Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күһүҥҥү түүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күһүҥҥү түүн
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.12.2020 16:07
Бу түбэлтэни чугас доҕорум кэпсээбитэ. Урут, куруук буоларын курдук, устудьуоннар, үөрэххэ саҥа киирбиттэр үөрэх саҕаланыан иннинэ производственнай быраактыка диэн тыаҕа тахсан үлэлииллэрэ. Ол курдук ким окко, бурдукка, хортуоскаҕа уонна да атын тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр бараллара. Доҕорум аах сибээс техникумугар үөрэххэ киирэн баран, бурдук үлэтигэр быраактыкалана Үрүҥ Баска хас да буолан тахсыбыттар. Бары эдэр дьон быһыытынан олус көхтөөхтүк үлэлээбиттэр. Хас да кыыстаахтара минньигэс ас астаан аһаппыттар. Киэһэ аайы оонньуу, ырыа-тойук ырааҕынан буолара үһү. Кутаа уот аттыгар олорон ону-маны, араас түбэлтэлэри кэпсэтэллэр эбит. Арай туран, биир киэһэ ол курдук арааһы кэпсэтэ олордохторуна куораттан сылдьар нуучча уолаттара: “Эһиги араас абааһы туһунан ону-маны кэпсиигит да, биһиги итэҕэйбэппит, илэ харахпытынан көрдөхпүтүнэ эрэ итэҕэйиэхпит” – диэбиттэр. Онуоха олохтоох сылгыһыт уол: «Итэҕэйбэт буоллаххытына мантан арыый тэйиччи абааһытынан аатырбыт балаҕаннаах өтөх баар, онно баран хонон кэлиҥ», – диэбит. Анараа уолаттар сөбүлэспиттэр. Салайааччылара, техникум үлэһитэ, чааһынай массыынатынан илдьэн биэриэх, эбиитин балаҕаҥҥа хонсуох буолбут. Сылгыһыт уол өтөх ханна баарын кумааҕыга уруһуйдаан биэрбит. Бэйэтэ ат да манньаҕа онно хоммоппун диэбит. Сарсыныгар былааннаах үлэлэрин эрдэ бүтэрэн уолаттар ким өтөххө барарын, тугу илдьэ баралларын быһаарсыбыттар. Сорох утуйар таҥас эҥин тэриммит. «Запорожец» массыыналарыгар олорон үс уол, биир кыыс уонна салайааччылара буолан хонуохтаах сирдэригэр айаннаабыттар. Күһүн буолан киэһэ эрдэ хараҥарар эбит. Ол иһин сырдыгы баттаһа эрдэ соҕус көтүппүттэр. Хаалааччылар ким эрэ “дьоммут сотору кэлиэхтэрэ”, сорох, “баҕар, олох да барбакка атын сиргэ хонон баран кэлиэхтэрэ” диэн кэпсэтэ-кэпсэтэ туох буоларын кэтэһэ хаалбыттар. Онуоха сылгыһыт уол өтөххө сонум хаалбыта, ону илдьэ кэлээриҥ диэбитин өйдүү түспүттэр. Халлаан хараҥарбыт, хаалбыт дьон кэпсэтэ түһэн баран эрдэ утуйбуттар. Арай түүн үөһүн ааһыыта били «Запорожец» массыыналара фаратынан сырдатан, гаастаан бааҕынатан олус түргэнник элээрдэн кэлбит. Тахсан көрбүттэрэ дьоннорун сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх үһү, Барбыт оҕолор "һуу-һаа" буола айманан бары кэлбиттэр эбит. Оччолоох аймаммыт дьону уоскутан уу иһэрдибиттэр, уот оттубуттар. Ол кэннэ биирдэ туох буолбутун истээри кулгаах-харах бөҕө буолбуттар. Дьонноро буоллаҕына ууну омурдубуттуу тугу да саҥарбакка хосторугар киирбиттэр. Арай салайааччылара уоскуйан табахтаан баран дьэ биирдэ кэпсээбит. Сылгыһыт уол уруһуйдаабыт хаартатын суолунан өтөхтөрүн син түргэнник булбуттар. Тиийбиттэрэ былыргы баҕайы ампаар дьиэ баар эбит. Ол дьиэҕэ киирбиттэр. Иһирдьэ уҥа, хаҥас өттүгэр наара ороннор бааллар эбит. Биир ороҥҥо били сылгыһыт уол соно сытарын көрбүттэр. Ампаар иһин сыныйан көрбүттэрэ урут син дьон хонор быһыылаах үһү. Онно-манна кур от, чүмэчи тобоҕо эҥин көстөллөр эбит. Хоно кэлбит дьон быһыытынан ороннорун оҥостубуттар, сэрэххэ бары таҥастаах сыппыттар. Суоппар массыынатын күлүүһүн араарбакка хаалларбыт. Халлаан эрдэ хараҥаран, им-балай буолбут. Билбэт балаҕаннарыгар кэлэн тэһииркээн ким да утуйбакка сыппыт. Түүн үөһүгэр диэри туох да биллибэтэх. Арай түүн үөһүн
ааһыыта эмискэ өһүөлэрэ лаһыгыраабыт. Мэктиэтигэр ким эрэ эккириир курдук эбит. Устунан эркиннэрэ кытта тыаһаабытынан барбыт. Эмиэ да дүҥүр тыаһыгар майгынныыра үһү. Салайааччылара банаарын ылан тыктаран көрбүтэ үөһэттэн буор саккырыыр эбит. Уолаттар оччолооҕу көрөн куттанан ойон турбуттар, кыыстара буоллаҕына хаһыы бөҕөнү түһэрбит. Бары сууласпытынан сүүрэн тахсан массыыналарыгар симиллибиттэр. Хата, күлүүһэ бэлэм буолан, массыыналарын собуоттуу охсон, харах тэстэринэн гаастаабыттар. Дьоллоругар хараҥа ойуур куһаҕан суолунан этэҥҥэ маска кэтиллибэккэ кэлбиттэриттэн үөрбүттэр. Сарсыныгар били куорат уолаттара “дьэ итэҕэйдибит, туох эрэ дьикти күүс баар эбит” диэн билиммиттэр. Аны мээнэ ону-маны саҥарыа суох буолан тылларын биэрбиттэр. Бу – чахчы буолбут түбэлтэ. Уолаттар сирэйдэрэ кэлбиттэригэр соччото суох эбитэ үһү. Кэлин сылгыһыт уол кэпсээбитинэн, кинини урут эмиэ тыас моһуоктаан утуппакка буукка бэрдэрэн тэскилээбит үһү. Суруйда Василий Кузьмин, Дьокуускай. Ыhыахха түбэлтэ Нэһилиэк дьоно, куруук да буоларыныы, ыһыахха өрө көтөҕүллэн тэринэ сылдьыбыттар. Саҥа талыллыбыт эдэр баһылык Аким Иванович ыһыаҕы урукку ыһыахтыыр сиртэн, дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус баар Уһун Эбэ үрдүгэр ыытарга быһаарбыт. Ону ордук кырдьаҕас өттүлэрэ сөбүлээбэтэхтэр да, ким да ону улахаҥҥа уурбатах. Ыһыахтарын аал уоту аһаттаҕа буолан алҕаан арыйбыттар. Быһата, ыһыах ыытыллар сиэрин-туомун умна быһыытыйбыт, билбэт да диэххэ сөп, эдэр дьон көрү-нары көҕүлүттэн тутан барбыттар. Атыы-кутуу үгэннээбит, ыһыах оонньуута, муусука тыаһа ыраахтан иһиллэр гына ньиргийбит. Номнуо итирбит дьон чабыланаллара, ып-ыраас хонууга бөх-сыыс ыһыллан тыалга көтөрө үксээбит. Ол быһыһыгар дьахталлар күрэхтэһэ сылдьан мөккүһэн этиһэн ылбыттар. Арай бу сырыттахтарына эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэт улахан холорук түһүлгэ туох баар киэргэлин-симэҕин тоҕута сөрөөн, аппаратураны үлтү быраҕан, буор-сыыс бөҕөнү ытыйа көтөхпүт. Дэриэбинэ иһигэр эмиэ сүрдээх күүстээх тыал түспүт. Баҕаналар сууллубуттарыттан уот баран хаалбыт. Ол түүн түһүлгэҕэ итирик охтон хаалбыт Миитэрэй диэн киһи хаһан да көрбөтөҕүн көрбүтэ үһү... Кини кэпсээнинэн түүн үөһэ уһуктан, өйдөнөн кэлбитэ тыал-куус бөҕө түспүт эбит. Сирэйэ, баттаҕа, таҥаһа бүттэтэ суох буор буолан хаалбытын тэбэнэ олорон тулатын көрбүтэ, көстөр-көстүбэт дьон омооно барыгылдьыһан тураллара үһү. Ол күлүктэр тугу эрэ кэпсэтэр курдук суугунаһаллар, хамсаналлар эбит да, Миитэрэй саҥаларын кыайан арааран истибэтэх. Ол дьоҥҥо маарынныыр харамайдар дэриэбинэлиир аартык диэки баран иһэн сүтэн хаалбыттар. Ол түүн суол тоҕойугар дьиэлээх Өлөөнө эмээхсин сырдык тыына эмискэ быстыбыта. Саҥа ыһыахтыыр сирдэригэр чаҕылҕан түһэн, сэргэлэртэн ураты атыылыыр, аһыыр-сиир тутуулар бары дьикти баҕайытык умайан хаалбыттара. Онон туох барыта сэттээх-сэлээннээх эбит. Ити курдук “ыһыаҕы көргө-нарга, атыыга-тутууга кубулутан кэбиспэккэ сиэри-туому тутуһан ыытар куолута” диэн барыбытыгар үөрэх буолар түбэлтэ буолан турардаах. Киhи уҥуоҕар Биһиги кыра сылдьан киһи уҥуохтарын кэрийэр дьикти идэлээх этибит.. Биирдэ оҕолору кытта урут сылдьыбатах киһи уҥуохтаах сирбитин кэлэн көрө сырыттыбыт. Арай Саша диэн уолбут биир киһи уҥуоҕун аттыгар кэлбиппитигэр биһиэхэ: «Көрүҥ эрэ,
ол биһигини хара таҥастаах киһи көрө-көрө күлэр. Биһиэхэ кэлэн иһэр», – диэтэ. Онуоха биһиги көрө сатаатыбыт да, биир да киһини көрбөтүбүт. Оонньоон этэр дии санааммыт: «Саша, эн биһигини куттаама эрэ, биир да киһи суох» – дии-дии үргээбит сибэккилэрбитин дьон уҥуоҕар уурталыы сырыттыбыт. Онуоха Сашабыт кимниин дуу, туохтуун дуу эрэ кэпсэтэн киирэн барда. «Суох, барбаппын», – диирин эрэ өйдөөн иһиттибит. Эмискэ куһаҕан баҕайы амырыын сыт билиннэ... Биһиги куйахабыт күүрүөр диэри уолуйа куттанныбыт. Бары хаһыытыы-хаһыытыы дьиэбит диэки сүүрдүүбүт. Харахпыт кырыытынан көрдөхпүтүнэ хап-хара күлүк сырсан иһэр курдук. Дьиэбитигэр кэлбиппит оттоон кэлбит дьоммут хотонноругар тахсыбыттар этэ. Биһиги хотоҥҥо сырсан кэллибит. Ийэбит соһуйан “хайдах буоллугут” дии тоһуйда. Биһиги туох буолбутун барытын кэпсээн биэрдибит. Онуоха ийэбит барахсан аны онно сылдьымаҥ диэхтээтэ уонна хайыай? Ынахтарбытын ыан бүтэн дьиэҕэ киирдибит. Тоҕо эрэ ким да тугу да саҥарбат. Бары киһи уҥуоҕар буолбут түбэлтэни саныыбыт. Ийэлээх аҕабыт эрэ кэпсэтэллэр. Ол курдук уку-суку чэйдээн бүтэн утуйдубут. Түүн ортото Сашабыт утуйа сытан эмискэ хаһыытаан уһугунна. Арай туран түһээтэҕинэ били хара күлүк дьиэбитигэр кэлбит уонна кинини бэйэтигэр ыҥырар үһү. Ол киһи сирэйэ барыта үөн, уҥуохтара көстө сылдьаллар эбит. Сарсыарда ийэбит Балбаара эмээхсини дьиэбитигэр ыҥыран аҕалта. Эмээхсин алҕыы-алҕыы кытыаны уматан дьиэни бүтүннүү кэрийэ хааман ыраастаабыта. Ол кэннэ сирэйин бэрт куһаҕаннык туттан баран, илиитинэн тугу эрэ харбаан ылардыы туттубута. Ол кэмҥэ эмискэ түннүктпүт тааһа тоҕо ыстанан хаалбыта. Онуоха эмээхсин улахан баҕайытык: «Кэлбит суолгунан бара тур! Аны төннүмэ!» – диэн хаһыытабыта. Биһиги онтон уолуйа куттанан ытыахча буолбуппут. Бу кэннэ хата, туох да биллибэтэҕэ. Барыта этэҥҥэ ааспыта. Ити түбэлтэ кэннэ киһи уҥуоҕун кэрийэр дьарыкпытын бырахпыппыт. Aнараа дойду Балыыһаҕа реанимацияҕа үлэлиир сиэстэрэ Маша олус дьикти түбэлтэни кэпсээн турардаах. Ол курдук биир киэһэ балыыһаларыгар үлтү кырбаммыт эдэр киһини киллэрбиттэр. Үрүҥ халааттаах аанньаллар саҥардыы олоҕу олорон эрэр эдэркээн уолга туох баарынан үрүҥ тыынын быыһаары сүүрбүттэр-көппүттэр. Эдэр дьон сотору-сотору араастаан кырбанан балыыһаҕа киирэллэриттэн Маша санаарҕыыр этэ. “Дьон бэйэ-бэйэлэрин төбөлөрүн бүттэтэ суох сынньан, дьиикэйдик кырбыыр буолбуттар” – диэн харааста кэпсиирэ. Манна үлэлии киириэҕиттэн араас дьылҕалаах дьону көрбүтэ. Ол эрээри бу курдук дьикти түбэлтэҕэ түбэһэ илигэ үґү. Саҥата суох ону-маны санаан уол аттыгар олорбут. Барахсан туох өйдөөх-санаалаах, хайдах улаатан, туох дьоҥҥо түбэһэн бу буолан сытаахтыыра буолла дии саныы-саныы кыһана-мүһэнэ сырыттаҕына уол туруга мөлтөөн барбыт. Маша суһаллык быраастары ыҥыран уол сүрэҕин хачайдыы сатаабыттар. Маша: «Дьоҥҥор төнүн, эн эдэргин кэл», – диэн үрүт-үөһэ ыҥыра олорбут. Хата, соһуйуон иһин, уол сүрэҕэ эмискэ үлэлээн барбыт. Бу түгэн кэнниттэн Ганя бэттэх кэлэн үтүөрэргэ барбыт. Биир күн Машаҕа олус дьиибэ түбэлтэни кэпсээбит. Били өлөр-тиллэр күнүгэр хабыс-хараҥаттан киһи хараҕа саатар
сып-сырдык сиргэ тиийбит. Туман быыһынан хааман иһэн күлүктэр барыгылдьыһан туралларын көрбүт. Хата, дьону көрүстэҕим диэн үөрэ санаабыт. Аттыларыгар кэлбитэ барыта билбэт дьоно тураллар эбит. Онтон кинилэр быыстарыттан эбэтэ тахсан кэлбит: «Тоойуом, тоҕо эрдэ кэллиҥ, мин эйигин кэлиэ дии санаабатаҕым. Чэ, кэлбит буоллаххына барыахха. Манна билэр дьоммут элбэхтэр», – диэн баран сиэнин илиититтэн сиэтэн, иннин диэки дьулурутан илдьэн испит. Арай уол көрбүтэ кырдьык да урут өлбүт билэр дьоно, бэл, оһолго суорума суолламмыт табаарыһын аҕата сылдьаллар эбит. Ганя хайдах маннык баҕайыный, ханна кэлэн хааллым диэн санаан эрдэҕинэ, ханна эрэ ким эрэ кинини ыҥырар саҥата иһиллибит. Эбэтэ ол саҥаҕа олох да наадыйбат, истибэт курдук эбит. Арай ол саҥаттан Ганя тоҕо эрэ долгуйа быһыытыйбыт. Ийэтин, бииргэ төрөөбүттэрин санаан, аны төннүбэт сирбэр кэллэҕим диэн ыксаабыт. Ону сэрэйбиттии эбэтэ: «Тоойуом, онно саҥа кэлбит дьон аньыыларын-хараларын көрөллөр, барыахха. Эн олус эрдэ кэлбиккин. Туох дииллэрэ буолла, баҕар, төттөрү ыытыахтара», – диэбит. Ганя уочарата кэлбитигэр испииһэккэ аатын өр да өр көрдөөбүттэр да булбатахтар уонна «алҕас кэлбит төттөрү ыытыаххайыҥ, туох да аньыыта-харата суох оҕо, кинини өлөрдүү кырбаан манна тиэрдибит дьон накаастаныахтара» диэн буолбут. Эбэтэ үөрэн мичилийбит, сиэнин сүүһүттэн сыллаан ылбыт уонна үчүгэйдик сылдьабын, этэҥҥэ олоруҥ дии хаалбыт. Ганя кинини ким эрэ ыҥырарын эмиэ истибит, онтон сып-сырдык туман иһигэр киирэн төттөрү барбыт, ол аата иккистээн төрөөбүт курдук... «Онон, анараа дойду диэн баар быһыылаах» диэн Маша дьикти кэпсээнин түмүктээбитэ. Бэлэмнээтэ Ангелина КУЗЬМИНА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан