Кэпсээ
Войти Регистрация

Сөбүлээбэтэх абааһы

Главная / Кэпсээн арааһа / Сөбүлээбэтэх абааһы

K
24.05.2020 01:26
Бу сайын сэбиэскэй кэм туоһута буолан турбут икки хотону ый иһинэн көтүрэр сорудахтанан, устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Сунтаар биир дьоҕус нэһилиэгэр тиийбит. Уолаттары түөрт кыбартыыралаах оскуола уопсайыгар олохтообуттар. Эдэр дьон, саха киһитин сиэринэн, түспүт дьиэлэрин аһаппыттар. Бэрт үчүгэйдик хонон туран, күүс-уох ылынан, көтүрүөхтээх хотонноругар барбыттар. Хотонноро дэриэбинэ кытыытыгар, соччо ырааҕа суох сиргэ, турар үһү. Маҥнайгы күннэригэр кыратык үлэлии түһэн баран, дьиэлэригэр тиийэн утуйардыы оҥостубуттар. Сайын буолан, ыаллыы кыбартыыраларга учууталлар суохтар эбит. Онон уопсай дьиэҕэ бэйэлэрэ эрэ олорбуттар. Арай иһиттэхтэринэ, ыалларыгар тыас-уус бөҕөтө буолбут. “Дьиэлээхтэр кэллилэр ини” диэн улахаҥҥа уурбатахтар. Онтон аны ол тыас кинилэр аттыларыгар тиийбит. Көрбүттэрэ – кэнсиэрбэ бааҥкатын ким эрэ ыла-ыла тамнааттыыр эбит. Туран эрэ ыскааптан мал-сал тохтоло суох түспүт. Аны аттыларыгар кэлэн сүр ыараханнык киһи тыынара иһиллибит. Оччолооҕу көрбүт уолаттар таһырдьаны былдьаспыттар. Бастакы күннэрэ итинник ааспыт. Барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолбут дьон, эр санааларын ылынан салгыы ити дьиэҕэ олорбуттар. Уурбут маллара миэстэтиттэн сүтэн, түүн аайы атах тыаһа, тыас-уус бөҕөтө иһиллэн, адьас сүгүннээбэтэх. Аһара наһаалаатаҕына, түүн тахсан күүлэҕэ утуйар буолбуттар. Икки уол тулуйбакка, уурайан барбыттар. Биир уол дьонугар хайдах, тугу үлэлииллэрин хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыт. Дьэ, доҕоор, ол хаартыскаҕа тайахтаах киһи күлүгэ түһүспүт. Олохтоохтор ити көтүрэр хотонноругар “моҥнон өлбүт оҕонньор үөрэ буолуон сөп” диэн сылыктаабыттар. Эдэр дьон эргэ тутууну көтүрэргэ сиэри-туому тутуспатахтарыттан абааһы дуу, иччи дуу сөбүлээбэтэх буолуон сөп диэн эмиэ кэпсииллэр. Уолаттар ылсыбыт сорудахтарын тиһэҕэр тириэрдибэккэ дойдуларыгар төннүбүттэр. Бу иннинэ, аҕыйах сыллааҕыта эрэ, уу турбатын тардар үлэһиттэри эмиэ ити уопсайга олохтообуттар. Түүн утуйа сыттахтарына, куукунаттан иһиттэрин тамнаан, биир кыыс батыһыннарыылаах оҕонньор таһырдьа куоттартаабыт. Уу турбата тиһэҕэр диэри эмиэ ситэ тутуллубатаҕа. Кэлии дьону атыҥыраабыт буоллаҕа дуу? Сибиэни сэрэйэн Бу түбэлтэни бэркэ билэр киһим кэпсээбитэ. Сайын оттуу сылдьан биэрэстэттэн ордук усталаах күөллээх, уһун синньигэс алааска көһөн кэлбиттэр. Хоту халдьаайыга турар былыргы ампаарга отууламмыттар. Иккис хонуктарыгар ыттара үһүөн, түүнү быһа үрэн моргуһан тахсыбыттар. Тахсан буойан көрбүттэр даҕаны отой истибэттэр үһү. Ампаар кэннинэн тыа саҕатын диэки көрө-көрө үрэллэр эбит. Үһүө буолан, баҕар, туох эрэ кыыла баара буолуо диэн, саа-саадах тутан ол диэки барбыттар. Иннилэригэр баран иһэн икки кырдьаҕас ыттара бэйэ-бэйэлэриттэн чугас соҕус кэккэлэһэ олорунан кэбиспиттэр. Биирин туола илик ыт оҕото, иннилэригэр төттөрү-таары сүүрэ сылдьан олус уордаахтык үрбүт. Икки улахан ыт икки ардынан ааһаары гынан эрдэхтэринэ иккиэн күөйэ түһэн ырдьыгынаабыттар. Иннилэригэр олох ыыппаттар үһү. Хайыахтарай, төннөн кэлбиттэр. Ампаарга киирэн кэпсээбиппитигэр иччилэрэ, сааһыра баран иһэр киһи: “Бай, ол туох буоллахтарай? Бэйи, мин тахсан көрүүм эрэ”, — диэн, таҥнан тахсыбыт. Ити кэмҥэ ыттара аны ампаары эргийэ сылдьан үрбүттэр. Киһилэрин кытары тахсыһаары ааҥҥа кэлэн туруммуттар. Киһилэрэ ааны
аһан аҥаар атаҕын таһырдьа быктаран истэҕинэ, кырдьаҕас ыта кэлэн бэйэтигэр иилистэ түспүт. Иччитин таһырдьа туох да иһин таһаарбат санаалаах үһү. Инньэ гынан, таһырдьаны өҥөйөн да көрбөтөхтөр. Бары даҕаны улаханнык дьиксиммиттэр. Ампаар эркинин быыһынан көрө сатаабыттар да, туох да баара көстүбэт эбит. Ыттара ол тухары тула сүүрэ сылдьан, тохтоло суох үр да үр буолбут. Ити курдук сэниэлэрэ эстиэхтэригэр диэри муҥнаммыттар. Күн тахсыыта эмискэ ах баран хаалбыттар. Кэтэһэ түһэн баран тахсыбыттарыгар ыттара кутуруктарын өрө эрийэн, үөрэн аҕай көрсүбүттэр. Түүнү быһа аанньа утуйбатах, күнү сырсар хоһуун отчуттар ходуһаларыгар тахсыбыттар. Күнүскү омурҕаҥҥа кэлбиттэрэ, ыттара ампаар күлүгэр утуйа сыталлар. Чэйдии олорон “ыттарбыт түүнү быһа туох бэйэлээҕи үрбүттэрэ буолуой?” – диэн күө-дьаа кэпсэппиттэр. Онуоха саамай кырдьаҕастара: “Тугу буолуой? Сибиэни билэн үрдүлэр ини”, — диэн дьиппиэн соҕустук хардарбыт. “Итинтэн аҕыйах хонук устата сэрэнэн соҕус тутта сылдьыбыппыт да, кэлин туох да биллибэтэҕэ” диэн, киһим кэпсээнин түмүктээбитэ. Дьикти тыас Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Хочо улуу сыһыыта Тойбохой эбэ хотун биир дьиктитин туһунан истибитим. Оччолорго сэттис кылааһы бүтэрбит уолчаан сельпоҕа суотчут дуоһунаһыгар үлэлии сылдьыбыт. Сэттэ нэһилиэккэ лааппылардаах тэрилтэ үлэтэ хара баһаам эбит. 1938 сыллаахха тохсунньу ый ортотун диэки, түүн 12 чаас саҕана саҥардыы үлэлээн бүтэн баран (сыллааҕы отчуот оҥоһуутугар) дьиэтигэр барбыт. Олорор дьиэтэ уонна үлэлиир хонтуората икки биэрэстэ курдук ыраах эбит. Дьиэтигэр сүүрүүнэн кэриэтэ тиийбитигэр, дьоно: “Хайа ноко, ити бөһүөлэккэ туох үлүгэр сэриитэ буолла?” дии тоһуйбуттар. Уол туох да оннук үлүгэрдээҕин истибэтэх буолан дьиибэргээбит. Ону дьоно: “Ити арыы диэкиттэн саа тыаһаа да тыаһаа, бүлүмүөт бөтүгүрүүр уонна дьон саҥата-хаһыыта сүрэ бэрт этэ”, — дэспиттэр. Маны дьиэттэн эбэлэрэ уонна обургу соҕус уол икки төгүл тахсан иһиллээбиттэр. Оччотооҕу кэмҥэ итинник түбэлтэ, иччи, абааһы, сибиэн туһунан кэпсэтии бобуулаах буолан, истибиккин-көрбүккүн мээнэ ыаһахтаспаккын. Уол дьоно кэпсээбиттэрин бэйэтэ истибэтэх буолан, улахаҥҥа уурбатах. Ол эрээри ити саас, хаар саҥардыы хараарбытын кэннэ, сельпо хонтуоратыгар икки оҕонньор кэпсэтиитин истибит: “Дьэ, эбэбит арыыта бу кыһын эмиэ да дьаабыран көрдө дии, итинник, били, Строд сэриитэ кэлэригэр буолбуттаах, онно саанан ыта-ыта, дьон илин — Кулуһуннаах диэки барбыттара. Онтон быйылгы тыас саатын тыаһа тоҕо хойуутай, ити бадаҕа, били, Строд илдьэ сылдьыбыт бүлүмүөтэ буолуохтаах уонна тыас-уус ити арҕаа барда дии, дьэ, эмиэ туох эрэ улахан иэдээн буолара буолуо”, – диэн тойоннообуттар. Ити — 1938 сыллаахха. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэнниттэн Тойбохой олохтоохторо ол түбэлтэ туһунан аһаҕастык кэпсэтэр буолбуттар уонна ол сэрии буолуон үс сыл иннинэ ити Улуу Сыһыыга тыас-уус тахсыбытын айылҕа дьикти таайыллыбат таабырына дииллэр. Иччилээх түүл Улаханнык түүл диэн түһээбэт бэйэм, дьэ, биир дьиктини түһээн турардаахпын. Түбүктээх үлэм кэннэ, эт киһи элэйэн,
сыа киһи сылайан, дьиэбэр кэлээт, аһаабакка эрэ тэлэбиисэр иннигэр сытан, утуйан оҥторон хаалбыппын. Тоҕо эрэ дьонум уһугуннаран “киһилии” оҥостон сыт” диэбэтэхтэр. Ол утуйа сытаммын бэйэбиттэн икки сыл улахан бииргэ төрөөбүт убайым сүтэн хаалбыт диибин. Түрүлүөн бөҕөнү түһэрэн, нэһилиэк олохтоохторун барыларын атахтарыгар туруоран көрдүү барабыт. Дэриэбинэ тулатынааҕы тыалары, алаастары барытын тараахтаан көрдүүбүт. Оннооҕор хас биирдии ыал хотонун күкүрдэрин көрөбүт. Уһун түүнү быһа хаһыытыы-хаһыытыы көрдөөн муҥнанныбыт да, булбатыбыт. Ол сытан, эмискэ көлөһүн бөҕө буолан, уһуктан кэллим. Сарсыарда буолан эрэр эбит. Мин ити түһээбиппин эргитэ саныы сыттым. Хайдах эрэ дьиҥнээх курдук. “Убайым баара дуу, суоҕа дуу?” диэн толкуй бөҕө түстүм. Төлөпүөммүн ылан Интэриниэккэ киирбитим, хата, убайым олорор эбит. Мин үөрэн өлө сыстым. “Түүл эбит” диэн улахаҥҥа уурбатым. Сол курдук ааспыта. Ити түүлүм кэнниттэн, оруобуна үс ый буолан баран, убайым массыынатынан айаннаан иһэн, эмискэ туормаһа моһуоктаан ууга түспүтэ. Онно тута хостоон, чөл өйүгэр сылдьар киһини чугастыы балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Ол эрээри тыҥатыгар уу киирэн, соһуччу өлөөхтөөбүтэ. Кэлин ити түүлбүнэн куһаҕаны түүйбүппүн дии саныыбын. Улахан дьон Бу түбэлтэ 50-с сылларга биир киин улуус түҥкэтэх нэһилиэгэр буолбут. Түөрт уончатын туолбут Уйбаан ходуһаларын сабан, түөртүүр чэй саҕана үлэтин бүтэрэн, дьиэлээн испит. Тыа саҕатынан отонноон сии-сии баран истэҕинэ, ходуһаҕа тахсыыга аттар ааһан иһэр тыастара иһиллибит. “Туох дьоно бу үрэх баһа сиргэ баран истэхтэрэй?” дии санаан, тохтоон кэтэһэ турбут. Чугаһаабыттарыгар ат туйаҕын тыаһа улаатан, дьон саҥата уларыйан, хайдах эрэ дьикти баҕайы буолбут. Арай Уйбаан көрдөҕүнэ, тиит үөһээ мутугуттан эрэ арыый намыһах аттаах дьон кэпсэтэн-ипсэтэн, айдааран аҕай иһэллэр эбит. Соһуйан, куттанан, хайдах да хамсыыр кыаҕа суох буолан турбут. Ааспыттарын кэннэ дьиэтигэр хайдах тиийбитин бэйэтэ да өйдөөбөт үһү. Онно улаханнык куттаммыт, соһуйбут киһини элбэх киһи көрөн сөхпүт. Кэлин Уйбаан “сир иччилэрэ сылдьыбыттара буолуо” диэн сабаҕалаан кэпсээбитэ үһү. Дьон кэпсээниттэн сурукка тистэ Дмитрий ИВАНОВ.
kyym.ru сайтан