Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүгүннээбэтэх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүгүннээбэтэх
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
10.07.2020 12:05
Биһиги дэриэбинэбитигэр 90-с сыллар иккис аҥаардарыгар дьон саҥа дьиэ туттан киирэрэ муода курдук буолбута. Онон мас сытынан дыргыйбыт бииртэн-биир дьиэ дьэндэйэн испитэ. Нэһилиэккэ ити оҕо төрөөһүнүгэр тэҥнээҕэ. Дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн, көмүс ньээкэ уйатын оҥосторо туох куһаҕаннаах буолуой?! Дэриэбинэ ортотугар таҥара дьиэтэ баара, таҥара дьиэтиттэн киһи унуоҕа саҕаланара. Ол таһыгар дэриэбинэ биир үтүө-мааны ыала эмиэ саҥа дьиэ туттан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Биир-икки сыл быр бааччы олорбуттара. Ити кэннэ киһи дьиксинэр, куттанар түбэлтэлэрэ буолуталаан киирэн барбыттара. Хаартыскаҕа түстэхтэринэ, бэйэлэриттэн ураты атын киһи сирэйэ мэлтэйбит, чуолкайа суох да буоллар көстүбүт буолара. Итини өссө улаханнык аахайбатахтар. Күн күлүгэ, уот сырдыга да түһүөн сөп буоллаҕа. Биир сарсыарда ийэлэрэ эрдэ туран оҕолор сарсыардааҥҥы астарын бэлэмнии сылдьыбыт. Эмискэ хайдах эрэ ис-иһиттэн этин сааһа аһыллан, түннүк диэки хайыспыт. Арай, доҕоор, ханна да көрбөтөх араҕастыҥы таҥастаах, санныгар диэри ыас хара баттахтаах киһи түннүккэ сөрөнүөҕүнэн сөрөнөн, ыал ийэтин супту көрөн ахан турар үһү. Хаһаайка сүрэҕэ хайда сыһан, хаһан да соһуйбатаҕын соһуйан хаһыытаабытыгар ол киһи көстүүтэ туман көтөрүн курдук биирдэ симэлис гынан хаалбыт. Аны туран, түүнүн аанньа утуппакка остуолтан иһити-хомуоһу суулларар буолбут. Ыксаан, ичээни ыҥыран көрдөрбүттэр даҕаны, күттүөннээх көмө тахсыбатах. Устунан ийэлэрин кута-сүрэ хамсаан, улаханнык ыалдьар буолбут. Иэдэйэн, дьиэтин уоттуу сыспыттаах. Сотору буолан баран, ол дьиэттэн көспүттэрэ. Ыал олоҕо айгыраабыта. Кэлин, дьиэлэрин киһи унуоҕун үрдүгэр туппуттар диэн быһаарбыттара. Ол дьиэ билигин иччитэх турар. Семен Захаров. Түүҥҥү доҕор Биир дьыл куоракка билэр кыыспын кытта хос куортамнаһан, бур-бур буруо таһааран, ыаллаһан олорбуттаахпын. Дьукааҕым улаханнык кэлбэт-барбат, дьиэмсэх соҕус, күөх оту тосту үктээбэт сэмэй кыыс буолан биэрбитэ. Мин буоллаҕына, аахсары кытта аахсар, кыра эрдэхпиттэн иннибин биэрбэт дьорҕоот соҕус этим. Биир утары тылы эппэт, көнө, сымнаҕас майгылаах дьүөгэбин кытта тута тыл-тылбытыгар киирбиппит. Эдэрдэр эдэр курдук куруук түбүк үөһүгэр сылдьарбыт, дьиэбитигэр хонукпутугар эрэ кэлэрбит. Кыараҕаһа бэрдэ уонна атын орону сосуһан ырычаахтаһар кыахпыт да, санаабыт да суоҕа. Инньэ гынан ол хоско баар дьыбааҥҥа иккиэн утуйарбыт. Киэһэ кэлээт да, күннээҕи ситиһиилэрбитин күлэ-үөрэ үрүт-үөһэ кэпсэтэрбит. Сотору буолан баран, кыыһым сэмэй, холку бэйэтэ туох эрэ санааҕа ылларбыт курдук тутта-хапта сылдьар, ыйыттахха даҕаны улаханнык тугу да эппэт буолан барбыта. Кими эрэ таптаабыт, эбэтэр дьонуттан соччото суох сонуннары истэр дуу, тугу саныы сылдьарын үллэстиэн баҕарбат диэн улаханнык токкоолоһо барааччым суох. Бэйэтэ кэпсиэ эбэтэр ааһар ини диирим. Олорбуппут хаһыс да ыйыгар, түүлүн, илэтин субу диэн сатаан эппэппин эрээри, эмиэ да дьиҥнээх, эмиэ да түһүү сытар курдукпун. Миэхэ сааһын сиппит, бэйэбинээҕэр быдан аҕа көрүҥнээх эр киһи тиийэн кэллэ. Элбэҕи тугу да саҥарбат эрээри, туох сыаллаах-соруктаах кэлбитэ тыынарыттан, туттарыттан тута сэрэйиллэр. Ээ, мин оччолооҕу билэн баран, эйиэхэ бу
баар диэн үнтү тэбиэлээн, тос мааскатын биэрэн ыыппатым дуо?! «Өссө биирдэ кэлиэҥ – сэрэн!» диэн улаханнык саанным. Онтон ыла чугаһаабатаҕа, көрбөтөҕүм. Арай, биир түүн кыыһым сыҥсыйарыттан уһуктан кэллим. Ыйдаҥа буолан, хоспут ортотугар ый сырдыга түспүт. «Уһугуннарыым, туох айылаах санааҕа ылларан, ытыы сытарый, баҕар, санаатын аһыа, арыый чэпчиэ» диэн эргиллэ биэрбитим, дьыбааммыт уһугар эр киһи олорор. Брр! Сиппит-хоппут, толору эттээх-сииннээх эр киһи мин дьүөгэбин уруут-уруккуттан билэр киһитин курдук тонолуппакка көрөн олорор. ¤ок, соһуйан төлө бэрдэрэн, ходьох гыммыппар, аны ол көстүүм сүтэн хаалла. Хараҕым иирэр дуу, тугуй! Ойон тураат, уоту холбоотум, кыыспын уһугуннардым. Киһим мин уларыйбыт сирэйбин-харахпын көрөн, сөрү диэн сөхтө быһыылаах. «Тоҕо уһугуннараҕын» диэн, хата, ылардаах хаалла. Соннук сыттыбыт, ити кэннэ утуйан да бэрт, ол күлүгү уонна миигин кэлэн имэрийэ-томоруйа сатаабыт киһини тэҥнээн көрдүм, чахчы тэбис-тэҥнэр – биир киһи! Ити түүн сарсыарда буоларын кэтэһэн, эрэй-муҥ бөҕөтүн көрдүм. Сарсыныгар кыыспын кытта кытаанахтык кэпсэттим, тугу билэргин эт диэтим. «Ити туох киһиний?» диэбиппэр ордук хос ыйытыыта суох ыраас мууска ууран, барытын кэпсээн биэрдэ. Ол киһи көһөн кэлбит бастакы күннэрбититтэн киниэхэ иҥээҥниир, эбиитин тугу барытын умнан туран таптаһар эбиттэр. Кыыс үөрэнэн, убанан хаалбытыттан эрэйдэнэрин, күүтэрин эттэ. Итини истэ олорон, чахчы даҕаны, дьыбааммытыгар куруук үһүс киһи сытарын кэриэтэ миэстэ ордон хааларын санаан, наһаа абааһы көрдүм. Кыыһым бэрт элбэҕи кэпсээтэ, этин-сиинин, баттаҕын, быччыҥын тутан тута билэрин, түүн хараҥаҕа эрэ көстөрүн, күнүс сүтэн хааларын, о.д.а. Дьукаахпын эмиэ да аһына санаатым, эмиэ да биир ороҥҥо үс буолан хонон турарбытыттан таалым кырыыланан ылла. Мин ити күнтэн ыла маннык «түүҥҥү эр дьон» күннээх, дьиҥнээх олохторугар аҥаардарын була илик, өс киирбэх, сэмэй, кыргыттары буулууллар эбит дии санаабытым. Көһөргө диэн быһаарыммытым. Кыыһым ити дьиэттэн барыан дуу, хаалыан дуу билбэккэ саараан сылдьыбыта. Оттон мин сонно тута, атын дьиэ көстөн, көспүтүм, быһата, икки атахпынан куоппутум. Ньургуйаана. Самаан сайыны айхаллаан Бу түбэлтэ кыра эрдэхпинэ, 12-13 саастаахпар, Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах нэһилиэгэр буолбута. Бэс ыйа чэлгийэн турар кэмэ этэ. Оҕолор, сылаас күннэри эрэ кэтэһэ сылдьыбыт дьон, таһырдьаттан киирбэт буолбуппут, оонньуу оройуттан тутуллара. Хас киэһэ ахсын мустаммыт сүүрэр-көтөр, мэниктиир этибит. Нэһилиэк уһугар хотугулуу-илин диэки алаас баар. Ол алааска урукку кэмнэргэ үрүҥ тунах ыһыах ыһыллара диэни кулгаахпыт кырыытынан истэн аһарбыттаахпыт. Биир киэһэ ол алаастан чугас эргин сырсыһа оонньуу сырыттахпытына, субу баардыы дуораһыйан, дьон оһуокайдыыр саҥата иһиллэ түспэтэ дуо?! Илэ чахчы. Биир эрэ киһи истэр диэҕи, биһиги бары биирдэ тохтуу биэрдибит, олус дьиктиргээтибит уонна оҕо-оҕо курдук бэйэ-бэйэбитигэр харахпытынан имнэнсэн, кимнээҕин-туохтарын билээри алаас диэки сүүрдүбүт. Тиийэн көрбүппүт, соһуйуохпут быатыгар, алаас алааһынан уу нуһараҥнык турар. Туох да суох, ып-ыраас. Ким да суоҕун туоһулаан
им-дьим. Дьэ, төһө эрэ элбэх киһи мустубутун көрөбүт, кимнээх эрэ этэ-тыына сылдьар буолаллар диэн оҥостубуппут, харахпытыгар ойуулаабыппыт бу хартыынаҕа сөп түбэспэтэҕиттэн хомойо санаабыппыт. Биһиги син өр иһиллээн-кэтээн тура түһэн баран тарҕаспыппыт. Аҕабар өрүкүнэйэн тиийэн кэпсээбиппэр, мин курдук долгуйбут, дьиктиргээбит көрүҥнэммэтэҕиттэн соһуйбутум аҕай. «Сенсацияны» этэ кэллим дии санаабытым. Арай, кини маннык диэн быһаарбыта: «Өбүгэлэрбит самаан сайын кэлбитин уруйдаан-айхаллаан эрдэхтэрэ, урут ити алааска ыһыах буолара үһү». Мин түүлээх холбукабар тугу эрэ буһара сатыырбыттан мичээрдээн, төбөбүттэн имэрийэн ылбыта. Онтон ыла өбүгэлэрбит кимнээхтэрин, биһиги кимтэн-хантан үөскээбиппитин сэҥээрэн тураммын билэргэ дьулуспутум. Анньыы буолара чахчы «Кыым» ааспыт нүөмэригэр (27.05.2010) Мэҥэ Алдантан Пантелеймон Дарбасов «Аньыы» диэн кыра суруга тахсыбыта. Онно кини оҕо сырыттаҕына, биир 16-17 саастаах уол мээнэ көлдьүргээн, туоһапка саанан үс тураах оҕотун ытан өлөрөн баран, киниэхэ биэрбитин соруйан сыыһа ытыалаабытын туһунан суруйбут этэ. Ол уол күһүнүгэр ууга түһэн өлбүтүн истибит уонна туһаммат эрээри Айыы айбыт хамсыыр-харамайын сууһарыы, суох оҥоруу – аньыы диэбит. Саамай сөп. Ол иһин итиннэ сыһыаннаах бэйэм истибит, көрбүт түбэлтэбин кэпсиим. Аҕыйах сыллааҕыта В.В. Верховцев диэн сэрии бэтэрээнэ оҕонньор көрсөн маннык түбэлтэни кэпсээбитэ өйбүттэн тахсыбат. Кини, 1944 сыл сайыныгар уон аҕыһын саҥа туолбут киһи, сэриигэ барарга бэбиэскэ туппут. Ол иһин чугастааҕы сайылыкка тастыҥ быраатын, 14-15 саастаах уолу, көрсө барбыт. Тиийбитэ, быраата сыгынньах кэриэтэ, этэ-сиинэ бар баас, ириҥэ буолан сүүрэн, ыран-дьүдьэйэн, киһи көрүөн дьулайар ынырык көрүҥнэнэн, эрэйдэнэ ахан олороро үһү. Уһаабатах, сотору өлөөхтөөбүт. Ону кини «быраатым кыра сылдьан туой кутуйаҕы, моҕотойу тыыннаахтыы тутан баран, иннэлээх сабынан муннуларыттан үүттээн, соһо сылдьан, накаастаан өлөрөрө. Баҕаны тутан, иһэ хайдыар диэри көҥдөй отунан үрэр, атын да кыра кыыллары өлөрөр-өһөрөр адьынаттаах этэ. Ол аньыыны оҥорбут сэтэ-сэлээнэ тардан, итинник эрэйдэнэн өллөҕө буолуо» диэбитэ. Мин олорбут бөһүөлэкпэр көрсүө-сэмэй майгылаах, үлэһит бөҕө, улаханнык убаастанар оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара. Кинилэр биэс оҕолоох этилэр. Билигин түөртэрэ дьиэ-уот тэринэн, ыал бэртэрэ буолан сылдьаллар. Оттон ортоку, бэрт доруобай, чэгиэн көрүҥнээх, кыанар уол сокуоннай сааһын ситэ илигиттэн куһаҕан, тартарар ыарыыга ылларан, инбэлиит буолан, эмп бөҕөнү кэрийэн, сүүрбэччэ сыл эрэйдэнэн “ол дойдуга” аттаммыта. Кэлин кини быраата киһи миэхэ маннык диэбиттээх: — Убайым кыра сылдьан хотон таһыгар улахан төҥүргэскэ мэҥиэлээх хапкаан иитэн, элиэни, турааҕы хаптаран, эмиэ эрэйдээн өлөрөр этэ. Ол, арааһа, таайдаҕа буолуо... Салгыы холобурдуум. Өрдөөҕүтэ дэриэбинэҕэ кэккэлэһэ олорор ыалбыт аҕалара, чоппуускаларын эмиэ кыыл тутарын иһин өлөрөөрү, саатын ииппит уонна чугас турар ампаарын иннигэр ыйаан кэбиспит. Ону оҕолоро оонньуу сырыттахтарына, улахан уоллара саа иитиилээҕин билбэккэ, быраатын тирээн туран ытан өлөрбүтэ ынырык суол этэ. Ол кэмнэргэ биһигиттэн тэйиччи сыыр үрдүгэр олорор биир ыал аҕалара эмиэ элиэни ытаары, саатын иитэн баран ампаарын
иһигэр хаалларбыт. Ол саанан оонньуу сылдьан, уол оҕото бэйэтин дэҥнэнэн сор суолламмыта. Алдьархайдаах быһыы! Баҕар, бу хомолтолоох быһылааннар алҕаска буолбуттара буолуо эрээри, былыргылар тыҥырахтаах кыылы бултаһар аньыы буолар дииллэрэ. Мантан туох түмүгү оҥоруохха сөбүй? Хаһан, ханна баҕарар, бултуурга-алтыырга аһара барыы, көтөр, чыычаах сымыытын да алдьатыы, күтэри, кутуйаҕы, моҕотойу, о.д.а. кыра да үөнү көлдьүргээн мээнэ эккирэтии, өлөрө сатааһын үчүгэйгэ тиэрдибэт. Онон сэттээх-сэлээннээх буолуоҕун оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр кэпсии, такайа сылдьарбыт сөп этэ. Айылҕаны таптыыр, сиэри-туому тутуһар, хонуунан сүүрбүт кутуйаҕы, тииккэ ыттыбыт моҕотойу, көтө сылдьар лыаҕы, тооппоор да аһыҥаны көрдө да эккирэтэ, өлөрө сатаабат, аһыныгас сүрэхтээх оҕоттон кэнэҕэһин даҕаны киһини-сүөһүнү убаастаабат, бардам-дохсун, буруйу оҥорооччу тахсыа дии санаабаппын. Аньыыны оҥорумаҥ! Иван Пономарев, Чурапчы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан