Кэпсээ
Войти
Регистрация
Атын олох дьоно
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Атын олох дьоно
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.09.2020 12:48
Төлөпүөн тырылаата. — Алуо? — Привет! — Оо, Лили –звезда! Дорообо-дорообо! – хаһан эрэ бииргэ үлэлии сылдьан баран сүтэрсэн кэбиспит дьүөгэм куолаһын тута биллим. Салгыы Лили кэтэх дьиэ ылбытын, ол малааһыныгар урукку дьүөгэлэрин хомуйан эрэрин иһитиннэрдэ. Баран бөҕө буоллаҕа! Чааспытын болдьоһон, ханна тиийиэхтээхпин сурастым. — Бэйэҥ булан кэлэриҥ уустук соҕус буолуо, онон “Апельсин” таһыгар көрсүөхпүт, онтон бэйэм ылаттыам, — диэтэ. Дьэ, бэрт да бэрт. Атын кыргыттары кытары көрсүбэтэҕим эмиэ ыраатта. Сэһэн-сэппэн саллайар буолуохтаах. Болдьоммут күммүтүгэр бары муһуннубут. Лили саҥа массыынатыгар дьоҕус “Эскудоҕа” олорсон куораттан балайда таҕыстыбыт. Онтон эрийэ-буруйа суолунан айаннаан Маҕанныыр мыраан анныгар тиийдибит. Үөһээ мырааҥҥа башня турарын көрдөрө-көрдөрө Лили: — Биһиги Кириэмилбит! – диэн күллэ. Биһиги өрө хантайан “Кириэмили” дьиктиргээтибит, чочуобуна быһыылаах диэн ким эрэ саҥа аллайда. Лили – Лилиана диэн ааттаах. Ону биһиги дьүөгэлэрэ французтуу маньыаранан Лили диэн ааттыыбыт. Лилибит бэлиэр үс оҕоломмут. Уруккутун курдук элэккэй-сайаҕас майгытын ыһыктыбатах. Мап-маҥан тиистэрин кэчигирэтэн күлэн дэдигирэтэр. Хоточчу тардыллыбыт бырааһынньык остуолун тула олорон уруккуну-хойуккуну сэлэһэн күммүтүн билбэккэ аһардыбыт. Халлаан боруҥуйда. Лили оҕолоро таһырдьаттан оонньоон киирдилэр. — Хата, элбэхтик ыҥыртарбат дьон эбиттэр, — диэн биһиги хайҕаталаатыбыт. Ийэлэрэ оҕолорун таҥастарын дьаһайарын быыһыгар: — Биһиги кэммит бүттэ. Аны, атын дьон кэмэ кэллэ, — диэтэ. Ыалдьыттар хаһаайка тугу эппитин өйдөөбөтүбүт, көннөрү истэн эрэ кэбистибит. Лили остуолга олорбутун кэннэ биир дьүөгэбит Тина ыйытта: — Ити туох “Кириэмилэ” турарый? Киһи уҥуоҕа дуу, чочуобуна дуу? — Былырыын биһиги кэлэрбитигэр суох этэ. Быйыл туруорбуттар. Сураҕа, күһүөрү массыына саахалыгар өлбүт дьахтар уҥуоҕа үһү. Хара омуктар дииллэр. Хас да сыл оҕоломмокко сылдьан баран, дьэ оҕоломмуттар. Онтон оҕото аҕыйах ыйдааҕар дьахтара өлөн хаалбыт. – Оо, сордооҕу, — билбэт дьахтарбытын аһынан үөһээ тыынныбыт. Лили салгыы: — Сорохтор этэллэринэн, хара омуктар киһи уҥуоҕар тугу да ыараханы уурбаттар үһү. Ону эр киһи дьахтарын “соҕотоҕун хаалларан барда” диэн абаран, ити башняны туруорбут дииллэр. — Тыый! – соһуйабыт. Оттон – таптыыра бэрдиттэн абаккардаҕа. Кэтэһэн-кэтэһэн оҕоломмуттарын кэннэ баран хааллаҕа, — Тина тойоннуу сатаата. — Бу учаастагы бэйэҕит талан ылбыккыт дуо? – киһи уҥуоҕун анныгар ылбыттар диэн, ким да тыла тахсан эппэккэ олордоҕуна, саастаах дьүөгэбит Александра ыйытта. — Доҕоттоор, аан бастаан киһи уҥуоҕа баарын олох да билбэтэхпит ээ, — диэн Лили күллэ. – Кыһын учаастак көрдөөтүбүт. Арай, биллэрии биэрбиппит кэннэ төлөпүөннээтилэр. Маннык-маннык сиргэ, бачча-бачча уһаайба сирэ диэн. Көрүстүбүт, тиэйэн аҕалан көрдөрдүлэр. Олбуор маһа кэчигирээн турар, ып-ыраас маҥан хаар, сирэ-уота көнө курдук, гааһа-уота тардыллыбыт, сыанатын биһиги холбут уйууһу – сөбүлээтибит. Ол тухары үөһэ мин даҕаны, кэргэним даҕаны хантайан көрбөт! Кэпсэттибит, илии охсустубут. Дьиэбитигэр тиийэн харчыбытын аахтыбыт, тиийбэтин табаарыстарбытыттан иэстээтибит. Түргэн баҕайытык
суумабытын буллубут, докумуоннастыбыт. Барыта тып-тап курдук табылынна. Онтон саас хаар ууллубутун кэннэ, арай, сирбитигэр таҕыстыбыт. Дьиэбитин тутуохтаах эһэбитин илдьэ сылдьабыт. Наһаа үчүгэй күн, сылаас баҕайы! Сирбит күөх отунан бытыгыраан көрүстэ, чыычаах ыллыыр, ыраас салгын! Уу-ух! – Лили икки илиитин кэдэрги быраҕан тыыллаҥнаата. – Арай оннук турдахпына эһэбит: — Көр эрэ... Арай аҕам ыйбытын хоту үөһэ көрбүтүм – Лили сүрэҕин туттар. – Онно биирдэ саҥа өйдөөн көрдүбүт ээ “ыалларбытын”! Онтон, дьыалабыт-куолубут туох да мэһэйэ суох түргэнник табыллыбыта мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо. Сирбит биһигини бэйэтэ талан ыллаҕа диэн быһаарбыппыт. Ничего. Олоробут. Ыалларбытын кытары билсэн-көрсөн, билигин атын сиргэ көс диэтэхтэринэ көспөппүүн! – Лили төбөтүн быһа илгистэр. — Саамай кылаабынайа, ыалларгыт буоллаҕа. Үчүгэй ыаллаах — дьол, — биһиги сөбүлэһэн күө-дьаа буоллубут. — Биһиги оҕолорбутун күн киирдэ да дьиэлэригэр киллэртиибит. Маннааҕы ыаллар оҕолоруттан хойукка диэри ким да сылдьыбат. Күн киирдэ – сирдээҕи дьон кэмэ бүттэ. Хараҥаҕа — атын дьон кэмэ. Биһиги олорго мэһэйдиэ суохтаахпыт, биһигини мэһэйдээбэттэр оччоҕо. — Сөпкө этэҕин Лили. Биһиги эйгэбит таһынан, өссө сэргэстэһэ хас да эйгэ баар дииллэр буолбат дуо. Кырдьык, оннук ээ, — Клавдия Ивановнабыт этэр. – Мин билэр дьонум эмиэ бу мыраан анныгар сир ылан дьиэ тутуннулар. Дьиэ тутуутугар аймах уолаттарын хомуйан аҕалан үлэлэппиттэр. Үрдүттэн балааккаҕа түһэрэн олордубуттар. Уолаттар аата уолаттар. Ырыа-үҥкүү, арыгы-пиибэ, айдаан-куйдаан бөҕөтө буолбуттар. Ол курдук хаһыс эрэ түүннэригэр эмиэ аһаан ньамалаһа олордохторуна, арай, үс эдэр уол олбуордарын аанын аһан киирэн кэлбиттэр. Ол уолаттары кытары салгыы остуолга олорбуттар. Онтон уолаттар, хайдах эрэ кэри-куру туттан баран: — Биһиги даҕаны эрдэ барыахпытын баҕарбатахпыт, күн сирэ күндү буоллаҕа, — диэбиттэр уонна тахсан баран хаалбыттар. Ол этэллэригэр хайдах эрэ тымныы салгын биллэргэ дылы гыммыт. Холуочук уолаттар олбуор таһыгар тахсан, били киирэ сылдьыбыт дьону көрдүү сатаабыттар – ким да суох эбит. Кутталларыттан өйдөнөн хаалбыттар. Ол кэннэ, киһи эрэ буоллар, түүннэри айдаараллара тохтообут. — Сэрэтэ кэлэ сырыттахтара... — !!! Хата, ити кэпсээнтэн мин этим саласта. — Тоҕо куттанаҕын? – Клавдия Ивановна намыын куолаһынан миигин уоскута сатаата. – Атын олох, эйгэ баарын мин уруккуттан билэбин. Киһи онтон куттаныа суохтаах. Былыргы саха күнү кытары сылдьар. Күн көрөр кэмэ – кини кэмэ. Түүннэри ким да айдаарбат. Тыаҕа, сиргэ сылдьан ким да хаһыытаабат. Иччилэри үргүппэт, соһуппат. Киһи айылҕаны кытары эйэ дэмнээхтик, ким да кими баһыйбакка, баһылыы сатаабакка өйдөһөн олорбуттара. Ол иһин өйдөрө-санаалара ыраас, эттэрэ-сииннэрэ чэгиэн этэ. Клавдия Ивановна урут-уруккуттан сахалыы майгылааҕын, көрүүлээҕин билэр этибит. Бу сырыыга киһибит олох да соһутта: — Ааспыкка Реас Кулаковскай аҕатын туһунан кинигэтин аахтым ээ. Хайдахтаах курдук хоту баран эрэйдэммитин-муҥнаммытын ааҕан, наһаа аһынан-харыһыйан аахтым. Онтон
сөрүүн баҕайы салгын билиннэ уонна санныбар илиитин уурда... — Ким?! – бары интэриэһиргээн харахпытын муҥунан көрдүбүт. — Өксөкүлээх... — Бүт эрэ! — Оннук кэлэллэр ээ... Илбистээх тыллаах улуу суруйааччылар... илэ бэйэлэринэн биллэллэр... — ... Ээ, чэ, бүтүүй! – Тина биһикки илиибитинэн сапсыйдыбыт. – Эн наһаа бэйэҥ уран, уйан, чараас дууһалаах киһигин. Ол иһин тыл күүһүгэр ылларан, бүүс-бүтүннүү ааҕар айымньыҥ иһигэр киирэн хааларыҥ буолуо уонна аһыллан хаалан ону-маны көрөн эрдэҕин... хараҕыҥ иирэн. — Хойукка диэри ааҕарыҥ буолуо. Устунан сылайан, нуктаан ылан түһүүр инигин, — мин эбиискэлэһэбин. — Хойукка диэри ааҕабын. Оннук билиннэхтэринэ, чаһыбын көрөбүн. Кырдьык, хойутаабыппын диэн, уоппун умуруоран утуйабын. — Эчии, оччо айылаах кэлэн тута-хаба сырыттахтарына утуйан да бэрт! – дьону күллэрэбин. — Куттаныа суохтааххын. Ол эн куттанаргыттан туох да уларыйбат. Оҥоһуу, айыллыы оннук, куттаммакка-дьаархаммакка ылыныахтааххын — Клавдия Ивановна аргыый наҕыл куолаһынан сыыйа олордо. – Мин кэргэним тыыннаах эрдэҕинэ сайын байдаарканан уста баран хааларбыт. Икки ыйы быһа тыаҕа сылдьааччыбыт, оо, наһаа да үчүгэй буолара. Билигин таас дьиэҕэ хааллан олорон, тыыным-быарым ыгыллан ыарытыйар буоллум. Хаһан даачабар тахсар кэммин эрэ ааҕабын. Бу бүгүн Лилигэ кэлэн санаам тэнийбит, сүрэҕим уоскуйбут курдук сананан олоробун. Эчи, салгына ырааһын, киэҥэ-куоҥа үчүгэйиэн! — Уу, миигин икки ыйга туох да суунар-тараанар усулуобуйата суох тыаҕа илтэхтэринэ, бөрөлүү улуйар буоллаҕым! – Тина итинник гынан “айылҕаттан тэйбитин” Клавдия Ивановна хараҕар чопчу дакаастаата. — Мин кыра сылдьан биир сайылыктан атын сайылыкка ыһык-өйүө таһар этим. Күһүҥҥү хараҥаҕа сайылыкпар төннөрүм. Дьиктитэ диэн, хаһан да муммат этим. Ким эрэ сирдиирин курдук. Иҥнэн да сирэйбин быһа түспүтүм суоҕа. Кэлин билбитим, мин суолум айаҕар төрөөбүт алааһым сытар эбит. Ол иһин да ол сиргэ кэллэхпинэ, хайдах эрэ санаам чэпчээн хаалара. Куттанарым, сэрэхэдийэрим букатын ааһан хаалара. Ийэм хойут эппитэ “манна төрөөбүтүҥ” диэн. Туох эрэ дэллэритэ сиэтэрин, үтэрин курдук олорор сайылыкпар тиийэрим. Иччитэ, тыына суох сир – куһаҕан сир. Үчүгэй сир хайаан да иччилээх буолуохтаах. Судургутук санаан да көрдөххө, үчүгэйи ким барыта сөбүлүүр. Ол иһин онно олохсуйар буоллахтара эбээт, киһилиин-сүөһүлүүн, иччилиин-айыылыын. Ити курдук малааһыммыт атын кэпсэтиинэн салаллан иччигэ-сибиэҥҥэ тиийэн хаалла. Дьүөгэлэрим Лили, Клавдия Ивановна тылларын, көстүбэт эйгэҕэ сыһыаннарын хайдах эрэ сөбүлүү иһиттим. Кырдьык, биһиги куттанарбытыттан-куттаммаппытыттан туох уларыйыаҕай. Көстөр-көстүбэт эйгэ бэйэ-бэйэтигэр мэһэйдэспэккэ олордоҕуна, хайа да өттүттэн “кутталлаах орооһуу” тахсыа суох этэ. Судургутук өбүгэлэрбит сиэрдэрин-туомнарын тутуһан, үгэстэрин кэспэккэ олордохпутуна, сирдээҕи олохпут уу нуурал устуоҕа. Туохха эрэ наадалаах, суолталаах буолан абыычай, үгэс диэн олохтонноҕо. Туйаара НУТЧИНА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан