Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кинигэ Чиэрбэтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кинигэ Чиэрбэтэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
09.04.2021 12:55
Сорох дьон, баҕар, кинини муодаргыы көрөрө буолуо... Мин да аан бастаан кинини оннук көрбүтүм. Биир, икки, үс – кырааскаланан-самааскаланан бүттүм, уһун кыламаннар сапсыналлар, хобулук тыаһа тоһугуруур, кылгас былаачыйам күлүмүрдээн олорор. Сиэркилэ иннигэр кыраһыабай кыыс өттүк баттанан турар, «кэрэҕин, деткоу, кэрэҕин» киҥинэйэн ыллыыбын, бэйэм бэйэбэр имнэнэн ылабын. Мантан киэһэ эмиэ сонун, саҥа олох саҕаланар, хас уол сүрэҕэ долгуйар, хас кыыс хараҕын кырыытынан көрөр, наһаа астыык... Такси ыҥырабын да көтө-дайа турабын, көрсүҥ миигин, кыыскытын, суохтаатаххыт буолуо... Тоскаа... Таах-сибиэ саҥа былаачыйа ылынан, кып-кыһыл буола сытыйан, консультант кыыс үчүгэй да үчүгэй, эйиэхэ эрэ анаан тигиллибит курдук диэбитин аанньа, Сережка кэлиэ диэн кыһаммытым баара... Билигин бу скучнай Ильяны кытта коктейль иһээрибин кэлбит курдук буолан таҕыстым дии. Кыргыттар үҥкүүлээн имитэ сылдьаллар, үөрүү-көтүү бөҕөтө, кыттыһыахпын, саатар, туфлям атахпын аалар, короче, не мой день! Идэбинэн эмиэ дьону кыҥастаһа сатыы олордум, бу уот чыпчылыҥнаан туох да көстүбэт, бары робот курдук хамсаналлар. Бу айылаахха кими ырыта олоруохпунуй, ньиэрбинэйдиибин эрэ, Ильянан өссө коктейль ылларабын, скучнайын, саатар, онон боруостаатын. Онтукам да ыт оҕотун курдук тугу этэҕин да сүүрэ сылдьар, үөрэ-көтө аҕалан биэрэр, ол быыһыгар тулатын көрүн да көрүн буолар. Кими кэтэһэрий, кыйаханыах санаам кэллэ. – Илья, кими күүтэҕин?! Мааҕыҥҥаттан быһа эргичий да эргичий буоллаххыный?!– диэн кулгааҕар хаһыытыыбын. – Биир кыыһы күүтэбин да, арааһа, кэлимээри гынна быһыылаах, – киһим эмиэ хаһыытыыр. – Уа, кыыстааххын дуо, тоҕо биһиги билбэппитий? – эмиэ хаһыытыыбын. Эрэйин даа. – Суох, кыыһым буолбатах, баҕар, кэлиэ, кэллэҕинэ көрдөрүөм. – Ол хантан билэҕин кэлэрин кэлбэтин?! – Хас оптуорунньук, чэппиэр, субуота аайы хайаан да кэлэр, кырдьыгынан эттэххэ, кинини эрэ көрөөрү кэлэбин, мин эрэ буолуо дуо, элбэх эр дьон кинини көрө кэлэр. – Тыый, хата бу интэриэһинэй буолаарай, туох кыыһый ол? – мин эмиэ көрө охсон ырытыах санаам кэллэ. – Кимин ким да билбэт, кимниин да билсибэт. Соҕотох кэлэр, соҕотох барар. Киирэр да наһаа үчүгэйдик үҥкүүлээбитинэн барар, киһи эрэ көрөн олоруох курдук. Наһаа кыраһыабай кыыс, Кыталык кыыс диэн ааттыыллар уолаттар, тоҕо эрэ толлон ким да чугаһаан билсибэт. Бэйэтэ даҕаны олох музыка иһигэр киирэн хаалар курдук, дьикти баҕайы, – Илья харахтара күлүгүрэн ыллылар. Таптаабыт, таптаабыт ол биллибэт кэрэчээн кыыһы, таайдым. – Ол киирдэ?! –Илья омунугар ойон тура сыста. Мин эмиэ сэгэс гына түстүм, үчүгэйдик оҥостон олорон кыҥастаһарга бэлэмнэнним. М-даа... Наһаа кыраһыабай, үөрэн мичилийбит кыыс киирэн кэллэ, тулатын көрүнэн чочумча тура түһэн баран, танцпол ортотугар киирэн наһаа имигэстик хамсанан үҥкүүлээн барда. Эр дьон биллэ сэргэхсийэ түстүлэр. Илья сөпкө эппит, дьон үксэ кинини көрө кэлэр эбит, фокус көрөр курдук аҥайан баран олороллор. Кыыс аймах өттө бу
нүөмэри соччо сөбүлээбэтилэр быһыылаах, кырыы харахтарынан көрөн ыллылар. Сорох-сорохторо күрэхтэһэрдии өссө эбии тэптэрэн үҥкүүлээн имиллэҥнээтилэр. Хоттороҕут-хоттороҕут, кыһалла сатаамаҥ, кыысчаан кыайбытын билэн холкутук туттан кыталыктыы кынталдьыйа сырытта. Кылгас хара ырбаахыта уокка күлүмүрдээн олорор, уһун кыламаннарын үөһэ-аллара сапсынар, үп-үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн, мичээрин өссө тупсарар. Стоп! Халыҥ таастаах ачыкы, дьүһүнэ барбыт дьаллайбыт саҕалаах куоптаны кэтэртэххэ, кими эрэ санатар эбээт! – Илья, Кинигэ Чиэрбэтэ!!– аппайан баран олорор киһибин санныга саайаат хаһыытыыбын. – Аа, туох диигин?! – киһим кыыһырыахча. – Мин кинини билэбин, точнее, көрөн билэбин, киин библиотекаҕа үлэлиир, – улахан арыйыыны оҥорбут курдук сананным. Улахан арыйыы! Хайдах, хайдах кини итинник уларыйан хаалбытый, Кинигэм Чиэрбэтиттэн итинник кыталык курдук кыыс кынталдьыйан тахсыбытый? Остуоруйа диэн сымыйа дии, роман курдук, кинигэ курдук... Ити баар дии, күлүү гына олорбутуҥ сэттэҕин ыллыҥ ини? Ити эбит дии, кини олоҕун кинигэтэ, кистэлэҥэ, кини эмиэ син биир айымньы курдук, ким эрэ романын героинята. М-даа, кини кистэлэҥин, арааһа, билиҥҥитэ мин эрэ билэбин быһыылаах. Кинигэ курдук олохтоох кыыс эбиккин, дьэ, дьүһүн кубулунара түргэнин. Мин саҥабыттан матан олордум. Кини үҥкүүлүүр, кыталык курдук. Кинини Кинигэ Чиэрбэтэ диэтэхпинэ бу эр дьон миигин кэһэтиэ этилэр, арааһа, ким да итэҕэйиэ суох этэ. Чэ итэҕэйбэтиннэр, мин да кимиэхэ да этиэм суоҕа. * * * – Элеонора, эн миигин албыннаабыккын, киин библиотекаҕа икки күнү быһа олордум да, Кыталык кыыһы көрбөтүм. Кини үҥкүүһүт эҥин буолуо, тоҕо библиотекаҕа үлэлиэй?! – отчуоппун оҥоро сатыы олордохпуна кыыһырбыт Илья киирэн кэллэ. – Оонньоон эппитим, Илья, отчуот оҥорбокко онно тугу гына олордуҥ? Үҥкүүһүт эҥин буолуо, театрга баран көрдөө. Ээ, көрдөөмө, бүгүн оптуорунньук дии, киэһэ «Европаҕа» баран көрөөр. – Күлүү гынаҕын ээ, кэм даҕаны, – Илья кыыһыран тахсан барда. Кыыһыр, Илья, кыыһыр. Ол аайы мин Кинигэ Чиэрбэтин кистэлэҥ, остуоруйа тэҥэ олоҕун арыйан, ааҕан биэриэм суоҕа, мин оннук киһи буолбатахпын. Айта Петрова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан