Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүҥҥү ыалдьыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүҥҥү ыалдьыт
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.06.2020 17:09
Маны Ньукулай диэн билэр киһим кэпсээбитэ. Өрдөөҕүтэ. Умнан да бардым, онон тугу өйдөөн хаалбыппын тиэрдэбин. Ийэбит (кэргэним ийэтэ) улаханнык ыалдьар буолан ол сайын кини дьиэтигэр кэлэн сайылаабыппыт. Икки салҕааһыннаах, тус-туспа ааннаах биир уопсай күүлэлээх обургу дьиэ этэ. Киһи кута-сүрэ тохтуур, массыына-той элбэхтик кэлбэт-барбат, чуумпу, киһи нус-хас сынньанар сирэ этэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ итии-куйаас уҕараан, түүн лаппа хараҥарар буолла. Ийэбит бу күннэргэ бэргээн сытынан кэбистэ. Кэргэним, төһө да уоппускаҕа олордор, ийэтин көрөрүгэр-истэригэр, сытар киһини ыарыылыырыгар уонна уһаабатын да билэн буолуо, сүбэлэһэн баран, чугас нэһилиэккэ олорор эдьиийин ыҥыртарда. Оттон мин кыра оҕобун көрөбүн, улахан көмөм да суоҕун кэриэтэ. Сотору эдьиийбит кэргэнин кытта кэллилэр. Эмээхсин илин салҕааһын дьиэтигэр олороро, оттон биһиги дьиэ арҕаа өттүгэр сайылаабыппыт. Биир киэһэ кэргэним этэр: «Ийэм арыый чэпчээбит курдук буолла, оронугар өйөннөттөрөн олордо, эйигин ыҥыртарар, оҕоҕун көтөҕөн тахса сырыт эрэ, сиэммин көрүөм этэ диир, өр буолуоххут суоҕа этэ». Тахсыбыппытыгар эмээхсин син хоп курдук кэпсэттэ, үчүгэйдик олоруҥ диэн алҕаата. Онтон тута бэргээн барда: адьас саҥа таһаарбат, ынчыктаабат да буолла. Итинник кэмҥэ ким утуйа, сынньана олоруой? Дьиэҕэ баар дьон бары да «эмээхсин чугаһаата быһыылаах» дии санаатыбыт. Оҕобутун утутан баран, мин уоту уматан аһыыр остуолга кинигэ ааҕа олордум. Түүн биир чаас саҕана, уу чуумпу этэ. Бу олорон иһиттэхпинэ, көрүдүөр аана аһыллан киһи киирэр тыаһа иһилиннэ. Чараас хаптаһын аан иэччэҕэ тыастаахтык кыкырыйа аалан аһыллара. Киирсэбэй саппыкылаах курдук ыараханнык, лиһиргэччи үктэнэр тыас түргэн баҕайытык мин ааммар кэллэ, ол гынан баран, киирбэтэ. Мин биллэҕим итинник саппыкыта суох буолар этэ, онон атын киһи буоллаҕа дии санаатым. Атах тыаһа ааным таһыгар турбахтаан баран аны илин диэки барда, анараа баран киирдэ быһыылаах. Ол олордохпуна кэргэним киирэн кэллэ уонна: «Ким кэлэ сырытта? Атаҕын тыаһа манна ааспыта», — диэн ыйытта. Мин «ким да кэлбэтэ, атах тыаһа эһиги диэки барбыта» диэтэҕим дии. Онуоха кэргэним туох да диэн саҥарбатаҕа. Ол атах тыаһын бары истибиттэр этэ... Уопсайынан, таһыттан киирэ сылдьыбыт атах тыаһыттан ким да дьиксинэн, куттанан саҥа таһаарбытын, тугу эрэ эппитин-тыыммытын өйдөөбөппүн, таспытыгар, сирэйбитигэр-харахпытыгар ким да тугу да биллэрбэтэҕэ. Ол түүн ийэбит бараахтаабыта. Степан Марков, Майа. Абааһылаах мас уонна сибиэнимсэх ыт 1952 сыллаахха биһиги Наҕааны диэн былыргы «Саҥа күүс» холкуос сиригэр Баабылап Испирдиэннээҕи кытта дьукаах кыстаабыппыт. Ол сиргэ, сэрии саҕанааҕы өрт уота сии илигинэ биэс-алта дьиэ баара, былыргыттан олохсуйан олорор ыаллар да бааллара. Ол дьиэлэри сороҕун уот сиэн, сороҕун холкуос киин уһаайбатыгар Чинэкэккэ көһөрөннөр, биһиги кыстаабыт дьиэбит эрэ ордубут. Кэнники Киров холкуос Наҕааныга улахан ыанньык пиэрмэтин тутан киһи-сүөһү, дьиэ-уот элбээбитэ. Дьиэттэн тэйиччи соҕус, Чинэкэккэ тахсар суол кытыытыгар биир улахан баҕайы, кырдьаҕас, кураанах хохудал
тиит турара. Ол тиити биһиги, кыра оҕолор, киһини билэр буолуохпутуттан ыла дьоммут «абааһылаах мас, итиннэ олорор куһаҕан көтөрү мээнэ онон-манан тамнаабат буолуҥ» диэн буойаллара. Ол тииккэ мэлдьи да тыҥырахтаах көтөр, мэкчиргэ, элиэ, суор эҥин олорор буолара. Тула өттө бурдук ыһыллар бааһыната буолан, ардыгар, биһигиттэн куоппут моҕотой ол тииккэ өрө сүүрэн тахсааччы. Моҕотойу баҕас, арыт, тамныыбыт. Ол тииккэ тахсыбыт моҕотой, тоҕо эрэ, саамай чыпчаалыгар тиийэн сүүтүк саҕа кыччаан төгүрүйэн олорор буолара. Уонна хайдах да тамнаабыт иһин түһэн бэрт. Тиэрдибэппит да бэрт. Хата эпчиргэлээбит маспыт, хаппыт буорбут тииккэ бэйэтигэр түстэҕинэ, тэйэн, киһи быраҕарын курдук, күүскэ баҕайы бэйэбитигэр кэлэн сиирэ-халты түһүтэлиир, оччоҕо куттанан баран хаалабыт. Дьоммутугар ону кэпсээтэхпитинэ «тоҕо тамныыгыт, тиит иччитэ сөбүлээбэккэ бэйэҕитин тамныыр, өссө таптаҕына куһаҕан буолуоххут» дииллэрэ. Ол да иһин буолуо, ол тиити көрө-көрө куттанар буола улааппыппыт. Дьоммут, итини таһынан, «маннык тиит баарын туһунан сэбиэттэргэ, үөһэттэн сылдьар боломуочунайга эҥин адьас кэпсээйэҕит, кэрдэн кэбиһиэхтэрэ» диэн сэрэтэллэрэ. Биһиги Чолбон диэн хап-хара, улахан баҕайы ыттаах этибит. Ол ыппыт ааттаах кусчут, андаатардьыт уонна тииҥньит бэрдэ. Кус оҕото бөҕөтүн тутара. Ардыгар, Чолбоммут түүнү быһа, таһырдьа дьиэтин ааныгар олорон эрэн кураанаҕы, суол диэки көрө-көрө үрэ хонор. Ону дьоммут «сибиэнниир» диэн быһаараллара. Ол аата абааһыны, ол-бу үөрү, куһаҕан тыыны дьиэтигэр чугаһаппакка үүрэр үһү. Биирдэ баран толкуйдаан көрдөххө, ыппыт абааһыны дьиэҕэ чугаһаппата эмиэ да үчүгэй курдук эрээри, дьиэбит таһынан итиччэ чаастатык абааһы сылдьара эмиэ да дьулаан, куһаҕан курдук. Дьукаахтарбыт Испирдиэннээх эдэр ыаллар этэ. Үс саастаах, хаама сылдьар, үчүгэйкээн баҕайы уол оҕолоох этилэр. Онтулара саас, түөрт-биэс хонукка эмискэ ыалдьан баран өлөн хаалаахтаабыта. Билигин санаатахха, муҥура тэстэн өлөөхтөөбүт буолуон сөп. Үчүгэй баҕайытык оонньуу сылдьар бэйэтэ, ыалдьыаҕыттан ыла ытаан бөҕө буолаахтыыра. Ийэлээх аҕата олбу-солбу көтөҕө сылдьан дьаарбата, сэргэхситэ сатыыллара. Ол дьаарбайа сылдьан биирдэ эмэ уоскуйан ылар, онтон эмискэ сири көрө түһээт, мөхсө-мөхсө уйа-хайа суох эмиэ ытаабытынан барар. Таһырдьа ыппыт үрүүтэ, дьиэҕэ оҕо ытааһына, аймалҕан бөҕө. Субу-субу уокка ас кээһэллэр. Биирдэ ыппыт дьиэҕэ киирэн оһох иннигэр муостаҕа көхсүн иһигэр кырдьыгынатан ырдьыгыныы сытта. Оҕо муҥнаах ийэтин ньилбэгэр көтөхтөрөн олорон эмиийин эмэ олордо. Ол олорон эмискэ муостаны көрө түстэ, өссө ыйар курдук илиитин хамсатаат, эмиэ кэдэрийэ-кэдэрийэ ытаа да ытаа буолла. Били дьиэҕэ сыппыт ыппыт, дьэ үрэн баргыйан турбата дуо. «Оҕону куттуур» диэн айдаан бөҕө буолла. Ыты тута үөттүрэҕинэн сыыһа-халты кулаан таһырдьа куоттардылар. Ол тахсан ыппыт үрэн баһыгырыы-баһыгырыы, тугу эрэ сырсар курдук тутан-хаптан, били тииккэ баран өрө хатана-хатана үрдэ. Онтон эмиэ төттөрү сүүрэн кэлэн, дьиэ ааныгар сыстан олорон ырдьыгыныыр. Ол олорон тугу эрэ куоттарбыт, туга эрэ адьас сатамматах курдук быһыыланан тиитин диэки төттөрү сүүрэр. Сүүрэн
иһэн салгыны кытта охсуһар курдук өрүтэ турбахтыыр, тиитигэр тиийэн ырдьыгыныы-ырдьыгыныы хатырыгар тииһинэн түһэр, көмүллүү сатыыр. Ыппыт оннук биир-икки түүн иирбитэ да, өйдөөҕө да биллибэккэ муҥ бөҕөнү көрдө. Оттон оҕобут эрэйдээх үһүс дуу, төрдүс дуу күнүгэр, аҕатыгар көтөхтөрөн олорон хардырҕаан-хардырҕаан баран налыс гынан хаалаахтаата. Сааскы түүн сырдык буолан таһырдьа ыппыт ол айылаах сордонорун барытын көрө-истэ олорбуппут. Оҕо өлөөхтөөбүтүн кэннэ дьэ орун-оннубутугар түстүбүт. Ол онно баар этэ, тустаахтарга дьулаан быһыы. Кэлин, 60-с сылларга, пиэрмэ үлэһитэ эдэр киһи тиити кэрдэн уокка оттубут этэ. Ол аньыытыгар буолуо, айан суолугар бэрэбинэ тиэйиилээх массыына суолу туорууругар төбөтүн хайа оҕустаран өлө сытарын булбуттара. Онон, эдэр дьон, ханна да сырыттаргыт былыргы өтөх таһыгар, кэриигэ, тумулга турар тиити, төһө да кураанаҕын иһин, букатын кэрдибэт буолуҥ. Христофор Илистянов, Ньурба, Марха. Сибиэни истибиттээҕим Үс-түөрт сыллааҕыта Мэҥэҕэ биир ырааҕынан аймахпыт улаханнык ыалдьыбытыгар ыарыылата убайбын Сахаары ыҥырбыттара. Сахаар урут хаһан да оннукка түбэһэ сылдьыбатах киһи буолан, илии-атах буол, көмөлөс диэн миигин эмиэ илдьэ барда. Аймахпыт туох да оҕото-уруута суох буолан, көрөр-истэр да киһитэ суоҕун кэриэтэ. Уһуурдуу оҥостон тиийбиппит да, кэлбиппит иккис түүнүгэр аймахпыт Ыстапаан өлөн хаалаахтаабыта. Тулаайах киһи быһыытынан туох да дархаһыйыыта, ынчыга-энэлгэнэ суох «барбыта». Кини дьиэ уһук хоһугар сытара. Сахаар биһикки киниэхэ киирэр хоско сытабыт. Киһибит өлөр түүнүгэр мин букатын хойукка диэри утуйбакка сыппытым. Сахаар былыр-былыргыттан сытаат да утуйар уонна туох да иһин уһуктубат майгылаах. Бултуу сылдьан үүтээн иһигэр сааны эспиттэригэр кытта уһуктубатаҕын хойукка диэри табаарыстара номох гынан кэпсииллэрэ. Уум кэлбэккэ хаста да таһырдьа тахсан табахтаан киирдим, ол үрдүнэн кыайан утуйбатым. Кэккэлэһэ хоско ыарыһахпыт ыараханнык тыынар, ынчыктыыр саҥата биир кэм кыыкынаан иһиллэр. Хабыс-хараҥа. Утуйар-утуйбат икки ардынан сытан оронтон сиргэ түһэрэ сыппыт илиибин ким эрэ олус күүскэ кыһарыйа анньан ааспытыттан олус соһуйан уһугуннум. Ол гынан истибитим, аттыбынан хас да «киһи» (иккилэр-үстэр быһыылаах этэ) олус сорунуулаахтык ыарыһахпыт диэки дьүккүйэн ааһан эрэллэр эбит. Таҥастарын тыаһа субу суугунуур, атахтарын тыаһа сырдыргыыр, ол быыһыгар ыраахтан сүүрэн кэлбит дьон курдук аҕылыыллар (онно сытан «ыт курдук тыыналлар эбит» дии санаабыппын өйдүүбүн). «Дьонум» ыарыһах сытар хоһугар улахан дьыалалаах курдук туттан-хаптан киирэн хааллылар быһыылаах. Мин кимнээх кэлбиттэрин тута сэрэйдим. Адьас, тугу да толкуйдуу да барбатаҕым. Сүүрэн тиийэн уоту арыйа баттаан баран кэннилэриттэн хоско ыстанан киирбитим... Биллэн турар, ким да суоҕа. Бука, «анарааҥҥылар» киһи «кэлэригэр» анаан араас бэлэмнэнии, тэрээһин үлэтинэн дьарыктана, сүгэ-көтөҕө, тугу эрэ дьаһайса сырыттахтара. Көстүбэт эйгэ диэн баар. Николай Аммосов, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан