Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиэ араҥаччыта эбэтэр мин оҕо доҕорум
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиэ араҥаччыта эбэтэр мин оҕо доҕорум
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.11.2020 15:02
Биһиэхэ (төрөөбүт дьиэбин билигин да итинник ааттыырым бааламмат ини) хонон-өрөөн ааспыт дьон бары да билэллэр – биһиги дьиэбит боростуой дьиэ буолбатах. Сорох ону түһээн, сорох истэн билэр. Оттон илэ хаампытын бэйэм да билбэппин. Ол эрээри дьиэбин «абааһылаах» дииллэрин олох сөбүлээбэппин. Ити – биһиги аанньалбыт сылдьар. Мин киһини билэр буолуохпуттан баар. Бастаан ону оҥорон, айан көрөр дьоҕурум оҥоһуута дии саныыр этим. Оҕо саада диэни билбэккэ улааппыт киһибин. Онон дьиэбэр соҕотоҕун хааларым кэмнээх буолуо дуо. Онно ол «доҕорум», хата, көх-нэм буолара. Дьонум үлэлэригэр, убайдарым оскуолаҕа бардахтарына, Кини эрэ баар буолан тэһийэрим. Биир халлаан күөҕэ былаачыйалаах, күөх харахтаах, сырдык баттахтаах олус диэн сөбүлээн, ынньаҕалаан туран ылларбыт куукулалааҕым. Ол онтубун кытта эрэ ала-чуо «кэпсэтэр» идэлээҕим. Ол аанньалбын билигин да ити куукулабын кытта ситимниибин. Төһө да ол куукулам сүппүтэ ырааппытын, оттон аанньал хаалбытын үрдүнэн. Дьиибэ? Дьиибэ. Билинэбин. Ол эрээри ол санаабын кыайан ылан бырахпаппын. Ол куукулабын кытта тоҕо эрэ билбэт аата, нууччалыы саҥардаҕа буоларым. Билигин кэлэн сөҕөбүн: атын куукулалар бааллара ээ, тоҕо кинини чорбоппутум буолуой? Оччолорго саныырбынан, талбытым төрүөтэ – ол куукула миигинниин саҥата да суох буоллар, бэрт дьикти тылынан илэ бааччы кэпсэтэрэ. Ону эттэхпинэ, билигин да итэҕэйбэттэр... Билигин онтубун ардыгар бэйэм да саарбахтыыбын. Куораттан дьонум ыалдьыттыы кэлиэхтээхтэрин эҥин ол кини «этэр» курдук өйдүүбүн. Сороҕор түһээтэхпинэ – эдьиийим кыыһыныын оонньуу бөҕө буола сылдьарбытын көрөөччүбүн. Эмиэ да ону кэпсиир, онтон сиэттэрэн ыйытар курдук эбиппин. Холобур, ийэбэр, эмискэ баҕайы сүүрэн кэлэн: «Маамаа, эдьиий Дуукалаах кэлэллэр дии?» — диир үһүбүн. Ону ийэм кинилэр хаһан кэлэллэрин-баралларын хантан билиэй? Эриэккэскэ да буоллар массыыналарыгар олордулар да, айанната турар дьон буоллахтара. Кыыстара У. миигинниин эт саастыы. Онон бастаан утаа ахтан, оонньуон баҕаран этэр диэн өйдүүллэр эбит. Ону баара, оруобуна этэр үһүбүн. Ол иһин хантан билэҕин диэтэхтэринэ, хоруйдаабат үһүбүн. Төлөпүөнүнэн этэллэрэ буолуо диэҕи, төлөпүөн диэн суох дьоно этибит. Ахсааннаах ыалга баара, бөһүөлэк үрдүнэн. Дуукалаах да эрийэн сэрэппиттэрэ суох үһү. Өссө биир түгэни ийэм өлүөр диэри өйдүүр этэ. Биирдэ эппит үһүбүн, быһа холоон биэс-алта саастаахпар быһыылаах: «Саадьаҥкабыт оҕустанар буолла. Тыһы сатаммата». Ийэм ынахха, хотоҥҥо эрэ чугаһаабат кырачаан кыыһа бэрт дьиктитик тылласпытыгар сэҥээрэн: «Ити тугу этэҕин?» – диэбит. Ону мин: «Оттон... Саадьаҥка оҕус ньээнньэлэнэр быһыылаах. Билбэппин ээ», – диэт, куукулабын көтөхпүтүнэн сөбүлээн оонньуур сирбэр сүүрэн элэстэнэ турбуппун. Оттон ол саас, кырдьык да, ынахпыт оҕустаммыт этэ. «Туга сатамматаҕын» ким билиэй? Аны кэлин, устудьуоннуу сылдьан дьиэбэр каникулга тиийдэхпинэ, түһээн сэттэ-аҕыс саастаах саха (!) кыыһын түһүүр буоларым. Ґөрбүт аҕай сирэйдээх буолара. Ардыгар тэбис-тэҥҥэ оҕо сааспар түһэн кинилиин оонньуурум, мэниктиирим. Ынах үүрэрбит, ньирэй сырсарбыт, мээчиктиирбит. Ити – оччолорго дьонум
ынахтарын эспиттэрэ ырааппытын үрдүнэн. Ийэм аах: «Эн кэлэриҥ чугаһаатаҕына, ол-бу тыас элбиир, киирии-тахсыы, элэгэлдьийии курдук буолар. Онно үөрэнэн да бардыбыт. Арааһа, бэриэтчиттээххин», — дииллэрэ. Хоноһолор эмиэ оҕо баар, утуйар-утуйбат сыттахпытына, ардыгар өҥөйөн турар, ардыгар баттаҕа күкээрэн анараа хоһунан элэс гыммыта баарын кэпсээччилэр. Барахсан, сыл-хонук ааһар, мин кырдьабын, оттон кини уруккутун курдук оҕо сылдьар эбит буоллаҕа. Туох да куһаҕаны оҥорбот. Онон, төттөрүтүн, хайдах эрэ күндүтүк саныыбын. Билигин бэйэм туспа ыалбын, атын бөһүөлэккэ баарбын. Ол төрөөбүт-үөскээбит дьиэбэр орто убайым аах олороллор. Син өтөр-өтөр да буоллар сылдьабын. Ардыгар хонон-өрөөн да кэлээччибит. Биир да оҕо мин курдук «оҕо баар, кэпсэтэбин» диэбитэ иһиллибэт. Бөлүүн түһээн, ол кыысчааммын көрдүм. Ыаҕайалаах, тугу эрэ хонууттан итигэстиир курдук. Дьиктитэ диэн, бу бэйэм дьиэбэр кинини түһээбэт буоларым. Сайыммыт эрдэ кэлэн буоллаҕа дуу? Саҥаспын кытта сэлэһэ-хобугунаһа таарыйа бара да сылдьыбыт киһи. Ыал ийэтэ, Сунтаар.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан