Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кураан оҕуhа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кураан оҕуhа
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
18.12.2020 14:52
Биһиги дэриэбинэбититтэн балтараа көстөөх сиргэ Мастаах Күөл диэн улахан алаас баар. Бу алаас урут Аҕа дойду сэриитин иннинэ улахан күөллээҕэ эбитэ үһү. Кэнники бу күөл уута олоччу уолан хаалбыт. Ол туһунан маннык кэпсииллэрэ. Биир үтүө күн отчуттар Мастаахха кэлэн от охсо сырыттахтарына, соҕурууттан күүстээх тыал түспүт. Оту-маһы тоҕо ытыйан туох да сүрдээх үһү. От охсо сылдьыбыт дьон ыксаан, отууларыгар тахсыбыттар. Арай ол тахсан иһэн көрдөхтөрүнэ, эмиэ илинтэн сүүнэ улахан холорук киирэн, аарыма оҕус буолан, күөлтэн уулаан тахсыбыт. Бу от ыйын өҥүрүк куйааһыгар эбитэ үһү. Кырдьаҕастар улахан кураан кэлээри гыннаҕа дэспиттэр. Маннык түбэлтэни онно оттуур дьон үс сыл көрбүттэр этэ. Үһүс сылыгар бу күөл уута уоллар уолан, кэлин букатын да суох буолбут. Мантан сиэттэрэн мин тыал-куус, холорук, кураан да бары бэйэлэрэ туспа иччилээх, сүрдээх буолаллар эбит дии санаабытым. Эргэ хаартыска Аҕыйах сыллааҕыта кэргэним эдьиийэ аах оҕолорун кытта куортамнаан олорбут дьиэлэриттэн тахсан, бэйэлэрэ төһө да эргэ буоллар икки хостоох «саҥа» дьиэ ылбыттара. Оҕолоро оччолорго үстээх-түөртээх, саҥа улаатан эрэр этилэр. Бастаан көһөн кэлэллэригэр, дьиэни атыылаабыт дьон өссө да сорох малларын ыла иликтэрэ. Ол барыта кыра хоско турбута. Онон бары биир хоско утуйаллара. Сотору хаһаайыннар биир кыра туумбаны эрэ хаалларан, малларын тиэйэн илдьэ барбыттара, онон оҕолор кыра хоско көспүттэрэ. Дьикти түбэлтэ бу кэннэ буолбута. Кыра хоско көһүөхтэриттэн ыла кыра уол түлэкэдийэн, аанньа утуйбат буолбута. Өрүү ханнык эрэ эмээхсин кэлэр диир. Оттон ол эмээхсин тугу гынарый диэтэххэ, «суох тугу да гыммат» диэн хоруйдуура. Быһата, көннөрү куттанар эрэ эбит этэ. Ити курдук син балай да кэм ааспыт. Уоллара сорох ардыгар баттатар, сорох ардыгар үчүгэйдик утуйар. Биир күн аҕалара — үлэтигэр, оттон ийэлэрэ куукунаҕа ас астыы сырыттаҕына, оҕолор, били дьиэни атыылаабыт дьон хаалларбыт туумбаларыттан эргэ баҕайы хаартыска альбомун булан ыһа-тоҕо сырыттахтарына ийэлэрэ киирэн буойар. Лариса (ийэлэрэ) онон-манан муостаҕа ыһыллыбыт хаартыскалары хомуйа олорон, хайдах эрэ аралдьыйан хаалан, хаартыскалары биир-биир көрөттөөн барбыт. Уолаттара аттыгар кэлэн эмиэ тугу эрэ сэҥээрбитэ буолан тэҥҥэ көрсө турбуттар. Арай ол туран кыра уол эмискэ тоҕо баран, ытаан киирэн барбыт. Ийэтэ туох буоллуҥ диэн ыйыппытыгар уол хаартыска диэки ыйа-ыйа ытыыра өссө улааппыт. Уолун уоскутан баран, Лариса туохтан ытыыгын диэбитигэр, уола мэрбэҥнии-мэрбэҥнии, хаартыскаҕа биэс киһи олороруттан биир эмээхсини булан ыйбыт. Кэлин дьиэлээх дьон (эмиэ эдэр дьон эбитэ үһү) туумбаларын ыла кэлбиттэригэр ыйыппыттара, ол кинилэр эбэлэрэ буолан тахсыбыт. Кини оруобуна бу оҕолор хосторугар олорбут эбит. Туумбаны илдьэ барбыттарын кэннэ дьиэлэрин ыраастаппыттара. Ол кэннэ уоллара үчүгэйдик утуйар буолбута. Доҕорум дьиэтигэр Доҕорум бэрт «дьикти» дьиэлээх. Абааһылаах да диэххэ сөп. Урут ол туһунан хаста да атын доҕотторбуттан истибитим эрээри, бэйэм
илэ түбэспэтэх буолан итэҕэйбэт да, куттаммат да этим. Дьэ, доҕоор, иллэрээ сыллаахха бэйэм түбэстим ээ. Күһүөрү этэ. Мин дьиэбэр киэһэ аһылыкпын аһаан баран, доҕорум аахха бардым. Тиийиибэр уолум умуһахха үүт киллэрээри сылдьар эбит. Дьоно хотоҥҥо этилэр. Мин кэлбиппэр киһим үлэтин тохтотон, кыратык ону-маны сэлэстибит, онтон Коля: «Дьиэттэн киирэн маарылата ылан бу үүтү сиидэлээн кэбиһиэххэ», — диэтэ. Мин тута сөбүлэһэн, дьиэҕэ киирдибит. Дьиэ уота суох турар этэ. Арай, киһим аанын арыйан киирэн истэҕинэ, уота туран эрэ бэйэтэ холбонон кэллэ. Мин хайдах маннык буолуон сөбүй диэн соһуйдум эрээри, соччо улахаҥҥа уурбатым. Киирэн маарылабытын ылан таһырдьа таҕыстыбыт. Онтон үүт кутуохтаах биэдэрэбит иһин сайҕаан ылаары, бөтүөн таһыгар ууран баран, бөтүөммүтүн икки өттүттэн ылан иҥнэрдибит. Арай ол турдахпытына хантан эрэ түргэн баҕайы атах тыаһа сүүрэн кэлэн, уу кута турар биэдэрэбитин түҥнэри тэбэн кэбистэ. Иһиппит, этэргэ дылы, эһиллэ-эһиллэ барда. Мин онно эрэ, дьэ куттанным. Киһим диэки хайыспыппар: «Ээ, итинник гынааччы», — диэн, туохха да кыһаллыбатаҕын биллэрбитэ. Кини кэпсээнинэн, туох эрэ баар да куһаҕаны оҥорбот үһү. Кэлин, киһим холкутуттан уоскуйа быһыытыйдым. «Чэ, билигин түргэнник киирэн таҥаспын уларыттан тахсыам уонна мээчиктии барыахпыт», — диэн Колям дьиэтигэр киирдэ. Мин кинини батыһан күүлэҕэ киирэн дьыбааҥҥа олордум. Арай саҥа олорооппун кытта эмиэ, били, мааҕыҥҥы атах тыаһын курдук сүүрэн кэллэ уонна туох эрэ хара күлүк мин олорбут дьыбааным анныгар киирэн хаалла. Илэ көрөн олоробун. Соһуйан, маатыралаан кубарытан баран, буутум быстарынан таһырдьа ойон таҕыстым. Доҕорум тахсыбытын кэннэ кэпсээбиппэр эмиэ улахаҥҥа уурбатаҕа. «Бэйэбитигэр мээнэ биллибэт. Арай туора киһи кэллэҕинэ итинник гынааччы», — диэбитэ. Кэлин сылдьа иликпин. Куттаммытым билигин да ааһа илик. Сэргэ төрдүн хаспыт Бу түбэлтэни быраатым кэпсээбитэ. Оттон маны киниэхэ бииргэ үөрэммит доҕоро кэпсээбит. Онон кэпсээни быраатым доҕорун аатыттан кэпсиибин. Түөрт дуу, биэс дуу сыллааҕыта Эбэ уҥуор оттуур сирбитигэр күрүө тута сылдьыбыппыт. Эбэ бэтэрээ өттүгэр диэри матасыыкылынан кэлэбит, оттон уҥуор тыынан туоруубут. Биир күн барбах үлэлээн баран, эбиэттии диэн тыа саҕатыгар өтөххө таҕыстыбыт. Өтөхпүтүттэн түөрт тулааһын баҕана, үүт кутар умуһах, улахан ампаар дьиэ онно, тэйиччи соҕус титиик хаалбыт. Син балайда олорон эбиэттээтибит. Таах олоруохтааҕар ону-маны кэпсэтэбит, үлэбитин былаанныыбыт. Хайдах эбитэ буолла, кэпсэтиибит былыргы өтөх, баай дьон харчыларын сиргэ кистииллэр үһү уонна сэргэ туруоралларыгар түгэҕэр харчы быраҕаллар үһү диэҥҥэ тиийэн хаалла. Убайым ол кэпсэтэ олорон өс киирбэх: «Дабаай, сэргэ төрдүн хаһан көрөбүт дуо? Баҕар, кырдьык, харчы баара буолуо», — диэтэ да күрдьэҕин туппутунан, охто сытар сэргэ диэки барда. Мин эмиэ хайдах эрэ оҕотук санаабар балыйтаран, күрдьэхпин туппутунан кини кэнниттэн батыстым. Сиргэ охто сытар эргэ сэргэ таһыгар кэлэн от саба үүнэн хаалбыт тостубут төрдүн көрдөөн
булан баран, хаспытынан бардыбыт. Сүрдээх дириҥ гына хаһыллыбыт эбит, онон син өр букунастыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс сэргэбит атаҕын ырычаахтаһан-ырычаахтаһан ороон таһаардыбыт. Онтон, дьэ харчы көрдөөһүнэ буолла. Күрдьэҕинэн буору баһан таһаарабыт уонна аргыый «сиидэлээн» көрөбүт. Оннук «сиидэлии» туран убайым илиитин иминэн буору кытта буор буолан хаалбыт кытаанах баҕайы тугу эрэ булла. Тута кытахха сүүрэн тиийэн сууйдубут. Онтубут, доҕоор, дьиҥнээх былыргы харчы буолан таҕыста. Балай эмэ ыйааһыннаах уонна төп-төкүнүк. Сэриигэ сылдьыбыт эһэбит мэтээлин саҕа улахан. Биһиги үөрүү-көтүү бөҕө. Салгыы тиийэн хаһыахха диэн буолла. Ити курдук икки обургу харчыны булбуппут уонна кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан тылбытын бэрсибиппит. Ити кэннэ уһуннук үлэлээбэтэхпит. Аллара Эбэҕэ киирэн тыыбытыгар олорон күөлбүтүн туораан истибит. Мин кэннибит диэки хайыһан олоробун, оттон убайым миэхэ утары олорон тыыны эрдэр. Арай оннук курдук күөлбүтүн аҥаардаппыппыт кэннэ, мин көрдөхпүнэ уу кырсынан туох эрэ хара күлүк курдук биһигини батыһан иһэр. Мин кутталбыттан, хаһыытаан бытарыттым. Убайым туох буоллуҥ диэн баран, мин тугу эрэ көрбүппүн сэрэйэн, эмиэ кэннин хайыһан көрдө уонна бэйэбиттэн итэҕэһэ суох куттанна быһыылаах. Таах, үлүбүөй эрдэн кулупаайданна. Аны туран, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, тыал түстэ. Тыыбыт икки өттүнэн уу бөҕөнү баһан киирэн барда. Салгыы хайдах кытылы булбуппутун өйдөөбөппүн даҕаны. Оннук күүскэ куттаммыт этим. Нэһиилэ кытылы булан, матасыыкылбытыгар тахсан олорон баран, дьиэбит диэки көтүттүбүт. Убайым матасыыкыла хаһан да алдьаммат, айаннаан иһэн умуллубат бэйэтэ, бу сырыыга, дьиэбитигэр тиийиэхпитигэр диэри үстэ дуу, түөртэ дуу алдьанан, моһуогуран тиийбиппит. Дьиэбитигэр тиийбиппитигэр дьоммут хайдах буолан кэллигит диэн сураһа сатаабыттара да, биһиги туох да диэн саҥарбатахпыт. Бука, туох эрэ буолан кэлбиппит сирэйбитигэр-харахпытыгар көстө сырыттаҕа буолуо. Харчыбытын хоско киллэрэн кумааҕыга суулаан баран, остуол дьааһыгар кистээн кэбиспиппит. Киэһэ буолбута. Биһиги ол күн хайдах эрэ дэлби илистэн, ороммутун эрдэ булаат, тута утуйан хаалбыппыт. Арай түүн ортото утуйа сытан ким эрэ хаамар тыаһыттан уһуктан кэлбитим. Сытан эрэ иһиллии сатаабытым, дьоммут бары утуйа сыталлар быһыылаах этэ. Онтон эмискэ харахпар били күнүскү хартыыналар элэҥнээн аастылар. Убайбын уһугуннардым. Киһим уутун быыһынан эмиэ истэ сыппыт эбит эрээри, аҕам хаама сылдьара буолуо диэн аахайбатах. Ол түүн биллибэт киһи биһигини сүгүн утуппатаҕа. Кэлэр-барар, тугу эрэ көрдүүр курдуга. Сарсыныгар аҕабыт эрдэ туран, биһигини киирэн уһугуннарбыта уонна бэҕэһээ тугу гынныгыт диэн ыйыталаспыта. Кини, арааһа, тугу эрэ сэрэйэр быһыылаах этэ. Барытын хайдах баарынан кэпсээн биэрбиппит. Аҕабыт туох да диэн мөхпөтөҕө. Арай булбут харчыбытын көрдөөн ылан, дьиэттэн тахсан барбыта. Арааһа, илдьэн уурдаҕа буолуо. Ол күнтэн ыла туох да биллибэт буолбута. Дьэ, ити курдук быраатым доҕоро киниэхэ кэпсээбит, оттон быраатым миэхэ. Кырдьык, ол өтөх онно билигин да баар. Сэргэ сыппытын курдук сытар. Бултуу сылдьан Кимтэн
истибитим буолла, умнан кэбиспиппин. Биир маннык кэпсээн баара. Күһүн соҕотоҕун куобахха хаама таҕыстым. Син балай да сири кэрийэн тыа суолунан иһэбин. Ол иһэн көрбүтүм, арай суолга күн көрөр өттүгэр, миигиттэн тэйиччи соҕус, биир улахан баҕайы куобах мас төрдүгэр кирийиэҕинэн кирийэн сытар. Мин кыҥаан-кыҥаан баран, элбэрээкпин тардан кэбистим. Улахан баҕайы куобах эбит – бэйэтэ. Куобахпын үрүсээгим иһигэр уган баран салгыы хаамтым. Саатар, үрүсээгим быата синньигэс баҕайы, санныбын быһа киирэн сордуу иһэр. Ол курдук айаннаан иһэн суол өҕүллэр сиригэр кэлэн, сиһи быһа түһэн Дьаарбаҥ үрүйэтигэр түһэргэ сананным. Син балайда дабайан сиһим ортотун дьэ булан, көнөтүк хааман истим. Сири-уоту син билэр курдук сананар этим. Арай ол курдук баран иһэн ортотугар кыстык угун саҕа быыкаайык балаҕаннаах ырааһыйаҕа кэтиллэ түстүм. Соһуйдум аҕай. Урут бу эҥээр син хаста да сылдьыбытым эрээри, түбэһэн көрбөт этим. Балаҕаным аанын аһан баран, өссө ордук соһуйдум. Былыргы баҕайы, түөрт атахтаах дьоҕус остуол, икки талах олоппос, истиэнэ кыйа наара ороннор уонна самналлан эрэр көмүлүөк оһох хайдах баалларынан тураллар. Бэрт дьикти. Маннык балаҕан баарын тоҕо ким да кэпсээбэт эбитэй диэн толкуйдуубун. Сылайбыт киһи быһыытынан үрүсээкпин түһэрэн, остуол таһыгар турар талах олоппос быылын сотон баран, табахпын уматтан сынньана түһэргэ сананным. Табахтаан бүтэн баран, аны сис көннөрөр быһыынан ороҥҥо сыттым. Аан аһаҕас турар. Ол курдук сытан нухарыйан бардым. Онтон арай муннубар туох эрэ куһаҕан баҕайы сыт кэлбитигэр олоро биэрдим. Хайдах эрэ куйахам күүртэлээн ылла. Тута тыас хомуммутум. Кэлин аҕабыттан ыйытан билбитим, онно сэрии саҕана туохтан эрэ саһан дуу, куотан дуу биир ыал тахсан олоро сылдьыбыт үһү. Ол ыал биир кыһын ыалдьан дуу, хоргуйан дуу утуу-субуу быстыбыт диэбитэ уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ мээнэ кэпсии сылдьыма диэн сэрэппитэ. Бэлэмнээтэ Альберт Капрынов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан