Кэпсээ
Войти Регистрация

Аата ааттаммат удаҕан

Главная / Кэпсээн арааһа / Аата ааттаммат удаҕан

K
01.10.2020 14:48
Биһиги Коокулла үрэх үрдүгэр Титирик диэн күөл кытыытыгар олорбуппут. Аҕыйах дьиэ баара, кыра пиэрмэ турара. Бу күөл тулатынан түҥ былыр дьон олорон ааспыт сибикилэрэ биллэрэ. Кубарыйа хаппыт сэргэлэр, сиҥнэри түспүт үүт умуһахтара чөҥөрүйэн көстөллөрө. Онтон ырааҕа суох хайыта хатан, харааран эрэр дьон кириэстэрэ күлүгүрэн, киһини кытта тэҥ усталаах соҕоон отунан саба үүнэн тураллара. Аҕыйах киһилээх-сүөһүлээх түөлбэ дьоно, биһиги, улаханнык саллар, дьулайар сирбит этэ – бу. Манна улуу удаҕан уҥуоҕа баара, билигин да баар буолуохтаах. Кини туһунан тылтан тылга бэриллэн, биһиги кулгаахпытыгар тиийэн кэлбитэ маннык. Титириктэн чугас Кириискэ диэн дьон түөлбэлээн олорор сиригэр уоспа ыарыы туран, дьону-сэргэни бараабыт. Эдьиийбит оччолорго эдэр соҕус эбитэ үһү. “Дьоммун, киһибин тыыннаахпар тыыттарыам суоҕа”, – диэн, удаҕан дьахтар андаҕайбыт. Кырдьык, Титирик олохтоохторуттан биир да киһи ыалдьыбатах, муҥ саатар, тумуулаан да көрбөтөх. Суостаах ыарыы дьалбарыйыытын саҕана көрөрүнэн моһуогурбут. Тугу барытын тарбаҕын быыһынан көрөр буолан хаалбыт. “Соҕуруу дойду абааһыта хоттордор да, эриэн үөн курдук эгэлгэлээх буолар эбит. Ону билбэккэ харахпын таарыйтардым”, – диэбиттээҕэ үһү. Мантан ыла удаҕан өтө көрөр дьоҕура сайдан, дьонугар-сэргэтигэр киэҥник сураҕырбыт. Кыра Титирик дьоно сүөһүлэрэ-астара дэлэйэн, удаҕан тыыннааҕар улаханнык кыаҕырбыттар. Удаҕан кэргэннэнэн, элбэх оҕону-урууну төрөппүт. Төрүт кырдьыар диэри олорбут. Былыр да, аныгы да саха дьахталларыгар үлэ хаһан бүппүтэ баарай... Ыы кырбас оҕолорун бэйэлэрин эрэ хаалларан, удаҕан кийиитэ хотонугар тахсара эбитэ үһү. Эбэлэрэ эмээхсин оронтон наадатыгар эрэ тахсар буолан, улаханнык кырдьан сытар эбит. Уола күһүн өрүскэ тардыыга киирэн баран болдьообут кэмигэр кэлбэтэҕинэ, эмээхсин сарсыарда туран этэрэ үһү: “Хара суор буолан бара сырыттым. Оҕом доҕотторун кытта отуу аттыгар балык кыһа олорор. Балык бөҕөнү бултаабыттар. Үстэ эргийэн баран төнүннүм”. Кийиитэ киһитэ кэллэҕинэ: “Хара суор эһигини үстэ эргийбэтэҕэ дуо?” диэн кистээн ыйытар эбит. Онуоха эрэ: “Ээ, кэлэн-кэлэн. Оллооҥҥо эрэ түһэ сыспатаҕа”, – диирэ үһү. * * * Удаҕан эмээхсин өлөрүн эрдэттэн билбит. Кини олорон ааспыт кэмэ, бадаҕа, үйэлэр алтыһыылара эбит. “Айыыны-абааһыны, ойууну-удаҕаны билиммэт олох-дьаһах буолуоҕа, дьон-киһи өйө-санаата күөрчэх курдук ытыллыа” диир эбит. “Бу идэбин күн сирин көрдөрбүт оҕолорбор кыайан хаалларбатым” диэн улаханнык хомойон барбыта үһү. Өлөрүгэр оҕолоругар: “Улахан оҕолорго иҥэрдэхпинэ, дьон сүгүн олордуо суоҕа, үөҕэр кырыыс оҥостуохтара” диэн кэриэһин эппит. Оттон кыра уолугар: “Эһиги сотору оҕолонуоххут. Кыыс оҕо буолуоҕа. Оҕо кутугар кыайан иҥпэтэ. Кыыскыт биир миэстэтэ суох буолуоҕа”, — диэбит. Эмээхсин барбытын кэннэ үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс оҕо төрөөбүт. Миэстэтэ барыта баар, доруобай оҕо эбит. Хаамар кэмигэр хаампыт, саҥарар кэмигэр саҥарбыт. Уола “ийэм тугу-тугу эппитэй?” диэн, бэркэ муодарҕаабыт. Кыыстара оҕо тииһиир кэмигэр тииһээбит уонна тииһэ иккистээн тахсыбатах. Мин ол оҕо эмээхсин буолбутун кэннэ куруук көрөрүм, хараҕа уоттаах буолара. Ол гынан
баран туох да баардааҕын биллэрбэтэҕэ. * * * Холкуос саҕана сири өртүүр идэ баара. Ньукулай диэн киһи сааскы ылааҥы күн өрт ыыта үлэлии-хамсыы сылдьыбыт. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, эмискэ тыал түспүт да, уот быста-быста салҕанан киһи уҥуохтарын диэки барбыт. “Бу иэдээни! Киһи уҥуохтара уокка былдьаннахтарына, соруйан уоттаабыт диэхтэрэ”, – Ньукулай бэрт холку, үтүө майгылаах киһи өтөрүнэн ыксаабатаҕын ыксаабыт, куттамматаҕын куттаммыт. Өй булан ол удаҕан эмээхсин аатын ааттыы-ааттыы: “Дьэ, улуу кырдьаҕас! Баардаах дииллэр, бааргын биллэр, идэлээх дииллэр, идэҕин көрдөр Ииҥҥэ баппат иэдээҥҥэ түбэстим, сахаҕа биллибэт саакка түбэстим”, – дии-дии, элэ-была тылын эппит. Тыал намыраан, уот дьон уҥуохтарыгар тиийбэккэ умуллан хаалбыт. Удаҕан уҥуоҕун уот арыылаан хаалларбыт. Билигин да улуу кырдьаҕас аймах-билэ дьонун уҥуохтарын араҥаччылыы сытар диэн, дьон илэ-чахчы итэҕэйбиттэр. Сорох саллыбыт, сорох сөхпүт. * * * Кыыдааннаах кыһыннаах Саха сиригэр кыһалҕата суох кыстык хайаан буолбат буолуой?! Биир оннук кыһын сааһа уһаат, Титирик олохтоохторугар от тиэйэр кыһалҕата кыпчыйан тиийэн кэлбит. Отторо бүтэн, ынахтара ырыганнаан, өйөөн туруорар буолбуттар. Онно-манан харааран баран, от бытыгыраабакка барыта хачайан хаалбыт. Балар-кэлэр сир суох. Биир сытыы тыллаах-өстөөх эмээхсин киэһэ уотун утары олорон удаҕан аатын ааттаан, аал уотугар ас биэрэ-биэрэ, туох алдьархайга түбэспиттэрин эппит, аһын, абыраа диэн көрдөспүт. Сарсыарда турбуттара – олус ичигэс күн үүммүт. Кыра тыаллаах эбит. Күн ортотун ааһыыта биир уоннаах уол “От!” диэбитинэн дьиэҕэ ой он киирбит. Бары өрө чөрөйө түспүттэр. Тахсан көрбүттэрэ – хараарбыт сир барыта көҕөрөн турар үһү. Сүөһүлэрин өйөөн таһааран аһаппыттар. Сарсыҥҥы күнүгэр отторо эбии чэлгийэ үүммүт, онон тыын киллэрэн, сүөһүлэрин быыһаабыттар. Бөһүөлэктэн кэлбит дьон: “Уһун айан суолун устатыгар ханна да күөх от бытыгырыы илик”, – диэн, сөрү диэн сөхпүттэр. Пиэрмэ дьахталлара: “Аны ол-бу араас тыл-өс тахсыа”, — диэн, били түбэлтэ туһунан дьоҥҥо тугу да кэпсээбэтэхтэр. * * * Удаҕан аатын биһиги дьоммут улаханнык ааттаабат, кэлбиккэ-барбыкка кэпсээн оҥостубат этилэр. Киһи аймахха үтүөнү-өҥөнү оҥорторон баран, өлбүтүн кэннэ билбэт эрээри мээнэ халы-мааргы тыллаһар баар, онон харыстаан, мээнэ аатын этиппэт этилэр. Ити үтүө үгэһи тутуһан, билэр да буолларбын, үтүө санаалаах удаҕан аатын-суолун ааттаабатым. Ону бырастыы гыныҥ. Тимофей Жирков, Хонуу бөһүөлэгэ.
kyym.ru сайтан