Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылыын илин былдьаһыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылыын илин былдьаһыы

K
06.08.2020 14:53
1953 сыллаахха Ньукулай Ыстапаанап-Холоордо, Быладьыымыр Токуев, Ньукулай Дьаакыбылап, Антонов уонна мин буолан 22Б тыраахтарынан Харыйалаах Ураҕастааҕар отууга хоно сылдьан күһүҥҥү паардааһын диэн буола хоруппуппут. Мин Дьаакыбылаптыын оҕуһунан тыраахтарга бодобуостуур этибит. Оччотооҕуга тыраахтар арадьыйаатарын уута курдары тохто сылдьар буолара. Онон уһун буолаҕа баһыттан баһыгар тоһуйан, тыраахтарга уу кутан биэрэрбит. Ньукулай оччолорго көрдөөх-нардаах, сэһэннээх-ыаһахтаах, бэрт эйэҕэс-сайаҕас майгылаах эдэрчи киһи этэ. Биһиги үлэ кэнниттэн күһүҥҥү ыас хараҥаҕа кулуһун уотун тула сытан чэйдиир кэммитигэр Ньукулайбыт арааһы бары сэһэргиирэ. Олортон биири ордук өйдөөн хаалбыппын. 1946 сыл диэкинэн олох-дьаһах саҥардыы холгумнаан, сир ийэ кытары үөрсүбүт курдук, от-бурдук өлгөмнүк үүнэр кэмнэрэ кэлбитэ. Оччолорго Элгээйитээҕи МТС-тан саас, күһүн бурдук ыһыытын, хомуурун, буола хорутуутун саҕана холкуостарга тыраахтардар тахсан үлэлииллэрэ. Ньукулай идэтинэн хайа эрэ хотугу холкуоска сааскы ыһыыга үлэлии тахсыбыт. Оччолорго тырахтарыыстар түүннэри-күннэри солбуһан үлэлииллэрэ. Холкуос сыллааҕы дьылҕата тыраахтар тахсан хайдах үлэлиириттэн тутулуктаах буолара. Буолаҕа бурдук үүннэҕинэ эрэ аһыыр астаналлар. Ол иһин холкуос тырахтарыыстарга туох наада буоларын хааччыйа сатыыра. Астарын-үөллэрин тиэнэллэригэр, саппаас чаастарын аҕалыналларыгар биирдии миинэр миҥэни уларсаллара. Ньукулайдаахха бэрт тэтиэнэх, тэһиинин холкутаттахха, сонно түһүнэн кэбиһэр соноҕос түбэспит. Биирдэ Ньукулай сарсыарда, халлаан саҥа сырдыыта, симиэнэтэ бүтэн, били соноҕоһунан түспүт ыалыгар сынньана тахсан испит. Киһи уҥуохтаах тумулга түүн аттаах киһини (иччини) көрөллөрүн туһунан истэр эбит. Оччолорго Ньукулай эдэр. Бука, мэнигэ-тэнигэ тардан буолуо, ол тумулу ааһан иһэн дьээбэлэниэх санаата киирбит: «Абааһылаар, абааһылар! Бааргыт дуо? Бэркит эбит, сырсыаҕыҥ эрэ!» — дии-дии, атын сэлиинэн түһэрбит. Онуоха хараҕын кырыытынан көрбүтэ, өс хоту тумул иһиттэн кугас маҥаас аттаах киһи кулуннуу уурдаран иһэр эбит. Ньукулай, киһи эрэ буоллар, ону көрөөт, сүрэҕэ «парк» гына түспүт. Тэһиинин холкутатаат, соноҕоһун быһа кыпчыйан кэбиспит. Аллаах соноҕос барахсан, куһаҕаны сибикилээн да эбитэ буолуо, суол устун хаптайа-хаптайа түһүммүт. Өр-өтөр гыммакка пиэрмэ дьиэлэрэ көстөр сиригэр тибилиннэрэн кэлбиттэр. Ол кэмҥэ маҥаас аттаах киһи субу ситиэх курдук ойоҕолоон бурҕачытан кэлбит. Ньукулай «һуу!» диэт, ситэн кэлбит маҥаас аты илиитин таһынан кымньыытынан туос хоҥорууга сырбаппыт. Аттаах киһи чугурус гынан баран, кэннигэр хаалан барбыт. Үһүйээн быһыытынан итинник түгэҥҥэ илин былдьаһар күрэскэ куоттарбыт киһи өлүөхтээх. Ньукулай арыый кэҥээн, ону санаан «Мин куоттуум!” диэн үөгүлээбит уонна тэлгэһэ сабыылаах аанын үрдүнэн көтүтэн киирбит. Уйуһуйан, кыыла туран өрө мөхсө сылдьар атын сэргэҕэ туомтуу тардаат, дьиэҕэ киирээри гыммыта — аана иһиттэн хатыылаах. «Ыал турара даҕаны чугаһаата», – дии санаан күүлэҕэ баар ороҥҥо сыта сатаабыт даҕаны, уйулҕата көтөн хараҕын дуостал симмэтэх. Ата, күн ойуор диэри хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, сири табыйан өрө мөхсө турбут. Дьиэлээхтэр турбуттарын кэннэ, дьэ уоскуйбут. «Онон миигин, ат бэрдэ буолан, абааһыга инники түһэртэрбэккэ тыыннаах сырыттаҕым. Эдэрдэр, сиргэ-дойдуга сылдьан мин курдук дьалаата суох, холуоннук быһыыламмат
буолуІ. Сир-дойду иччилээх буолар дииллэрэ кырдьык эбит. Мин курдук туолката суох ыҥыра сылдьыбат буолуІ», — диэн Ньукулай кэпсээнин түмүктээбитэ. Оруобуна ол кэмҥэ уолдьах курдук биир аттаах киһи туойан дьэрэлитэ-дьэрэлитэ, биһиги диэки сиэллэрэн дибдитэн иһэрэ иһиллибитэ... Биһиги, оччолорго оҕотук дьон, олох даҕаны куттанан, ылы-чып барбыппыт. Били, кэпсээбит аттаах абааһыта илэ бааччы иһэрин курдук санааммыт, Ньукулайбыт диэки сыҕарыҥнаспыппыт. Ону баара, бэйэбит киһибит буолан биэрбитэ. Ол саҕана Харыйалаахха биригэдьиирдиир Николай Алексеев Элгээҥҥэ дьиэтигэр баран иһэн, кулуһун уотун көрөн биһиэхэ тиийэн кэлбит. Билигин ол кэмҥэ күө-дьаа буолан үөрэ-дьиксинэ кэпсэтэ сыппыт сэттэ киһиттэн соҕотох мин эрэ баарбын. Петр СЕМЕНОВ. Күндэйэ, Сунтаар. Көстүбэт күүс көмөлөспүтэ Сиэҥкэ Дьүүктэ диэн сиргэ соҕотоҕун сылгы аһатар. Мантан дьонноох-сэргэлээх саамай чугас сирэ, Милэкэ, үс көс тэйиччи. Ахсынньы ый аам-даам тымныыта өрөгөйдөөн турар, киһи мээнэ таһырдьа тахсыа суоҕун курдук. Бөлүүн бэркэ эрэйдэнэн утуйда. Түһээтэҕинэ, тыаҕа тайахтыы сылдьар. Биир кыылы ытаары, хайа үрдүгэр тахсан баран, халты тэбинэн аллараа куугунаата. Ол түһэн иһэн сонун саҕатыттан маска ыйанан хаалла. Аллараа диэки көрбүтэ: сүрдээх дириҥ, түгэҕэ көстүбэт иин хараара сытар. Араастаан мөхсөн, онтон-мантан тутуһа-тирэнэ сатаата эрээри, төрүт босхоломмото. Хата, өрө уһуутаабытынан уһуктан абыранна. Халлаан суһуктуйуо өссө эрдэ. Түүлүн араастаан тойонноон, эргичийэ-урбачыйа сытта. Аанын сабан, маһынан баттатан, Нөөрөйбүт диэн ааттаах атын миинэн, Милэкэлиир суол төрдүгэр киирдэ. Чэйэ бүппүтэ хас да хонно. Бүгүн сөпкө тиийэн аҕатын кытта астына кэпсэтиэ, араас сонуну-нуомаһы истиэ, кэргэнэ, оҕолоро хайдах олороллорун токкоолоһуо. Аҕата оҕонньор күтүөтэ Павлов Андрейдыын-Куудараастыын маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыллар. Тымныыттан аллаах ат тыына ыраахха диэри бурҕачыйа субуллар. Нэксиэтэ суоҕа, айана сыыдама, чахчы киһи астынар көлөтө. Сиэҥкэ дьонугар хонон-өрөөн, ахтылҕанын таһааран, сонун бөҕөтүн истэн, санаалыын сэргэхсийэн, төннөн иһэр. Батыйалааҕы ааста. Барыта табыллыбытыттан киҥинэйэн ыллыыр. Хойуу лиҥкир ойуурдаах сискэ киирээтин кытта, эмискэ ата туохтан эрэ сиргэнэн, өрө туран баран, тэбиэлэнэн кэбистэ. Үчүгэйи эрэ санаан манньыйа испит киһи биирдэ сиргэ баар буола түстэ. Ата иннин диэки ыстанан кэбистэ. Төргүүлэммит таһаҕаһа ат самыытыгар охсуоланарын ыраахха диэри көрөн хаалла. Сиэҥкэ иэдээҥҥэ түбэспитин өйдөөн куттанна, уҥуоҕа халыр босхо барда. Милэкэттэн көс кэриҥин кэллэ. Тиийиэхтээх сирэ, Дьүүктэтэ, икки бүк ыраах. Балаһыанньата уустугурда. Хайдах гыныахха? Төннөн ат көрдүөҕүн, төннөрөрүҥ оҕоккото баар. Кинини кыһайбыттыы, хойуу туман биир кэм бурҕачыйан олорор. Саатар, тибиитэ, тыала бэрт. Ыраас сиргэ бэҕэһээ кэлбит суола көстүбэт. Ыт тириитэ сонноох, истээх ыстааннаах, үллэччи таҥныбыт киһи маннык хаарга хаамара ыарахан. Өрө-таҥнары толкуйдаан-сыымайдаан баран, «икки көстөөх Дьүүктэбэр барыыһыбын» диэн, бөҕө санааны ылынан, үһүс хаанын киллэрэн, иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Ойуур иһигэр чуумпу, суол омооно көстөр. Онтон хонууга тахсыбыта, дьэ биир туспа иэдээн. Тилэҕинэн айан чигди суолун көрдөөн, тоҥуу хаары кэстэ, уҥа-хаҥас
батыччахтаата. Атаҕа чигдигэ үктэннэҕинэ, онтуттан туораамаары, сэрэнэн хаамар. Баара-суоҕа чаас аҥаара айаннаабытыгар ыт саҥыйаҕа өссө ыараата, тиритэн, көлөһүнэ сарт түстэ. Саатар, мантан салгыы суола үксэ кэриэтэ маар, үрүйэ, үрэх батыыта. «Дьэ, өлөр дьылҕалаах эбиппин. Маннык айаннаан кыайан тиийиэ суохпун. Сатана ата сиэтэҕиэн!» диэн, көлөтүн мөҕүттэ-мөҕүттэ, иннигэр-кэннигэр хаары ытыйар хаҕыс буурҕаны кытта күрэстэһэн, иннин хоту хааман истэ. Эмискэ тохтуу биэрдэ. «Милэкэҕэ төннүөх баҕайы дуу? Арыый чугас буоллаҕа». Эргиллэн ып-ыраас хаары көрөн, санаата түстэ. Суох! Син биир эдэрэ, саамай сааһын үгэнигэр сылдьара баһыйда, иннин диэки дьүккүйдэ. Бу кэмҥэ хараҕар тапталлаах кэргэнин аһыммыт сирэйэ, истиҥ мичээрэ, сыллата уолаттара кэчигирэһэн олороллоро бу баардыы көһүннэ. Охтубут сириттэн үс биэрэстэлээх Кылынча олбоҕор нэһиилэ кэллэ. Былыргы иччитэх өтөххө киирэн, хаххаҕа тыын ылан сынньана түстэ. Урут манна Ксенофонтов Гурий-Куулун оҕонньор олорбутун санаата. Наһаа тириппитэ ааһан, аны илийбит таҥаһа хам тутан, тоҥон барда. Ампаарга тахсан, санаатыгар, туох эмэ баара буолаарай диэн, уҥа-хаҥас көрүөлээтэ. Хараҕа истиэнэҕэ ыйанан турар алдьаммыт туут хайыһарга хатанна. «Оо, хата, мин өлбөт быабар Дьылҕа Хааным анаатаҕа», — дии санаат, ылан көрбүтэ, син сэнэх эбит. «Аҥаарын көрөн-истэн абырахтаатахха туһалыыһы». Үөрдэ, санаата көнньүөірэ түстэ. Хайдах эрэ быыһаммыт, дьиэтигэр тиийбит курдук сананна. Өтөххө төннөн киирэн, мэлдьи бэйэтиттэн араарбат быһаҕын сулбу ойутан таһаарда. Сиэбигэр укта сылдьар быатынан хайыһар тостубутун, хайыта барбытын абырахтаан-үүйэн, киһи кэтэр гына оҥоһунна. Дьэ уонна тэринэн салгыы айанныырга быһаарынна. Ыарахан ыт саҕынньаҕын оҕонньор бокуонньук аатын ааттаан, алҕаан, көрдөһөн, хайыһар оннугар ыйаан кэбистэ. Халтаҥ сонноох, сэлиэччиктээх, ыт үтүлүктээх киһи хамсаннаҕына, тулуһар ини. Балачча барбалаата. Куулун сайылыгар этэҥҥэ тиийдэ. Улаханнык тириппэтэ, тоҥмото. Сискэ таҕыста. Суол омооно онон-манан көстөр. Хонууга курдук дэхси буолбатах. Бу истэҕинэ эмискэ абырахтаах уҥа хайыһара тостон «харк» гынна. Саппаас быатынан онтун оҥорон, абырахтаан көрдө. Аҕыйахтык хаамаатын кытта эргэ хайыһар олох хаалар гына алдьанна. Табыллыбатах айанньыт «синим биир» диэбиттии, аҥаар хайыһарынан бара сатаата. Сиһи нэһиилэ туораата. Маарга кэллэ. Хайыһарын аҥаарын хаалларарга күһэлиннэ. Суол-иис көстүбэт. Дэлби муус буолан, хороччу тоҥон барда. Аһаҕас сиргэ ала буркун хаары өрө ытыйан, сирэйигэр, хоонньугар ыспалаата. «Дьэ, быстардым, өлөр киһи буоллум. Таах акаарыбар Милэкэҕэ төннүбэккэ». Бэйэтэ бэйэтин мөҕүттэ, аат эрэ харата сүөдэҥнээн истэ. Мантан үүтээнэ, сылгылара өссө да ыраах. Үс биэрэстэ хаалла курдук. Оо, Дьүүктэм барахсан, быраһаай! Туох көстүбэт күүһэ эйиэхэ тиэрдиэ буоллаҕай?! Саҥа дьылга кэргэммэр, оҕолорбор анаан бултаабыт булдум хаалаахтаатаҕа. Орто дойдуга тыыннаах, үөрэ-көтө олорбутум үчүгэй да этэ. Оо, тохтоон, суолга охтон эрэ хаалбатах киһи... Бэрт эрэйинэн, хоодуот санаатын күүһүнэн, Бэрэҕэ кэллэ. От күрүөтүгэр өйөнөн сэниэ ыла түстэ. Куһаҕаны сэрэйбит курдук, уҥуоргу кэрии тыаттан хара суор, киэбирбиттии халаахтаан, үрдүнэн көтөн ааста. Тыал
хаары ытыйарын быыһыгар сылгылар аһыы тураллара көстөргө дылы гынна. Хайа, хараҕым иирдэ дуу? Мэйиим эргийээри гынна – хаамыахха, хамсаныахха! Бу турбутугар икки атаҕа, илиитэ бөҕүөрэн, муус кыаһаан бобо ылан кэбиспит. Хата, ойуура чугаһа абыраата. Манна кэм да сылгы туйаҕын олуга онон-манан көстөр. Тайах мас булан, күнү быһа айаннаан, хараҕар оол көстөр Дьүүктэтигэр син кэллэ. Далын ааныгар тиийэн, үөрүүтүттэн уҥуоҕа халыр босхо барда. Ис-иһиттэн иэрийэн ытаата. Хараҕын уута кыайан кэлбэтэ. «Үүтээммэр кэллим» диэн холкутаабыта, өйүн сүтэрэн, чуут охтон иһэн өрүһүннэ. Эмискэ төбөтүн иһэ түҥ-таҥ барарга дылы гынна. Эмиэ да хараҥа, эмиэ да сырдык буола түстэ. Биирдэ өйдөммүтэ, халлаана атаҕын анныгар, дьиэтэ үрдүгэр сууллан эрэр эбит. Хаһыытаабытынан тура сатаата, тыыннааҕын билээри сымыһаҕын быһа ытырда. Аһыы, хабархай амтан айаҕар билиннэ. Биирдэ өйдөөбүтэ, аанын аһа сатыы турар. Тибии дэлби тибэн лип курдук сыстан хаалбыт. Үтүлүгэ тоҥ муус кыаһаан буолан, тугу да таба туттарбат. Аанын тутааҕар тииһинэн түһэн көрбүтэ, айаҕын атар кыаҕа суох. «Бачча эрэйдэнэн кэлэн баран, манна тоҥон өлүөм суоҕа! Үрдүк Айыыларым, көрөн турар буоллаххытына, көмөлөһүҥ!» — диэн, санаатынан көмө көрдөстө. Бэрт эрэйинэн үүтээнигэр киирдэ. Өйүн сүтэрэн, тоҥ муостаҕа оҕутта. Эмиэ өйдөнөн кэлэн бэлэмнээн барбыт кыспатыгар сыылла. Үтүлүгүн нэһиилэ уһулан, бөҕүөрбүт илиитинэн испиискэтин уматта. Мантан ыла элбэх сыл ааспыта. Сиэҥкэ Түбэйгэ, сылаас дьиэтигэр, сэһэргэһэ олорон миэхэ манныгы эбэн эппитэ: «Өссө биир биэрэстэ тэйиччи эбитэ буоллар, тоҥон өлүөх этим. Оччолорго миэхэ ханнык эрэ көстүбэт күүс көмөлөспүтэ. Баҕар, күн сирин көрбүт уонна көрүөхтээх аҕыс оҕом дьылҕалара тардан, тыыннаах хаалбытым буолуо». Иван Чагдинскай, Сунтаар.
kyym.ru сайтан