Кэпсээ
Войти Регистрация

Табалаах киһи

Главная / Кэпсээн арааһа / Табалаах киһи

K
05.11.2020 14:08
Мин үөрэнэр кэммэр, биһиги дэриэбинэбит оскуолата аҕыс кылаастааҕа. Инньэ гынан, бөһүөлэкпититтэн 30-ча км ыраах баар дэриэбинэҕэ баран, интэринээккэ олорон үөрэнэрбит. Оччотооҕу оҕоҕо үс көс диэн ыраах буола сылдьаахтыа дуо... Хас өрөбүл аайы кэриэтэ дьиэбитигэр сатыы күрээн хааларбыт. Ону интэринээт үлэһиттэрэ бопсо, тута-хаайа сатыыллара. Биирдэ саас, үрэх мууһа саҥа барбытын кэннэ, эмиэ оннук күрээн баран, икки уолбут халааннаан сытар муус тымныы уулаах үрэҕи харбаан туорааччы буолан, биирдэрэ улаханнык ыалдьан айдаан тахсыбытын өйдүүбүн. Ол кэннэ мэлдьи күрүүр идэлээх хас да уолу оскуолаттан эҥин үүрбүттэрэ. Чэ, ол кэпсээммэр туох да сыһыана суох... Оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар, эксээмэн туттара сылдьан, биһиги бэһиэ буолан, куолубутунан, сатыы дойдубутугар баран истибит. Икки кыыстаахпыт. Икки доҕор уолум кыргыттар бытааннарыттан салҕан, күүтэ-күүтэ хаамартан сылайан, бэйэлэрэ бара турдулар. Мин икки кыыһы арыаллаан хааман истим. Үрэх эбэтэр суолу быһар улахан чалбах кэллэҕинэ, кыргыттарбын эр-биир сүгэн туораталыыбын. Сир ортотун ааһан баран, кыргыттарым «бара тур, кыратык олорон сынньана түһэн баран ситиэхпит» диэн баран суол кытыытыгар сытар охтубут тииккэ олорон хаалылар. Мин өс киирбэх соҕотоҕун бара турдум. Балай эмэ барбахтаан баран, «ити дьонум аны суолга быстаран хаалан айдааны таһаарыахтара. Төрөппүттэрэ аара суолга быраҕан барбыппын иһиттэхтэринэ сиир буоллахтара» диэн күүтэргэ быһаарынным. Кыргыттартан биирдэстэрэ тастыҥ балтым, иккиһэ үйэбит тухары ыаллаһа олорбут дьоммут кыыстара, киһини билэр буолуохпуттан бииргэ оонньоон улааппыт киһим. Суолтан туораан, уҥуохтаах отон уктаах үрдүк томтор үөһэ ыттан, туох эрэ эргэ, эмэҕирбит мас сытарыгар олорунан кэбистим. Ол олорон, хас да былырыыҥҥы кур уҥуохтаах отону булан сиэтим быһыылааҕа. Төһө өр олорбуппун өйдөөбөппүн. Баҕар, утуктаабытым буолуо... Арай, айан суолун уҥуоргу өттүгэр баар дулҕалаах толоон устун ким эрэ атынан айаннаан иһэр эбит. Аттаах киһим толоон саҕатыгар үүнэн турар мастар быыстарынан барбах элэҥнээн көстөр. «Хайалара бу уу-хаар бөҕө ортотунан толоону ортотунан дулҕаны солоон айаннаан истэҕэй, тоҕо суолунан барбат баҕайытай?» диэн кимин билэ сатаан, бүтүннүү харах иччитэ буолан олоробун. Мантан дэриэбинэбэр диэри 10-ча эрэ биэрэстэ хаалбыт буолуохтаах, дэриэбинэм киһитэ буолуон сөпкө дылы. Атын ким сылдьыай? Сотору мастар быыстарынан киһим мин диэки эрийэ тутан туораан эрэрэ көһүннэ. Мас лабаалара мэһэйдээн үчүгэйдик көстүбэт даҕаны. Утары баран көрүөхпүн, атаҕым нэһиилэ уйар, сылайбытым да бэрт. Киһим лаппа чугаһаан, толоон саҕатыгар тахсыбытын кэннэ көрбүтүм, киһим букатын да аты буолбакка, табаны миинэн иһэр эбит. Уҥа илиитигэр туппут уһун ураҕас маһынан сиртэн тирэнэр тайахтаммыт. Тугу көрөрбүн хотон өйдөөмүнэ балай эмэ чыпчылыйа-чыпчылыйа харахпын сотто олорбохтоотум. Киһим адьас миигин көрдө-көрбүтүнэн иһэр. Суолу кыйа үүммүт бөлөх маһы ааһан, миэхэ 50-ча хаамыы чугаһаабытын, сирэйэ-хараҕа көстөр буолбутун кэннэ, дьэ, этим тарта. Табаны мииммит киһим тугу эрэ хаһыытаан айаҕа оҥоҥнуур (саҥата иһиллибэт), олус кырыктаахтык
илиитинэн далбаатанар, хараҕын үүтэ көстүбэт гына кыыһырбыт дьүһүннээх эбит. Илиитин бэрт эрчимнээхтик туора-маары сотуолууруттан «мантан киэр буол!» диир быһыылаах диэн өйдөөтүм... Арааһа, айахпын аппаччы аппытынан туран кэллим быһыылааҕа. Ону кытта атаҕым анныттан, суолтан, били кыргыттарым «ээ, Куолукка бу олорор эбит дии!» диэн хаһыылара чаҕаарыйда... Ыстанан тураат кинилэр диэки аллара ойдоҕум дии. Суолга үктэнээт, били табалаах киһибин көрдөөн тула эргичиҥнээтим даҕаны, чугаһынан ким да баара көстүбэт. «Били табалаах киһи ханна барда, эһиги көрбөтүгүт дуо?» дии-дии олус куттаммыт сирэйдээх тула кулахачыйа сылдьар киһини көрөн, хата, кыргыттарым миигин куоһарар гына улаханнык куттаннылар. Төһө да сылайдарбыт, сүүсчэкэ миэтэрэ сири биир тыынынан сүүрүүнэн түһүнэн кэбистибит. Ити курдук салгыы айаннаан иһэн ыалым кыыһа Мааппа «Куолукка куттаммата бэрт эбит дии, ити былыргы киһи уҥуоҕун үрдүгэр тахсан олорор дии санаабытым» диэбитигэр эрэ өйдөнөн, туох көстүөн сөбүн толкуйдаабытым. Ити томторго былыргы киһи уҥуохтара баалларын миигиттэн атын оҕолор бары билэллэр эбит этэ. Түһээбэтэх буоллахпына, бука, хаһан эрэ былыр өлөн хаалбыт барахсан уҥуоҕун үрдүгэр киһи олорорун абааһы көрөн, табаланан-миҥэлэнэн кэлэн холдьоҕустаҕа. Табалаах да сылдьара улахан сонун буолбатах. Төһө да билигин эстибитин иһин, былыр биһиги төрүөхпүт эрэ иннинэ бөһүөлэк эр дьоно, булчуттар бары таба миҥэлээх сылдьалларын бары да истэн билэрбит.
kyym.ru сайтан