Кэпсээ
Войти Регистрация

Суол «доҕордоох», айан «аргыстаах»…

Главная / Кэпсээн арааһа / Суол «доҕордоох», айан «аргыстаах»…

K
23.10.2020 15:18
Анараа дойдуга айаннаабакка, айыы киһитэ айанныыр аартыгар хаалан хаалбыт абааһы, үөр туһунан үһүйээн үгүс. Орто дойду олоҕуттан аанньата суохтук аттаммыт дьон үөр буолан бу курдук ааһар, барар-кэлэр дьону куттуулларын, ардыгар муокастыылларын туһунан кэпсииллэр. Бу курдук үөрдээх, «соччото суох» айан аартыктара, суол тоҕойдоро биһиги Сахабыт сиригэр да, дьон кэпсээнинэн, аҕыйаҕа суохтар. Олортон аҕыйах түгэни бэчээттиибит. Эмээхсин муокастаабыта Бу уонча сыллааҕыта буолбут түбэлтэ. Оччолорго мин 7-с кылааска үөрэнэр этим. Дэриэбинэбитигэр сотору-сотору уот барар буолан бэкээринэбит килиэп буһарарыгар эрэйи көрөрө. Инньэ гынан, уот бардаҕына бөһүөлэктэн 14 км кэриҥэ ыраах сиргэ килиэп ыла айанныырга күһэллэрбит. Биирдэ оннук уот барбыт кэмигэр ийэбиниин «минскэй» матасыыкылынан айаннаатыбыт. Суолбут кутуу суол буолбакка, алларанан этэ. Ол курдук айаннаан аара Мундулаах диэн уруккута пиэримэ турбут сиригэр тиийдибит. Бу эмэх буолбут пиэримэ хотоннорун аттыгар биир собус-соҕотох хатыҥ үүнэн лаглайан турарын урут-уруккуттан көрөр этим. Ааһан иһэн бу сиргэ олус куһаҕан, киһи аҕынньыта төллөр сыта баарын ылан соһуйан эргичиҥнии түстүм. Ол сыты муодарҕаан хатыҥ диэки көрбүтүм, арай, маһым анныгар сахалыы таҥастаах, хамса тутуурдаах эмээхсин олорор. Аттыгар, сиэнэ быһыылаах, кыччыгый кыыс оҕолоох. Ийэм олус куттаммыт куолаһынан сибигинэйэн: «Тохтоомо!» — диэн сэрэттэ. Эмэхсин биһи ыкса кэлиибитигэр суолга утары таҕыста. Мин ийэм эппитин өйдөөн тохтуу сатаабатым. Ол ааһан иһэн иһиттэхпинэ, эмээхсин: «Саатар, кыыспын илдьэ барыҥ-ҥытыый даа...», – диэн кыыкынас куолаһынан көрдөһө хаалбыта. Биһиги ийэбиниин тугу да кэпсэппэккэ тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн, килиэппитин ылан төннөн истибит. Ханан да тумнар сир суох, куттана-куттана били сирбитигэр тиийэн кэллэхпит дии. Ол кэлэн көрбүппүт, били хатыҥмыт анныгар эмээхсиммит кэм да олорор эбит. Биһигини көрөөт эмиэ суолга тахсаары оҥоһунна. Ону көрөн мин бэйэм да билбэппинэн гааспын үктээн кэбистим. Аҕыйах миэтэрэни бараат, кэнники көлүөһэм тэстэн хаалла. Тохтоон эргиллэн көрбүппүт, арай, кэннибитигэр ким да суох. Биһиги куттанан сап-салыбырас буоллубут, ийэ-хара көлөһүммүт барыта таҕыста. Төһө да бу сордоох сиртэн куота охсор баҕа улаханын иһин, тэстибит көлүөһэлээх мэҥэстэн иһэр кыах суох. Ийэбин хаалларан, бэйэм аргыый аҕай дэриэбинэ диэки айанната турдум. Бөһүөлэккэ тиийээт атын матасыыкыл булан төннөн, ийэбин ылбытым. Ийэм дэлби куттаммыт, ыксаабыт этэ. Төннөн истэхпитинэ бэрт дьикти тымныы салгын, ким эрэ ситэн ааспытын курдук, кэннибититтэн кэлэн саба охсон ааспыта. Бэйэм да билбэппинэн куйахам күүрбүтэ, этим саласпыта. Кэлин эбэм кэпсээбитинэн, ити сиргэ былыр, 30-с сылларга, биир эмээхсин сиэниниин сутаан өлбүттэрэ үһү. Ол эрэйдээхтэр ыалтан ыалга сылдьа сатаан баран, муҥур уһуктарыгар тиийэн, ити Мундулаах алааһыгар охтубут мас үрдүгэр олорон иккиэн куустуспутунан өлөн хаалаахтаабыттар. Хам-түм ити курдук дьоҥҥо көстөн-биллэн ааһалларын туһунан билигин да кэпсииллэр. Отонноон иһэн Бу түбэлтэни билэр дьонум кэпсээбиттэрэ. Биир күһүн дьонум хомунан-симэнэн отоннуу, кустуу диэн тыаҕа тахсыбытттар.
Элбэх буолан ким бортовой УАЗикка, ким «Урал» матасыыкылга олорбуттар. Тиийиэхтээх сирдэрин этэҥҥэ булан, отонноон-хайаан, киэһэ хараҥарыыта дэриэбинэҕэ төннөн испиттэр. Тымныы буолан бары массыынаҕа симиллибиттэр. Матасыыкылы биир уол ыытан испит. Массыыналара инникилээбит. Матасыыкыллаах уол массыына кэнниттэн адьас хаалбакка саппай уопсан испит. Бу иһэн, арай, массыыналаах дьон соһуйуохтарын иһин, аа-дьуо ликситэн испит матасыыкыллара эмискэ үлүгэр гаастаан саайбыт. УАЗигы ситэ баттаат, суолтан туораан тахсан, суол кытыытыгар үүнэн турбут аарыма маска тиийэн саайыллыбыт, тыас-уус бөҕө өрө барчаламмыт. Массыынаҕа олорооччулар ону көрөн хаһыытаһа түспүттэр, олус соһуйбуттар. Туох буолбутун билээри сырсан тахсан көрбүттэрэ, матасыыкыллаах уоллара өйө суох сытар эбит. Киһилэригэр нэһиилэ тыын киллэрэн, өйүн-төйүн булларан туох буолбутун токкоолоспуттар. Киһилэрэ кэпсээбитинэн, арай айаннатан истэҕинэ, кэнниттэн бэрт бөрүкүтэ суох тымныы салгын саба биэрбит. Ону кытта матасыыкыла кыаммакка кыычыгырыы түспүт, олус ыарахан таһаҕаһы кыайбатах курдук умуллаары уһуутаабыт. Уол, биллэн турар, муодарҕаабыт. Арай, кэннин хайыһан көрбүтэ, доҕоор, муус маҕан баттахтаах, көрүөхтэн түктэри дьүһүннээх, «абааһытыҥы» моһуоннаах дьахтар дуома матасыыкылы мэҥэстэн баттаҕа арбайан олорор эбит! Бу дьулаан көстүү силигин ситэрэн, ынырык сыт-сымар салгыны тумнара тунуйбут. Ким күн аайы абааһыны мэҥэстибитэ баарай! Көрбөтөҕүн көрөн уолуйбут уол эрэйдээх тугу гыныан, хайдах буолуон билбэт турукка киирбит. Тугу гыммытын өйдөөбөт үһү. Сэрэйдэххэ, куотардыы сананан гааһын үктээн кэбистэҕэ. Бу түбэлтэ кэннэ, хата, туох да буолбатаҕа, ким да өлбөтөҕө-сүппэтэҕэ, ыалдьыбатаҕа. Кэлин дьонтон ыйыталаспыппытыгар, «былыыр-былыр итиннэ биир кыыс мунан өлбүтүн кэпсииллэрэ. Бука, ол эрэйдээх үөр буолан сордоно сырыттаҕа» диэбиттэрэ. Кыаптаах киһи Кирим үрэҕи бата кутуу суол ааһар. Бу үрэх үрдүгэр ааһар, кэлэр-барар айанньыт дьон сөбүлээн тохтоон ааһаллар. Былыр манна, суол тоҕойугар, кыракый бөһүөлэк баара. Суол маннааҕы учаастагынан ааһан иһэр дьон суолу туора сыабы соспут дьикти киһи сүүрэн ааһарын кэпсииллэрэ. Кэпсииллэринэн, бу киһи муҥ кыраайынан айаннатан иһэр көлө иннигэр соһуччу ыстанан тахсан уолуталыыр үһү. Хас да суоппар ол киһини көрөн, өлө уолуйан, уруулларын туора тутан таҥнастыбыттар, эчэйбиттэр курдук. Биир Бааска диэн билэр уолум ол сиринэн сылдьыбытын кэпсээбиттээх. Ити иннинэ кини бу суолунан сылдьыбыт аҕай дойдута буоллаҕа. Хаһан да тугу да көрбөтөҕө үһү. Инньэ гынан, ити кыра оҕо эрдэҕиттэн истэ үөрэммит үһүйээнин көр-күлүү курдук ылынар, адьас наадыйбат эбит. «Ыкка дылы сыабы соспут буола-буола, ким итэҕэйиэҕин...» диэн күлэр эрэ эбит. Биир күһүҥҥү силбик түүн Бааска массыынанан тыраасса устун айаннатан испит. Уһун айантан сылайбыт, илистибит уол үрэххэ кэлбититтэн, дьиэтигэр чугаһаабытыттан үөрэн туттара-хаптара сыыдамсыйбыт, хараҕа уоттаммыт. Массыынатын түргэтэтэн биэрбит. Бу истэҕинэ, арай, хас да күннээх ардахтан илийбит бадарааннаах суолу туора эмискэ биир киһи сүүрэн барыгылдьыйан киирбит. Массыына фаратын уотугар кэннигэр сыап соһуулаах киһи барыҥнаан-күлүҥнээн иһэрэ субу чаҕылыс гына түспүт. Бааска толкуйдуу да барбакка, массыынатын
уруулун туора тардан кэбиспит. Инньэ диэн, көрөн туран киһини тэбистэриэ дуо. Массыыната бадарааны ыспытынан, даамбаттан халтарыйан суол кытыытыгар түһэн умуллан хаалбыт. Уол, хата, тугун да өлөрбөтөх. Бачча бадарааҥҥа, ууга-хаарга массыына иннинэн сүүрэкэлээбит акаарыны тутан кэһэтэр былааннаах, суолга сүүрэн тахсыбыт. Ыйдаҥа буолан, суол-иис барыта ырылыччы көстөрө үһү. Бааска халтарыйбыт сирин тиийэн чинчийэн көрбүт да, туох да үөтэлээҕи булан ылбатах. Киһи хаампыт да, сүүрбүт да суола суох эбит. Бааска манна дьэ биирдэ өйдөөбүт: кини суолга көрбүтэ киһи буолбатаҕын. Хаһан эрэ истибит үһүйээнин саныы биэрэн, куйахата үмүрүтэ тыыппахтаабыт. Кыһытыан иһин, массыыната эстибэтэх. Хата, кини дьолугар, аҕыйах мүнүүтэнэн ааһан иһэр УАЗик массыына ситэн кэлбит. Ол хайа барахсан суолу туора сүүрэкэлии сылдьара билиҥҥэ диэри биллибэт. Саатар, тугун эмиэ сыабай? Аара суолга быстарбыт былыргы ханнык эрэ күрүөйэх сордоох буолуо. Бааска кэлин өйдүүрүнэн ол сыаптаах киһи көннөрү киһиттэн адьас атына үһү. «Ол туга атыный?» — диэн үйэ тухары чопчулуу сатаан кэбиһэрбит да, «билбэтим ээ, ол гынан баран дьиҥнээх киһи буолбатаҕа тута биллэр этэ» диэн эрэ кэбиһэрэ.
kyym.ru сайтан