Кэпсээ
Войти Регистрация

Эргэ оскуолаҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Эргэ оскуолаҕа

K
10.09.2020 14:53
Сахаҕа кэритии диэн былыр былыргыттан чиҥник олоҕурбут өйдөбүл баар буолара. Олус да чопчута суох буоллар, мин оҕо сылдьан ити көстүүнү көрбүт-истибит буолуохпун сөп эбит дии саныыбын. Бу кэпсэнэр түбэлтэ түөрт уонча сыллааҕыта буолбута. Биһиги ыраах, түҥкэтэх тыаҕа баар оскуолабытыгар үөрэх дьыла саҕаламмытын кэннэ хойутаан саҥа учуутал үлэлии кэлбитэ. 40-ча саастаах, кэмин иннинэ кыырыктыйбыт баттахтаах, саар тэгил, көбүс-көнө уҥуохтаах, кубаҕай дьүһүннээх, ньиэрбинэйдик быһа баттаан саҥарбыт, хаҕыс, ис киирбэҕэ суох киһи этэ. Физика, химия курдук интэриэһинэйэ суох биридимиэттэри уонна физкултуураны үөрэтэрэ. Үчүгэйдик да, куһаҕаннык да үөрэтэрин өйдөөбөппүн, арай, киниттэн олус куттанарбыт уонна тилэҕин тыаһа олус чиҥэ эрэ өйбөр олорон хаалбыт. Мэниктиир оҕолору туох да үгүс кэпсэтиитэ суох сутуругунан кыайталыыр быһыылааҕа. Бөһүөлэк улахан дьоно «оройуоммут атын оскуолатыттан лиичинэй олоҕор табыллыбакка кэлбит» диэн кэпсэтэллэрэ. Билигин санаатахха, ойоҕуттан арахсан эбэтэр үлэтиттэн ууратыллан кэлбит буолуон сөп. Саҥа учууталы, дьиэ суох буолан, эргэ оскуолабыт биир кураанах турар кылааһыгар олохтообуттара. Оскуолабыт 1920-с сыллар бүтүүлэригэр тутуллубут, үйэ тухары «абааһылаах» диэн аатырар, киһи кутун-сүрүн баттыыр улахан дьиэ этэ. Саҥа учуутал аҕыйах ый буолан баран дьикти баҕайытык өлөн хаалбыта. «Уокка оҕустарбыт» диэн быһаарбыттара эрээри, ону билиҥҥэ диэри итэҕэйбэппин. Биһиги бөһүөлэкпит былыргыттан быйылга диэри дизелинэн уоттанар буолан, уоппут күүрүүтэ олус мөлтөх. Чүмэчи уотуттан эрэ арыый ордук сырдатар. Маны тэҥэ, бөһүөлэкпит устуоруйатыгар киниттэн атын уокка оҕустаран өлбүт дуу, дэҥнэммит дуу киһи баарын истибэтэҕим. Онон, арааһа, атыннык өлбүтүн кистээбит буолуохтаахтар. Саҥа учууталы тоҕо эрэ дойдутугар илдьибэккэ, биһиги бөһүөлэкпитигэр харайбыттара. Көмпүттэрин кэнниттэн дэриэбинэ иґэ «учуутал өлөн баран дэлби тупсан хаалбыт, мичээрдии сытар үһү. Онон, бука, дэриэбинэбитигэр эмиэ ким эрэ өлөрө буолуо» диэн сурахтарынан туолбута. Ол эрээри, өтөрүнэн ким да өлбөтөҕө быһыылааҕа. Учуутал өлбүтүн кэннэ биир ый кэриҥэ буолан баран биһиги 8-с кылаастар оскуолабытыгар алтыа буолан киэһэ хаһыат таһааран букунаһа сырыттыбыт. Саҥа дьыл кэнниттэн этэ. Бука, Сэбиэскэй аармыйа күнүн иннинэ буолуо. Оччолорго оннук үгэс баара. Эбиэт кэнниттэн үөрэнээччилэр оскуолаҕа мустан хойукка диэри эрэпэтииссийэ, хаһыат таһаарыыта, «продленка» эҥин диэн курдуктарга ыкса киэһэҕэ диэри сылдьарбыт, мэниктиирбит. Бу олордохпутуна, халлаан хараҥарбытын кэннэ, уоппут баран хаалла. Уоппут мэлдьи барара, онон ким да соччо долгуйбатах буолуохтаах. Ыскаап үөһэ бэлэм турар чүмэчини уматан салгыы хаһыаппытын оҥоро сырыттыбыт. Киэһэ аҕыс чаас буолан эрэрэ. Оскуолаҕа биһигиттэн атын ким да суох, уу чуумпу. Остуорастар оскуоланы сууйа өссө да кэлэ иликтэр. Биһиги да бараары хомунан эрэрбит... Чүмэчи тула букунаһа-хомуна сырыттахпытына, арай, чуумпу көрүдүөр устун бэрт чиҥ атах тыаһа байыаннайдыы ньиргиэрдээхтик хааман учууталлар хосторун диэки ааһа турда. Ааспыт киһи соруйан «истиҥ» диэбиттии олус чиҥник хаамара кураанах көрүдүөргэ олус улаханнык дуорааннанан иһилиннэ. Сорох сытыы-хотуу уолаттарбыт «ким эрэ баар
эбит» диэн кылаас аанын сэгэтэн хараҥа көрүдүөрү көрө, «ким баарый?» диэн хаһыытыы сатаан баран, төттөрү түстүлэр. Кыыстыын-уоллуун бары эмискэ олус улаханнык куттанан илии илиибититтэн тутуһан куустуһа түстүбүт. Туох да кэпсэтиһии суох да, соторутааҕыта манна киһи өлбүтүн, ким итинник чиҥник хаамыан сөбүн бары тута өйдүү түстүбүт быһыылааҕа. Түҥ-таҥ хомуна-таҥна охсон, илиибититтэн ыга тутуһан баран, чүмэчи тутуурдаах, бары бииргэ тахсар аан диэки дьулустубут. Үлүгэр быалаах диэбиккэ дылы, тахсар ааммыт били учуутал олорбут хоһун таһынан баар. Улахан сааланы ааһан, туораан тахсар синньигэс холлороон курдук уһун көрүдүөргэ кэлэн көрбүппүт, ыйы быһа күлүүһүнэн ыбылы хатанан турбут учууталбыт хоһун аанын кытыытынан чүмэчи уота кылайан көстөр. Иэдээн! Ким эрэ куттанан ытаата, ким эрэ ол аан таһынан барымаары төттөрү чинэккэлээтэ. Ол иһигэр уоттаах, таһыттан хатыылаах аан таһынан хайдах ааспыппытын билигин да өйдөөбөппүн. Учуутал олорбут кылааһын ааһаат хаһыытаспытынан тахсар аан диэки бууппут быстарынан түспүппүтүн, ааҥҥа баппакка тардыалаһыы-мадьыктаһыы бөҕө буолбуппутун эрэ өйдүүбүн. Сарсыныгар оскуолаҕа ону кэпсээн-ипсээн бөҕө оҥорон үллэҥнэтэрбитин өйдөөбөппүн. Тоҕо эрэ бэйэбитигэр олус чугастык ылынан кистээн кэбистибит быһыылааҕа. Сурах-садьык да тарҕамматаҕа. Арай, уонча сыллааҕыта кылааһынан көрсүһүүбүтүгэр биир уолбут кэпсээбитигэр санаан кэлбиппит. Ол иннинэ «түһээбиппин өйдүүр быһыылаахпын» дии саныы сылдьыбыт киһи ол быһылаан дьиҥнээҕин онно биирдэ өйдөөбүтүм. Онон, өбүгэлэрбит урукку сиэри-туому халлаантан ылан кэпсээбэттэр, дьиҥнэээх олоххо тирэҕирэллэр эбит дии саныыбын. Роман Скрыбыкин.
kyym.ru сайтан