Кэпсээ
Войти Регистрация

Былаҕайга былдьаныы

Главная / Кэпсээн арааһа / Былаҕайга былдьаныы

K
24.12.2020 14:49
Халгыыда учаастагар Харааһын диэн киһи дьиэтигэр нууччалар мустан аһаабыттара хаһыс да күнүгэр барбыта. Икки дьиэнэн көһө сылдьан, арыт ыллаан ыыра барар-бара, кыыһырсан мордьооттоһон тура-тура, үлэ-хамнас, күн-дьыл туһунан төрүт да умнан сылдьаллара. Өйдөнүөх курдук гына-гына итирэллэр, итирэ-итирэ өйдөнөллөр. Харааһын биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, остуолугар бүк түһэн олорор эбит. Оһоҕун уота бүппүт, дьиэ иһэ дьыбарсыйан, киһи этин сааһынан киирэр гына тымныйбыт. Оҕолоро күөдэл курдук ыһыллыбыт таҥастаах ороҥҥо утуйан бокуһа сыталлар, ийэлэрэ суох, ханна эрэ барбыт... Сарсыарда халлаан сырдыыта, бостуук уол от тиэйэн, Харааһын дьиэтин аттынан ааһан иһэн, суол кытыытыгар хаатыҥкалары кытары дьахтар таҥаһа, соруйан дьаарыстаммыт курдук ууруллан сытарыгар кэтиллэ түһэр. Тохтоон чинчийэн көрбүтэ, суол кытыытыгар көҕүрэттэн баран, аҕыйах хаамыыны бараат, таҥаһын устан, сааһылаан ууран баран, атах сыгынньах киһи суола күөл диэки бара турбут. Соһуйбут уол, Харааһыннарга киирэн, дьиэлээх киһи утуйа сытарын уһугуннаран: – Ойоҕуҥ ханнаный? – диэн ыйытар. Киһитэ өлөртөрөн нэһиилэ сытар, Харааһынтан туох да туһалааҕы истиэ суоҕун билэн, кэккэлэһэ олорор ыалга тахсан, Харааһын ойоҕо таҥаһын устан сыгынньаҕын барбытын кэпсиир. Бары тахсан көрөн, соһуйуу бөҕөнү соһуйан, атах суолун батыһан барбахтаан көрөллөр да, тибиитэ бэрдиттэн суолларын сүтэрэн кэбиһэллэр. Эбиэт саҕана сэбиэккэ тыллыыллар. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Абаҕа отделениетын управляющайа Захаров А.И., Амматтан милииссийэ Неустроев П.М., Аржаков В.В. буолан Халгыыдаҕа тахсан, онно баар үлэһиттэри туруоран, сүппүт дьахтары иккис күннэригэр сыыр быарыгар сытарын, тарбахтарын төбөтө эрэ көстөрүнэн сирдэтэн, булан ылаллар. Суут медэспиэрэ быһаарыытынан, олус арыгылаан – «кэрээчикэлээн», тоҥон өлбүт диэн түмүктээн, көмөргө көҥүл ылан, дьахтары Халгыыдаҕа төттөрү аҕалаллар. Оттон миэхэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич: – Эн, ДНД начаалынньыга киһи, Халгыыдаҕа бараҥҥын, өлбүттээхтэри бэрэбиэркэлээн кэл, хайдах дьаһанан эрэллэрэ буолла?.. – диэн сорудах биэрдэ. Мин эбиэт кэннэ уу таһар массыынаҕа олорсон Халгыыдалаатым. Харааһыннар дьиэлэрин таһыгар тиийэн тохтоотубут. Дьиэ иһиттэн туох да дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, кэпсэтэллэр диэтэххэ кэпсээҥҥэ, ытаһаллар диэтэххэ ытыырга, үөхсэллэр диэтэххэ үөхсүүгэ маарыннаабат моргуор оргуйан олорор. Толуннарбын даҕаны хайыамый, сыаллаах-соруктаах кэлбит киһи сиэринэн дьиэҕэ көтөн түстүм. Уһаты-суксуһуннары тардыллыбыт икки остуолу тула уонча киһи олорор, дьиэ иһэ табах буруотунан туолан, былыт курдук уста сылдьар, мэктиэтигэр, лаампа уота кытарымтыйан көстөр. – Оо, начальник, проверять приехал? А у нас поминки, заходи, помянем... – диир дьиэлээх хаһаайын. Мин асаһа олоруом дуо, туох кыһалҕа баарын-суоҕун, туох кыайтарбатын ыйыталаһан баран, тахсан иһэн, арай, бокуонньуктара суоҕун өйдөөн көрдүм. Дьиэлээх тойонтон ыйыппыппар, «таһараа дьиэҕэ сытар, ириэрэ уурбуппут» диэн итиригин быыһыгар эппиэтттээтэ. Аттынааҕы дьиэҕэ дьон сылдьыбыт суолларын көрөн бокуонньугу бэрэбиэркэлии киирбитим, дьиэ иһэ хаһан да оттуллан көрбөтөх аргыара. Уоту уматаары баттыалаабытым – умайбат. Иккитэ-үстэ хардыылаан оһох таһыгар кэлэн туран, сиэппиттэн испиискэбин хостоон, уот уматынным. Оттуллубатах оһох ойоҕоһугар туох эрэ
туртайарын көрөөрү төҥкөйдүм. Онтум, доҕоор, тоҥон хаалбыт, кэмбинээскилээх эрэ сыгынньах дьахтар, оһох кытыытыгар ыксары тардыллыбыт остуолга сытар аҕай эбит ээ. Куттанаммын, таһырдьа хайдах баар буолбуппун билбэккэ да хааллым. Сүрэҕим тип-тигинэс, айахпынан тахсан барыах курдук. Кыһыыбар, нууччаларбар ыстанан киирдим. – Да, вы что, охренели чтоли? «Оттаивать оставили» – диэбит буола-буолаҕыт, барыҥ тахсан көрүҥ, тугу дьаабыламмыккытын! – диэн хаһыытаан бытарыттым. Дьонум соһуйдулар: «Мы печку затопили же...» – эҥин диэннээхтэр. Бары суксуруһан, банаарданан-хайаан таһараа дьиэҕэ таҕыстыбыт. Тоҥ турар дьиэ аана иччилээх баҕайытык кыыкынаан аһылынна, оһох ойоҕоһугар сытар сыгынньах дьахтар, дьэ, эбии барыаран, ынырыктыйан көһүннэ. Ол икки ардыгар өйдөнөн хаалбыт нууччаларым оһох аанын аһан көрдүлэр. Толору тоҥ маһы хаалаан баран сэлээркэ ыспыттар уонна уот анньаат, тахсан «мамыыҥкалыы» барбыттар, кэтээн көрөр диэн суох, сэлээркэтэ умайан бүппүт, маһын кыратык хоруордубут эрэ. Утарылаһаллара суох буолбут дьоҥҥо, үлтү маатыралаан, бокуонньугу киһилии харайалларыгар натаассыйа бөҕөтүн ааҕан баран, кэлбит массыынабынан дьиэлээтим. Оннук икки хонук ааста, нууччаларбыт киһилэрин харайбакка сылдьалларын туһунан үҥсүү киирдэ. Эмиэ Халгыыдалыырга күһэлинним. Тиийбитим, дьонум эмиэ өйө-төйө суох сылдьаллар. Боропсойуус көмөтүнэн ылбыт мастара (хоруоп) хайдах аҕалан бырахпыттарын курдук, дьиэҕэ киирэр ааҥҥа сытар, эгэ таҥаһынан бүрүйүөхтэрэ дуо – суох. Ыйыталаһан билбитим, буорун хаһа сылдьаллар, сарсын бүтүөхтээх үһү. Түүн хоруобу бүрүйэн, сарсын хайаан даҕаны бокуонньугу харайабыт диэн эрэннэрдилэр. Бу курдук сордонон, тохсус күнүгэр дьэ биирдэ киһибитин харайдыбыт. Саҥа уоскуйуох курдук буолан эрдэхпитинэ, бокуонньук эдьиийэ кэргэниниин тиийэн кэллилэр (Братскайтан кэлбиттэрэ быһыылааҕа). Аны туран, ол дьоммут киһибитин дойдутугар илдьэбит диэн турдулар. Эмиэ мучумаан, айдаан буола түстэ. Ким да көмүллүбүт киһини төттөрү хаһарга сөбүлэммэт. Бокуонньук эдьиийэ үлэһиттэргэ эрэйдэрин төлүөх буолан, хостоон ыларга көҥүл ылан, куоракка диэри киллэрэргэ массыына көрдөһө, эмиэ миэхэ тиийэн кэллэ. Оччолорго мин диспиэччэр этим. Дириэктэринэн Филиппов Алексей Егорович үлэлээбитэ. Тэрилтэбит кырдьаҕас суоппара кыккыраччы аккаастанан кэбистэ. Хайыамый, самасыбааллаах күтүөппүн көрдөстүм. Киһим маҥнай мулук-халык буолан баран, син сөбүлэстэ (оччолорго бокуонньугу тимир куусаптаахха тиэллиэ суохтаах диэн буолара). Дьэ, хомуллан Халгыыдаҕа тиийдибит... Нууччаларым өйдөммүттэр, туох да саҥа-иҥэ суох. Чиҥии илик киһи иинин буорун күрдьэҕинэн баһан бардылар. Өрөһөлөнө сытар буору ыһалларын кытары иинигэр баппатах хоруоп барыс гына түстэ. Тула турар дьон суугунаһа түстүлэр. Куһаҕан тахсыахтааҕын сэрэйбит курдук, Харааһын дьонтон тэйэн, туора баран турунан кэбистэ. Ииннэрин кылгас гынан кэбиһэн баран, баппатах хоруобу таҥнары укпуттар, үрдүгэр барбах буору табыйбыттар, сайын ирдэҕинэ аа-дьуо тахсан кэлиэх эбит. Эдьиий киһи сүрэҕэ сэрэйээхтээтэҕэ, ол иһин дойдутугар илдьэбит диэтэҕэ. Ситэри көмүллүбэтэх хоруоптаах өлүгү начаас ыккардыгар хостоон таһаарбыттара. Хоруобу сэгэтэн көрөн баран, дьахтар эдьиийэ өрө хаһыыра түстэ. Бокуонньуктарын таҥыннарбатахтар, таҥаһын хоруоп иһигэр хаалаан кэбиспиттэр. – Убью ирода! Будь ты проклят, отрубить бы твою
голову! – дьахтар күтүөтүн Харааһыны ис-иһиттэн ынырыктык кыыһыран кыраабыта. Айдаарсан, айманан ол күн куораттаабыттара, Харааһын кыра кыыһын илдьэ барбыттара. Баҕар... баҕар, кырыыс тиийбитэ буолуо... Сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ, Харааһын сүгэнэн төбөҕө охсуллан өлбүтэ... Прокопий Карманов-Улахан Боруонньа, Амма Абаҕа.
kyym.ru сайтан