Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чыпчаххайдаах удаҕан уонна кини өлбүт кыыһа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чыпчаххайдаах удаҕан уонна кини өлбүт кыыһа
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
12.10.2020 14:44
Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгэр Тураҥнаах диэн сиргэ бэрт күүстээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, уостан-уоска кэпсэнэр Чыпчаххайдаах диэн удаҕан олоро сылдьыбыт. Кэргэнэ Сүүчүк Мэхээлэ эмиэ ойуун эбит. Бу икки улуу дьон көтүрдэр тиистэрин миилэтэ, көрдөр харахтарын дьүккэтэ 15 саастаах суос-соҕотох кыыстаахтар эбит. Чыпчаххайдаах бэйэтин тэҥэ сүдү күүстээх удаҕаны кытары бэртэрин былдьаһар, күрэстэһэр идэлээх эбиттэр. Биир күн Чыпчаххайдаах ол удаҕан дьахтар кыыһын өлөрөөрү алҕаска бэйэтин кыыһын “сүрэҕин быатын” быһан кэбиспит. Бэйэтин сыыһатынан соҕотох кыыһын суорума суоллаан баран, Чыпчахайдаах улаханнык аймаммыт, ытаабыт-соҥообут. Кыыһын тилиннэрэр сыаллаах-соруктаах 7 күнү-түүнү тохтообокко удаҕаннаабыт. Өлбүт киһи хантан тиллиэ баарай, удаҕан сүдү күүһэ даҕаны кыайбат буоллаҕа. Сатамматах. Эрэйдээх-буруйдаах төрөппүттэр кыыстарын тиһэх суолугар чиэстээхтик-бочуоттаахтык атаарбыттар. Көмпүттэр. Ол эрээри, ааспат-арахпат аһыылаах төрөппүттэр өссө биирдэ быраһаайдаһаары, аҕыйах кэм буолан баран, кыыстарын уҥуоҕун иккистээн хостоон таһаартарбыттар. Удаҕан өлбүт кыыһыгар анаан, сүҥкэннээх уруу ыһыаҕын ыстарбыт. Ол уруутугар туох-баар ыраахтааҕы-чугастааҕы аймахтарын, дьүөгэлэрин уонна кыыһын доҕотторун ыҥыртаабыт. Ол “өрөгөйдөөх бырааһынньыкка” кэлбит дьону оһуокай үҥкүүлүүллэригэр көрдөспүт. Итиэннэ кулут уолаттарын өлбүт кыыһы икки өттүттэн өйөөн баран, күн эргииринэн үс төгүл алааһы эргитэн аҕалалларыгар соруйбут (атын номохторго кэпсэнэринэн, кыыһы ити курдук икки өттүттэн тутан баран, акка олордон баран кэритэллэр). Онтон төттөрү көмтөрөр. Чыпчаххайдаах өлбүттээҕи кытары уруу ыһыаҕын өссө иккитэ тэрийбит диэн кэпсииллэр. Ол тухары кыыһын уҥуоҕун хостоон таһаартарар эбит. Этнохореографтар сабаҕалыылларынан, билигин биллэр “Оһуор үҥкүүтэ” ол номоҕу уонна сахалар көмүүгэ сиэрдэрин-туомнарын кытары ситимнээх буолар. Ырыаһыт, тойуксут, олоҥхоһут С.А. Зверев-Кыыл Уола, “ол ыһыахха удаҕан ыраас, аньыыта-харата суох сэттэ кыыһы уонна тоҕус уолу кытары ритуальнай үҥкүүнү үҥкүүлээбиттэр, ол хамсаныыларын “бырааһынньыкка” кэлбит дьон үтүктэн иһиэхтээхтэрэ эбитэ үһү. Оттон кыыс доҕотторо ол өлбүт кыыһы икки өттүттэн тутан тураннар эмиэ ол үҥкүүнү тэҥҥэ үтүгүннэрэ, “үҥкүүлэттэрэ” турбуттар. Ол үҥкүү хамсаныылара үүнээйини кытары ситимнээх уонна быйаҥы, олох үөскээһинин бэлиэтиир эбит. С.А. Зверев-Кыыл Уола 1949 сыллаахха, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, устуоруйа билимин хандьыдаата М.Я. Жорницкаяҕа суруйбут суругар маннык диэн бэлиэтээбиттээх: “Оһуор” – диэн киһи төрүүрүн туһунан үҥкүү”. Манна даҕатан эттэххэ, Кыыл Уола бэйэтэ ити Чыпчаххайдаах удаҕан төрөөн-үөскээн ааспыт сириттэн силистээх-мутуктаах киһи буолар. Бу туһунан кэпсээни Р.И. Бравина “Концепция жизни и смерти в культуре этноса” кинигэтигэр 184-185 сирэйгэ булан ааҕыаххытын сөп.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан