Кэпсээ
Войти Регистрация

Ис санааны утарбат ордук

Главная / Кэпсээн арааһа / Ис санааны утарбат ордук

K
14.01.2021 14:11
Бэйэм төһө да биллэ-көстө аһаҕас эттээх буолбатарбын, туох эрэ дьикти сибики биллэр, киһи тэһийэн-тулуйан олорбот салгыннаах дьиэлэр баар буолаллар диэни кытта сөбүлэһиэм. Баҕар, ол "дьиктитийии" – дьиэ тустаах хаһаайыннарыттан, кинилэр майгы-сигили чааһынан хайдахтарыттан эбэтэр хара ааныттан дьиэ тутуллубут сир салгыныттан (тыыныттан) тутулуктаах буолуон сөп. Туох билиэй? Ол эрээри судургу "курас салгыннаах" уонна «дьикти» олохтоохтор диэннэри бутуйбат куолу. Курас салгыннааҕы сорох «киһи кута-сүрэ тохтообот, сүр баттатар дьиэ» диэн эмиэ этээччи. Бэйэҕит да билэн эрдэххит, баһыйар өттүгэр ил-эйэ тутуллаах, оҕолоох-уруулаах истиҥ сыһыаннаах дьиэ кэргэн көмүс ньээкэ уйата төһө да, баҕар, дьадаҥы, кураанах курдук буоллун, курас салгыннаахха хайдах да киирсибэт. Дьэ, хата, ол оннугар кыырпах да саҕа быыл биһиллибэтэх, оҕо чугдаар күлүүтэ иһиллибэтэх туохтааҕар да киэҥ уораҕайдарга курус салгын куту-сүрү баттыыр, киһи өр тулуйан олоруо суоҕун курдук буолара баар суол. Оттон "дьикти", "дьукаахтардаах", о.э. абааһылаах дьиэ диэн – туһунан. Оҕо-уруу баарыттан иҥнибэт бадахтаах быһыылаах. Алта сыллааҕыта бүддьүөт үлэһитэ буолбут дьолбор, кэтэһэн-кэтэһэн, дьэ, чэпчэтиилээх дьиэни ылар чиэстэммитим. Хата, саҥа тутуллубут дьиэ диэн буолбута. Сүрдээҕин үөрбүтүм. Турар да сирин киһи сирбэт этэ. Кылабыыһа, киһи уҥуоҕа чугаһынан баара иһиллибэт. Ол гынан баран мин ылыахтаах кыбартыырабын көрдөрбүттэригэр, киирээт да хайдах эрэ букатын сөбүлээбэтэҕим. Тылбынан сатаан эппэппин: наһаа ыарахан салгыннааҕа. Мэктиэтигэр, үөрүүм күлүгүрбүккэ дылы буолбута. Тута аккаастаныахпын сирэр-талар кыах суох эбититтэн эрэ тохтообутум. Дьүөгэм ону сыыһа өйдөөн: «Бу да дьахтар! Планировката биир хостоохтор киэннэрэ барыта биир. Сиримэ-талыма. Обуойун, кэлин былаанын, баҕар, сөбүлээбэтэххинэ, уларыт. «Несущайы» эрэ тыыттарыма. Бары кэриэтэ оннук гыналлар. Онон черновойунан биэрэр буолан эрдэхтэрэ», — диир. Онон хайыахпыный, тугу да саҥарбатым эрээри, ээр-сэмээр ким атастаһыан сөбүн туоһулаһа сырыттым. Хата, табыллыах быабар, анараа подъезтан биир дьахтар бэһис этээскэ ылбытын сөбүлээбэккэ мин иккис этээстээҕибин үөрүүнэн ылыах буолла. Дьүөгэм буоллаҕына миигин үгэһинэн үөрэтэр да үөрэтэр: «Хайдах буолаҥҥын ити үөһээҥҥи этээһи талаҕын?!! Кырыыһата суох. Билигин саас аайы хара уу тохторуттан сордонуоҥ. Мин билэр ыалым оннук эрэйдэнэ, кырыыһа тутулларын туруорса сатаан баран, ол дьиэлэриттэн атахтарынан куоппуттара». Оттон мин хара ааныттан ылымматах дьиэбинээҕэр ону быдан чугастык санаабытым. Бэйэм сатыырбынан тупсарынан (уу тэстибэт), уолбунуун күн бүгүҥҥэ диэри олорон кэллим... Оттон, били, миигинниин атастаспыт дьахтарым барахсан, былырыын сүрэҕинэн охтон, суох буолбут этэ. Сорохтор: "Ии, сөп түбэһии ини!“ – дииллэр да... Мин тоҕо эрэ ол өлүүнү кыбартыыра хобдох, киһи дэбигис ылыммат салгыныгар уорбалыыбын. Баара эрэ түөрт уонун саҥардыы тахсыбыт дьахтар этэ. Кини оннугар мин эбэтэр уолчааным буолуон сөбө диэтэхпинэ, билигин да саллабын. Бокуонньук ол дьиэтигэр соҕотоҕун олорботоҕо. Бииргэ төрөөбүт балта диэн баара. Буот. Ол кыыс эдьиийэ суох буолаатын кытта, кыбартыыраны атыылаан баран, "киэҥи буллум“ диэн көспүт
этэ. Үнүрүүн автовокзалга көрсүбүтүм: «Малосемейкаҕа олоробун», — диэбитэ. Санаан көрдөххө, туспа, быдан киэҥ квадратуралаах, саҥатык дьиэни атыылаан туран, «малосемейкаҕа» олоруу дьикти буолбатах дуо? Анарааҥҥыны хапкаас дьоно ылбыттара диир. Ол туһунан тугу да кэпсэтиэн баҕарбатын сэрэйбитим. Дьиҥинэн, син көрүстэхпитинэ ону-маны ыйыталаһан, дорооболоһон ааһар этибит. Биир идэлээхтэрим "билигин ол кыбартыыраҕа бакаа ким да олорбот“ дииллэр. Кылгас кэмҥэ устудьуон уолаттар олоро сылдьан, быһахтаһыы тахсан, үүрүллүбүттэр үһү. Биллэн турар, ол сири быһаччы абааһылаах, куһаҕан дьиэ диир кыаҕым да, быраабым да суох. Ол эрээри киһи таайан көрөр, сэрэйэр, сэрэхэдийэр ис санаатын хам баттаабакка, дьаһанара ордук дии саныыбын. Мин биир дойдулааҕым С.: «Атыылаһаары гыммыт дьиэҕитигэр хаһаайыннартан көҥүллэтэн, саатар, биир-икки күн хоноргут, ол кэннэ биирдэ быһаарынаргыт ордук», – диирин ылынабын. Сорох киһи олус чараас буолар. Дьилэй дьон наадыйбат эбит буоллахтарына, бэйэм курдуктар сэрэхэдийэллэрэ оруннаах. Онон бэйэ тургутан көрөрө ордук. Дьиэ бэрчээкки буолбатах, баҕардыҥ да уларытарыҥ уустук. М.Сидорова, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан