Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олуурдаах ааны тоҕо тэбэн...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олуурдаах ааны тоҕо тэбэн...
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
23.07.2020 13:11
Үөлээннээҕим оһоҕос түгэҕинээҕи уола, Өндүрүүскэ, куоракка олохсуйар баҕалааҕа оҕо эрдэҕиттэн да биллэрэ. Массыына ыыттаҕа буолан, бэйэтэ да чорбоҕор уоһунан, киһи эрэ салгыах «өрө бирилии-бирилии», уһун күнүн аҕатын алдьаммыт «Запорожеһыгар» барыыр буолара. Дьээбэлээн, куруук да хардата уларыйбатын иһин: «Хайа, бу сырыыга, Өндүрүүскэ, хайа диэки айаннаттыҥ?» — диэтэххэ, бэрт боччумнаахтык туттан олорон: «Хайдах ханна?! Куоракка, дьиэбэр», — өс саҕа буолара эбэтэр олох быыкаатыгар «Дьокууккайга» диирэ бу адьас соторутааҕыта курдуга. Ол бэйэтэ бэлиэр улаатан, ыал буолан, кырдьык да, куоракка олохсуйда. Таксилыыр, сайынын тутуу биригээдэтигэр холтууралаһар идэлээх. Хата, онон биир дойдулаах уолаттара от үлэтин иннинэ-кэннинэ харчы булунан абыраннылар. Боростуой суоппар холугар куорат сир килбэйэр киинигэр сир булуу – эриэккэскэ туолар ыра санаа ини. Онон уолуҥ, хата киһитэ кини буолан, кыра да буоллар, Залог биир уһугар сирдэннэ. Докумуонун бу соторутааҕыта ситэрэн-хоторон «һуу» диэтэ. Ыларын баҕас былырыын ылбыта. Ол ытыс саҕа сирдэригэр ымсыырдан, кээмэйинэн, хаачыстыбатынан да ыт уйатыттан эрэ сэнэх кутуу (засыпнушка) дьиэлэрин хаһаайыттар ботуччу сыанаҕа батарбыттар үһү. Тыа сиригэр, па, оннук туруктаах дьиэҕэ арай куурусса дуу, сибиинньэ дуу кыстыа эбитэ буолуо. Онон былырыын атыылаһаат да тута көтүрбүттэрэ. Хаста да улахан массыынанан төхтүрүйэн, үлүгэрдээх сыҥсары таспыттар этэ. Уолум киирэн көмөлөһө сылдьыбыта. Ону баара, Өндүрүүһү билэр дьон өссө: «Өндүрүүс, табыллыбыт киһигин, олох балыйтарбатыҥ», — диэн хайгыыллар үһү. Сөп ээ, хайыаҥ баарай – куоракка сир олус сыаналанна. Саамай дьиктитэ диэн, ол дьиэни көтүрэ, ол оннугар саҥаны тута сылдьан, утуу-субуу биир киһилэрэ — атаҕын, биирдэрэ илиитин эчэппит этэ. Мээнэ сөп түбэһии буолуо диэҕи... Быһата, Өндүрүүскэ сирдэммит, дьиэлэниэхтээх киһи быһыытынан, үлэһиттэр хоннохторун аһа таарыйа диэн, тиийбит күннэригэр бэһиэлэй бэчэрииҥкэ тэрийбит. Туох кистэлэй, орулуур ойох, туораттан тутуһар оҕо суох сиригэр уолаттар бэркэ бырааһынньыктаабыт буолуохтаахтар. Ол гынан баран, бэйэлэрэ кэлин этэллэринэн, элбэх тотоойу ас быыһыгар «бэркэлээтэр, биирдии буокка тиксибитэ буолуо, дьиҥэ, ол аайы туох буолуохпут этэй?!» диэн өһүргэнэллэр. Ахтыспыт, көрсүспэтэхтэрэ син ырааппыт дьон сиэринэн, айахтара аһыллан хойуккааҥҥа диэри олорбуттар. Оттон Өндүрүүскэ (кэргэнэ сүрдээх кытаанах дьахтар, боруоба, хоно сыттын эрэ) дьонум күүтүөхтэрэ диэн, мин уолбун илдьэ түүн массыынатынан дьиэлээбит. Тутуу төһө да дьон кыстаабатах дьиэтэ диэтэххэ, уораана суох эбит. Икки киһи, утуйар мөһөөччүктээх буолан, көтүрүөхтээх дьиэлэригэр хоно хаалбыттар. Арай Сэмэн (хаалбыт дьонтон биирдэрэ) утуйар-утуйбат икки ардынан сыттаҕына, арай эргэ аан «кыыкыр» гына аһыллыбыт. Халадаай ырбаахылаах нуучча кыыһа киирэн кэлбит. Саннын байаатыгар диэри баттахтааҕын, онто дьиктитик бураллан хаалбытын, тоҕо эрэ кырыытынан көрө сылдьарын бэлиэтээн хаалбыт. Киһиҥ ол сытан өссө саныыр үһү: «Тыый, бу аныгы кэмҥэ туох дьикти таҥаһы кэппит барахсаный? Утуйар ырбаахыга дылы буолан, өссө онтунан ыалы кэрийэр эбит дуу?» Ити эрээри тоҕо буолла,
сытыан аҕай иннинэ илэ бэйэтинэн олуурунан хатаабытын дуостал умнубут. Ити ыккардыгар киирбит дьахтар дьон эрэ сытаҕыт диэн саарыы барбакка, хаҥас хос диэки ааспыт. Дьиибэ ээ? Сэмэн хайдах эрэ төннөн тахсыа, саҥа таһаарыа дуу диэбит киһитэ сүппүтүттэн сөҕөн, мөһөөччүгүттэн оронон тахсыар диэри остуол нөҥүө оҥостон сыппыт уола, аны ыҥырҕаан барбыт. Киһибит сиирэ-халты тардыалаатаҕа буолуо, кыһыппыт курдук, мөһөөччүгүн молнията таҥаһын ытыран кэбиһэн, сөллөн бэрт! Ол букунаһа сыттаҕына Миитэрээһэ «һу, бу тугуй?!» диэбитинэн, тура биэрэр тыаһа иһиллибит. Ол кэннэ өрө бырдаҥалаан турбут да, ааны олуурдары-сахтары тоҕо тэбэн, таһырдьа ойбот үһү дуо?! Аара түҥнэри көппүт олох мастарын тыаһа, сиргэ кэчигирээбит бытыылкалар үрүт-үрдүлэригэр кылыгырыы сууллааһыннара, өй мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ өрө турбут. Ол быыһыгар хайдах эрэ дьахтар кыланыыта иһиллэн ааспыт. Киһи эрэ буоллар, ити үлүгэргэ Сэмэн моһуоктаах мөһөөччүгүттэн син төлө көтөн таһырдьа тахсыбыта, Миитэрээс оҕуруот маһыттан өйөнөн туран, хотуолаан ыһыллаҥнатар эбит. Моонньун туппаланар үһү. Сэмэн тугу көрбүтүн, салгыы туох буолбутун ити кэпсээтим. Оттон Миитэрээс... Миитэрээс испит арыгыта түмүктээх дьайыыта охсон, бу иннинэ түбүгүрбүт сылаата таайдаҕа да буолуо, сыттыгар төбөтүн уураатын кытта, этэ-сиинэ дьырылаан, сытар сирэ былыт баата буола кутаҥнаан, куймаҥнаан, дьэ саҥардыы салгыҥҥа дайдарыахча, хараҥа быыһыгар умсуохча буолан эрдэҕинэ, эмискэ үрдүгэр биир дьахтар барыс гыммыт да, хабарҕатыгар түспүт. «Не мешай мне!» диэннээх эбит өссө. «Илиитин эрчимэ биллэргэ дылыта, санаабар, хойукка диэри ыалдьара, аанньаран, тыыммын былдьаһан таһырдьа куотуом дуо?! Хата, хотуолаан син тыын киллэриммитим», — диир эбит Миитэрээс. Ол да буоллар аныгы дьон сиэринэн, ол сырыыга абааһы баарын хайалара да билиниэн, итэҕэйиэн баҕарбатах. Иккиэн да испит арыгыларыгар балыйан, төттөрү киирэн утуйбуттар да, кэлин туох да биллибэтэх этэ. Ол гынан баран, били, саҥа дьиэни тута сылдьан биирдэригэр бэрэбинэ сууллан, биирдэрэ үөһэттэн халтарыйан, эчэйэн, ситэ тутуспатахтара. Ордук Миитэрээс эчэйиитэ улахан буолан, өр гиипсэлэммитэ. Дьиэни биригээдэлэрин атын уолаттара баар буолан ситэрсибиттэрэ. Өндүрүүскэ, ол бастакы түүн кэпсээнин истэн баран, кими эрэ (аатын дуостал умнан кэбистим) ыҥыран сирин-уотун ыраастаппыт. Дьиэтин акылаатын арыый да хадьы түһэртэрбитэ, онто урукку дьиэлээхтэр суолларын омоонугар сөп түбэспит этэ. Ол иһин эбитэ дуу, дөрүн-дөрүн атах тыаһа иһиллэрин аахпатахха, кэлин, киһи сэрэхэдийэрэ, хата, суох дииллэр. Ґнүр уолум хонон-өрөөн тахсыбыта да, туох да ааттаах дьиэ буола дьэндэйбит диэн хайгыыр эрэ этэ. Оннук эрэ буоллун. М. Хотуо¤ап
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан