Кэпсээ
Войти Регистрация

Бахсы айыыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Бахсы айыыта

K
28.01.2021 14:58
Тайыла ойуун Бахсыттан Курбуһахха кыратыгар иитиллэ кэлбит. Онуоха бахсылар киниэхэ Дьэбилиттэ диэн алааһы энньэ гынан, арааран биэрэллэр. Тайыла олорбут олоҕун устатыгар биир уол оҕолооҕо үһү. Кини ол Курбуһахха кэлэн сүрдээх үчүгэйдик олорор, эдэр бэйэтэ кырдьар. Оччолорго Бахсыга Намыыска кинээстээн олороро үһү. Биирдэ ол кинээс Тайылаҕа кэлэр уонна: – Эн төрөөбүт сириҥ Бахсы. Онон алааскын араартаран, бэйэҥ дойдугар илдьэ бар. Быйыл төнүннэххинэ сөп, – диир. Тайыла: – Сааһым тухары манна үчүгэйдик олордум. Онон бу дойдуттан арахсыбаппын. Эһиэхэ барбаппын. Намыыска көһүтэн көрөн баран, Тайылаҕа иккиһин кэлэр: – Биһиги сирбитин ылан кэлбитиҥ. Онон бу сирбит курбуһахтар киэннэрэ буолар. Онон бэйэҥ сиргэр-дойдугар быйыл хайаан да төнүн. Тайыла ойуун барбат. Ити кэнниттэн сотору буолаат, кырдьаҕас улаханнык ыалдьар. Уолугар туһаайан: – Мин биир нэдиэлэнэн өлөрүм буолуо. Намыыска сирин ыла хайаан да кэлиэҕэ. Мин өллөхпүнэ, миигин Курбуһахтан тахсар Бахсылыыр суолга сыыр үрдүгэр араҥастаар. Кэлэн, бука, баайбыт хомускун былдьаһыа. Эн талахта быһаҥҥын, ону эриэннээр уонна мин уҥуохпун таһыйаар, мин хайаан да көмөлөһүөҕүм», – диэн, кэриэс-хомуруос тылларын этэр. Аҕата өлбүтүгэр уол барытын кини эппитин курдук дьаһайар. Күһүн Дьэбилиттэ алаас хомуһун баайар. Арай уол көрдөҕүнэ, биир сарсыарда халлаан сырдыыта уонча көлөлөөх уонча киһи кэлэн, күөл хомуһун ходуйа-ходуйа, тиэйэ сылдьаллар эбит. Уол сүрдээҕин кыыһырар уонна сүүрэн тиийэн тиэйиллибит хомустары тиэритэ кэйиэлиир. Онуоха Намыыска кинээс уолу туттаран ылар уонна эбиитин кырбатар. Ыыппыттарыгар уол баран, талах маһын эриэнниир, аҕата эппитин курдук, тиийэн, араҥаһы таһый да таһый буолар. Ол быыһыгар: – Аҕам эрэ буолларгын аһын, харыһый, абыраа, алдьархай бөҕө ааҥнаата, кинээс кэлэн күөлүм хомуһун ходуйан ылла, эбиитин тутан ылан дэлби кырбатта. Хомуһуҥҥун киллэр, абааһыларгын таһаар. Кинээстэн иэһи иэс курдук иэстэс», – диир. Этиэҕин этэн, саҥарыаҕын саҥаран баран дьиэлиир. * * * Арай эмискэ былыргы тимир мэһэмээн тыаһын курдук тыас тыаһаабыт да, эмискэ холорук буолан тиийэн, хомус ходуларын ыһан күдээриппит. Ол кэннэ күөл ортотунан нөҥүө биэрэк диэки бара турбут. Намыыска ол кэлиитигэр дьабака бэргэһэлээҕэ үһү, ол онтун холорук илдьэ барбыт. Көрдүү сатаабыттар да, булбатахтар. Онон бииргэ кэлбит дьонуттан саал былаат уларсан бааммыт. Илдьэ кэлбит көлөлөрүнүүн нэһиилэ дьиэлээбиттэр. Онтон ыла Намыыска Курбуһахха сылдьыбатаҕа үһү. Онон алаас Курбуһах туһатыгар хаалбыт. Нөҥүө күһүнүгэр кинээс бэйэтин дойдутугар саалана сылдьыбыт. Ол сылдьан төҥүргэскэ биир дьабака бэргэһэни көрөр. Ону ылаары төҥүргэскэ чугаһыыр, онто ырааттар-ыраатан иһэр. Аны, батыстаҕын аайы өйүкү-төйүкү буолан иһэр эбит. Кэнникинэн өйүн сүтэрэн, букатын да иирэр. Ол бэргэһэтин атын дьон Сылаҥ сирин ааһан баран, булан ылбыттара үһү. Оттон Намыысканы дойдутугар илдьэн, хаайыы охсон, хаайаллар. Онно сүрдээх өр сытар. Ол сытан харытын кэрбэммит. Онон уҥуоҕа килэҥнии, иҥиирэ килбэҥнии сылдьар буолар.
Оннук үтүөрбэккэ, хаайыытыттан босхоломмокко сытан өлөр. Ону Бахсыга көмпүттэр. Көмөллөрүгэр үүт кэрэ аты сииллэр. Кэлин ол Намыыска тыыннаах абааһы буолта үһү. Бахсыга киэһэ, сарсыарда хараҥаҕа дьон мээнэ кэлбэт-барбат, сылдьыбат буолтар. Оҕо-дьахтар доҕор киһитэ суох, бэл, сырдыкка да быкпат тэҥэ буолбут. Намыыска абааһыта үүт кэрэ аттаах сылдьара үһү. Кини бастаан сылгылыы кистиир, онтон бабыгыраан баран хаһыытаатаҕына, көмнөх түһэрэ үһү. Ол иһин кини абааһытын суох гынаары ойуун бөҕө кыырбыт, аҕабыт бөҕө ыллаабыт да, абааһыта иһийбэтэҕэ үһү. Кэнники, алта уонча сыллаҕыта эмиэ, Курбуһахха үүт кэрэ аттаах киһи хаһыытаан баран, атын сүүрдэн, киһини эккирэтэрэ үһү. * * * Укарыкыга (Курбуһах сирэ) биир сайын икки ыал дьукаахтаһан олорбуттар. Онно түүн аайы аттаах киһи кэлэн, сүгүн утуппата үһү. Ол иһин эр дьон онно-манна ыраах үлэлии барбакка, дьиэлэрин чугаһыгар үлэлиир буолбуттар. Киэһэ бары ампаарга тахсан утуйар идэлэнэллэр. Укарыкыга биирдэ Дьүгүөр Күүлэйэп диэн киһи күһүн уу ото оруу кэлбит. Киэһэ ампаарга илдьэ тахсаары гыммыттарыгар: «Эбэбэр кэлбит-барбыт, хоммут сирим этэ. Онон уот иннигэр орон тардан баран сытыам», – диэн буолуммат. Дьиэлээхтэр ампаарга тахсан, олунан кэбиһэллэр. Дьөгүөр уот иннигэр оронун оҥостор. Сытарын кытта сотору ыһыы-хаһыы бөҕө буолар. Онтон иһиттэҕинэ, ат туйаҕын тыаһа битигирээбит да, бүтэйин үрдүнэн түһэр, аты сэргэҕэ аҕалан баайаллар. Ампаарга сытааччылар иһиттэхтэринэ, дьиэ аана тыаһаабыт, иһирдьэ сүрдээх охсуһуу тыаһа буолар. Түүнү быһа иһиллии сыталлар. Арай сарсыарда халлаан сырдыыта дьиэ аана «хап» гына сабыллар тыаһа иһиллэр. Киһи атаҕын тыаһа сэргэҕэ тиийэн атын сүөрэр да, арҕаа диэки тэбиннэрэр. Дьиэлээхтэр ампаартан киирэн көрбүттэрэ: Дьөгүөрдэрэ көппөҥнүү эрэ сытар буолар. Сонно, өр буолбакка, кини өлбүтэ үһү. Онон кини туохтан, кимтэн өлбүтэ биллибэккэ хаалар. Ону Намыыска кинээс абааһыта сиэбитэ буолуо дииллэр. Уус Алдан Сыырдаахтааҕы учаастак балыыһатын сопхуоһа Е.В. Алексеев тылыттан 7 «а» кылаас үөрэнээччитэ Дима Алексеев суруйбут. 1967 с, тохсунньу 15 күнэ.
kyym.ru сайтан