Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баттатыы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баттатыы
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
26.06.2020 15:55
Ырааҕынан аймаҕым буолан баран, хаан уруутааҕар ордук чугастык саныыр, бэйэбиттэн аҕыйах ый аҕа эдьиийдээхпин. Кини биир дьиктилээх. Ыалга, көстүүнэйгэ буоллун, туох эрэ дьиибэлээх, өлбүттээх сиргэ түбэспит буоллаҕына, түһүүр идэлээх. Түһээбитэ кыра, ардыгар букатын да баттатан муҥнанар. Биһиги бу дьиэбитин ыла иликпитинэ, наар дьон дьиэтин түүлэһэн олорор этибит. Араас ыал эргэ-урба дьиэтин кэрийбэхтээн да биэрбиппит. Ону ол диэбэт, эдьиийим куоракка кэллэҕинэ, хайаан да биһиэхэ түһээччи. Биирдэ Аппа уҥуор баар икки этээстээх мас дьиэҕэ олордохпутуна, мунньахха кэллэ. Түүн хойукка диэри сэлэһэ сытан баран, хойут утуйбуппут. Ол сытан түһээтэҕинэ, биэстээх-алталаах уол оҕо кэлэн аттыгар турар үһү. Суорҕанын тардыалыыр эбит. Ол гына-гына күлэр уонна куотар диир. Оҕо диэн буоллаҕа, тоҕо эрэ куттамматах. “Тута сатыыбын, төлө көтө турар”, – диир. Онон букатын сынньаммакка турбут этэ. Ол онон ааспыта. Биирдэ арыандалаабыт эмээхсин кэлбитигэр ол түүлүн саныы түһэн кэпсээччи буоллум. Кырдьаҕаһым саҥата суох олорбохтообута. Хараҕар хомолто күлүгэ сабардаабыта. Ол уол, эдьиийим дьүһүнүн-бодотун кэпсээн биэрбитэ, кини сиэнэ эбит. Алта сыллааҕыта эмискэ иһин тииһигэ киирэн, биһиги утуйар хоспутугар сыппыта үһү, салгыы балыыһаҕа киирэн, суох буолаахтаабыт. Оһоҕоһо сытыйбытын билбэккэ, биллэрбэккэ сылдьыбыт диэбиттэр. Бэйэбэр да, дьонум да түүллэригэр киирбэт буолара. Дьикти дии. Аны эдьиийбин аһаҕас харахтаах диир кыаллыбат. Киһи киһи курдук. Арай ол түүлүнэн билэр уратылаах. Иккис түбэлтэ. Куорат хабайар хаба ортотугар диэбиккэ дылы, таас хрущевка дьиэҕэ олордохпутуна түһээбитэ. “Бүтүннүү иҥиир-ситии буолбут, уһун, хатыҥыр нуучча хоонньубар киирэ сатаан эрэйи көрдүм”, – диэбиттээх. Ону биһиги өссө күлүү гыммыппыт, “успех бөҕөтө эбиккин” диэн. Онтубут эмиэ бу олоххо суох, халлаанныын да көппүтэ, сирдиин да тимирбитэ биллибэккэ сүтэн хаалбыт, дьиэлээх дьоммут уоллара буолан соһуппута. Дьоно, санааларыгар, тыыннаах буолуо дииллэр эбит этэ. Ордук ийэтэ. Оттон мин саныахпар, мин эдьиийбэр түүлүгэр киирбит буоллаҕына, биһиги кэккэбитигэр суоҕа эрэбил. Сирэйинэн түһүүрэ, ол оннугар ахсааннаах. Арай биир кылааска үөрэммит дьүөгэтин дьиэтэ умайар сылыгар, ол кыыс дьиэтэ умайан күүдэпчилэнэ аҕай турар диэн түһээбиттээх. Биһиги бастаан ону тылы-өһү, айдаан тахсарын сибикитэ буоллаҕа дуу дии санаабыппыт. Онтубут ол сирэйинэн эмиэ түһүүр эбит этэ. Сорох сиргэ улаханнык баттатан, букатын да ыалдьан хаалар үһү. Туһунан эрэй диэтэҕиҥ. Светлана Егорова, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан