Кэпсээ
Войти
Регистрация
Aбааhылаах Күөгэчээн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Aбааhылаах Күөгэчээн
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
12.11.2020 14:41
Күндэттэн чугас, ааттаах абааһылаах Күөгэчээн диэн сиргэ олохтоох Дьаанай Дьаакып биир күһүн байтаһын оҕуһун идэһэҕэ өлөрөрүгэр убайын Имэрийэр Эҥиэнтэйин ыҥырбыт. Дьэ, онно Имэрийэр Эҥиэнтэй тиийэн эмис улахан идэһэни өлөрсөн, хоно хаалар. Киэһэ аһылыктарыгар эт сииллэр. Дьиэлээхтэр биир улахан кырбас эти оһох кэннигэр илдьэн уураллар. Ол аата, били, абааһыларын өлүүтэ үһү. Дьиэлэрин абааһыта ыалдьыты-хоноһону сүгүн хоннорботун Имэрийэр Эҥиэнтэй билэр эбит. Утуйалларыгар дьиэлээхтэр хаҥас диэки, быыс кэннигэр, эмээхсининиин хоонньоһон сыталлар. Аттыларыгар туос атыйах биһиктээх оҕону олоппос үрдүгэр сытыараллар. Хоноһо уҥа диэки ороҥҥо остуолу сырса сыппыт. Арай көмүлүөк уота умуллан, дьиэ хараҥарыыта, оһох кэннин диэки туох эрэ тыаһыыр үһү. Хоноһолоро эрдэттэн сэрэйэн, олох утуйбакка сыппыт. Онтон эмискэ оһох кэнниттэн хоноһо үрдүгэр кумаҕынан ыспыт. Уонна күлэр саҥата «сык-сык, сык-сык» гынар үһү. — Дьэ, саҕалаата, киһини тугунан эрэ быһа быраҕара буолуо, — диэбит куттанан, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн сыппыт хоноһо. Сотору соҕус буолан баран оһох кэнниттэн хардаҕас кыырайан кэлэн, дьиэ истиэнэтиттэн тэйэн остуол сирэйигэр түһэн баран, сиргэ түспүт. Ол кэннэ оһох кэннин диэки туой киһи күлэр саҥа иһиллэр үһү. Ол аайы Имэрийэр Эҥиэнтэй титирэстии сыппыт. Балачча буолан баран, аны быыс кэннигэр сытар дьиэлээхтэр суорҕаннарын ньылбы тардан ылан, дьиэ ортотугар элээрдибит. Ону Дьаанай Дьаакып баккынан туран, суорҕаны ылан саптыбыт. «Улаҕаа өттүгүн үчүгэйдик бугунан сыт», — диэн эмээхсинин мөҕө быһыытыйбыт. Ити курдук суорҕаннарын үс төгүл дьиэ ортотугар элээрдитэлээбит. Ол аайы «сык-сык, сык-сык» — диэн абааһы куһаҕан баҕайытык күлэр саҥата иһиллэр үһү. Онтон эмиэ утуйуох курдук буолан эрдэхтэринэ, били, олоппос үрдүгэр ууруллубут биһиктээх оҕону түҥнэри тардан түһэрбитигэр оҕо саҥата сарылыы түспүт. – Чэ, хайдах да сүгүн утуталыа суох, — диэннэр түүн үөһүн саҕана уоттарын оттон баран, бары олорон хоммуттар. Сарсыныгар Имэрийэр Эҥиэнтэй бэрсибит эттэрин ылан дьиэлээбит — Дьэ, оннук хонон турабын, — диэн кэлин бэркэ айаҕа аһыллыннаҕына, дьулайан кэпсиирэ үһү. Дьиэлээхтэргэ куруук мастарыгар мас, ууларыгар уу эбиллэр үһү. Хотонноро ааннааҕын үрдүнэн, балаҕаннара холбуу хотонноох буолан, ынахтарын дьиэ аанынан киллэрэллэр эбит. Онно аһаҕас эттээх ичээн дьон көрдөхтөрүнэ, дьиэни бүк турар, хара бэкир киһи хотоннорун ааныгар атаҕын ахчаччы тэбинэн турар буолар үһү. Ынах ыы киирэр дьахталлар ол иһин ахтатын аннынан сылдьаллар эбит. Кыстыктарыттан сайылыктарыгар көһөллөрүгэр албыннаан көһөллөр эбит. Ол аата наадалаах малларын эрдэттэн сыр-мыр таһан кэбиһэллэр уонна бүтэһиктэригэр, букатын баралларыгар, дьиэлэриттэн кэннилэринэн хааман тахсаллар. Ол курдук хаампытынан өтөхтөрүн саҕатыгар диэри бараллар эбит. Ичээннэр көрдөхтөрүнэ, били абааһылар: – Ханна баран хаалбыт бэйэккэлэрэй? — диэн сүтүктээн суоллуур эбит. Онно көрдөҕүнэ, өтөх саҕатыттан киһи суола дьиэҕэ кэлэн киирэр эбит. Инньэ гынан дьиэтигэр хаалан хаалара үһү. Кэлин хойукка диэри ол дьиэлэрин өрт уота эҥин
тумнан ааһара үһү. Олохтоох кырдьаҕастар: «Сиинэ хайатын иччитэ, эбэтэр чучунаа дьукаахтаспыта буолуо», — диир буолаллара. Aата суох ойуун Былыыр-былыр, ааспыт үйэлэр ортолорун эргин, Бэс Күөлүн алааһын булуҥар сүөһүтэ да, сылгыта да суох аҥаардас Аата суох диэн ойуун олорбут. Кини үйэтигэр өрүү бултаан, балыктаан аһаабыт. Ону таһынан ыҥырыынан хаһан эмэ ойууннуур эбит. Бэйэтэ ааттааҕа-суоллааҕа да биллибэт, дьон-сэргэ өрүү Кырдьаҕас эрэ диэн аатынан ааттаан ыҥыраллара үһү. Кырдьаҕас өлөр кэмэ кэлэн дуу, хайаан дуу, эмискэ кэриэһин эппэккэ өлбүтүн булан, өтөҕүн таһыгар, били Сиинэ кытыытыгар, Харыйа үрэх булуҥар уҥуох көтөхпүттэр. Ол көмпүттэрэ төһө эрэ буолан баран, өрт уота сиэн, кириэһэ, күрүөтэ-хаһаата күл буолан хаалбыт. Онуоха чугастааҕы ыалларын ичээннэрэ, түүллээхтэрэ түһээн Аата суох ойуун кыырарын истэллэр эбит. Кырдьаҕас: – Кириэспин, күрүөбүн, хаххабын, дьиэбин-уоппун, тэлгэһэбин өрт уота сиэн күл-көмөр оҥордо. Ону дьонум-сэргэм күүс-көмө буолаҥҥыт, уҥуохпун бу сытар сирбиттэн хостоон, атын сиргэ көһөрөҥҥүт, хос уҥуох көтөҕүҥ диэн көрдөһөр эбит. – Аны саас, хара хапсыыр саҕана, Харыйа үрэх эҥээригэр оторсуҥҥа, биир байтаһын тайаҕы хаайан биэриэм. Ол тайаҕы бултаан, онон үттүөбэйдээн, аһаан-сиэн уҥуохпун көһөрөөрүҥ», — дэтэр. Ону ичээннэр уонна мэнэриктэр дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээннэр, кыанар дьон саас, хара хапсыыр саҕана, били «хаайбыт» тайаҕын бултаан, кырдьаҕастарын уҥуоҕун иккистээн Харыйа үрэх толоонун саҕатыгар көһөрбүттэр. Аны ол уҥуоҕун тас тэрилин аҕыйах сыл буолан баран, эмиэ өрт уота сиэбит. Кырдьаҕас эмиэ түүллээхтэр түүллэригэр, мэнэриктэр этэр холуо буолбут тылларыгар-өстөрүгэр киирэн, өссө муҥун ытаабыт үһү. Кырдьаҕас уҥуоҕун аны Харыйа үрэхтэн атын сиргэ, ити үрэх баһыгар сытар, Бэс Күөлүн алааһын халдьаайытыгар көһөрөргө көрдөһөр эбит. Бу көһөрүүнү аны саас Улуу тунах иннигэр, төннөр анды саҕана көһөттөрөргө этиппит. – Ыһыахтар сэттэ хонук иннилэригэр, бу Бэс Күөлүгэр элбэх үөр андыны түһэрэн тоҕуорутуоҕум. Маны элбэх буолан киирэн ытыалаан, манан мииннэнэн, тэрийэн уҥуохпун үһүстээн көтөҕөөрүҥ, — диэн көрдөһөн, мэнэриктэр уостарыгар киирэн этиппит. Сааһыттар уонна маһы туттар дьон түмсэн, били эппит күнүгэр, Бэс Күөлүгэр тиийэн көрбүттэрэ, балачча улахан күөл уута хара эриэн ынах тириитин тиэрэ тарпыт курдук, хара луоҕу анды бөҕө мустан баран, итиннэ болуот, манна болуот курдук төттөрү-таары уста, умсаахтыы сылдьаллара үһү. Били дьон бүтүн сүүрбэччэ сааһыт, саалара итийиэр, күөл үрдэ туманнырыар диэри ыта сатаан бараннар, сааларын сэбэ баранан уурайбыттар. Онуоха соҕурууттан улахан тыал түһэн, өлөрбүт андыларын бүтүннүү хоту кытыыга үлтү күрдьэн кэбиспитин хомуйан ылбыттар уонна сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн, сороҕун сүгэн, үллэстэн барбыттар. Ол курдук эмис андынан мииннэнэн кырдьаҕастарын уҥуоҕун үһүстээн көһөрбүттэр. Онтон ыла, били Бэс Күөлүн аны Бэс Андылаах диэн кэриэстээн ааттыыр буолбуттар. Степан Федоров «Аата суох ойуун» диэн кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан