Кэпсээ
Войти
Регистрация
Этитиилээх быһах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Этитиилээх быһах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
24.09.2020 16:01
Былыр мин дойдубар Хара Хаппытыан диэн ороспуой аҥаардаах киһи олоро сылдьыбыта үһү. Бу киһи отучча сааһыттан 40-гар диэри көмүһү хостуур бириискэлэргэ бырадьаагылыы сылдьыбыт. Кэлин, кыраайы үөрэтэр мусуойга сылдьан көрдөхпүнэ, 1909 сылтан 1916 сылга диэри сылдьыбыт курдук. Онно сылдьан «норуот хаһаайыстыбатыгар» тугу эрэ туһалаабытын, төһө эрэ көмүһү хостоон судаарыстыбаны байытыспытын туһунан сурах-садьык суох. Онно сылдьыбыт биир дойдулаахтара кэпсииллэринэн, мас кэрдиитигэр да, шахтаҕа да үлэлээбэтэх. Хата, ол оннугар бириискэлэри халыыр, арыгыны уоран атыылыыр илэчиискэлэри кытта бэркэ куодарыһан сылдьыбыт курдук. Кэлин кырдьан олордоҕуна кини аатын ааттаан Эһэ Харах-Санников диэн биллэр-көстөр Тайҕа ороспуойа кэлэн ыалдьыттаан барбыта үһү. Хаппытыан бэйэтэ Бодойботооҕу сырыытын туһунан кимиэхэ да тугу да кэпсээбит сураҕа иһиллибэт. Ол гынан баран, сири-буору аннынан, кини онно чэркиэстэр баандаларыгар сылдьан киһи бөҕө тыыныгар турбутун, оччо-бачча көмүһү ыспытын-тохпутун туһунан кэпсээннэр элбэхтэр. Хаппытыан дойдутугар кэлэн баран нууччалыы уу суккуйарын курдук саҥарарын (биһиэхэ оччолорго киһи кэпсэтиэх айылаах нууччата суоҕа. Онон, бука, маатырылыырын истэллэрэ буолуо), тоҥустуу кытта билэрин туһунан сэһэргииллэрэ. Дойдутугар кэлэн да баран кини дьону кытта бодоруспатах. Бэл, артыалга, холкуоска киирбэтэх. Ыраах үрэх баһыгар бүгэн олорон сааһыран баран өлбүт. Дьон киниттэн куттаналлара, туохтан эрэ кыйаханан супту көрдөҕүнэ тыллара тардан саҥарар да кыахтарыттан маталлара үһү. Улахан уҥуохтаах, тобугар тиийэр уһун илиилээх киһи курдук кэпсииллэрэ. Биирдэ кэйиик оҕус кэнниттэн кэлэн түспүтүгэр, кыйаханан, быһаҕынан хабарҕатын хайа анньан баран куул курдук туора үҥкүрүтэн кэбиспитэ үһү. Кини улахан уола Кэлэҕэй Дьарааһын, докумуоҥҥа киирбитинэн Герасим Капитонович Яковлев, 1942 сыллаахха аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан баран, оройуон кииниттэн хас да мургун дьону кытта куомуннаһан, тыаҕа күрээн хаалбыт. Кинилэри 1944 с. сааһыгар туппуттар. Дьонноро бары бэринэн, сааларын-сэптэрин быраҕан тахсыбыттарын кэннэ, Дьарааһын соҕотоҕун бэриммэккэ ытыалаһан өлбүт. Сураҕа, салайааччы курдук сылдьан хас да бырастыы гыныллыбат улахан аньыыны-хараны оҥорбут, ол иһигэр дьахтары күрэтэн барбыт, холкуос хас да сүөһүтүн уоран сиэбит, маҥхааһайы халаабыт, оройуонтан сылдьар боломуочунайы ытан бааһырдыбыт. Быһата, син биир аҕатын курдук куһаҕан хааннаах киһи эбит. Таба тайаммыт булчуттар кэпсииллэринэн, дезертирдэр саһан сылдьыбыт землянкалара Саралаах диэн сиргэ адьас хойукка диэри туох да буолбакка турбут. Ол землянкаҕа сылдьан Ньикииппэрэп Өндөрөй диэн биһиги нэһилиэкпит киһитэ өһүө быыһыгар кыбытыллан турар былыргы быһаҕы булбут этэ. Ол быһаҕын «былыр Хара Хаппытыан Тайҕаҕа сылдьан ороспуойдаабыт быһаҕа. Ону кэлин кини уола дезертир Кэлэҕэй Дьарааһын туттубута. Онон, бэрт өрдөөҕүттэн киһи хаанын амсайбыт, илбис иҥмит сэбэ. Кыыныттан хостоон илиигэр ыллыҥ да толугуруу мөхсөн, хааҥҥын оонньотон, сүрэххин тэптэрэн барар. Сыттыгым анныгар уктан утуйдум да түүнү быһа ытаан онолуйа хонор, дэлби баттатабын. Миэхэ киэбирэ баҕалаан көрүҥ эрэ. Быһаҕым боппуруоһу барытын быһаарыаҕа» диэн киһиргиирэ эбитэ үһү. Быһах бэйэтэ төһө да олус эргэрдэр,
элэйдэр, туох эрэ соҕурууҥҥу тимиртэн оҥоһуллубут буолан ис иһиттэн ыйдаҥаран көстөр ойуулааҕа (баҕар, булатнай ыстаал буолуо), олус сытыыта, үөһэ аллара сылдьар икки үөстээҕэ, араас өҥнөөх кыыл муоһуттан таҥан оҥоһуллубут эриэн уктааҕа үһү. Ол киһиргээччи Өндөрөй 70-с сылларга арыгылаан баран хочуолунайга дьону быһаҕынан дэҥнээн баран бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ. Бука сэрэйдэххэ, ол быһаҕынан буолуо. Онон, саха былыргы номохторугар кэпсэнэрин курдук, этитиилээх сэп диэн баар да буолуон сөп эбит. Кэлин ситэн-хотон баран, «баҕар, былыргы сахалар булатнай ыстаалы оҥороллоро буолуо. Милииссийэ дьыалатыгар ол быһах билигин да харалла сытара буолуо дуо?» диэн милииссийэ үлэһиттэриттэн ыйыппыппар, «суох» диэбиттэрэ. Бука, ким эрэ хараннаҕа. Быһах кэлин өссө араас «дьыаланы» оҥорбут да буоллаҕына көҥүлэ...
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан