Кэпсээ
Войти Регистрация

Абаҕам тиһэх булда

Главная / Кэпсээн арааһа / Абаҕам тиһэх булда

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
15.04.2021 16:20
Биир күһүн уоппускам ордугун ыламмын кырдьаҕас күтүөтүм Аргунов Баһылай Баһылайабыһы кытары тыаҕа тахсыһа сылдьыбытым. Уонча хонук устата атынан сылдьан аар тайҕаны кэрийэн, бэркэ астынан, дуоһуйан эргиллибитим. Ити сылдьан биир күн Ээрикээн үрэҕэ диэн ыарҕанан саба үүммүт салаа-салаа үрүйэлэрдээх, аппалардаах, биэс-алта сыллааҕыта ойуур баһаара ньимси салаан ааспыт, туох да сатаан сылдьыа суоҕун курдук, лааҥкы буолбут тыалаах үрүйэни өрө батан тахсан баран, сиһи быһан атын үрүйэҕэ түстүбүт. Ойуурбут лааҥкыта сүрдээх эбит. Онуоха эбии аарыма тииттэр туора-маара охтон, хоруорбут силистэрэ былыыр үйэҕэ эстибит кыыллары санатан, адаарыһан сыталларын тумнарга сырабыт-сылбабыт барда. Харах ыларын тухары биир да мутуга суох куруҥах мастар үөрбэ кэриэтэ хороһон тураллара көрүөххэ хобдоҕо бэрт. Сорох сиргэ суол солоно-солоно, эрийэ-буруйа айаннаан нэһиилэ үрүйэҕэ таҕыстыбыт. Аны, үрүйэбит аты уйбат буолан, үксүн тыа саҕатынан айаннаатыбыт. Хата, тайах ыллыга баар буолан абыраата. Бу үрүйэни таҥнары батан киирдэхпитинэ, улахан үрэххэ, Топпооло диэн сиргэ баар үүтээммитигэр көрбүтүнэн тиийиэхтээх үһүбүт. Ол иһэн Баһылай: «Абаҕаҥ Бүөтүр Уйбаанабыс манна биир тайаҕы бултаабыта, ону киэһэ үүтээҥҥэ сиһилии кэпсиэҕим» — диэтэ. Үрэхпитигэр киирэн иһэн, саҥа түспүт хаарга үс тайах кэлэн ааспытыгар түбэһэн ыттарбыт ыстана турбут суолларын көрдүбүт. Тохтуу-тохтуу кулгаахпыт чуҥкунуор диэри иһиллии сатаан кэбистибит да, ыт саҥата иһиллибэтэ. Арааһа, тайахтар илин диэки тохтоло суох ааһа турбуттар быһыылаах диэн, үүтээммит диэки салалынныбыт. Ол иһэн бөлүүн биир тайах уу баһар сирбитинэн кэлэн үрэхпитин туораан ааспыт суолун көрөн, кыһыйыы бөҕө буоллубут. Тайахтар ити курдук дьиэбит таһыгар сырытталлар да, Байанай биэрбэтэҕинэ биэрбэт буолар эбит. Киэһэ аһаан-сиэн баран, Баһылайга абаҕам Бүөтүр Уйбаанабыс тайах өлөрбүтүн туһунан кэпсиэх буолбутуҥ диэн санаппыппар оҕонньорбут куруускатыгар чэй куттан баран, оргууй сыпсырыйан иһэ-иһэ, оҥостон олорон кэпсээнин саҕалаата. — Ити Бүөтүр Уйбаанабыс өлүөн икки сыл иннинэ, 1983 сыллаахха быһыылааҕа. Оччолорго мин бу билиҥҥи эһиги сааскытыгар сылдьар эдэр киһибин. Биир күһүн төрдүө буолан манна бултуу таҕыстыбыт. Икки оҕонньордоохпут — Аргунов Уйбаан Баһылайабыс уонна эн абаҕаҥ Аргунов Бүөтүр Уйбаанабыс. Сүөдэр Никонович Хотуоһап, мин уонна Бүөтүр Уйбаанабыс буолан күн аайы атынан кэрийэбит да, биир да кыылы бултаабатыбыт. Уйбааммыт күннэтэ сатыы сылдьан мантан алта биэрэстэлээх сиргэ баар быһыппытын көрөр. Биирдиилээн, иккилиилээн хара улары аҕала турар. Ону ити эргэ үүтээҥҥэ киллэрэн ыйаан иһэр. Ол күһүн барыта уон аҕыс улары бултаабыта. Куобах сэдэх. Биир эмэ түбэстэҕинэ, тута күөстэнэн сиэн иһэбит. Ол сылдьан өйүөбүт баранан барда. Ыттыын бэйэлиин аччыктыыр кыһалҕаҕа ыллардыбыт. Улардарбытын сиэн кэбиһиэҕи, кыыл түбэспэтэҕинэ, дьиэбитигэр төрүт да кураанах киирэрбитигэр тиийэбит. Онон адьас тыытар санаабыт суох. Биир киэһэ, дьэ, хайдах буолабыт диэн сүбэлэһии буолла. Инньэ гынан сарсыҥҥытыгар Бүөтүр Уйбаанабыс мантан икки көс кэриҥэ сиргэ, Ээрикээн күөлүн үрдүгэр баар үүтээммититтэн бурдук
ыла, таарыйа мундуга укпут туубутун көрө барар буолла. Мундуну ыттарбытыгар буһаран, бурдугунан хойуннаран биэрэн сиэтэр этибит. Оттон Сүөдэр Никонович биһикки эмиэ тыаҕа тахсыахтаахпыт, Уйбааммыт быһытын көрө барыахтаах. Сарсыарда биһиги Бүөтүрбүтүгэр доҕор буоллун диэн, ат кутуругуттан арахсыбат Бойбох диэн иккитэ буолан эрэр ыты хаалларан баран, атын ыттарбытын батыһыннаран тыаҕа таҕыстыбыт. Бойбох эрэйдээх ыттар тайаҕы үрбүттэригэр да барбакка, бэргэһэ буолар бириигэбэрэ ааҕыллан баран сылдьар этэ. Тайҕа сокуона кытаанах, ким күүстээх ол тыыннаах хаалар. Булчуттар туох да туһата суох ыты өр илдьэ сылдьыбаттарын бэйэҕит да билэргит буолуо. Биһиги барбыппыт кэннэ Уйбааммыт Бүөтүрүгэр Элэмэчигин мииннэрэн, ытын ыытан, атааран баран быһытыгар тахсыбыт. Оччолорго кини төһө да сааһырдар, адьас сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар этэ. Күнүс эрдэ кэлэн киэһэ аһылыгын бэлэмнии сырыттаҕына, арай хойутуу кэлиэ диэбит Бүөтүрэ төннөн иһэр үһү. Чугаһаабытын кэннэ көрбүтэ — сирэйэ хааннаах. Ону көрөөт, киһитигэр утары ыстаммыт. Арай киһитэ үөрэн уоһа ыпсыбат буолбут. «Туох буоллуҥ? Сирэйиҥ тоҕо хааннырда?» — диэн атыттан түһэр да бокуой биэрбэккэ үрүт үөһэ ыйыппытыгар: «Баар! Байанай биэрдэ, биир бууру охтордум», — диэбит уонна быһыта-орута тайах өлөрбүтүн туһунан кэпсээбит. Инньэ гынан аһыы охсоот, бултарыгар барбыттар. Биһиги киэһэ, борук-сорук буолуута, эмиэ тугу да бултаабакка үүтээммитигэр чугаһаан иһэн көрдөхпүтүнэ, арай, оҕонньотторбут кутаа таһыгар олороллор эбит. Саҥалара биир кэм чаҕааран олорор. Биһигини көрөөт: — Оо, уолаттарбыт кэллилэр, — диэн өрө көтө түстүлэр. Өссө утары кэлэн аттарбытыттан түһэрбитигэр тэһииммитин тутан биэрдилэр. Мин онуоха: «Тыый! Оҕонньотторбут туох ааттаах айыы санаалара киирбитэй»? — диэн бэркэ дьиибэргии санаатым. Дьоммут үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүрдээх, мэктиэтигэр, харахтарын уота чаҕылыйар. Арааһа, Уйбаан быһытыттан хас да улары, куобаҕы ылбыт ээ дии санаатым. Оллоон диэки көрбүтүм, икки солуурга тугу эрэ буһаран ыргыппыттар. Арай чугаһаан тиийэн көрбүтүм, эмис баҕайы эт эбит. Дьэ, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллубут. Аһыы олорон Бүөтүрбүт тайаҕы хайдах өлөрбүтүн сиһилии кэпсээтэ. Арай, оргууй аҕай хаамтаран лобутан истэҕинэ, били, ат кутуругуттан арахсыбат ыта үрүйэ саҕатыгар тугу эрэ үрбүт. Онуоха бастаан, ээ баҕайы моҕотойу үрдэ ини дии санаабыт. Ол эрээри ыта тоҕо эрэ уордаах баҕайытык үрэр үһү. Аны, ыт үрэр сирин диэки чугаһаабытыгар Элэмэчигэ өрө хантарыҥныы-хантарыҥныы хаһыҥыраабыт. Онно эрэ быһыыта кыылы үрэр эбит ээ дии санаан, атын биир суон тииккэ баайан баран, ыта үрэр сирин диэки ыарҕа быыһынан үөмэн бөкчөрүйбүт. Бүөтүр Уйбаанабыс оччолорго тыына кылгаан, кыратык да хамсаатар, көхсүн тыаһа күрдүргээн олорор буолаахтыыра. Саа тэбиитэ курдук сири бараат, аҕылаан бөтүөхтэс буолбут. Онтон талах быыһынан көрбүтэ, ыта биэс уонча хаамыылаах сиргэ аарыма бууру кытары охсуһа сылдьар үһү. Ону көрөөт, саатын тайах диэки туһулуу туппут да, аҕылыыра бэрдиттэн сыалыгар таба ылбатах. Ол иһин хадьы соҕус адаарыйан сытар сыгынах
диэки үөмпүт. «Сыгынах кэннигэр киирэн саабын тайах диэки туһулуу тутан баран, сэриигэ окуопаҕа сыппыппын саныы биэрдим ээ. Бэл, чабырҕайым кэйиэлээн, этим сааһа аһыллан кэлэргэ дылы гынна. Көр, ол курдук күүрбүт, долгуйбут этим», — диэбитэ. Бүөтүр Уйбаанабыһыҥ бастакы ыҥырыыга сэриигэ барбыт, кыргыһыы саамай кытаанаҕыттан тыыннаах ордон, өссө Албан Аат уордьаннаах кэлбит киһи этэ буоллаҕа дии. Дьэ, онтон тыын ыла түһээт, кыҥаан-кыҥаан баран, тайаҕын ытан саайбыт. Сүүрбэ аҕыстаах, биир уостаах саалаах этэ. Кыыла саа тыаһыттан соһуйан, өрө хонос гына түспүт. Арааһа, адьас да сыыһан кэбиспит быһыылаах үһү. Онтон ыты кытары охсуһа-охсуһа өссө чугаһаан кэлбит. Бүөтүр батарантааһыттан биир ботуруону ылан укта охсон, адьас отучча хаамыылаах сиртэн ытан саайбыт. Кыыла таптаран, түрдэс гына түспүт да, аллараа, атын баайбыт сирин диэки ыстаммыт. Бүөтүр үчүгэйдэппитин сэрэйэн: «Дьэ, ити буоллаҕына, война!» — диэбитин билбэккэ да хаалбыт уонна тайаҕын кэнниттэн батыһан сүүрэн бакаалаабыт. Арай, доҕоор, ыттаах тайаҕа атыттан баара-суоҕа сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ тиийэн, охсуһан тула холоруктуу сылдьаллар эбит. Элэмэчик, онтон сиргэнэн тиэрэ түһэ-түһэ, бааллан турар тиитин табыйан батыгыратар үһү. Оҕонньор ону көрөн урут атыгар аҕыластаан тиийбит. Иччитэ кэлбитигэр Элэмэчик арыый уоскуйарга дылы гыммыт. Ону хоҥоруутуттан имэрийэн, моонньуттан таптайан өссө уоскутан баран, тэйэ быһыытыйбыт тайаҕар эмиэ сыгынаҕынан күлүктэнэн үөмпүт. Онтон батарантааһын устан сыгынах үрдүгэр ууран туран, сүнньүөхтээх ботуруону көрдөөбүт. Саатын ииттэн баран, тула холоруктуу сылдьар кыыл ойоҕоһунан буолуутугар хонноҕун аннын көрөн баран ытан саайбыт. Онуоха тайаҕа иннин диэки уонча хаамыыны ойон баран умса хоруйа түспүт. Ону көрөөт: «Ураа! Победа за нами!» — диэбитинэн кыылын диэки сүүрэн иһэн мастан иҥнэн умса барбыт да, хаппыт талахха сүүһүн хайа түһэн кэбиспит. Ол да буоллар ойон туран кыылыгар тиийиитигэр тыына хаайтаран, бопторон охто сыспыт. Нэһиилэ тайаҕын үрдүгэр олорон тыын ылбыт. Ити олорон өссө хайдах эрэ нуктуох курдук буолбут. Уоскуйа түһэн баран, хара сорунан кыылын хабарҕатын быспыт уонна атыгар барбыт. Биэс уонча миэтэрэлээх сиргэ иккитэ тохтоон, сынньанан ыла-ыла нэһиилэ тиийбит. Атын мастан салҕанан миинэн баран, төттөрү айаннаабыт. Үүтээнигэр тиийбитэ, хата, Уйбаана кэлэн турар үһү. Онон төннөн тиийэн кыылларын иһин хайытан, этиттэн сулуйан ылан баран, уолаттар кэлэн астыахтара диэн маһынан, талаҕынан сабыта бырахпыттар. Ыттара онно хаалбыт. Бойбох ол тайаҕы үрэн биэрэн бэргэһэ буолар бириигэбэрэ сотуллубута. Ол эрээри кэлин син биир булка барбатаҕа, арай Бүөтүр Уйбаанабыһы бултаппыт үтүөтүгэр дьиэ харабыла буолбута. Онон ити киэһэ ас-үөл, сэһэн-сэппэн бөҕө буола түстүбүт. Бүөтүр Уйбаанабыспыт ол үөрэ-көтө, кэпсии-ипсии олорон: «Дьэ, бу тиһэх булдум буолуохтаах», — диэбитигэр бары хайдах эрэ курус гына түһэргэ дылы буолбуппут. Кырдьык, нөҥүө күһүнүгэр оҕонньорбут кыайан тыаҕа тахсыспатаҕа. Тайаҕы бултаатаҕын иккис сылыгар — баччаларга — эмиэ манна
бултуу сырыттахпытына бараахтаабыт этэ. Биһиги ол кэмҥэ Ээрикээҥҥэ баар үүтээммитигэр хоно баран хаалбыппыт. Тыраахтардаах уолаттары ыыппыттара манна кэлэн хонон баран, биһигини булбакка төннүбүттэр этэ. Ол түүн түһээтэхпинэ, арай биир киһи кэлэн эйигин ыҥыртараллар диэтэ. Сарсыарда тураат, арааһа, оҕонньорбут быһынна быһыылаах диэн, атынан күнү быһа айаннаан бөһүөлэккэ киирэммин тиһэх суолугар атаарсыбытым. Дьэ, абаҕаҥ тиһэх бултааһына итинник этэ, — диэн Баһылай кэпсээнин түмүктээбитэ. Данил МАКЕЕВ.
kyym.ru сайтан