайаан да кустаах төннөр кыһалҕалаах киһи, дурдабар таҕыстым. Дьонум аһыы, кэпсэтэ хааллылар... Ити курдук сарсыарда халлаан сырдыар диэри дурдабар соҕотоҕун чолойон олордум. Ол тухары, си алҕаска да, тылбыйар кынаттаах, имириир тыыннаах ирээтэ биллэн ааспата. Уу-чуумпу. Сарсыарда кустаах кэлэрбин күүтүү бөҕөтүн күүтэн олорор кэргэммэр, уолбар туга да суох, икки нэдиэлэ аһыыр харчыбытын барытын матайдаан баран быар куустан киирэрбин саныы-саныы, куһаахан буоллум. Кинилэр мин кэлэрбин күүтэн түүнү быһа харахтарын симпэтэхтэрин бүк сэрэйэбин. Төһө эрэ хомойоохтууллар. Онно олорон хайдах курдук муунтуйбуппун, кыһыйбыппын туора киһи өйдүүрэ саарбах. Бу олорон уоһум ыпсыбакка күөлүм иччититтэн “хаһан да көрдөһөн салгыппатах киһибин, муҥ саатар, саатар, биири эмэ...” диэн көрдөһөбүн, хайдах да кураанах төннөрүм сатамматын итэҕэтэ, ааттыы сатыыбын. Кус көппөтө. Суох – суоруллубат. Сарсыарда биир киһибит манна хаалар буолла, мин аргыспын кытта ууну-хаары кэһэн массыынабыт диэки салбыҥнастыбыт. Олус хомойон, сирэйим-хараҕым сууллан иһэрин көрөн аргыһым: “Булка араас буолар
баҕайыта... Бүгүн — суох, сарсын – баар...” — эҥин диэн алы гына сатыы истэ. Испэр “ол сарсын бултуйбуккут миэхэ тугу туһалыай”, — дии саныыбын. Массыынабыт таһыгар маска улахан тыҥырахтаах көтөр олорорун ыраахтан көрдүбүт. Чугаһаан кэлбиппитигэр, көтөрбүт күөмэйин куллугуратан саҥара-саҥара көтөн барда. Аргыһым биһикки массыынабытыттан үс-түөрт хаамыылаах сиргэ, ала бэлиэтик, атыыр көҕөн төбөтө көҕөрөн сытарын тэбис-тэҥҥэ кэриэтэ көрө биэрдибит... Сырсан тиийдибит. Дьэ, ынырыктаахай соһуйуу-өмүрүү онно буолбута! Атыыр көҕөн бэрийэр бэрдэ, кынатын сараппытынан субу тыыллан сытар эбит. Тутан-хабан, ыараҥнатан көрбүппүт: сып-сылаас сылдьар, ыбыс-ыарахан. Киһим: “Дьэ, ноко, байанайдаах уол эбиккин! Хара тыаҥ иччитэ илэ бэйэтинэн кыырт буолан кубулунан кэлэн талыы куһун тэбэн биэрдэ. Үрэх көҕөнө, бэйэтэ хаас саҕа! Эп-эмис. Тоҕо бэрдэй!” – диэн соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолла. Туох да наһаа үөрбүтэ. Ол иннинэ куһа суох сиргэ аҕалбытыттан бэйэтэ буруйдаах курдук сананан испитэ. Ити курдук бултуйан дьиэбэр үөрүү-көтүү бөҕө буолан тиийбитим. Онуоха эбии, аҕыйах хонон баран били табаарыһым Бэрдьигэстээхтэн хас да куһу ыытан ситэри үөрдүбүтэ. Ол түбэлтэни билигин ким да “алҕаска түбэстэҕэ дии” диэн итэҕэтиэ суоҕа. Тус бэйэм биһигини барыбытын дьаһайан олорор Улуу Күүс бэйэлээх бэйэтин оҕото олус муунтуйан-тууйуллан элэ-была тылын эппитин истэн көмөлөспүтүн адьас сааарбахтаабаппын. Иккис түбэлтэ Киһи бу Орто дойдуга олорорун тухары Иэйэхситэ арыаллыы сылдьар диэн ааттыыллар. Бу түбэлтэ эмиэ саас кустуу сырыттахпына буолбута. Иккиэ буолан ыраах тыаҕа үүтээҥҥэ сытан бултуубут. Кыттыгас уолум биир нэдиэлэни быһа муспут куспутун илдьэ таарыйа ыһык ыла бөһүөлэктээтэ. Киһибин атааран баран, үүтээҥҥэ киирэн утуйан хааллым. Уум быыһынан тыал бөҕө түһэн куугунуур тыаһын истэбин. Бу сытан түһээтэхпинэ, урут оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым (тапсар, доҕордуу сыһыаннаах этибит) баттаҕа бураллыбытынан, хараҕа быччайбытынан үрдүбэр кэлэн түһэр уонна киһи куйахата күүрэринэн: “Тура оҕус! Киэр буол, мантан!” – диэн часкыйан тоҕо барар. Дэлби соһуйан олоро түспүппэр саҥатын дуораана субу кулгаахпар иһиллэн, хаһыырбыт салгына сирэйбэр ил гынан хаалла. “Ити ыккардыгар ханна бара охсон хаалла?” диэн тула мэлээриҥнээтим, бэл, орон аннын кытта өҥөйөн көрдүм. Уум тосту көтөн хаалла. Таһырдьа тахсыбытым, тыал да тыал! Тыа баһа куугунас. Үүтээммит таһыгар турар баараҕай тииттэр, били Неустроев суруйарыныы, “куугунуу-курулуу, иҥиэттэ-иэдэйэ”, куоҕаҥнаһа аҕай тураллар. Табах уматта-уматта туора хааман эрдэхпинэ, арай, биир обургу соҕус тиит сүр хатаннык хаахынаабытынан сууллан курулаата. Төһө да тэйиччи турдарбын, туора сүүрбүппүн бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Сууллан эрэр тиит кэккэлэһэ турар мастарга мутугун сулуйбутунан аллара барчаланан иһэн, төбө өттө үүтээммитигэр иҥнэн, сиргэ тиийбэккэ өттүгэстээн өрө имиллэҥнии түстэ. Мас түспүт омунугар, үүтээммит өрүтэ тэйиэккэлээн ыларга дылы гынна. Таһыттан көрдөххө, үүтээммит туох да буолбата. Тута сүүрэн киирэн өҥөйөн көрбүтүм, биир обургу соҕус мутук эргэ үүтээн эмэҕирбит хаптаһын сарайын, даҥын буорун,
титирик үрүтүн дьөлө түспүт. Ол түмүгэр, үүтээммит үрдүн биир эҥээрэ сиҥнэн хаалбыт. Мүнүүтэ аҥаарын анараа өттүгэр мин утуйа сыппыт оронум үрдүгэр томточчу буор кутуллубут, мас кырадаһыннара саккыраабыттар, ол иһигэр киһи харытын саҕа суон хас да мас тоһоҕо түспүт. Мин түһээн да баттаппакка утуйа сыппытым буоллар, бука, өлөрүн өлүөм суоҕа эбитэ буолуо эрээри, лаппа кэһэйиэхпин сөп этэ. Бу түбэлтэни мин “Иэйэхситим сэрэтэн быыһаабыта” дии саныыбын. Егор Старостин, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан