Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьикти кыыс
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти кыыс
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
29.05.2020 19:34
Киһи олорорун тухары арааска түбэһэр ээ. Биир кэпсээни истибиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕардым. Хомойуох иһин, ол дойду аатын этэр кыаҕым суох. Сайын олохтоох дэриэбинэ уола кийиит кыыһы дьонугар билсиһиннэрэ диэн ааттаан таһаарбыт. Дьоно үөрэ-көтө сылаастык көрсүбүттэр. Сынньанан, сөтүөлээн бэркэ абыраммыттар, бэйэтэ да олус үчүгэй сайын туран биэрбит. Уол дьонун кытта күн аайы кэриэтэ оттоһо барар эбит. Биир сарсыарда кыыс чугас сири кэрийэ, сир астыы диэн ааттаан, кыра биэдэрэ оҕотун кыбыммытынан тыаҕа тахсар. Ыллык суол устун баран иһэн, ыраах ырааһыйа баарын көрөн «хата, итиннэ дьэдьэн баара буолуо» диэн, хаамыытын түргэтэтэн биэрбит. Өр-өтөр буолуо дуо, ырааһыйата бу тиийэн кэлбит. Уҥуор күрүө онно баарыгар олорон сынньаммыт. “Ас илдьэ кэлбитим буоллар, аһыах эбиппин” дии саныы олордоҕуна, хонуу ортотугар эмискэччи сахалыы таҥастаах, көрүөхтэн эриэккэс кэрэ дьүһүннээх кыыс баар буола түспүт. Кэлин кыыс «тоҕо эрэ наһаа долгуйбатаҕым, куттамматаҕым» диэн кэпсиирэ үһү. Кэлэн аттыгар олорбутугар кэпсэппиттэр «оол турар алаастан иһэбин» диэхтээбит. Кыыс кэпсииринэн, наһаа кырасыабайа эбитэ үһү, уп-уһун суһуохтаах, кэрэ-нарын көстүүлээх, ол эрээри хайдах эрэ кистэнэр, кыбыстар курдук туттар эбит. Ол олорон наһаа эрэйдээх олоҕу олорон ааспытын, ааһан иһэр нуучча хаһаактара күүһүлээбиттэрин эҥин кэпсээбит. Аҕата ону билэн баран кырбаабытын тулуйбакка, күөлгэ түһэн өлбүт. Ол олорон, ытыыр-ыллыыр икки ардынан мэнэрийэн киирэн барбыт. Устунан иэрийэн, төбөтүн хам туттан муҥатыйбыт. Ону кытары тэбис-тэҥҥэ күн хараара өһөн, тула өттө ирим-дьирим буолбут. Көҕөрөн турбут тыа хара күлүгүнэн бүрүммүт, биһиги кыыспыт ону тулуйбакка, кулгааҕын саба туттан, уҥан түспүт. Киэһэ дэриэбинэ иһигэр кийиит кыыстарын сүтүктээн айдаан бөҕөтө буолбут. Сарсыарданан дэлби титирэстии сылдьар кыыһы булбуттар. Хас эмэ ый балыыһаҕа сытан нэһиилэ өрүттүбүт. Ол ырааһыйаны урут-уруккуттан дьон-сэргэ тумнан ааһар сирдэрэ эбитэ үһү. Кырдьаҕастар былыр наһаа кэрэ сэбэрэлээх кыыс оҕону, ааһан иһэр дьон күүһүлээннэр, тулуйбакка ууга түһэн өлбүтүн, ол кыыс кута-сүрэ күн бүгүҥҥэ диэри илэ сылдьарын туһунан мэлдьи кэпсииллэр эбит. Онон билбэт сиргэр хаһан да соҕотох сылдьыбат куолу. Хас биирдии сир-дойду бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх, устуоруйалаах буолар. Суор көмөлөспүт Сэрии саҕана эр дьон бары Ийэ дойдуларын көмүскүү уоттаах сэриигэ туруммуттара. Манна оҕолор, дьахталлар уонна кыаммат кырдьаҕас өттө хаалан, туох баар хара көлөһүннэрин тоҕон күүс-көмө буолбуттара. Аччыктааһын, оҕо хараҕын уута сүҥкэн улахан баас буолан сир үрдүгэр хааллаҕа. Соҕуруу алааска икки кыра уоллаах ийэ барахсан чороҥ соҕотох туран хаалбыттара. Ийэлэрэ күн аайы үлэлии барар, икки кыра оҕолор дьиэлэригэр соҕотох хаалаллар. Ол сылдьан биирдэ улахан уол тыаҕа мас сыыһын хомуйса барбыт уонна төннөн киирбэтэх. Кыра уол эрэйдээх күнү супту ытаан аҥаара эрэ хаалаахтаабыт. Ийэлэрэ киэһэ тиийэн кэлбит. Улахан уола суох, кыра уол ытаан аймана сылдьаахтыыр. Ийэ барахсан түүннэри тыаҕа оҕотун көрдүү ыстаммыт.
Тоҥуу хаарынан хааман, сэниэтэ бүтэн ытыы олордоҕуна үөһээ суор көтөн кэлэн киһилии саҥаран хааҕыргаабыт: “Уолу охтон сытарын буламмын күөл кытыытыгар таһаардым, түргэтээ бириэмэ ыраатта”, — диэн. Хантан кэлбитэ биллибэккэ биирдэ баар буола түспүт суор ийэтигэр суолу сирдээн биэрбит. Ийэтэ уолун булан тыыннаах хаалбыт. Нөҥүө күнүгэр томторго ойуун харалла сытарын өйдөөн, тахсан махтаммыт. Төһө даҕаны былыр үйэҕэ көмүлүннэр, аата ааттаммат улахан ойуун дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһө сытара күн бүгүҥҥэ дылы иһиллэр. Ойууннар Сахабыт сирин биир дьиктилэрэ буолаллар. Инчэҕэй эттээх киһи көтөргө-сүүрэргэ кубулуйарын билиҥҥэ дылы ханнык даҕаны наука үөрэҕэ кыайан дакаастаабат. Лев ВАРЛАМОВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан