Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тэттик түбэлтэлэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тэттик түбэлтэлэр
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.02.2021 15:57
Оҕо хараҕынан Кыра оҕо, арааһа, аһаҕас эттээх буолар быһыылаах. Мин биэс дуу, алта дуу саастаахпар, сааһыары биир күн, аҕабын кытта күөгүлүү диэн барыстым. Бука, мин баҕабынан буоллаҕа буолуо. Балыктыыр сирбит Хомурах үрэҕэ дэриэбинэттэн чугас, киһи уҥуоҕун аттыгар сытар. Элбэҕи-үгүһү тугу тэриниэхпитий, күөгүбүтүн ыллыбыт, дьиэбит кэннинээҕи бааһынаны хаһан чиэрбэ хомуйдубут уонна бардыбыт. Өр-өтөр гымматыбыт, дьон уҥуоҕун таһыгар чугаһаан кэллибит. Арай ону ааһыахча буолан иһэн эргиллибитим, биир саҥатык соҕус ампаар аттыгар уһун хара сонноох, киэпкэлээх киһи хаама сылдьар эбит. Мин аҕабыттан “ити ким сылдьарый?” диэн ыйыппыппар киһим хайдах эрэ соһуйбут быһыынан кыратык ходьох гынна. Тохтуу түһэн баран: “Ынах көрдүү сылдьар киһи, ынах. Чэ, кытаат, Хомурахпытыгар чугаһаатыбыт”, — диэн баран, хаамыытын эбэн биэрбитэ. Оҕо киһи ону итэҕэйдэҕим. Кэлин улаатан баран тоҕо эрэ ол түбэлтэни өйдөөн кэлэн аҕабыттан ыйыппыппын: “Онно, кырдьык, эн тугу эрэ көрбүтүҥ быһыылааҕа. Мин тугу да көрбөтөҕүм. Арай өтөрдөөҕүтэ өлбүт Кирилэ Дьөгүөрэби көрөр быһыылаах диэн сэрэйбитим”, — диэн быһаарбыта. Соһумар түбэлтэ Биир күһүн таайым түүн дурдаҕа хонон баран, массыынатынан тахсан испит. Оччолорго түөрт уончалааҕа. Арай Байҕан алааһын сис тыатын суолун ааһан, улахан суол төрдүгэр тахсан иһэн көрбүтэ, биир аҕам саастаах киһи тайахтанан дэриэбинэ диэки хааман иһэр үһү. Ааһа барбатах, тохтоон олордубут. Таайым урут бу оҕонньору ханна эрэ көрбүт үһү даҕаны кимин кыайан билбэтэх. Анарааҥҥыта бэрт дьиктитик үгэ-хоһоон курдук таайтаран, тугу эрэ дьиибэлээн саҥарар оҕонньор буолбут. Уонна туой биһиги нэһилиэктэн икки киһини сураһар үһү. Кимнээхтэрин-туохтаахтарын, ханна олороллорун. Чэ, уопсайынан, оннук курдук айаннаан дэриэбинэҕэ кэлбиттэр. Таайым оҕонньорго ол дьоҥҥор илдьэн биэриим диэбитин буолумматах: “Бачча кэлбит киһи ол дьону баҕас бэйэм да булаа инибин. Миигинэ суох ханна барыахтарай?” — диэн бэрт дьиктитик хардаран баран, дэриэбинэ саҕатыгар түһэн хаалбыт. Cотору буолан баран дэриэбинэҕэ икки киһи соһумардык өлбүтэ: биирдэрэ туох да сылтаҕа суох саанан ытыммыта, биирдэрин сүрэҕэ тохтообут диэн быһаарбыттара. Аны туран, буолаары-буолан, били, оҕонньор таайбыттан сураспыт дьоно. Дьиҥэр, ол биир өлбүт уол убайыттан таайым били оҕонньор туһунан ыйыппытыгар анарааҥҥыта: “Тугун дьиктитэй, Игоры сураспыта диигин дуу? Суох. Биһиэхэ оннук оҕонньор биллэ сылдьыбатаҕа”, — диэбит этэ. Ол аата, таайым дьону илдьэ барбыт абааһыны дуу, илэ дэриэтинньиги дуу илдьэ кэллэҕэ дии. Күһүҥҥү хараҥаҕа Биир дьыл бырааппын кытта дэриэбинэттэн наһаа ырааҕа суох Төҥүргэстээх диэн чоҥолох алаас чүөмпэтигэр кус маныы сыппыппыт. Чүөмпэбит оттоох-хомустаах буолан, күһүҥҥү айан куһа таптаан түһэрэ. Дьэ, биирдэ маннык буолан турар. Биир киэһэ үгэспитинэн иккиэн кус кэтэһэ олордубут. Халлаан борук-сорук буолан, туох да аанньа көстүбэт буолла, хараҥарда. Биһиги хас биирдии тыаһы-ууһу, баҕар, кус буолаарай диэн, барытын иһиллии олоробут. Ол олордохпутуна кэннибитигэр өтөххө эмискэ оҕо күллэ. Биһиги тугу
да саҥарбакка бэйэ-бэйэбитин көрсөн эрэ кэбистибит. Туох да саҥа-иҥэ суох. Онтон оҕобут эмиэ күллэ. Бу сырыыга иэрийэ-иэрийэ. Аны туран, бастаан ыраах курдук этэ эрээри, чугаһаатар-чугаһаан истэ. Онно эрэ дьэ өйдөммүт курдук, биһиги ойон туран таһырдьаны былдьастыбыт. Дьиэбитигэр хайдах тиийбиппитин биир бэйэм өйдөөбөппүн. Куттаммытым оччо. Кырдьык, ханнык кыра оҕо кэлэн, итиччэ киэһэ чоҥкучах алааска оонньообут үһүнүй. Хабарҕатыгар түспүт Бу түбэлтэни миэхэ убайым кэпсээбитэ. Ити быһа барыллаан икки тыһыынча сыллар саҕаланыыларыгар буолбут. Убайым Никиитэ кулууп үлэһитэ – худуруук. Биир күн киниэхэ оскуолаҕа остуорастыыр доҕоро бу түүн солбуй диэн көрдөспүт. Никиитэ соччо баҕарбатар да, доҕоро кинини онно-манна элбэхтэ абыраабыт буолан, сөбүлэспит. Дэриэбинэбит оскуолата эргэ. Инньэ, сэрии кэннэ дуу, хаһан дуу тутуллубут дьиэ. Үгүс нэһилиэккэ билигин да оннук оскуолалар турар буолуохтаахтар. Дьэ, дьуһуурустубаҕа тахсыахтаах чааһа кэлэн, киэһэ тоҕуһу ааһыыта оскуолатыгар барбыт. Тиийбитэ, муоста сууйар кыыс тахсан баран эрэр үһү. Убайым кинини кытта биир-икки тылынан кэпсэтэн баран, киирэн аанын хатаммыт, кылаастары кэрийэн батарыайалары бэрэбиэркэлээбит уонна остуорас утуйар хоһугар киирэн тэлэбиисэр холбоон баран олорбут. Биһиги оскуолабыт уруккуттан “баардааҕынан” аатырара. Онон куттанан, хоһун да, көрүдүөрүн да уотун араарбакка олорбут. Ол олорон утуйан хаалар. Түүн үөһүн саҕана уһуктан кэлбитэ – хабыс-хараҥа. Хоһун уота суох. “Хайдах-хайдаҕый?” диэн дьиктиргиир. Онтон арай дьыбааныттан туруохча буолан иһэн көрбүтэ, уун-утары олоппоско киһи күлүгэ барыйан олорор үһү. “Бэйи эрэ, ааммын хатыырга дылы гыммытым ээ. Хайалара киирэн бачча хараҥаҕа саҥата суох олордоҕой?” — дии саныы-саныы, туран кэлбит. Ол икки ардыгар били киһитэ эмискэ үлүгэр ойон турар да Никиитэ хабарҕатыгар түһэр. Хараҥа хоско булумахтаһыы буолар. Убайым тыын былдьаһан өрүтэ мэҥийбэхтиир. Хабарҕатын хам туппут илиини араара сатыыр да кыайбат. Онтон эмискэ, чыпчылыйыах ыккардыгар хара киһи сүтэн хаалар. Убайым өйдөнөн кэлбитэ, муостаҕа тобуктаан турар эбит. Хоһо хабыс-хараҥа. Сүүрэн тиийэн уоту уматар. Ким да суох, уу чуумпу. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук үһү. Никиитэ: “¤уу, хата, түүл эбит. Ама, ким кэлэн хабарҕалаабыт үһүнүй. Баттаппытым тугун сүрэй”, — диэн уоһун иһигэр ботугуруур. Сарсыарда буолуор диэри туох да биллибэтэх. Барыта этэҥҥэ ааспыт. Тоҕус чаас саҕана оҕолор, учууталлар кэлитэлээн барбыттар, убайым дьиэлээбит. Арай дьиэтигэр тиийэн сууна туран сиэркилэҕэ күлүгүн көрүммүтэ, хабарҕатыгар түөрт тарбах суола хаалбыт. Дьэ, онно эрэ кини этин сааһа аһыллар, куттанар, түүл буолбатаҕын өйдүүр. Ити кэннэ икки күн буолан баран, Никиитэ улаханнык ыалдьан балыыһаламмыта. Хата, биһиги дьолбутугар, киһибит өтөр соҕус буолан баран, өрүттэн атаҕар турбута. Билигин кини баар, этэҥҥэ олорор. Абаҕам кэпсээнэ Урут, Сойуус өссө ыһылла илигинэ, оҕолор уруок кэнниттэн хаалан киэһэ оскуолаҕа дьуһуурустубалыыр этибит. Онтубут кылаас сууйуута, бөх-сах хомуйуута буолара. Мин биирдэ, тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, бииргэ үөрэнэр оҕолорбун
Лыткин Сэргэйи уонна Семенова Октяны кытта хаалан муоста сууйар буоллубут: дьуһуурустубабыт оннук түбэстэ. Уубутун-хаарбытын баһан, сэппитин-сэбиргэлбитин оҥостон баран, күлэ-үөрэ үлэбитин саҕалаатыбыт. Муостаны үгэс курдук түгэх хостон саҕалаатыбыт. Бэһиэлэй, чуҥкук буолбатын диэн, бары бииргэ сылдьабыт. Арай туран, сууйбуппут чаас аҥаара буолбутун кэннэ мин биэдэрэлээх уубун уларытаары көрүдүөргэ таҕыстым. Тахсан баран соһуйан, өрө ходьох гына түстүм. Көрбүтүм, көрүдүөр ортотугар миигиттэн икки төбө курдук кыра уҥуохтаах оҕо турар. Мин тута: “Ноо, хайыы сылдьаҕыный, дьиэҕэр барбакка?” — диэн ыйыттым. Уолум, хоруйдуон оннугар күлэ-күлэ, уһун көрүдүөр устун сүүрэ турда. Мин дьоммор “ким эрэ кэлэн дьээбэлэнэ сылдьар” диэн баран, били уолум кэнниттэн сырыстым. Оҕону сырсан ситиэхчэ буолабын да, ситэн биэрбэппин. Туой күлэн чаҕаара-чаҕараара мүччү түһэн эһэр. Ол курдук сырсан спорт саалаҕа киириибит саҕана Сэргэйдээх Октя сүүрэн кэллилэр. Оттон ол кэмҥэ уолбут кыргыттар сыгынньахтанар хосторун иһигэр киирэн иһийэн хаалла. Кини кэнниттэн сүүрэн тиийэн ааны арыйа баттаатыбыт. Октя хос уота ханан холбонорун билэр буолан, уоту холбоото. Дьэ доҕоор, онно соһуйуохпут иһин, хоспут кубус-кураанах буолан биэрдэ. Биһиги бары биир тыынынан: “Абааһы!” — диэн хаһытаат, таһырдьаны былдьастыбыт. Ыксалбытыгар таҥаспытын нэһиилэ таҥынныбыт. Муоста сууйар хаалла. Сарсыныгар “муостаҕытын тоҕо сууйбакка бардыгыт?” диэн мөхтүлэр. Оттон “сыгынньахтанар хоско оҕону көрдүбүт” диэбиппитин ким да итэҕэйбэтэҕэ. Саабыс: “Сымыйа сураҕы тарҕатаҕыт, абааһы диэн суох”, — диэн эбии мөхпүтэ. Хайыахпытый, онон “абааһыланан-тойдонон” бүттэхпит дии. Сэрии илдьиттэрэ Эһэм Дьарааһын Махсыымап кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ хайдах баарынан тиэрдэн көрүүм (эһэм аатыттан). — Мин сэрии иннинэ төрөөбүт оҕобун. Онон ол алдьархайдаах сэрии тыынын эппинэн-хааммынан толору билбитим. Бу кэпсиэхтээх түбэлтэм 1940 сыл кыһыныгар буолбута. Мин, оччолорго хороччу улаатан эрэр сэттэлээх уол, уон түөртээх убайым Кыра Дьөгүөрдээни кытта куобахха хандаалыыр этибит. Бултуур сирбит дьиэбититтэн көс аҥаарыттан ордук сиргэ, Үөттээх үрэҕэр, баара. Тоҕо онно баран хандаа иитэрбитин мин ыйыппат этим. Убайым Дьөгүөрдээн билэрэ. Бука, чугас куобах суох буоллаҕа буолуо. Дьэ, биир күн эмиэ хандаабытын көрө диэн ааттаан бардыбыт. Барыта холбоон уонча хандаалаахпытын кэрийэн, биир куобаҕы ыллыбыт. Оччолооҕу ылбыт оҕолор үөрүү-көтүү бөҕөтө буолан дьиэбитигэр төнүннүбүт. Үөттээх үрэхтэн тахсан, биир халыҥ соҕус сиһи туораан, Аккыырай аартыга диэн сиргэ сыарҕа суолунан баран истибит. Мин иннибин эрэ көрөбүн уонна дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ, дьоммут хайдах курдук үөрүөхтэрин саныыбын. Арай ол баран истэхпинэ убайым: “Көр эрэ, нохоо”, — диэн илиибиттэн илгиэлии-илгиэлии арҕаа диэки ыйда. Көрбүтүм, сэттэ аттаах киһи тоҥуу хаарынан сиэллэрэн иһэллэр. Бары туох эрэ сүгэһэрдээхтэр. Аны туран, төһө да тумана-хаара суох күн буолбутун иһин, хайдах эрэ үдүк-бадык, дьэргэлгэн курдук көстөллөр. Биһиги уҥуохпут халыр босхо барда уонна бууппут быстарынан ыстанан кэбистибит. Мин суол устун түстүм, оттон убайым тоҥуу хаарынан ойон
эрэрин көрдүм. Дьиэбэр кэлэн биирдэ өйдөннүм. Хаһан кэлэ охсубута буолла, убайым номнуо кэлэн олороро. Дьоммут миигин көрдүү бараары таҥна тураллара. Ити кэннэ биһиэхэ “тугу көрбүккүтүн мээнэ кэпсии сылдьымаҥ” диэбиттэрэ. Уопсайынан, 1940 сыл кыһыныгар сэттэ аттаах киһини хас да киһи түбэһэн көрбүт этэ. Ити кэннэ 1941 сыллаахха сэрии саҕаламмыта. Бу санаатахха, онно бастакы хомуурга биһиги бөһүөлэктэн сэттэ киһи барбыт эбит. Хомойуох иһин, олортон хайалара да эргиллибэтэҕэ. Оччотугар дьон-сэргэ, ол иһигэр биһиги, кинилэр куттарын көрбүт буолуохпутун сөп. Ити курдук эһэм кэпсээнин түмүктээбитэ. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан