Кэпсээ
Войти Регистрация

Ааллаах Үүҥҥэ айан

Главная / Кэпсээн арааһа / Ааллаах Үүҥҥэ айан

K
08.10.2020 14:57
Бу – сэрии эрэ иннинээҕи кэм. Оччолорго, 1937-38 сылларга, оскуола тутуута күүскэ саҕаламмыта. Дьэ, ол оскуола тутуутугар маннык түбэлтэ буолан турардаах. Дьиэлэрэ үрдээн испит, ол аайы бэрэбинэни үөһэ таһаарар ыараан барбыт. Икки киһи хатыһынан тардан, нэһиилэ ырычаахтаһан таһаарар буолбуттар. Үлэһиттэр сынньана таарыйа аллара табах тарда олорбуттар. Арай, доҕоор, били, үөһэ таһаарбыт бэрэбинэлэрэ түһэр тыаһа лүһүгүрээбит. Дьоннор өрө хаһыытаһа түһэллэр да, кыайан турбакка хаалаллар! Онно киһи бэрдэ Уйбаан тура эккирээт, түһэн эрэр бэрэбинэни күөнүгэр түһэрэн ылар. Дьэ, ол киһи – таайым Чиэппэрдээх Уйбаан. Кини чиэппэр күүстээҕэ эбитэ үһү. Үөһэттэн түһэн иһэр бэрэбинэни тохтоппотоҕо буоллар, аллара олорор эрэйдээхтэри сотон ааһара эрэбил. Оннук улахан бэрэбинэни тоһуйан ылыах диэтэххэ, бэтэрээнэн буолбатах курдук. “Балачча халбарыйдым быһыылаах. Улахан хамнаныы буолла”,– диэбитэ диэн, баттата сыспыт дьон махтанан кэпсииллэрэ. Бу – таайбын билиһиннэрэ таарыйа суруйдум. Таһаҕас тиэйиитигэр Таһаҕас тиэйиитэ саҕаламмыт. Ыһыы, хомуур бурдугун барытын Ааллаах Үүҥҥэ таһаллара. Хара баһаам көлөнү атаараллара. Онуоха эдэр, кыайыгас, чулуу дьоннорун тэрийэн ыыталлара. Ийэм Бүөтүрүн уонна Уйбаанын тэрийэр. Ол сырыы туһунан кини мин өссө уончалаахпар кэпсээбитэ өйбүттэн төһөлөөх көппүтэ буолла?! Aйааҥҥа айан Бу айаннарыгар араас сиргэ, эҥин дьиибэ түбэлтэҕэ түбэһитэлээн сылдьыбыттар. Абааһылаах эҥин өтөхтөрү ааһыталыыллар эбит. Ону сэбиэскэй саҕана төһө да дьиксиннэллэр, кистии-саба кэпсээн оҥостон, уостан уоска түһэрэр быһыылаахтара. Оччолорго арыый улаханым буоллар, өссө элбэҕи өйдөөн хаалыах эбитим буолуо. Быһа кымньыылыы сыспыттара Дьэ туран, биир сиргэ тиийэллэр. Алдан өрүһүн ааспыттара быдан ырааппытын кэннэ эбит. Айаннарыгар хайалаах, киһи саҕа улахан дулҕалаах, уулаах-хаардаах толооннору ааһыталаабыттар. Ол күн хаардаабыт. Ону биһиги дьоммут өссө “халлааммыт сылыйан абырыыһы” дэспиттэр. Кыһыл Молотуок диэн сиртэн дьон аргыстаһан, көх-нам буолан, аргыстаһан испиттэр. Онтон ыраахтааҕы саҕана тутуллубут симиэбийэҕэ хонорго быһаарыммыттар. Былыр сылгыга оттотоору, дьону олохтоон сылдьыбыт сирдэрэ эбит. Ааннарын олуйан баран утуйа сыттахтарына, сылгылар сырсан кэлэр тыастара иһиллэр: симиэбийэлэрин тула көтө сылдьан кистээн дьырылаппыттар! “Тыый, туох сылгылара кэллэхтэрэй?” диэн сэҥээрэн, дьоммут тахсан көрөөрү гыммыттарын Хамбаайын диэн ааттаах киһи тохтоппут. Сааһыра барбыт, ол суолунан элбэхтэ сылдьыбыт буолан, билэр тыаһа эбит: “Кэбис, оҕолоор, кыынньаамаҥ, ити Айыы сылгылара буолбатахтара буолуо, быһа кымньыылатыаххыт! Сэрэниҥ! Тохтооҥ! Сарсыарда тахсан көрүөххүт!” – диэбит. Кырдьаҕас киһи тылын истэн, уку-суку утуйан хаалаллар. Сарсыарда туран көҕүрэттэ тахсыбыттара, хаар түспүт да, биир да сылгы суола суох эбит! Арай бэйэлэрин эрэ аттара тэйиччи үрүйэҕэ дулҕа баттахтаан сии сылдьаллар. Итэҕэйиминэ, симиэбийэ тула хаары көрбүттэр. Дьэ, бу курдук маҥнайгы дьикти түбэлтэлэригэр түбэһэллэр. Уҥуох тутуута. Эмээхсин сэрэтиитэ Күнү быһа айаннаан, киэһэлик эмиэ биир симиэбийэҕэ кэлэллэр. Таһыттан көрдөххө, иччитэх дьиэ курдук эбит. Киирбиттэрэ, доҕоор, холумтан иннигэр эмээхсин бүк түһэн токуллан олорор! Ону көрөн, эттэрэ саласпыт! Онтон арыый хорсуннара
киирэн эмээхсини кытта кэпсэппит. Эмээхсиннэрэ хараҕын уота умуллан олордор да, син биир-икки тылынан айыы киһитэ буоларын билбиттэр. Сылыйан, арыый бэттэх кэлэн баран: “Дьэ, бу буолан олоробун... Оҕонньорум өлүөҕүттэн ыла маннык сылдьабын”, – диэхтээбит. Оҕо-уруу диэн суох эрэйдээҕэ эбит... Аал уоттарын күндүлээн баран, эмээхсиннэрин сылааска сытыараллар. Онно сытан эрэ: “Дьэ, оҕолоор, чугаһаатым быһыылаах. Оҕом-уруум суох. Оһохпун оттубатаҕым хаһыс да хонугум. Харайан баран айаннаарыҥ. Маспын эҥин барытын бэлэмнээн сылдьабын”,– диэн көрдөһөөхтүүр. Тахсан көрбүттэрэ, кырдьык, кыра дьиэ оҕотугар тэриир маһа эҥин барыта баар буолан соһутар. Аны иинин оҕонньорун таһыгар эрдэ хаһан бэлэмнээн кэбиһээхтээбитин булаллар! Онтун сабан сытыарарын арыйаллар... Хоруоп оҕото оҥорон баран, көмүс уҥуоҕун көтөҕөллөр. Айан дьоно тохтоон хаалыахтара дуо, кыратык олорон, аһыы түһэн ылаллар. Сарсыныгар эмиэ айаҥҥа туруналлар. Aрбаанайы арбатыы Ол курдук айаннаан, хас да симиэбийэҕэ хоно-хоно ааһыталаан эмиэ эргэ симиэбийэҕэ кэлэллэр. Били, уҥуоҕун туппут эмээхсиннэрэ: “Аара Арбаанай диэн абааһы уолун көрсүөххүт. Көрүстэргит эрэ туораан биэрээриҥ. Туораабатаххытына, сэпкитин-сэбиргэлгитин алдьаттарыаххыт. Бэйэҕитин да ыскайдаталыаҕа”, – диэн сэрэппиттээх эбит. Суолларын ортолоон истэхтэринэ, дьэ, били Арбаанайдара ыраахтан далбаатана-далбаатана “суолтан туорааҥ!” диэбитинэн, утары ынан кэлбит. Инники испит сыарҕалаах дьон син туораан биэртэлээбиттэр. Ол да аасыһарыгар биир сыарҕаны хаанньаччы анньан кэбиспит. Уйбаан аасыһар уочарата кэлбит. Биһиги киһибит иһигэр “туох ааттаах баппатах киһитэй?!” диэн абалана санаабыт. Ол икки ардыгар били киһи: “Миигин билбэт буолаҥҥын, суолбун туора турдуҥ дуо?! Киэр буол!” – диэн кыбдьырыммыт. Туораабатаҕын көрөн “көр эрэ, туораабаттаах баҕастаах! Эн Арбаанай уолун билигин көрүөҥ!” диирин кытта Уйбаан: “Дьэ бээ, олус саҥарыма!” – диэн утары барар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр тутуһан бачыгыратыһыы, уолуктаһыы диэн манна саҕаланар! Өр-өтөр буолбат: дьон бөҕөтө көрөн турдаҕына Уйбаан кууллаах бурдук курдук көтөҕөн ылар да, тоҥуу хаарга төбөтүн оройунан батары биэрэн кэбиһэр! Дьэ, онтон ыла ол Арбаанай Ааллаах Үүҥҥэ киириигэ айан дьонун муокастаабат буолбута үһү. Суорҕан былдьаспыт Иччитэх өтөххө сыппыттар. Хамбаайын оҕонньордоро наар аан айаҕар сытарын сөбүлүүрэ үһү. “Мин, кырдьаҕас киһи, суол ааныгар сытыам, эдэрдэр, онно оҥостон сытыҥ” диир эбит. Көмүлүөк оһох чоҕун бугуйан, күлүнэн көмөн баран сыталлар. Ол түүн таайым Бүөтүр сүгүн утуйбат. Атыттар утуйан бырылатыы кытаанаҕа. Арай ол сыттаҕына, оһох кэннигэр туох эрэ хачыгырыыр, онтон эмээхсин сирэйэ былтас гынаат, сүр чэпчэкитик тахсан кэлбит. Ордон хаалбыт биир тиистээҕэ иннигэр үтэ сылдьарга дылы эбит. Бүөтүр утуйбута буолан кубулуна сыппыт. Онно көрдөҕүнэ, эмээхсин, били, Хамбаайын оҕонньор куобах суорҕанын үрдүгэр түһэр. Кырдьаҕас суорҕанын ыга тута сытар эбит. “¤ук!” диэт, саҥата суох суорҕан былдьаһыы саҕаланар! Бүөтүр “уубар аҥаарыйдаҕым” диэн итэҕэйиминэ сыттаҕына арай суорҕан тыаһа “харк” гынар да, били эмээхсин суорҕан сэмнэҕин туппутунан, оһох кэннигэр тиийэн иһэн сүтэн хаалар! Инньэ гынан
Хамбаайын суорҕанын чиэппэрин эмээхсиҥҥэ былдьатан кэбиһэр. Сарсыарда аттарыгар от хаптара түһэн, уот оттон, чохоон киллэрэн, уоттарын аһатан баран, сылгы хаһатыттан сиэн-аһаан таһырдьа тахсыы буолар. Бараары туран ыкса турар хотону өҥөйөн көрөллөр. Долборук баарыгар аллараа маһын быыһынан туох эрэ кубарыйан көстөр эбит. Киирэн көрбүттэрэ – киһи дьардьамата! Баттаҕа бураллыбыт. Дьахтар эбит. Аны, саатар, били Хамбаайын суорҕанын кырамтатын үрдүгэр сытар буолан биэрэр! Оҕонньор: “Ээ, бээ эрэ, оҕолоор, харайтараары гынар эбит ээ. Харайбакка барарбыт хайдах да табыллыбат”,– диэн тойоннуур. Бэрт ыксалынан сыарҕаларын адарайдарыттан маһын сыыйан ылыталаан, хоруоп дуома оҥорон халдьаайыга таһаараллар. Хантан ылбыт хойгуолара эҥин кэлээхтиэй, буору барбах өрө тарыйбыта буолан баран, уҥуох тутан ампаар охсоллор. «Кэлин ол моһуоктуур эмээхсин биллибэт буолбута» диэн, Хамбаайын оҕонньор кэпсиирэ үһү. Aҥаар атахтаахха былдьата сыһыы Эрэй бөҕөнөн айаннаан испиттэр. Үрэхтэр холбоһууларыгар тааҥныы сытар сиргэ тиийбиттэр. Ол тарыҥы кэһэн, сыарҕаларын эрэ таһыйбат уулаах-хаардаах үрэҕи бэркэ илистэн туораабыттар. Үрэхтэрин үрдүгэр өтөх баара эбитэ үһү да, саҥа тахсан истэхтэринэ икки хабдьы бэбээрэн тахсан суолларын туора ааспыттарын “сэрэтии” дии санаан, тумнан ааспыттар. Харыйа сиикээн саҕатыгар халтаама отуу оҥостон хонорго быһаарыналлар. Аны ол тааҥы ааһалларын саҕана Уйбаан, хонуктаабыт сиригэр атын кыһыаччытын умнан кэбиһэн, төннөр. Дьоно отуу оҥостон сытан Уйбааннарын кэтэһэллэр. Таайым барахсан уҥуоҕунан икки миэтэрэлээх сүүнэ киһи, атаҕар да дэгиттэр. Сүүрэн атаралаан кэлэн кыһыаччытын ылар. Онтон төннөн истэҕинэ арай халдьаайыттан киһи үөгүлүүр курдук иһиллибит. Хараҕын кырыытынан көрбүтэ, арай аҥаар атахтаах киһи ыстаҥалаан киирбит. Суолун быһа көтөн баран: “Мин дьиэбин тоҕо аанньа ахтыбатыгыт?! Балаҕаммын өрүү аһатан-сиэтэн ааһар буолаллара! Туох буолбут дьоҥҥутуй?! Дьэ, оччоҕо кииристэхпит!” – диэбит. Уйбаан хайыа баарай: “Дьэ эрэ!” – диэбит. Онуоха анарааҥҥыта: “Сырсыахха, кыайбыт кыайыыта буолуоҕа”, – диэбит. Уйбаан иһигэр: “Аҥаар атахтаах киһини баҕас” дии саныыр. Сырсан тигинэтэллэр. Уйбаан ойоҕоһуттан аҥаар атахтааҕа олох хаалбат. Өссө иннигэр түһээри ыксатар. Дьэ, ыстаҥалааһын киэнэ кытаанаҕа үһү. Балай эмэ буолан баран, били тарыҥнарыгар кэлэллэр. Аҥаар атахтаах таайым кэннигэр: “Абаккабыын, бу туох киһитэ кэллэ! Быыһаннаҕыҥ буоллун, дьэ! Ол эрээри аны кэлбэтиҥ буолуо!” диэн хаһыыта иһиллибит. Уйбаан тарыҥы туораан иһэн: “Ураа! Мин кыайды-ым!” – диир. Былыр хайаан да ити курдук өрүсүһэн эттэххэ эрэ күн сиригэр хааллараллара эбитэ үһү. Өрүсүһэн, тыынын харыстаан ити курдук үөгүлүү охсор. Биллэ тириппит киһи дьонугар тиийэн кэлэр. Чэйдии олорон туохха түбэспитин кэпсиир. “Дьэ, ити өтөххө тахсан хоммоккобут. Син хонуо эбиппит. Сыыһа туттан былдьата сыстыбыт! Абааһыны кытта күрэхтэһэн кэллим. Кыайдым ээ, хата! Ити тарыҥҥа хаайтаран хаалан тохтоото ээ!” диэбит. Кэлин дьонтон сураһан билбиттэрэ, ол тарыҥҥа аҥаар атаҕын оһоллоон онно быстыбыт киһи үөрэ сылдьар диэн буолбут. “Сааммыт буоллаҕына, Уйбаан, төннүбэтиҥ хайдаҕый?” дэспиттэр. Дьэ, ол
түүн холтоомо отууга түүнү быһа мас быраҕан хоноллор. Түүн тула тыас бөҕөтө буола түһэр. Оҕустар харсалларын, мөҥүрүүллэрин курдук иһиллэрэ үһү. Ону били “уу оҕуһа мөҥүрүүрэ буолуо” дэһэ сытан, утуйан хаалаллар. Турбуттара, били үрэхтэрэ устан лүҥкүнүү сытар эбит. Aрбаҕастаах абааһылар Ол баҕайылар борук-сорукка таастар быыстарынан ааһан истэхтэринэ илэ бааччы киһи курдук көстөллөр эбит. Аара дьонтон истибит буолан, аттарын эҥин эрдэттэн оҥостон испиттэр. Хамбаайын да оҕонньор бу суолунан хастыыта да сырыттаҕа эбээт. Аттарыгар сэниэ киллэрэн, хаптара түһэн баран сонно тута суптурута түһүү буолар. Дьэ, ол бөтөрөҥүнэн истэхтэринэ арбаҕастаах абааһылар сыыһа-халты харбаан хаалыталыыллара үһү! Онно ким эрэ бэргэһэтин туура оҕустарар. Бэргэһэ эҥин ылар кэлээхтиэ дуо, төбө сыгынньах айаннааччылар да бааллара эбитэ үһү. Хаалбыт бэргэһэни төннөн да иһэн сир-дойду бэлэх ылбыта буолуо диэн, ылбатахтар этэ. Маяк Абрамов, Мэҥэ Хаҥалас.
kyym.ru сайтан