Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ойуун суруга
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ойуун суруга
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.08.2020 12:38
Дьикти суруктаах ойуун уҥуоҕа баар. Сэрии кэнниттэн, түөрт уон алта сыллаахха суруллубут. Былыр үс кириэһигэр барытыгар суруктааҕа, билигин ортоку улахан кириэһигэр эрэ ордубут. Ол суругу уҥаттан хаҥас аахтахха, бастакы икки бэлиэ былыргы түүрдэр суруктарыгар маарынныыр. “Д” уонна “Б” дорҕоону бэлиэтиир руналар курдук. Онтон атыттар — биллибэт бэлиэлэр. Оннук түүрдүү суруйбут буоллаҕына, быраабыла быһыытынан, аһаҕас дорҕоон суруллубат. Оччоҕо аһаҕас дорҕооннору туруоран биэрдэххэ “...Ада Ба...” диэн былыргы түүрдүү тылынан ааҕыллар. Сахалыы тылбаастаатахха “...Куттал Баай...” ... Ойуун аата Чупров Дьөгүөр – Эмчит Чэппиэрэ. Кини ыраахтааҕы былааһа самнарын саҕана Дьааҥыттан Кустуурга көһөн кэлбит. Сүрдээх талааннаах эмчит эбитэ үһү, үгүс киһини эмтээн атаҕар туруорбут. Таҥара ыһыаҕа диэни ыһара. Ол ыһыахха, кырдьык, Таҥара, Сырдык Айыы итэҕэллээхтэри эрэ сырытыннарара. Бэйэтэ көтөр-кыыл саҥатынан саҥарара, өссө балары кытта бэркэ өйдөһөрө. Үөрэҕэ суох да буоллар, уолугар Сэмэҥҥэ сурук суруйара. “Тураах атаҕын курдук, эгэлгэ токур бэлиэлэр этэ” диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр. Ол суругу уола ааҕара. Сэрии буолбутун иһитиннэрэ киһи кэлбитигэр, ойуун киниэхэ бэйэтэ сонуннаах көрсүбүт: “Германия сэриинэн саба түстэ”. Өссө Кыһыл аармыйа хаһан өстөөҕү кыайыахтааҕын чопчу эппит этэ. Өлүөн иннинэ уҥуоҕар баар суругу бэйэтэ суруйбут уонна бу бүлүүлүү (сорох дьон кэпсииринэн, Таҥара суругун) суруйдум диэбит. Бу суругу аан дойду үрдүнэн биэс эрэ киһи сатаан ааҕар диэн сэрэппит. Онон эмчит Чэппиэрэ тугу этэ сатаабыта билигин таабырын. “Кэмэ кэллэҕинэ, ким эмэ кэлэн ааҕыа” диэн, Эмчит Чэппиэрэни кытта тэҥҥэ алтыспыт, эмтэммит ытык кырдьаҕастар эрэнэллэр. Киһи уҥуоҕа Мин сэттэлээхпэр-аҕыстаахпар дьоммун кытта Арҕаа Мандыйа диэн сиргэ оттуу тахсыбытым. Ийэм, аҕам, мин буолан сыппыппыт. Ол курдук бэрт үчүгэйдик оттоон бүтэрбит саҕана аҕам бөһүөлэккэ от кэбиһэргэ диэн, оҕустаах сыарҕа ыла барбыта. Мин ийэбин кытта хааллым. Арай аҕабыт олус өр кэлбэтэ, этэҥҥэ айаннаабыт киһи күн аҥаарынан эргийэр сирэ. Биһиги күүтэ сатаан, сарсын сарсыарда кэлэр буолла быһыылаах диэн, оҥостон утуйаары сыттахпытына, таһырдьа оҕустаах сыарҕа тыаһа иһилиннэ. Биһиги өҥөйөн көрдүбүт. Аҕабыт кэлбит эбит, оҕуһун аҕалбыт этэ да, сыарҕатын бурҕалдьыта суоҕа. Ону ийэм көрөн, “хайа сыарҕаҥ бурҕалдьыта суох дии” диэтэ. Онуоха аҕам “ээ, түһэн хаалбыт” диэт, балааккаҕа киирэн сытынан кэбистэ. Киһи күн өйүгэр сылдьан, сыарҕатын бурҕалдьыта оҕустан сулбуруйбутун хайдах көрүө суоҕай? Ол киэһэ аҕам тугу да саҥарбакка, бөһүөлэк сонунун кэпсээбэккэ утуйбута. Туохтан эрэ куттаммыт дьүһүннээҕэ. Сарсыарда туран маннык диэбиттээх: “Мин сыл ахсын манна сырыттаҕым аайы оҕо уҥуоҕар тиийэн табах уурар этим, быйыл кыайан онно тиийэн уурбатым”. Онтон бурҕалдьыны ыларыгар, соҕотох барбакка, чугастааҕы отчут уолаттары илдьэ барбыта. Күнүс бурҕалдьыны аҕалан кэллилэр. Өтөх онно баар, айан аартыгар онно түспүт эбит. Оннук оттоон бүтэн, дьиэбитигэр барар кэммит кэллэ. Онно тоҕо эрэ аҕам хаһан да сайылыгар эргиллибэттии
оҥостон барбыта... Эһиилигэр сааһыары аҕам тимир көлө саахалыгар түбэһэн сырдык тыына быстыбыта... Оттуу сыттахпытына оҕуһун аҕалан истэҕинэ, өлүөхтээҕин биллэрэн туох эрэ көстүбүт буолуохтаах. Ону биһигини куттаамаары кэпсээбэтэҕэ буолуо... Кэнники улаатан, бэйэм тыаҕа сылдьар буолтум кэннэ, ийэм маннык сэрэппиттээх: “Сиргэ сүгүрүйэбин диэн, кур киһи уҥуоҕар ону-маны уурбат, бэрсибэт буол. Уҥуоҕу көрдөххүнэ, ырааҕынан тумнар буолаар”. Кырдьык, оннук быһыылаах. Туох-туох санаалаах, хайдах киһи сытара биллибэт ээ. Баҕар, хара санаалаах сиэмэх ойуун сытара буолуо. Онон сиргэ ытыктаан сүгүрүйэбин диэбэккэ эрэ, чопчу ким сытарын билбэт буоллаххына, ырааҕынан тумнубут ордук быһыылаах. Көрбүөччү Бытантай үрэх үрдүнэн тайаан сытар алаастары биир дьикти айанньыт кэрийэн ааспыт. Ким буоларын, хантан сылдьарын, ханна баран эрэрин олох эппэт үһү. Ол оннугар хас биирдии ыалга киирдэҕин ахсын, олох инникитин өтө көрөрүн кэпсиирэ. Сэрэтэр курдук: “Үйэ муҥурданар уһугун буллаҕына, кууллаах харчыны сүгэ сылдьан кур киһи уҥуоҕар тиийэн, дьоллоох да дьоҥҥут. Эһиги эрдэ өлөн, маннык олоҕу билбэтэххит диэххит. Ымсыырыаххыт эрдэ өлбүт дьоҥҥо. Ол кэннэ эһиги оннугутугар тииҥ тириитэ саҕынньахтаах дьон кэлиэхтэрэ”. Ыалга барытыгар биири кэпсээн баран, сүтэн хаалбыт. Ханна барбыта, хантан кэлбитэ күн бүгүнүгэр диэри биллибэт... Бу кэнниттэн атын улуустарга сылдьан билгэтин кэпсээбитэ биллэр. Дьиктитэ диэн, Арҕаа дойдулар улуу билгэһиттэрэ М.Нострадамус эмиэ ити туһунан эппиттээх “тииҥ саҕа уҥуохтаах дьон” үөскүөхтэрэ диэн. Онон биһигитин солбуйар көлүөнэ кэллэҕинэ, уҥуохтара лаппа аччыыра буолуо. Чинчийээччилэр этэллэринэн, өбүгэлэрбит уҥуохтара быдан улахан эбит. Аны харчы туһунан. Импилээссийэ бу тэтиминэн бардаҕына, харчы аһара элбиэн сөп. Харчы сыаната күн ахсын түһэ турар, онон куулунан да сүгэ сылдьар кэммит наһаа ырааҕа суох курдук. Онон былыргы да билгэһиттэр, баар суолу булан этэллэр эбит. Ини-биилэр Оҕо сылдьан аҕабын кытта кустуу Үөһээ Мандыйа диэн сиргэ айаннаан иһэн, аара суолга баар былыргы дьон уҥуохтарын аттыгар кэллибит. Аҕам ааһан баран, сибигинэйэн кэриэтэ манна улуу дьон көмүллэн сыталларын туһунан кэпсээтэ. ... Былыр кыргыс үйэтин саҕана, Мандыйа тоҕойугар Иэлик уонна Тиэлик диэн икки ини-бии көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Хантан кэлбиттэрэ биллибэт. Бука, кыайар бөҕө кыайан, төрөөбүт-үөскээбит, силис-мутук тардыммыт дойдуларыттан сыҕарыйбыт дьон буолуохтаахтар. Бэйэлэрэ биирдии саһаан уҥуохтаах, киһиттэн эрэ дуолан күүстээх-уохтаах, чахчы быһыйдыы быһыылаах дьон эбиттэр. Туох да көлөнү-миҥэни тэриммэтэх дьон буолан, күн аайы хастыы эмэ көстөөх сири сатыы кэрийэн бултууллар. Ол сылдьан бултуйдахтарына, аарыма лөкөй тайаҕы тириилэри-таймалары, хааннары-сииннэри ортотунан быһа баттаан баран, эт санныларыгар сүгэн аҕалаллар. Ол кэлэн иһэн дьиэлэрин таһыгар баар Мандыйа үрэҕин, көрүлүү таарыйа, ойон туоруур үгэстээхтэр. Сарсыарда бултуу баралларыгар эдэр тэтиэнэх дьон уҥуохтара кычыгыланан, баардара батарбакка, куоталаһан кылыйаллар, буурдууллар. Ким кыайтарбыт кыраһа хаарга бэчээт курдук олорон хаалбыт атахтарын суолун соторго күһэллэр. Оччотооҕу сиэр-майгы оннугу эрэйэр. Ол курдук биирдэ бултуу
баран иһэн, куолуларынан, куоталаспыттар. Кыра быраат хотторбут. Сырыы аайы кыайтаран, кыраһа хаары чээччэйэриттэн сүрэҕэлдьээбитэ дуу, умнубута дуу, туох эрэ атын төрүөт баара дуу — кылыйбыт суолларын соппокко ааһа турбут. Суоллара «бу баарбын, көрүҥ-истиҥ» диэбиттии, аҥайан хаалбыт. Уолаттар киэһэ булт бөҕөтүн бултаан, ыараханы сүгэн аҕылаан-мэҥилээн, сылайан-элэйэн, били суолларыгар тиийэн кэлбиттэр. Онтулара мааҕын сарсыарда хаалларбыт суолларын ойоҕоһугар кинилэри куота үһүс киһи ыстаммыт суола баар буолбут. Кыаҕар бүк эрэнэр, тэтимнээх тилэхтээх киһи атаҕын суола. Иэдээн буолбут. Ини-биилэр сүгэн иһэр таһаҕастарын түһэрэн, оҥосто-оҥосто, били суолу куотаары ойо сатаабыттар. Хайалара да сиппэтэх. Улахан убай харыс эрэ курдугунан тиийбэккэ хаалбыт. Ойон бүтээттэрин кытта, үөһэ халлаан диэкиттэн саҥа ньиргийбит: «Уруй! Мин кыайдым!»... Кыайтаран, соргулара тостубут уолаттар дьиэлэрин диэки салбыҥнаһа турбуттар. Улахан убай кэлин «дьиҥинэн, кыайыахха сөп этэ. Урут, киһи курдук эрдэххэ, итиччэни ойор буолуллара. Ыарахан сүгэһэргэ баттатан, сыра-сылба быстан иһэр буолан кыайтарбытым» диэн кэпсиирэ үһү. Ини-биилэр ити дьылы туораабакка суох буолбуттара. Бачча саастарыгар диэри муннуларыгар тумуу киирбэтэх буулаҕа боотур дьон куттара үргэн, сүрдэрэ тостон, ыалдьан өлбүттэрэ. Былыргы дьон кэпсээнинэн, Орто дойду киһитэ күүһүн-кыаҕын кистээбэккэ көрдөрө, өҥнө сылдьара сэттээх-сэлээннээх буолар. Туруу-бараан дойдуга биһигини анныбытыттан маныы, үрдүбүтүттэн көрө сылдьар кулгаах-харах, кылыы-кэнтик бэрт элбэх. Сүдү күүстээх ойууннар Эбээн Бытантай улууһун Кустуур бөһүөлэгэр араас кэмҥэ олорон ааспыт улуу ойууннар, өтө көрөөччүлэр тустарынан сэһэн, үһүйээн элбэх. Олортон кылгастык үс түбэлтэни кэпсээтэххэ маннык... Былыр Тээҥки үрэҕин үрдүгэр оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара эбитэ үһү. Сылтан сыл олохторун-дьаһахтарын бэйэлэрэ дьаһанан олорбуттар. Ол эрэн кинилэр сүдү күүстэрэ, ырааҕынан-чугаһынан Орто туруу-бараан дойдуну тэлэһийэ көппүт. Кинилэр айылҕаттан бэриллибит күүстэрин куотаары, үгүс элбэх сүдү талааннаах ойууннар, удаҕаннар кэлэн барбыттар даҕаны ким да баһыйар күүстээҕэ көстүбэтэх... Биирдэ кинилэргэ ыалдьыт киирэн кэлбит, эдэр уол. Оҕонньордоох эмээхсин бу эдэр оҕо күүһүн-уоҕун улахаҥҥа уурбакка, киһи сиэринэн, көрсөн, аһатан-сиэтэн бэйэлэрин кытта олордубуттар. Сүрдээх үлэһит, сүүрэн-көтөн эдэр киһи хаана оргуйа сылдьар буолан, үлэни барытын кыайара, кэмигэр оҥорон иһэрэ. Оҕонньор оҕону сыалаах этиттэн сиэппэт этэ, өрүү уҥуоҕу эрэ тиниктэтэрэ. Ону көрөн, эмээхсин хаста да оҕонньоругар этэ сатаабыт: “Оҕону сыалаах эппитинэн аһатыахха, оннук гымматахпытына, эдэр киһи эйэтин ылыа суохпут”. Оҕонньоро хардарбыт: “Эмээхсиэн, бачча тухары биһигини күүһүнэн кыайар киһи көстө илик, көстүө да суоҕа. Ити уолтан отой куттаммаппын”, — диэбит. Уол эрдэ бэлиэтии көрбүт: дьиэлээхтэр кинини кытта остуолга тэҥҥэ олорон аһаабаттарын, арай кини сылгыларын көрө бардаҕына, бэйэлэрэ хаалан аһыылларын. Биир киэһэ ыйытан турбут: “Ытык кырдьаҕастаар, мин эһиэхэ олорон туох баар сырабын ууран үлэлээтим, ханнык да үлэттэн куттаммакка, чугуйбакка. Онон тэҥнээххит курдук бэйэҕитин кытта остуолга олордон күндү аскытыттан аһатар кэмҥит кэллэ быһылаах”. Оҕонньор, ону истээт, ытамньыйбыт: “Тоойуом, күндү аспыт диэн
биһиэхэ суох, эмээхсиммин кытары эн кэннигиттэн ордубут аһы аһыыр идэлээхпит”. Уол, ону истээт, олус сөҕөн, саҥа аллайбыт: “Ити бэйэлээх элбэх үөр сылгылааххыт, онтон биири-иккини идэһэ оҥорон сиир санааҕыт суох дуо?” Оҕонньор тиэрэ хайыһан, соруйан истибэккэ, утуйбута буолан кубулуммут. Уол өһүргэнэн, саҥата суох таһырдьа тахсан барбыт. Онтон ол түүн эмээхсин, дэлби ыксаан, оҕонньорун уһугуннарбыт: “Оҕонньоор, иэдээн буолла, биир сур бөрө сылгыларбытын тарда сылдьар, барыларын тардыан иннинэ баран кыйдыах”. Иккиэн таһардьа тахсан, тыһылаах атыыр эһэҕэ кубулуйан, бөрөнү эккирэтэ түһүммүттэр. Тэтиэнэх, сымса бөрө аарыма эһэлэргэ хантан ситтэриэй. Ол курдук оҕонньордоох эмээхсинтэн куота сылдьан, үөр сылгыны барытын өлөрбүт. Хаһаайыннар, бөрөнү кыайан үүрбэккэ, сылгыларын сатаан быыһаабакка дьиэлэригэр кэлбиттэр. Эмээхсин ытыы-ытыы оҕонньор үрдүгэр түспүт: “Эчи, кыһыытын-абатын, көрөн турдахпытына сылгыбытын барытын тарта. Ити барыта эн, эдэр оҕону сэнээн, эккиттэн көҥөнөн-харыһыйан бэрсибэккэҕин иэдээни оҥордуҥ”. Оҕонньор эрэйдээх бэйэтэ сыыспытын өйдөөн, туох диэн хардарыай — санааҕа баттатан саҥата суох олорбут. Киэһэлик, били үлэһит уоллара киирэн кэлбит уонна ааҥҥа туран эрэ күлүү гынан ыйыппыт: «Хайа, эккит элбээтэ дуо?”. Ол курдук кырдьаҕас дьон эдэр киһини сэнээн, кини төһө кыахтааҕын билбэккэ сылдьан бэйэлэригэр тэҥнээбэккэ, улаханнык иэдэйбиттэр. Маннык түгэҥҥэ саха омукка олус мындыр өс хоһооно баар: “Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл». Ол оҕонньордоох эмээхсин олорон ааспыт алаастара, уҥуохтара билигин да баар. Булчуттар тиийэн көрдөстөхтөрүнэ, өрүү өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэллэр.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан